05.07.2019 | 10:56

БОРОҔОН ОҔОННЬОР АЛҔААБЫТ ОТОҺУТА

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Наталья КЫЧКИНА

Мин бүгүн эһиэхэ билиһиннэрэр киһим – Отоһут Ньукулай, Николай Николаевич Олесов. Кини Уус Алдан улууһун Лөгөй нэһилиэгэр олорор, ыраахтан, чугастан кэлбит дьону эмтиир, тостубуту көннөрөр, массаастыыр идэлээх.

Аҕалаах ийэм холобурдарынан

Ийэм Варвара Макаровна Игнатьева Нам Никольскайыттан төрүттээх этэ. Аҕам Николай Николаевич Олесов II Хомустаахха Буойун учаастагар иитиэх сылдьыбыт. Онно ийэбин көрсөн кэргэн ылан баран, дойдутугар Даалыга олохсуйа кэлбит.

Аҕам аҕата, эһэм Бүөтүр маһы хаамтарар уус оҕонньор эбитэ үһү. Даалыга бэйэтэ маастардаан оскуола, кулууп дьиэлэрин туттарбыт. Даалы кулуубун сыанатын өссө эргийэр гына оҥорбут. Кэлин ону Кэптэнигэ көһөрөн аҕалбыттара. Маны таһынан Хаартыга, Чараҥайга, Суотту сыһыытыгар оскуола туттарар, маастардыыр.

Аҕам бастаан биригэдьииринэн үлэлээбитэ. Онно сылдьан куруук ат айааһыырынан дьарыктаммыт, кэлин «сылгыһыттаа” диэбиттэригэр, онно көспүт. Онон олоҕун устата сылгыһыттаабыта, өлүөн үс сыл эрэ иннинэ тохтообута. Ийэм эрдэ, аҕам сааһыран баран бу олохтон туораабыттара. Ийэм оҕолонон баран сыыстаран тымныйан, онтон өрүттүбэтэҕэ. 11 оҕолоох герой-ийэ этэ. Бииргэ төрөөбүттэр 7 уол, 4 кыыс этибит, билигин уон оҕо баарбыт. Уолаттар бары ытык иэспитин төлөөн аармыйаҕа сулууспалаан кэлбиппит. Оччолорго 7 уол бары аармыйаҕа сылдьыбыт буоллахтарына массыына пуондата биэрэр этилэр. Ону аҕабыт ол дьыаланы эккирэппэтэҕэ, бэйэҕит үлэлээн булунуҥ диэбитэ.

Аҕам аҕыйах саҥалаах, аргыыйдык, бэйэтэ-бэйэтигэр сылдьар киһи этэ. Уһанара, сылгыларын туохха да биэрбэт этэ. Сылгыны көрүү, дьөһөгөй оҕотугар тапталым аҕабыттан кэлбитэ. Онон 17 сыл устата сылгыны иитиигэ үлэлээбитим. Билигин да сарсыарда эрдэ 4-5 чаастан тураммын аттарбын аһатабын, биэбэйдиибин, көрөбүн-истэбин.

Аҕабын батыһа сылдьыбыт буоламмын, кини холобура, иитиитэ олохпор улахан оруоллаах эбит диэн билигин сааһыран олорон саныыбын. Үөрэҕэ суох киһи туох ураты иитиитэ кэлиэй, ийэм да, аҕам да күнү-дьылы аахсыбакка, ойор күннүүн тэҥҥэ туран үлэ үөһүгэр сылдьыбыт дьон. Ол курдук сылгыһыттыыр кэммэр киниттэн элбэххэ үөрэммитим. “Маны гын, ини гын” диэн моһуйсан турбат этэ, барытын харахпынан көрөн, кини илиитин-атаҕын кэтэһэн турбакка, бэйэм ылсыбытынан барарым. Сылгы моһуогурдаҕына, сатаан төрөөбөтөҕүнэ, бэйэҥ көрөн үөрэн диирэ, ыт буоллун, куурусса буоллун, атахтара тоһуннаҕына “мастаан баайан кэбис” диэн такайара. Айылҕалаах киһи буолан миигин эрдэттэн чугаһаппыт, билбит, өтө көрбүт эбит.

Биир эмээхсин сыҥааҕа тахсар этэ. Ону аҕам киллэрэрин көрөн үөрэнэн, кэлин миигин ыҥырар буолбуттара.

Аҕам дьиҥинэн дьон бөҕөтүн эмтиэхтээх этэ. Билигин усулуобуйа баара буоллар бэйэм үрдүк дабылыанньалаах дьону хаанныам этэ диибин да, дьиэбэр-уоппар ол табыллыбат.

Ойор күннээх оҕо саас

1955 сыл муус устар 3 күнүгэр күн сирин көрбүтүм. Оҕо сааһым Даалыга ааспыта, 4 кылаас үөрэхтээхпин.

Тоҕо салгыы үөрэммэтэхпин кэпсиир буоллахха, оччотооҕу учууталлар оҕону атаҕастыыллара, илиилэрин да көтөҕөллөрө. Мин ону сөбүлээбэккэ, куруубайдаан тыаҕа баран хааларым. Ол курдук икки-үс күнү быһа тыаҕа сылдьарым, онно хонорум, олох кэлэн биэрбэт этим. Милииссийэни кытта ыҥыра сылдьыбыттара. Кэлин сапсыйан кэбиспиттэрэ. Ийэлээх аҕам сырыттын, үөрэҕэ да суох үлэһит буолуо, иннин көрүнүө диэн эмиэ бодьуустаспат буолбуттара. Дьылҕам маннык буоларбын биллэҕэ дии саныыбын. Суругу ааҕабын, илии баттыыбын. Түөрт да кылаас үөрэхтээх буолларбын, аармыйаҕа сулууспалаабытым. Убайбынаан Валералыын Иркутскай уобаласка Ангарскайга сулууспабытын бииргэ барбыппыт. Үчүгэй сулууспам иһин биир ый уоппускаҕа дойдубар кэлэ сылдьыбытым. Онно кэлэн ыйбын толору сынньанан баран барарым саҕана билиэт көстүбэккэ аҕыйах күн тардыллан, хойутаан тиийбитим. Хата туох да улахан миэрэ ылбатахтара.

Аармыйаттан кэлээт дойдубар Даалыга үлэлээбитинэн барбытым. Ол курдук хотоҥҥо уу баһан, Бочкарев оһоҕор мас мастаан оттон, кыһыны быһа оҕуһунан мас тиэйэрим. Сайынын оттуурум. Саас ыһыыга, бүтэй абыраҕар оҕонньоттору батыһа сылдьыбытым.

Ыам ыйыгар ыһыыга үлэлии сылдьан бирисиэп охтон атахпын тоһуппутум. Бу курдук балаҕан ыйыгар диэри сытан баран биирдэ хаампытым. Аҕам мастаан, тутан онон хаамтарбыта.

Бу кэннэ аҕабар сылгы көрсүбүтүм, онтон дьэ аттары таптааммын күн бүгүҥҥэ диэри арахсыбаппын.

Сайынын лааҕырга көлө-илии звенота баара, онно оҕолорго звеневодтуурум, 100-түү туонна оту кэбиһэрбит. Маннык 3-4 сыл үлэлээбитим. Оскуола оҕолоро 13-14 саастаах этилэр, урукку оҕолор улахан дьону кытта тэҥҥэ үлэлэһэллэрэ, наһаа сүрэхтээх этилэр.

Эмчит буолуу

Оҕо эрдэхпиттэн айылҕалаах этим. Ону дьон эрдэттэн билэрэ. Уһунуускай Коля диэн биир дойдулааҕым хотон көтүрэ сылдьан атаҕын тоһуппут этэ, ону туппутум. Онтон саҕаланан, дьон истиһэн Бороҕоттон тиийэ кэлэр буолбуттара. Биир ньирэй массыына бортатыгар атаҕын тоһуппутун мастаан туппутум, кэлин ынах буолбута. Герой Настаа сүөһүлэрэ моһуогурдаҕына мөҕөн-этэн түүннэри да туруоран, таһааран туттарара. “Оннооҕор ыты тутаҕын, ынахтарбын эмтээ”, - диирэ. Сүөһү сатаан төрөөбөтөҕүнэ көмөлөһөрүм, 2-3 саастаах оҕустары аттыырым.

Кэлин дьону эмтээн киирэн барыахпыттан сүөһүттэн тохтообутум, кирдээх үлэ диэн. Арай бэтэринээр аккаастаатаҕына кэлэн көрдөстөхтөрүнэ баран көмөлөһөрүм.

Дьэ ол курдук дьону эмтии сырыттахпына айдаан буолла. Быраастар туох да үөрэҕэ суох киһи эмтии сылдьар диэн сөбүлээбэтилэр, үҥсүү-хаҥсыы саҕаланна. Онтон маннааҕы быраас кыргыттар сүбэлээннэр, куоракка киирэн 03 кууруска үөрэнэ бардым. Онно 1 ый устата устудьуоннаабытым. Эмтиирбин, тутарбын-хабарбын көрөн баран, манна хаал, хос биэриэхпит, наадалаах киһи сылдьар эбиккин диэтилэр.

Ол курдук, биир нуучча уола илиитэ тахсыбытын киллэрдим, бары соһуйдулар, хамсатан көрөн баран үөрдэ аҕай. Сиэстэрэлэр гипсэлээри гыналлар, ону мин баайан кэбистим. Ол курдук дойдубар туһалыырым ордук диэн төннүбүтүм. Куоракка сылдьарбынан туһанан, Владимир Кондаковы көрсөн, дастабырыанньа ылбытым. “Дьону эмтииһигин, абырыыһыгын, киэҥ көҕүстээх, чахчы эмтиир күүстээх киһи эбиккин”, – диэбитэ.

Гууруй Иванович-Бороҕон Оҕонньор улаханнык ыалдьа илигинэ Бээрийэҕэ күһүн баран көрсөн, алгыһын ылан кэлбитим. “Эрэйи да көрүөх, бэртээхэй киһи эбиккин”, - диэбитэ. Ону тоҕо итинник диэтэ, туох эрэйи көрөрүм буолла диэн кэлэн иһэн толкуйдаатым. Онтум түүннэри-күнүстэри элбэх дьон сыбыытыыһык диэн билгэлээбит эбит. Түүн үс буоллун, биэс буоллун, “массыына барда, бэлэмнэн” диэн буолар. Кыһалҕалаах дьон ол курдук хаһан баҕарар кэлэллэр, илдьэ да бараллар. Киһи хайдах да аккаастаммат, оччо ааттаан-суоллаан кэлбиттэригэр, көмөлөһөргө эрэ тиийэҕин.

Отоһут, уҥуох тутааччы буолабын. Эчэйээт тута кэлбит, эбэтэр рентгеннэрин көрдөрдөхтөрүнэ эмтииргэ чэпчэки да, түмүктээх да буолар.

Биирдэ хотуттан тостуута былчыҥынан сыыһа оһон түөрт сылы быһа эрэйдэммит киһи кэлбитэ. Эпэрээсийэлиэхтэрин сүрэҕэ тулуйуо суоҕа диэн хаттаан туппатахтар этэ. Манна кэлбитигэр хаттаан тутан биэрбитим. Ол кэннэ куоракка Медкииҥҥэ киирэн көрдөрбүтүгэр, ханна, кимиэхэ туттардыҥ диэн соһуйуу бөҕөтө буолбуттар этэ.

Биир суоппар тоноҕоһун тоһуппутун массаастатан барбыта. Тимир уктара сатаабыт этэ. Кини соҕуруу хаста да сылдьыбыт. Миигиттэн соҕуруу тиийбитигэр профессордар сөхпүттэр үһү, ханна маннык эмтииллэр, саха ойууна буолуо диэбиттэр. Ньиэрбэтэ кыбыллыбыт этэ.

Нестерев диэн киһи Чечняҕа сэриилэһэ сырыттаҕына палаткаларыгар буомба бырахпыттар. Соҕуруу эпэрээссийэлэммит, илиитэ хатан хаалбыт этэ. Ону куоракка ыҥыраннар, үс күн итии бааннаҕа сытыаран ыла-ыла массаастаабытым.

Сунтаар кыыһа тааһын уҥуоҕа үлтүрүйбүт, биир атаҕа буутунан уонна аллараанан тостубут этэ. Быара хайдыбытын уонна хабаҕын эпэрээссийэлээн баран, 2 нүөмэрдээх өрөспүүбүлүкэ балыыһатын быраастара мин төлөпүөммүн биэрбиттэр этэ. Эрийэн дэлби ытаан-соҥон көрдөстүлэр, бука баһаалыста кэлэн абыраа, көр-иһит диэтилэр. Тиийээппин кытта палаатаҕа илдьэн, кыыс бу сытар диэтилэр. Сатаан да ииктээбэт, катетерынан сытара. Ону бааннаҕа сытыаран, икки күнү быһа эмтээбитим, ол кэннэ бэйэтэ ииктиир буолбута. Тааһын уҥуоҕун, атаҕын тутан балтараа ыйынан балыыһаттан хааман тахсыбыт этэ.

Суотту кыыһа хараҕар укуол биэрбиттэригэр, ньиэрбэтин таарыйан атаҕа түүрэ баран хаалбыт. Ону куоракка киллэрэн тимиринэн таттарабыт диэбиттэр. Мин ылынаммын, эмтиэм диэммин эмиэ ууга сытыаран эмтээбитим, хаампыта.

Уопсайынан, уу диэн сэрээттээх, ону көрдөһөн-ааттаһан, онно сытыара түһэн баран ороҥҥо илдьэн төкүнүтэ сылдьан массаастыыбын. Онон бу мин эмтиир биир ньымам буолар.

Дүпсээҕэ табаарыһым эдьиийэ хотоҥҥо атаҕын өлөрөн орон киһитэ буолбут. Бэнидиэнньиккэ эпэрээссийэҕэ киирэҕин диэбиттэр. Миигин кэлэн көр диэн көрдөстүлэр. Тиийэн атаҕын имэрийэн-томоруйан баран туран хаамп диэтим. Киһим куттанар, ыарыыта бэрт буолуо диир. Мин кыыһырдым, онуоха ойон тураат хааман өссө остуолга аһын тардыбытынан барда.

Биир нуучча геолога тайахтаах кэлэн баран үс хонугунан тайаҕын умнан барбыта.

Мохсоҕоллоохтон биир чечен киһи кэргэнин аҕалла, бөдөҥ баҕайы дьахтар, хаамарыгар эрэйдэммит, биэс сылы быһа сору көрдүм диир. Соҕуруунан сылдьан эмтэнэбит да, туох да туһалаабат диир. Массаастаан самыытыгар шарик курдугу булан ыллым. Куоракка киирэн эпэрээссийэлэниҥ диэтим, соҕуруулар хайдах билбэтэхтэрин дьиибэргээн барбыттара.

Дьэ ити курдук кэпсээннээх буолан биэрдэ мин бүгүҥҥү дьоруойум Отоһут Ньукулай. Ииникитин Николай Николаевичка ситиһиилэри, элбэх дьон махталын ыла турарыгар ис сүрэхпиттэн баҕарабын.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....