22.01.2020 | 13:28

БЛОКАДА ДНЕВНИГЭ

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

(Салгыыта. Хаһыат ааспыт сыл 47 №-тэн А.Т. Старостина Ленинград блокадатын туһунан дневнигин үөрэнээчччитэ Киргиэлэй Макаарап, 1942-48 сс. көһөрүллүү кыттыылааҕа, 1957 с. Челябинскай-40 бэтэрээнэ бэчээккэ бэлэмниир).

“Бу үчүгэй дьыала дуо? Оҕолоор, эһиги куттанаҕыт дуо?” – диэн ыйытара. Ону биһиги «чэ буоллун, ону-маны ыаспайдаама, бары биир муостаҕа турабыт” диирбит. Ол эрэйдээх сэтинньиттэн кэлбэт буолбута. Оттон Настя Ларионованы, урут ыалдьы сылдьыбыт, онон кутталлаах диэтэхтэрэ буолуо, ууратын кэбиспиттэрэ. Мин буоллаҕына олунньуга хааммын ылалларыгар наһаа куттаммытым, наһаа мөлтөҕүм, ылан эрдэхтэринэ уҥан хаалбыт этим, онон ити ыйга эмиэ тохтоппуттара. Онон, ити ыйы аахсыбатахха, 7 ый хаан туттарбытым. Биһиги хааммыт байыастары өлөр өлүүттэн быһаабыт буоллаҕына, бу биһиэхэ үөрүүлээх дьыала.

Биһиги 2-с курска үөрэхпит араас мэһэйдэртэн тохтуу-тохтуу буолара. Институту ис-тас өттүттэн сырдык киирбэт-тахсыбат гына оҥоруу, тас истиэнэ устун ууруллубут дьааһыктары кумаҕынан толоруу, баррикада тутуута курдуктартан тохтуура. 1-кы курска курдук көхтөөхтүк үөрэнэр кыах да, усулуобуйа да суоҕа. Өстөөххө баһын төҥкөппөтөх Ленинград героическай оллохтоохторо бары да ыарыхаттары аахсыбакка үлэлииллэрин, үөрэнэллэрин, сэрии сэбин – тааҥканы, боевой хараабыллары оҥороллорун курдук биһиги эмиэ быыс-арыт булан үөрэнэрбит. Кыһын оннооҕор зачет туттарбыппыт. Биирдии студеҥҥа Гоголь, Островскай, Чехов айымньыларыттан монологтары биэртэлээбиттэрэ. Миша Бурнашовка Осип, Гоша Чусовскойга Хлестаков, Миша Ермолаевка Городничай, оттон кыргыттарга Островскай «Грозата”, “Жадность не порок” о.д.а. бэриллибиттэрэ.

Контрольнай уруокпутугар тымныыта бэрт буолан, итиини тутуох айылааҕы барытын бүрүнэн, илиибитин сиэхпитигэр уган олорон туттарбыппыт.

Күһүн тымныы түһүүтэ буомбалааһыныттан Тихвин линията быстыбыта, куорат водопровода алдьаммыта, уу куоракка халыйан тахсан тоҥмута, ону дьон тобулута үктээн, уулуссаҕа киһи хаамарыгар олур-боллур, халтырхай этэ. Уоту промышленнай уонна байыаннай эрэ объектарга биэрэр буолбуттара. Инньэ гынан уота суох тоҥ хаһаа дьиэлэргэ олорорбут. Уу суоҕа. Өрүстэн, каналлартан баһынар буолбуппут. Хоспутун онтон-мантан тимир оҕунуоҕа буллахпытына таҥаһынан фитиль эрийэн сырдатарбыт. Маннык усулуобуйа үөскээн, студеннары, үлэһиттэри аудиторияларга олохтообуттара.

Биһиги аллараа этажка саамай киэҥ аудиторияҕа профессор Зон студиялара «Актерское мастерство» дьарыктанар хосторугар, хакасстар, кизиллэр, финнэр, нууччалар, сахалар буолан олорбуппут. Уубутун уочаратынан хаһыа да буолан бастарбыт. Бу улахан хос тымныыта, уораана олус этэ. Хоспутун сцена быыһынан ортотунан аҥаардаан, түгэххэ уолаттар, аан диэки кыргыттар олорбуппут.

Кыһын, хайа ыйга эбитэ буолла, тымныы тулутара ааспытын кэннэ, дьэ оһох көстөн, быыкайкаан ылтаһын тимир оһох, буржуйка диэн ааттаах, турбатын камин үөлэһинэн укпуттара. Онтон-мантан алдьаммыт олоппос, скамейка атахтарын, кумааҕы эҥин булан оттубуттара да, ынырыктык кытарбытын үрдүнэн бу аарыма хоһу итиппэт этэ. Сылааһы биэрэргэ мас наада этэ да, ону хантан да булбаккын. Тугу эмэ булан, үксэ кумааҕынан оттоммут, уубутун оргутан сылаас киллэринэрбит. Наһаа мөлтөөн, сирена төһө да ыйылаатар, ыстанар кыах мэлийбитэ. Таһыардьа уочараккар уу баһаргар эбэтэр килиэппит толуонун ыларга эрэ тахсар буолбуппут. Нуормаҕын ылан түөскэр хам тутан истэххинэ, «Дай, дочка”, “дай кусочек” диир иэдэйбит дьон турар буолара. Итиннэ-манна өлбүт дьон сыталлара. Тыыннаахтар да умса түһэн, атахтарын саллырҕатан хаамаллара, кыра да мэһэйтэн умса бара сылдьаллара. Маассабай өлүү саҕаламмыта.

Олунньу ый саҥатыттан аһары буорайбыттары стационарга сытыаран барбыттара. Биһиги оҕолорбутуттан 5 оҕону ылбыттара. Таня Борисованы, Ксенья Гаврильеваны, Миша Бурнашову, Миша Ермолаевы, Миша Климентовы.

Ити оҕолорбут бара иликтэринэ хоспутугар экмаземмытын туттарбыппыт. 2-3 хоноот, Таня Монастырева бараахтаабыта. Кини күһүҥҥүттэн лип сыппыта, бүүс-бүтүннүү дүлүҥ курдук иһэн, кыайан эргийбэт да буолбута. Дьүөгэлэрэ Вааря Павлова, Настя Ларионова түүннэри-күннэри аттыттан арахпакка ыарыылаабыттара. Таня 5 ыйы быһа лип сыппыта да, билигин өлүө диэбэтэх эбиппит, наһаа соһуйбуппут, аймаммыппыт. Бу биһиги курспутуттан маҥнайгы сүтүк этэ. 2 кыыспыт, 3 уолбут стационарга сыталлара. Ити стационар биһигиттэн чугас. Фонтанка улица 10 номердаах дьиэтигэр баара. Биир күн Полялаах Ксения биһигини көрсө кэлбиттэрэ. Стационардарын кинилэр тиийэллэригэр ыарахан снаряд үлтү түспүт этэ. Оҕолорбут көмүллэн сыттахтара диэн куттаныы бөҕөнү куттанан тиийбиттэрэ, хата, кинилэри өрүһүйэн бомбоубежищеҕа киллэрбиттэр этэ.

Ол гынан баран Климентов, Ермолаев үрүҥ тыыннара итиннэ быстыбыта, сотору Гоша Чусовской өлбүтэ.

Бу 4 уолтан Миша Бурнашев, Миша Климентов, Гоша Чусовской саастарынан кыра буолан, армияҕа ыҥырыллыбатахтара, онтон Миша Ермолаев Ленинградскай фроҥҥа Ленинграды босхолуур иһин кыргыһыыга Невский пятачок диэн уу, бадараан сиргэ өстөөх төгүрүктээһинигэр түбэһэннэр хас да хоммуттарын кэннэ биһиэннэрэ босхолообуттара. Ити кэнниттэн Ленинградка байыаннай госпитальга сытан эмтэммитэ. Онно тымныйыыттан сөтөлүнэн ыалдьыбытын билэн, аармыйаттан сыыйбыттара. Инньэ гынан институтугар төннөн кэлбитэ. Биһигини кытта МПВО пожарнай этэрээтигэр боец буолбута.

Ити Таня Монастырева, Миша Климентов, Миша Ермалаев кэнниттэн Гоша Чусовской өлөөхтөөбүтэ. Ити курдук олунньу ый иккис декадатыгар түөрт оҕобутун сүтэрбиппит. Биһиги оҕолорбут бары өттүнэн кыраһыабайдара, билиигэ-көрүүгэ тардыһыылара, үчүгэйдик үөрэнэллэрэ, культурнайдара, табаарыстарыгар истиҥник сыһыаннаһаллара, институкка буолар концертарга, Институт народов Севера, Дзержинскэй район театрын факультетыгар ыллыы-туойа, үҥкүүлүү тураллара бу баар курдук.

Бу оҕолор улахан дьону кытта тэҥҥэ уһун сайыны быһа 3 м туоралаах, 3 м курдук дириҥнээх Ленинград куораты иилии барар ыстаал тааҥкалары мэһэйдиир траншеялары, сорох сирдэргэ дзоттары уонна кинилэр икки ардыларыгар сылдьыһар хорооннору хаспыттара. Биһиги ааһар учаастакпытыгар оннук түбэспэтэҕэ. Гоша Чусовской биригээдэтэ ону үлэлии сырыттаҕына фашистар буомба бырахпыттар. Гоша онно контузияламмыт этэ.

Бу ыарахан үлэни сайын уот куйааска, ардах, тыал, өстөөх пулеметун ытыалааһынын аннынан оҥорон, куоракка киирээт да аны баррикада тутуспуттара. Кыайан үктэммэт да кэриэтэ, барыта бар баас буолбут илиилээх-атахтаах, туос аччык оҕолор бу оборонительнай үлэни тиһэх күүстэрэ эстиэр диэри үлэлэспиттэрэ. Үлэ кэнниттэн аны салгынтан көмүскэнэр этэрээт боецтарын быһыытынан постарыгар дьуһуурунайдаабытынан, зажигательнай буомбаны умуруорбутунан бараллара.

Бу сэрии буолбатаҕа буоллар, ситэри үөрэнэн, дириҥ билиилээх, үрдүк культуралаах, айар-тутар талааннаах, дьоллоох-соргулаах үтүө үлэһиттэр буолан, ааттарын ааттатар дьон буолуохтаах этилэр.

Кыра саха норуотун эдэр ыччата фашист хааннаах халабырдьыттарын утары геройдуу сэриилэһэн, улуу Ленинград куоракка бэйэлэрин норуоттарын көҥүлүн, дьолун иһин патриотическай, интернациональнай иэстэрин толорорго оҕо саастарын толук ууран охтубуттара, ама, көтөн ааһар күн-дьыл күдэригэр мунан, умнууга хаалыа дуо?!

Суох, кинилэр саха норуотун бэрэстэбиитэллэрэ, киэн туттуулара. Намнар бэйэлэрин кыыстарын Таня Монастырева аатынан оройуон киинигэр уулусса ааттаабыттара, бюһун туруорбуттара улахан махталлаах, үөрүүлээх дьылала.

Онтон бу 16-17 саастаах Миша Бурнашев, Гоша Чусовской, Миша Климентов уонна красноармеец, саа-саадах тутан Ленинграды көмүскээбит, онтон инвалид буолан үрүҥ билиэттэнэн инстутугар төннөн кэлэн, салгынтан саба түһүүттэн көмүскэнэр этэрээт боеһа буолан, тиһэх күүһэ эстиэр диэри стационарга киллэриллэн, өлүөр диэри дьүккүөрдээхтик охсуспут Миша Ермолаев умнуллуо суохтаахтар. Кинилэр ааттарын төрөөбүт оройуоннара, куораттара, оскуолалара үйэтитиэхтээхтэр.

Итинэн блокада кыттыылаахтара бары үйэтитиллиэхтээхтэр диэбэппин. Биһигини төлкөбүт тыыннаах хаалларан, бүтүн олоҕу бэлэхтээбитэ. Советскай былаас баарына олохпутун талбыппытынан тутар кыахтаах этибит. Тыыннаах хаалбыппытынан дьоллоохпут.

Биһиги 8 кыыс уонна 1 уол – Миша Бурнашев буолан тохсуон эрэ хаалбыппыт. Бары даҕаны эппит-сииммит баранан, уҥуоҕу туруору аспыт курдук буолбуппут. Онуоха эбии суунар-тараанар усулуобуйа, сэниэ да эситибитэ, оттон-мастан тардыстан нэһииччэ хаамарбыт. Дьиэбит тоҥ хаһаа, аспыт суох, олунньуга килиэппит эбиллэн 300 г буолбута да, наһаа быһа илистэ дьүдьэйбит дьону көннөрө охсубат. Дьиэбит иһэ борук-сорук, коптилкабыт улахан хоһу кыайан сырдаппат, таһыттан кыра да сырдык киирбэт. Ханнык эмэ мас сыыһын, кумааҕы булан буржуйкабытын отуннахпытына, тула олорон сэрии бүттэҕинэ хайдах курдук аһыахпытын, олоруохпутун кэпсэтэрбит, төһө да буорайдарбыт өлөргө ким да бэриммэт этэ.

Бу кэмҥэ карело-финнэр студияларын уолаттара өлүтэлээн барбыттара. Финнэри сэриигэ ылбаттар эбит этэ, инньэ гынан биһиги уолаттарбытын кытта олорбуттара.

Хоргуйбут дьон өлөллөрө ордук ыарахан эбит этэ. Өлөллөрүгэр бары кэриэтэ наһаа өр орулаан баран өлөллөр эбит...

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Александра Иванова: «Биһигини Өктөөп тыыннаах хаалларбыта...»
Дьон | 07.11.2024 | 10:00
Александра Иванова: «Биһигини Өктөөп тыыннаах хаалларбыта...»
Дьүөгэм, урукку кэллиэгэм: “Биһиэхэ группаҕа  Александра Дмитриевна диэн 85 саастаах үҥкүүлүүр, ыллыыр, фитнескэ сылдьар, куорат бэтэрээннэрин хамсааһыныгар биир да тэрээһини көтүппэт уопсастыбанньык, олоххо олус көхтөөх көрүүлээх ытык кырдьаҕас баар. Билигин эдэр дьону кытта Бухара-Самарканд-Ташкент күүлэйдээн кэллэ”, – диэбитин соһуйа иһиттим.  Итинник эриэккэс киһини кытта хайаатар да көрүстэхпинэ сатанар диэн, бириэмэтин...
Лена Егорова: «Оҕолорбут тустарыгар бэйэбитин харыстаныахха»
Дьон | 07.11.2024 | 12:00
Лена Егорова: «Оҕолорбут тустарыгар бэйэбитин харыстаныахха»
Оҕото анараа сырыттаҕына, бааһырыы ыллаҕына, хайа ийэ сүрэҕэ долгуйбат, санааҕа ылларбат буолуоҕай. Оттон кини сибээскэ тахсыбатаҕына, олох да утуйар ууларын умналлар, үрдүк айыылартан эрэ көрдөһөн, кинилэргэ эрэ эрэнэн сылдьаахтыыллар.   Анал байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан элбэх киһи олоҕо тосту уларыйда. Этэргэ дылы “ол иннинэ” уонна “ол кэнниттэн” диэн икки аҥы арахсыбыта. Лена...