21.06.2023 | 12:54

Билсиҥ, саҥа аат

Билсиҥ, саҥа аат
Ааптар: Наталья Кычкина
Бөлөххө киир

Мария Константиновна (Дьячкова) Бережнова дьыл ордук кэрэ кэмигэр, 1966 сыл ыам ыйын 23 күнүгэр Акулина Спиридоновна уонна Константин Прокопьевич Дьячковтарга Байды нэһилиэгин Хатыҥнаах бөһүөлэгэр кэтэһиилээх алтыс оҕонон төрөөбүтэ. Оҕуруолаах оҕо сааһа тапталлаах Налимскайыгар ааспыта. Оҕо эрдэҕиттэн ийэтин бүппэт остуоруйаларын истэ үөрэнэн, оскуола саҕаттан учууталлара тылга сыстаҕаһын бэлиэтии көрбүттэрэ. Оччоттон нууччалыы-сахалыы хоһоон, ырыа бооччойон барбыта.

35 сыл оҕо иитээччитинэн үлэлээбит буолан, суруйарын бырахпакка, иэйиитэ киирдэ да, санааларын кумааҕыга тиһэр. Ийэтин остуоруйаларын тилиннэрэн кэпсиир да, суруйар да. Хоһооннорун тиэмэтэ үгүс: санаата ханна салайарынан, дууһата тугу этэринэн.

1988 сыл Иван Егорович Бережновтыын холбоһон, Иккис Мээтис Сыбаатай сэлиэнньэтигэр ыал буолан, үс оҕолоохтор. Кэрэ эйгэҕэ Тупсууна Байды диэн аатынан биллэр.

Оҕо сааһын баҕатын толорон, Альсия Иванова уонна Саргылана Алексеева салайааччылаах "Аяврина" үҥкүү ансаамбылыгар ситиһиилээхтик дьарыктанар.

От нуоҕай сибэкки току-току ньээм-ньээм

(оҕолорго ырыа)

Ойон-тэбэн оҕуруоппар

Оһуордана ойууланан,

Ойор-мэник сибэккилэр

Онон тэһэн тэлгэммиттэр.

Ойор-мэник сибэккилэр

Онон тэһэн тэлгэммиттэр.

Кыракыйкаан күнчээннэр

Күлүм-мичил үөрбүттэр.

Кылыыҥкайга кыттыһаары,

Күнү кытта күлсэллэр,

Кылыыҥкайга кыттыһаары,

Күнү кытта күлсэллэр.

Сэрэммиттии суугунаһан,

Сибэккилэр сипсиһэллэр.

Сүрэхпинэн сэрэйэбин,

Сөбүлүүллэр ити миигин,

Сүрэхпинэн сэрэйэбин,

Сөбүлүүллэр ити миигин.

От нуоҕай сибэккилиин

Оһуохайга кыттыһабын.

Оҕо сааһым кэрэкэтиэн –

Олус кэрэ остуоруйа

Оҕо сааһым кэрэкэтиэн –

Олус кэрэ остуоруйа.

Үөрэниэҕиҥ таптыырга

Үөрэниэҕиҥ!

Ийэни, аҕаны таптыырга,

Эбэни, эһэни ытыктыырга.

Айылҕаҕа салгыбакка сүгүрүйэргэ

Өбүгэ үгэһин утумнуурга!

Холбуоҕуҥ!

Ыксаллаах кэмҥэ – сүбэни,

Ыраатар саҕана сүрэҕи,

Күүстээх үлэҕэ – күдэҕи

Хайаатар да, хаһан да – түмсүүнү!

Өйдүөхпүт!

Оччоҕо ил-эйэ эҥэрдээх

Итии харда сыһыаннаах

Дьиэ кэргэн угуйар таптала

Барыбыт сүрэҕэр бүкпүтүн!

Сиэйэ Уолугар

Бүгүн мин куустардым

Дьикти ыраас куоласка,

Абылаттым, айманным,

Астынным, айхаллаатым!

Алыс да минньигэстик

Астардым дууһабын

Алыптаах дорҕоон хоһооҥҥо!

Ол онтон мин иэйдим,

Үөрдүм, көттүм сырдыкка!

Аата, айылҕам айдаҕын

Анаан-талан түстээтэҕин!

Ыллаа, ыллаа истиҥник

Хас биирдии сүрэҕи таарыйан,

Дорҕоон кылыс тыынынан

Хас биирдии дууһаҕа тохтооҥҥун!

   

Үйэлэргэ айхаллан,  Халымам!

Үрүҥ түүн сөрүүнүн

Үүт долгун тумаҥҥа бүрүнэн,

Хайҕаллаах өрүһүм Халымам

Долгуйа наҕыллык устаҕын,

Кэтит иэн киҥкиниир эн суолгун

Хас үйэ көлүөнэ тэлбитэй?

Ыраас ытык уугун ханнара,

Хас үйэ өбүгэм испитэй?

Күһүҥҥү хахсаат тыал ардаҕа

Эн сырдык сүүрүккүн болоорто?

Хамначчыт ыар ынчык ырыата

Курулас ардахтыын холбоһор,

Өбүгэм батталлаах олоҕо

Куйах таас өттүккэр өйөнөн,

Сыл-хонук быыстарын аахтара,

Махталын билинэн аастаҕа!

Кыһыҥҥы томороон тымныыга

Халыма Эбэккэм иһийэр,

Муус кырыа суорҕанын анныгар

Уот дьыллар баастарын оһордон,

Түгэҕэ биллибэт чүөмпэҕэ

Хас үйэ охсуутун саһыардыҥ?

Ол - Эбэм сүһүрбүт тымырын

Сэрэниин-сэрэнэн эмтэнэр!

Сааскы күлүмнэс күҥҥэ үөрэн,

Айылҕам уһуктуо сэгэйэ,

Эбэккэм утуйбут уутун, дьэ,

Эҥсиллэр бэйэтин тэбэниэ.

Оччоҕо олохпут салҕанар,

Саҥалыы чэчири анньынан,

Үтүмэн үйэҕэ айхаллан дуу,

Үбүлүөйдээх Эбэбит, Халымам!

Ньургуһунум сэһэнэ

Айылҕам кэрэ бэлэҕэ,

Маҥнай үөрдэр сибэкки

Сэмэй, килбик бэйэтэ,

Сырдык, ыраас иэйиитэ

Сымнаҕастык, ийэ тэҥэ,

Сайа этэр эйгэлээх.

Субу үүммүт түгэҥҥэ

Чуумпураҥҥын, эн, сэргээ,

Сүрэххинэн биир тэҥҥэ

Сипсийэрин иһиллээ!

Тулаҥ бүттүүн сырдыаҕа,

Сирдиэ сыыйа бэйэҕэр.

Ньургуһунум ап алыба:

Түү ньаассын дуй бэйэтэ

Күөҕүнэн унаара көрөрө,

Бөлөх-бөлөх үүнэрэ,

Хаар үллүк иһиттэн

Тоҥ буору тобулар кыаҕыгар!

Ньургуһунум сэһэнэ

Манан бүппэт кээмэйэ,

Хас биирдии киһиэхэ,

Соччонон сүүһүнэн сүрэххэ

Үйэлэр тухары кэпсэниэ

Сир симэҕим номоҕо.

Сааскы хаар сибэккитэ

Ньургуһунум кэрэтэ,

Сиэдэрэй тыыннаах сэһэнэ,

Нарын, чараас сүрэххэ

Уйаланнын биэбэйдии

Сиргэ ЭЙЭ иннигэр!

Сиэнчээним

Чээн, кырачаан бэйэҥ бу

Сүрэхпин, дууһабын бүтүннүү

Баһылаан, үөртиҥ дии, эһээҕин.

Күммүт-ыйбыт бу күнтэн

Эн эрэ буолаҕын!

Минньигэсчэй бэйэҕин

Сэрэнэн ыламмын,

Ыксары тутаммын,

Тумнаста сыһабын

Бу кэрэ да сыттан!

Оокком сыыһа, сиэнчээним!

Айылҕам анаабыт астык да

Бэлэҕэ, ама, туох тэҥнэһиэй

Бу сүдү бэлэххэ!

Мин күнүм толору

Туолла дии сиэмминэн!

Бастакы эн күлүүҥ,

Бастакы эн хардыыҥ,

Бастакы эн тылыҥ

Суолталаах эбитин

Эбэҕин кытары

Күнү супту үллэстэн,

Хал буолбат эбиппит.

Сыл-хонук ааһара

Түргэнин эбитин!

Оҕобут бу күһүн

Оскуола боруогун

Атыллаан киирэҥҥин

Үөрэх-билии суолугар

Этэҥҥэ айаннаа,

Билиилээх, өйдөөх

Буола улаат, чыычаахпыт!

Мин эмиэ үөрэбин

Сиэнчээммин кытары

Кэрэтин көрөммүн

Мин чахчы ууллабын,

Көмүскэм уутун мин

Кистээммин соттобун.

Оо, дьылҕам бэлэҕэ,

Кырачаан сиэнчээммит

Барыбыт таптала

Харысхал буолуохтун! 

Эдьиийбэр

Хас сарсыарда хайаан да

Алгыһынан арчыланан,

Чэбдик хаамыы, ыраас тыыныы -

Эдьиий аллаах аргыстара!

Оннук көнө сүрүннээх,

Амарах, мааны майгылаах

Ийэм тэҥэ саныыр киһим

 Олус таптыыр эдьиийим!

Өр да өр күүппүттүү үөрэн,

Көрсүөҕэ куруук сылаастык.

Тотоойу аһынан күндүлээн,

Аа-дьуо кэпсээнин саҕалыа.

Ардыгар ыксаабыт бэйэбин

Ыксары кууһан уоскутуо.

"Үчүгэйиэн, эдьиий баара!"-

Диэммин олус астыныам!

Айылҕатынан чугастык

Аһарар барыбыт иэдээнин,

Курдаттыы ылынан өйдүүр,

Хас биирдиибит кыһалҕатын.

Ийэм тэҥэ санааммын

Эдьиийбин олус таптыыбын

Этэҥҥэ сырыт, күндү киһим,

Чугас дьонуҥ тапталынан!

***

Олохпут бэйэтэ көрдөрөр:

Эр дьону өрө тутаммыт,

Эр хоһуун санаатын өйөөммүт,

Этитэр дириҥ өй тылларын

Сүрэххэ иҥэрэн ылынан,

Сир Ийэ этэҥҥэ буолуоҕун

Ил-эйэ олоҕу туойуохха!

Уол оҕо буойун санаатын,

Аҕа сир дойдуга тапталын

Харыстыыр, көмүскүүр

Буолуоҕуҥ хайаан да.

Эһээхэй эрдэхтэн

Нарылаан, чочуйан иитиэххэ,

Нарын сүрэхтээх да буоллун!

Ол эрэн күүстээх санаанан

Ньургун уол буола улааттын,

Саалаахтан самныбат дьиппиэни

Кыракый эрдэхтэн иҥэрэн,

Сахабыт сайдарын ситиһиэх,

Биир боотур эринэн байытыах!!!

Вальс оһуора

Тупсууна Байды тыллара

Намчы Лена мелодията

Дьокуускайга, дыбарыаска,

Дьоллоох дьоро киэһэтигэр

Вальс үҥкүүтүн тэтимигэр

Дьикти сылаас матыыбыгар

Долгулдьуһан сиэттиһэммит,

Эдэр сааска эргиллэммит,

Күлүмүрдүү, мичилиһэ,

Тэлээриһэ эргийдибит.

Припев:

Уйдарда вальс,

Иһийдэ зал,

Истиҥ, кэрэ

Музыкаттан.

Нарын да вальс

Тэтиминэн

Угуйар бу

Дорҕоонуттан.

Биирдии, биирдии паараларбыт

Кубалыы уста дайдылар,

Сиртэн тэйэ сыана устун

Көстүбэт оһуор тистилэр.

Бөлөх-бөлөх муһуннулар

Сонно тэйэ тэлээрдилэр,

Хас сүрэҕи долгутаннар,

Музыкалыын холбостулар.

Эдэр сааһы эргиттэ вальс,

Нарын, кэрэ, эйэҕэс вальс,

Эргий, эргий наҕыллык, эн,

Уйан, наҕыл, сэмэй да вальс,

Олохпут эмиэ вальс эбээт,

Арыт нарын, арыт атын,

Ойуутун эмиэ бэйэҥ көрөн,

Бэйэҥ эрэ түһэрэҕин.

Алаас кыыһын үҥкүүтэ

Тупсууна Байды тыллара

Марианна Афанасьева матыыба

Солко күөҕү тииккэ тиһэн,

Сир симэҕинэн сууланан,

Сырылас күннүүн сиэттиһэн,

Самаан сайыммыт сатыылаата.

Чыычаахтары ыллатан,

Толооннору толортоото,

Үрүмэччи, лыах кэрэтинэн

Алаастары киэргэттэ.

Хос ырыата:

Көмүс куолас ырыатынан

Көй салгыны хамсаппакка,

Нарын-намчы үҥкүүтүнэн

Айылҕаны уруйдаата.

Лыахтыын бииргэ күлэ-үөрэ,

Тэбис-тэҥҥэ хамсанан,

Алаас кыыһа ача устун

Көтө-дайа тэлээрдэ.

Ис-иһиттэн сырдыыр иэйии

Намчы-талба таһаатыгар

Чөмчүүк таастыы күлүмүрдээн,

Көстөр эбитин биллэ дууһам.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...