Бил-көр, ыйыталас уонна туһан!
Өҥө ханнык көрүҥнэригэр субсидия көрүллэрий?
Элбэх кыбартыыралаах дьиэлэргэ:
Дьиэ-уот өҥөлөрө;
Хомунаалынай өҥөлөр, ол иһигэр уот төлөбүрэ;
Чааһынай олорор дьиэлэргэ:
Хомунаалынай өҥөлөр, ол иһигэр:
Уот;
Бөҕү тиэйии;
Уу куттарыы.
Дьиэни-уоту ититэр систиэмэ:
Гааһынан ититии;
Уот ситиминэн ититии;
Оһоҕунан уонна хочуолунан оттуллар дьиэлэргэ чоҕу, маһы тиэйтэрии.
СӨ ОДЬКХ-ҕа уонна энергетикаҕа министиэристибэтин пресс-сулууспата иһитиннэрбитинэн, 2022 сыл үһүс кыбаарталын түмүгүнэн 15 тыһыынчаттан тахса өрөспүүбүлүкэ олохтооҕо бу көмөнү ылар.
Судаарыстыбаннай өҥөнү «Агентство субсидий» СӨ судаарыстыбаннай хааһына тэрилтэтэ оҥорор. Социальнай көмө туһунан сиһилии http://www.subsidii-jku.ru/ эбэтэр https://t.me/as_ykt телеграм-ханаалга, www.e-yakutia порталга киирэн көрүҥ.
Маны сэргэ, 8-800-222-50-70 эрийэн (өрөспүүбүлүкэ олохтоохторугар босхо), ыйыталаһыаххытын, сүбэ-ама ылыаххытын сөп.
Судургу уонна эргиччи табыгастаах
Сайабылыанньаны дьиэҕититтэн тахсыбакка, бэйэҕитигэр табыгастаах кэмҥэ www.gosuslugi.ru портал нөҥүө онлайн ыытыаххытын сөп. Электроннай ньыманан толороҕут уонна ирдэнэр докумуоннары угаҕыт.
Субсидия хайдах оҥоһулларый?