«Бииргэбит» аһымал дьаарбаҥка
Аһымал дьаарбаҥка “Саллаакка сурук” диэн биир сүрүн аахсыйатыгар ким баҕалаах кыттан, анал байыаннай дьайыыга сылдьар саллаакка сурук суруйан, волонтердар көмөлөрүнэн өйөбүл тылларын тиэрдиэн сөп. Манна Дьокуускайдааҕы 26-с №-дээх оскуола үөрэнээччилэрэ көхтөөх кыттыыны ыллылар. Оҕолор саллааттарга сурук ыытары таһынан, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылаахтарын суруктарын туһунан дакылааттарын интэриэһиргээбит ыалдьыттарга кэпсээтилэр.
Христина Чусовская, 26 №-дээх оскуола түмэлин уонна “Кыһыл следопыт” көрдүүр-чинчийэр кулууп салайааччыта:
— Кулууппутугар оҕолор бэһис кылаастан саҕалаан сылдьаллар уонна сэрии кыттыылаахтарын туһунан сибидиэнньэлэри хомуйаллар. Бүгүн биһиги 3 уонна 5 кылаас оҕолоро суруйбут 50 суругу туттара кэллибит уонна 1941-1944 сс. сержант Гавриил Дербасов сэрии толоонуттан ыыппыт суруктарын туһунан кэпсээтибит. Биһиги үөрэнээччилэрбит араас научнай-практическай кэмпириэнсийэлэргэ ситиһиилээхтик кытталлар. Холобура, бу чинчийиибитинэн Бүтүн Арассыыйатааҕы “Биллибэт саллаат” куонкуруска кыттан грант сүүйбүппүт.
Дьаарбаҥка кэмигэр ыалдьыттар «Саллаакка сурук» аахсыйаны таһынан маскировочнай сетканы, сылгы сиэлиттэн харысхал оҥорууга уо.д.а. маастар-кылаастарга кытыннылар. Тэрээһин кыттааччыларыгар анаан ырыаһыттар уонна үҥкүү бөлөхтөрө кэнсиэр көрдөрдүлэр.
«Бииргэбит» аһымал аахсыйаны Дьокуускай куорат Уопсастыбаннай палаатата уонна “Саха-волонтер” уопсастыбаннай тэрилтэ ыыттылар. Ону таһынан “Боевые шелкопряды Якутии”, “Дьокуускай куорат дьахталларын лигата”, “Волонтер медиктэр”, “Аҕа сэбиэтэ” хамсааһыннар кыттыыны ыллылар. Байыастарга көмөлөһүөн баҕарар куорат олохтоохторо ас-үөл, таҥас-сап, туттар мал-сал эгэлгэтин атыылаатылар. Атыыттан киирбит харчы барыта анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар өйөбүл буолуоҕа.