18.08.2022 | 20:09

Биир сыл эйигинэ суох

Бүгүн биһиги кэллиэгэбит, дьүөгэбит, истиҥник саныыр, таптыыр киһибит - Сардаана Ивановна Багынанова орто дойду олоҕуттан барбыта биир сылын туолар.
Биир сыл эйигинэ суох
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Дьылҕа хаан оҥоһуутун кытта киһи сатаан мөккүспэт, ыар сүтүгү сүрэххэ сөҥөрөн үйэбит тухары илдьэ сылдьар эрэ кыахтаахпыт. Сардаанабытын өрүү суохтуубут, саныыбыт, ахтабыт.

Ураты этэ

“Орто дойду...” Мин Сардааналыын бу Орто дойдуга «Орто дойду» хаһыакка билсибитим. Биир күн эрэдээксийэҕэ олус килбиктик туттубут, узбектыы хараҥа халлаан күөҕэ баархат халааттаах 3-4 саастаах уолчаан батыһыннарыылаах киирэн кэлбитэ. Мичээр быыһынан сибигинэйэн кэриэтэ, «матырыйаал аҕаллым» дии-дии, тэбис-тэҥ буукубаларынан, илиинэн суруллубут лиистэри утары ууммута. Оччолорго суруналыыстар үксэ саҥа көмпүүтэри баһылаан испиппит, ааптардар ыстатыйаларын дискиэтэ (флоппи) диэҥҥэ уган аҕалаллара. Соһуйуом иһин, суорумньу туһунан ыстатыйа этэ. Оччолорго олус хорсун, сонун тиэмэ. Сотору соҕус Сардаана Ивановна игирэлээҕин билэн, өссө соһуйбутум. Орто дойду олоҕор мин Сардаананы кытта билсиһиим итинник ураты этэ.

Бу санаатахха, биһиги Сардаанабыт, чахчы да, ураты киһи кэлэн бараахтаабыт. Күннээҕи түбүктэн саҕалаан, олоҕу көрүүгэ тиийэ. Үлэтин олус сөбүлүүрэ. Көҥүллүк тыынар, санаабытын сайа этэр үлэлээхпит диэн ааттыыра. Хаһыат биир уустук «Сытыы муннук» рубрикатын үксүгэр киниэхэ эрэнэрбит. Эрэдээксийэҕэ өрөбүллэргэ кытта олорооччу, киэһэ хойут эрэдээксийэни хатаан барааччы кини буолара. Үлэнэн тойоттору кытта куорат хаһаайыстыбаларынан эриэйдэҕэ барыы буоллаҕына, эрэл эрэ Сардаанаҕа буолааччы. Салалта өттүттэн былааннаах эриэйдэ суох буоллаҕына, бэйэтин санаатынан тохсунньу тоһуттар тымныыта, от ыйын өҥүрүк куйааһа диэн толлон турбакка, өрөбүлүн аахсыбакка, 17-с кыбартаал сыбаалкаларынан, Труд уулуссатын атыыһыттарынан, Кытай ырыынагынан, арыгы маҕаһыыннарынан кэрийэр, кэмиттэн кэмигэр суруйар, кириитикэлиир, былаас дьаһал ылынарын туруорсар үгэстээҕэ. Оннук суруналыыс, бука, суох буолуохтаах.

2-лии сыл буола-буола игирэтин аҥаарыныын уоппускаларын булгуччу Узбекистаҥҥа атаараллара. Эдэр саастара ааспыт Узбекистаннарын төрөөбүт дойду тэҥэ күндүтүк саныыр, санаалара сытар, дууһалара ылынар буолан, 2-лии ыйга тиийэ сылдьан, күүлэйдээн кэлэллэрэ. Арай Сардаанабыт былырыын уоппускатыгар соҕотоҕун бэйэтигэр Турцияны “арыйбыта”. Хаста даҕаны биһиэхэ видеозвоногунан муораны, куораты, ол дойду ырыынагын көрдөрбүтэ. Олус сөбүлээбит этэ. Кэлбитигэр: «Сардаана, эн Турцияҕа олоруоххун сөп эбит, интэриниэтинэн үлэлиэҥ буоллаҕа», – диэбиппин, олус сэргии истибитэ, онно элбэх саха баарын, кини эмиэ баҕатыйарын билиммитэ. Узбектыы тото кэпсэтэринэн охсон, түүрдүү тылы үөрэтэр былааннааҕын эппитэ.

Сардаанабыт ити курдук үгүспүтүттэн ураты этэ. Таҥнардыын-симэнэрдиин, кэпсэтэрдиин, толкуйдуурдуун. Уонна, бу санаатахха, биир уратыта, олус көҥүл эбит. Бу кэлин хамсыктан сылтаан кэлиигэ-барыыга хааччах сытыырхайбытыттан, быһыыны (вакцина) бүгүстээһин саҕаламмытыттан олус эрэйдэммитэ, дууһата моруу буолбута. Ол сирэйигэр көстөрө. Муус доруобай киһини ити хааччахтар кэбирэппиттэрэ мөккүөрэ суох. Мин тус санаам итинник.

Галина СПИРИДОНОВА.

 

Тулуйуҥ дуу...

Мин Сардааналыын билсибитим, арааһа, 20-чэ сыл буоллаҕа буолуо. Ол сахха эрэдээксийэбит билиҥҥи “Туймаада” атыы-эргиэн киинэ турар миэстэтигэр баара, ол типография этэ. Онно саҥа киирэн үлэлии сырыттахпына, икки кырачаан, үүт-үкчү узбек былаачыйатын кэппит, баттахтарын наһаа элбэх гына өрүммүт кыргыттары сиэтэн, Сардаана кэлэн матырыйаал аҕалара. Оччолорго эрэдээктэрбит А.В. Аргунов этэ. Кумааҕы да күндү быһыылааҕа, билиҥҥи А-4 курдук гынан баран саһархайдыҥы өҥнөөх, чараас кумааҕыны суруйарга диэн ылан барара. Мин ол саҕана кэриэктэр уонна нобуордааччы этим. Сардаана суруйбут ыстатыйаларын элбэхтэ бэчээттээтэҕим буолуо.

Дьылҕа Хаан ыйааҕа кытаанах. Ону кытта мөккүспүт суох, ол гынан баран киһи сөпсөспөт, итэҕэйбэт түгэнэ элбэх. Сорох ардыгар кыһыыгыттан ха­һыы­тыаххын, тоҕо, туох иһин диэн ытыаххын, айманыаххын баҕараҕын. Тоҕо, туох иһин саамай олохторун үгэнигэр, үлэлии-хамсыы сылдьар, олоҕу олуһун таптыыр күндү дьоммутун ылан барарый? Тоҕо чугас дьонун ытатан-соҥотон соҕотох хааллартыырый?

Биһиги Сардаанабыт олус үлэһит, талааннаах, наһаа элбэх дьүөгэлэр­дээх, билэр дьонноох этэ. Сорох ардыгар билбэт киһитэ суох да диэххин баҕараҕын. Киэҥ сирдэринэн, өрөспүү­бүлүкэ араас муннуктарынан сылдьан, сытыы тиэмэлэргэ үгүс элбэх ыстатыйалары аҕалтыыра, айанныырын наһаа сөбүлүүрэ. Сардаана ыстатыйаларын уһуннук суруйара, сорох ардыгар тиэтэтэрбит, кини ону сөбүлээбэтэ. Сэрэдэ – хаһыат тахсар күнэ, онуоха кини сороҕор саҕалыы да илик буолара, онно эбиитин балаһалары корректуралыыр. Ол да буоллар, хойутаан даҕаны син биир матырыйаалын сыа-сым курдук суруйан, туттаран тиһэҕэр тиэрдэрэ. Араас тиэмэҕэ барытыгар хорсуннук суруйара, дьаныардаах буолан тиһэҕин булан тэйэрэ. Киһини тылыгар киллэрэр үтүө өрүттээҕэ, онтон элбэх интервью, матырыйаал таҕыстаҕа. Араас таһымнаах дьону кытта кэпсэтэрэ, бэрт интэриэһинэй, ааҕыллымтыа гына суруйара.

Кини кэрэни, саҥаны олус кэрэхсиирэ. Наһаа маанытык таҥнара-симэнэрэ. Соҕуруу, омук сирдэригэр бардаҕына хайаан да барыбытыгар кэһиилээх, илии тутуурдаах кэлэрэ. Сылдьыбыт дойдуларын субу баардыы ааҕааччыларыгар суруйан тиэрдэрэ. Ол 20-чэ сыллаахтан “Суорумньу” диэн ааптарыскай рубрикалааҕа. Онтон элбэх киһи ыал буолан олордоҕо, сороҕор ол дьонун тылыгар киллэрэн олохторун хаһыакка суруйара.

Аны туран дэлэй илиилээҕэ, кини эбиэккэ аҕалар аһа хайаан да барыбытыттан улахан иһиттээҕэ, олус минньи­гэһэ, ол курдук ийэтин көбүөрдээх лэппиэскэтэ, духуопкаҕа буспут бэрэскитэ бу элбэҕэ. Сардаана оҕолуу уйан дууһалааҕа. Кыраттан хомойуон, арыт олус үрдүктүк үөрэн туруон сөбө. Сороҕор тугу тута сылдьарын киһи сатаан таайбат этэ, оннук бүтэйдии иһигэр илдьэ сылдьара. Онтун төлө биэрэн, олус аһыллан, оҕолуу үөрэн, наһаа астынан сэһэргиирэ.

Чугастык билэр киһигин ааспыт кэмҥэ тутан суруйуу олус ыарахан, тус бэйэм бу кутурҕан сонуну итэҕэйиэхпин баҕарбаппын. Хаһан эрэ эрэдээксийэбит аанын арыйан, сэрэммит курдук үктэнэн, толору миинэ тохтубутуттан саҥа аллайан: “Хаһан эбиэттиибит, аччыктаатыгыт дуо?” – диэбитинэн киирэн кэлэргин олус суохтуубут.

Наталья КЫЧКИНА.

 

Быдан дьылларга быраһаай, Сардаа!

Сардааны мин билиҥҥэ диэри ханна эрэ ыраах айаҥҥа барбытын курдук саныыбын, оннук сүтүк аһыыта-абата арыый атыннык ылыныллар курдук эбит. Куруук ханна эрэ бараары-кэлээри, үөрбүт-көппүт настарыанньалаах, сырдык, ыраас эдэр мөссүөнүн өйдөөн хаалыахпын баҕарабын. Мэлдьи көмөлөһөр, сүбэлиир-амалыыр идэлээҕэ. Элбэх айаннарыттан өрүү кэһиилээх кэлэрэ. 

Күн аайы үлэтигэр үөрэ-көтө кэлэр киһи кини этэ. Ол иһин эрэдээксийэҕэ хаһан баҕарар тиийдэххэ, Сардаана билигин да баар буолуох курдук... Олус оҕомсох буолан, оҕолорум үлэбэр тиий­дэхтэринэ наһаа сэҥээрэрэ. Кыыһым кини баттаҕар, киэргэллэригэр ымсыырара, наар “Сардаана наһаа кырасыабай” диирэ. Уолум уһуйааҥҥа сылдьыбат эрдэҕинэ, үлэбэр илдьэ кэлэрим. Сардаанаҕа хааллара-хааллара, онно-манна наадабар сылдьарым. Ол кэмҥэ Сардаа, уолбутун эбиэттэтэн баран, күнүскүтүн утутан кэбиспит буолааччы.

Кини букатыннаахтык барбытын киһи өйө-санаата сатаан ылыммат, итэҕэйбэт. Олоҕу таптыыр да этэ, барар-кэлэр үгүс былааннааҕа. Ол барыта туолбатаҕа олус кыһыылаах, абалаах...

Розалия ТОМСКАЯ.

 

Киирэн кэлиэ диэн күүтэбин...

Сайыҥҥы кэмҥэ эрэдээксийэҕэ иккиэн эрэ хаалан үлэлиирбит. Сэрэдэ күн ууга-уокка түһүү, ыксал-тиэтэл үгүстүк буолара. Мин нэһиилэ сирэйбин суунан, баттахпын тараанан кэлэн олордохпуна, Сардаанам дьэрэкээн былаачыйалаах, уурбут-туппут курдук бүрүчүөскэлээх, таҥаһыгар-сабыгар барсар суумкалаах, бэрт холкутук долгулдьуйан киирэн кэлэрэ. Оччоҕуна хайдах эрэ уоскуйа түһэрим. Үлэ көҕү сөбүлүүр дииллэринии, кини баар күнүгэр ордук хорутуулаахтык, таһаарыылаахтык суруйарым.

Сардаана үлэтигэр олус бэриниилээҕэ. “Хаһыатым” диэн истиҥник ааттыыра. Киниэхэ чугас тиэмэни биэрдэххэ, хараҕа уоттана түһэрэ. Кими кытта кэпсэтэр буолбутун, хаһан көрсүөхтээхтэрин былаанныы, санаатын үллэстэ охсоро. Матырыйаала табылыннаҕына, ис-иһиттэн үөрэрэ, астынара. Итинник сытыы тиэмэлэргэ кини ордук арыллара, үлэтин үтүө түмүгүттэн үгүстүк үөрэрэ. Уопсайынан, Сардаана бэйэтэ миэстэтигэр тиийэн илэ хараҕынан көрөрүн, дьон санаатын хаһыат нөҥүө тиэрдэрин ордороро. Оннук булар-талар суруналыыс этэ.

Ааҕааччыларбыт “Сардаана Багынанова” диэн илии баттааһыннаах суруйуулары суохтаатахтара... Суруллубут суоруллубат. Кини итэҕэл, сиэр-майгы, о.д.а. тиэмэҕэ матырыйааллара сахалыы тыллаах суруналыыстыкаҕа бэлиэ суолу-ииһи хааллардахтара...

Эдьиийбит кэриэтэ саныыр Сардаанабыт бүтэһик остуолугар тиийэн олорон, “мама Сардаана” диир оҕолор сүүрэ-көтө сылдьалларын көрөн уоскуйбутум. Кини туһунан сылаас, истиҥ ахтыылары истэн, кини ситэ оҥор­ботоҕун тиһэҕэр тиэрдэр дьонноох эбит дии санаабытым.

... Сардаана көмпүүтэрэ хайдах тахсан барбытынан турар. Сороҕор субу үөрэн-көтөн, кэпсээн-ипсээн киирэн кэлиэ диэн күүтэбин. Иччитэх турар остуолун көрдөхпүнэ, итэҕэйиэхпин баҕарбаппын...

Айыына КСЕНОФОНТОВА.

 

Үлэтинэн олорбута

Аан маҥнай үлэлии киириэхпиттэн ыстатыйа, суруйуу хайдах буолуох­тааҕын, хаһыат хайдах таҥылларын барытын кэпсээн, үөрэтэн, суруналыыстыка суолугар сирдээбит киһи Сардаана Ивановна буолар. Хас биирдии матырыйаалы ырытан, сыаналаан көрөрө. Мин суруйууларбар маҥнай туохха сыыһарбын, тугу ситэ арыйбатахпын хайаан даҕаны быһааран биэрэрэ. Хаһан даҕаны кыыһыран тымта, быраҕаттана сылдьарын көрбөтөҕүм. Мэлдьи наһаа кырасыабай таҥастаах, баттаҕа көбүс-көнө, куруук мааны буолааччы, аны элэккэйэ, майгылаах бастыҥа этэ.

Сардаана тас дойдуну үгүстүк кэрийэрэ, атын омуктар олохторун-дьаһахтарын, култуураларын олус ытыктыыра, интэриэһиргиирэ, хаһыатыгар тиһигин быспакка сырдатара. Ханна эмит баран кэллэҕинэ, бииргэ үлэлиир кэллиэгэлэригэр куруук илии тутуурдаах, өттүк харалаах сылдьааччы. Турцияттан, Москубаттан, Питертэн өйдөбүнньүк сүбэниирдэри мэлдьи аҕалара.

Сардаана Ивановна, чахчы, үлэтинэн эрэ олорбута, үлэтигэр олус бэриниилээҕэ. Дьон кыһалҕатын, тыын боппуруоһун быһаарартан соло булбата. Кини “суох” диэн тылы төрүт туттубат үгэстээҕэ. Барытыгар саба түсүһэн, сөбүлэһэн иһэр үгэстээҕэ. Эрэдээксийэҕэ куруук хойукка диэри хаалан үлэтин түмүктүүрэ, сыалын ситиһэрэ...

Айталина СОФРОНОВА.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...