19.01.2023 | 13:00

Биир санаанан салайтаран

Норуот сомоҕолоһуута, биир санааланыыта – олохпут сарсыҥҥыга эрэллээх буолуутун олуга. Хаһыаппыт бүгүҥҥү нүөмэригэр Ытык Күөл бөһүөлэгэр түөлбэнэн үлэни салайар бастыҥ уопсастыбанньык, олоххо көхтөөх позициялаах Агафья Савватееваны кытта кэпсэтэбит.
Биир санаанан салайтаран
Ааптар: Вера КАНАЕВА
Бөлөххө киир

– Кыһыҥҥы үтүө күнүнэн, Агафья Михайловна! Кэпсэтиибитин саха киһитин сиэринэн кимтэн кииннээххиттэн, хантан хааннааххыттан саҕалыах.

– Мин төрүт Тааттабын. 1954 сыллаахха балаҕан ыйын 24 күнүгэр Ытык Күөлгэ күн сирин көрбүтүм. Ол кэмҥэ биһиги Таатта үрэх сүнньүгэр өҥ-быйаҥ кырдаллардаах, нэлэһийбит сыһыылардаах “Серов” холкуос дьикти-кэрэ сиригэр олорбуппут.

– Бу орто дойдуга төрөппүттэргиттэн, оҕолоргуттан, бииргэ төрөөбүттэргиттэн күндү туох да суох. Төрөппүттэриҥ туһунан ахтан аас эрэ.

– Ийэм Анна Николаевна, аҕам Михаил Романович Савватеевтар саастарын тухары холкуоска үлэлээбиттэрэ. Урукку олох ирдэбилинэн 1929 сыллаахха сыбаатынан холбоспуттара. Ийэм 40 сыл устата ыанньыксыттаабыта, оттон аҕам биригэдьииринэн, буҕаалтырынан үлэлээбитэ. Төрөппүттэрим 60-тан тахса сыл араас үөрүүнү-хомолтону тэҥҥэ үллэстэн, алта оҕону иитэн, улаатыннаран, үөрэттэрэн киһи оҥорбуттара. Саха ыалын сиэринэн дьоһун олоҕу олорон ааспыттара.

– Төрүттэргэр олоҥхоһут баарын билэбин. Айылҕаттан анаммыт идэ хаанынан бэриллэр айылгылаах, билиҥҥи көлүөнэҕэ олоҥхоһут ыччаттааххыт дуо?

– Аҕам аҕата Чегдохонов Роман биллэр олоҥхоһут эбит. Уу иһэ-иһэ үс күннээх-түүнү быһа ыалларынан сылдьан олоҥхолуура үһү. Ону батаннар ырыа эйгэтигэр ыччаттарбыт ааттара иһиллэр. Ол курдук, Светлана Очирова, Виталий Очиров, Кеша Васильев ыллыыллар, Алик Шестаков олоҥхолуур. Эдьиийдэрим Анна Михайловна Савватеева Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх үлэһитэ этэ, Таатта хас да көлүөнэ ыччатын фортепиано курдук кэрэ дьүрүскэҥҥэ уһуйбута, үөрэппит оҕолоро өрөспүүбүлүкэ куонкурустарыгар куруутун бастыҥнар кэккэлэригэр  сылдьаллара, Софья Михайловна Басыгысова Свердловскайдааҕы консерваторияҕа үөрэнэ сылдьыбыта. Онон айылҕа аныгы да көлүөнэ ыччаппытын тумнубакка ыллыыр-туойар дьоҕуру биэриэ турдаҕа.

– Салайар, тэрийэр дьоҕур эмиэ баар аймаҕынаҕыт. Эн салайар Таатта нэһилиэгин “Куула” түөлбэтин үлэтэ биир бастыҥ үлэлээҕинэн биллэр.

– Улууспутугар түөлбэ үлэтэ 1998 сылтан саҕаламмыта. Территориальнай-уопсастыбаннай бэйэни салайыныы тэрээһинин өйүүр туһунан бырабыыталыстыба уурааҕа тахсан, өрөспүүбүлүкэ бары оройуоннарыгар түөлбэлэр тэриллиэхтэриттэн. Онтон олох хаамыытын сиэринэн тохтобул кэнниттэн 2016 сыллаахтан бу ордук тыа сирин олоҕор олус туһалаах уопсастыбаннай хамсааһын иккис тыынын ылла. Биһиги икки сыл үлэлэһэн, 2018 сыллаахха сокуонунан “Куула” ТОС диэн бастакы уопсастыбаннай тэрилтэ буолбуппут. Нэһилиэкпитигэр уопсайа алта түөлбэ үлэлиир. Бүгүҥҥү күҥҥэ түөлбэлэр – нэһилиэкпит сирэйэ, сайдыыны түстүүр төһүү күүс. Манна күннээҕи түбүктэн саҕалаан, нэһилиэкпит историята, тас көстүүтэ, инники былаана барыта быһаарыллар, сааһыланар. Үлэбитин нэһилиэкпит дьаһалтата сүрүннүүр, ону барытын олохтоохтор “Сарыал” култуура киинин тула түмсэн көхтөөхтүк ылыналлар. Маассабай тэрээһиннэргэ түөлбэ сирин-уотун ырааһырдыы, көҕөрдүү, тутууну ыытыы үлэтин ааттыахха сөп. Дьиэ кэргэн туруктаах буолуутугар, ыаллар экономикаларын тупсарыыга болҕомто ууруллар.

– Түөлбэ олоҕун, олохтоохтор тугунан тыынан олороллорун барытын билэ-көрө олорор буолуохтааххын.

– Куула – Ытык Күөл кырдьаҕас түөлбэтэ, бастакы ыаллар олохсуйбут сирдэрэ. Барыта 10 уулуссаны хабар, 858 киһи, 210 дьиэ, 325 хаһаайыстыба, 241 оҕо, 148 биэнсийэлээх, 469 үлэ дьоно, ол иһигэр 239 ыччат, 230 орто саастаахтар, 2 кыаммат ыал, 15 соҕотох иитимньилээх ыал, 160 оскуола оҕото, 81 дьыссаат иитиллээччитэ, дьиэҕэ олорор оҕо, 11 элбэх оҕолоох ыал, 50 инбэлиит, олортон 7 –тэ оҕо, 21 кырдьаҕас олорор. Сыллата Куулабыт кэҥиир, саҥа ыалларынан элбиирэ киһини үөрдэр. Түөлбэм дьоно-сэргэтэ үөрүүгэ, хомолтоҕо биир санаанан сылдьаллар, олус көхтөөхтөр, үлэни-үөрэҕи, сынньалаҥы тэҥинэн туталлар. Ол курдук, сир быстаран ылан, бэйэбит күүспүтүнэн сквер туппуппут. Сквербит тула түөлбэ олоҕун сырдатар баннер, оҕолорго сыыр, хачыал оҥорбуппут. Сквербит сайынын күн аайы оҕо аймаҕынан туолар, чугдаарар саҥалара ыраахтан иһиллэр. Кыһыҥҥы тымныыга манна биэс миэтэрэ үрдүктээх харыйа туруорабыт. Сыл аайы оҕолорго утренник тэрийэбит. Улууспут, нэһилиэкпит өйөбүллэринэн түөлбэҕэ хочуолунай тутуллубута. Салайааччыбыт, тэрийээччибит — түөлбэбит тутаах киһитэ Степан Петров. Онон куораттардыы сылаастык кыстаан, салайааччыларбытыгар күннэтэ махтанабыт. Сайыҥҥы өттүгэр түөлбэ ыаллара водопроводынан туһанан, өлгөм үүнүүнү ылаллар. Ааспыт сайын ППМИ бырагырааманан тутаах суолбут муостата өрөмүөннэннэ. Улуу Кыайыы 75 сылыгар сэрии, тыыл бэтэрээннэригэр аналлаах истиэндэ оҥорон, аҕа саастаах көлүөнэ дьоммутун үйэтиппиппит. “Көмүөл” кинигэ кыһатыгар түөлбэ олоҕун сырдатар “Куула ыаллара” кинигэни таһаартарбыппыт. Манна барытыгар түөлбэбит көхтөөх ыаллара биир санаанан салайтаран кытталлар. Түгэнинэн туһанан, Татьяна, Егор Неустроевтар, Евдокия Михайлова, Розалия, Спартак Теряковтар, кинилэр оҕолорун, Александра Гуляева, Альбина Посельская, Мария Иванова, Татьяна Голикова, Софья Винокурова, Василий Стручков, Клара Максимова, Виктор Другин, Туяра, Геннадий Савватеевтар, Константин Мончурин, Федор Павлов уо.д.а. ааттарыгар махтанабын. Туспа суоллаах-иистээх урбаанньыттар Николай Мурунов, Александр Новиков, Эдуард Вырдылин, Эдуард Тарабукин, Леонид Васильев, Алексей Мурунов, Александра Гуляева, Сардана Татаринова, Саргылана Михайлова уо.д.а., сылгы, ынах ииттэн, бааһынай хаһаайыстыбалаах Павел Бочоруков, Георгий Матаннанов өйөбүллэрэ муҥура суох. Түөлбэбит дьоҕурдаах дьонунан биллэр: тимир уустара Леонид Васильев, Эдуард Тарабукин, Эдуард Вырдылин, мас уустара Афанасий Лопатин, Василий Стручков, хоһоонньуттар Розалия Терякова о.д.а. Арассыыйа үтүөлээх, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа Афанасий Афанасьев биһиги түөлбэҕэ улааппыта, ийэтэ Мария Алексеевна Собакина Москубаҕа Ыччат бэстибээлин, самодеятельность көхтөөх кыттыылааҕа этэ. Иллэрээ сыл тыа баһаарыгар түөлбэ олохтоохторо түүннэри үлэлээбиттэрэ, дьахтар аймах биригээдэ тэринэн эмиэ үлэлээбиппит. Ааспыт сылга Саха сирин хомсомуола тэриллибитэ 100 сылыгар ахтыылары хомуйан үйэтитиигэ улахан кылааты киллэрсибиппит. Бу курдук, түөлбэ үлэтинэн нэһилиэкпит, улууспут сайдар.

Дьэ ити курдук кэрэҕэ тардыһар үтүө эйгэлээх Агафья Савватеева бастакы атыыһыттартан биирдэстэрэ хос эһэтиттэн бэриһиннэрбит дьоҕурун, өр сылларга урбаанньыт быһыытынан үлэлээбит сатабылын, билиитин-көрүүтүн, уһуну-киэҥи толкуйдуур уратытын түөлбэни салайыыга сатабыллаахтык туһанар. Бар дьоно ийэтэ Анна Николаевнаны утумнаан кыһалҕаҕа ыллаттарбыттарга көмөлөһөр, өйүүр уйан дууһатын, ылсыбытын тиһэҕэр тиэрдэр үтүө хаачыстыбатын үрдүктүк сыаналыыллар. Иллэҥ кэмигэр өбүгэтин бэлэҕинэн хоһоон айар, нэһилиэк бэтэрээннэрин хоругар, “Ситим” үҥкүү ансаамбылыгар дьарыктанар. Үс уолу соҕотоҕун атахтарыгар туруоран, ыччаттара билигин Тааттанан, куоратынан олохсуйан, кэҥээн олороллоруттан киһи дууһата үөрэр. Улахан уол Владимир Кларатыныын икки кыыстаахтар, түөрт сиэннээхтэр, орто уол Михаиллаах Ирина куоракка олохсуйан, икки уоллаахтар, Михаил мас тардыһыытыгар спорт маастара, кыра уол Геннадий Туяратыныын үс оҕолоохтор, ийэлэрин кытта ыаллыы олороллор. Уолаттар ийэлэрин аҕатынан хос эбэлэрэ, Ростов-на-Дону куораттан төрүттээх, Охотскай Перевозка көһөн кэлэн олохсуйбут казачка Алааппыйаны утумнаан булчут ааттаахтара. Агафья Михайловна бүгүн оҕолорун көмөлөрүнэн, кинилэр ситиһиилэринэн дьоллонон саҥа күнү үөрэ көрсөр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...