15.12.2022 | 18:30

Биир санаанан салайтаран

Күн бүгүн Саха сириттэн барбыт быраастар иккис биригээдэлэрэ, Ил Дархан Айсен Николаев сорудаҕын толорон, РФ оборонатын Министиэристибэтин 1602-с Байыаннай клиническэй госпиталыгар үлэлии сылдьаллар. Байыаннай быраастар биһиги быраастарбытыгар олус диэн махтаналлар.
Биир санаанан салайтаран
Ааптар: Наталья Кычкина
Бөлөххө киир

Ол курдук, икки хирург-быраас – Өлөөн оройуоннааҕы киин балыыһатын кылаабынай бырааһа Назар Аммосов уонна хирург-быраас Анатолий Слепцов – суһал хирургия салаатыгар, медицина Национальнай киинин Педиатрия киинин травматологияҕа салаатын сэбиэдиссэйэ, травматолог-быраас Сергей Васильев – госпиталь травматолическай салаатыгар үлэлииллэр. Кинилэр бааһырбыттарга уонна ыарыһахтарга көмө оҥороллор, эпэрээссийэ кэмигэр ассистенныыллар, бэрэбээскилииллэр, сүбэ-ама биэрэллэр. Дьокуускайдааҕы психоневрологическай диспансер кылаабынай бырааһын э.т., психиатр-быраас, психолог Туяра Решетникова психиатрия салаатыгар үлэлиир, байыаннай-врачебнай хамыыһыйаҕа кыттыһар. Медик-волонтердар мобильнай биригээдэлэрин Уопсастыбаннай доруобуйа уонна медицинскэй профилактика өрөспүүбүлүкэтээҕи киинин кылаабынай бырааһа Алена Никитина салайан илдьэ сылдьар.

 

Саха сирин үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга миниистирин бастакы солбуйааччы Альбина Трубина иһитиннэрбитинэн, өскөтүн медицинскэй докумуоҥҥа байыаннай сулууспалаах бааһырыытын истиэпэнэ ыйыллыбатах буоллаҕына, 500 тыһыынча солкуобай төлөнөр. Оттон эмтии сылдьан бааһырыыта ыарахан диэн туруордахтарына, эбии 250 тыһыынча солкуобай төлөнөр. Онон, бааһырыыта ыарахан буоллаҕына, төлөбүр 750 тыһыынчанан төлөнөр.
Манна бэлиэтээн эттэххэ, бааһырыы истиэпэнин, ыараханын байыаннай сулууспалаах эмтэнэн бүппүтүн кэннэ байыаннай-врачебнай хамыыһыйа быһаарар.

 

Уолаттарбыт олус тулуурдаахтар

Ростов-на-Дону байыаннай госпитальга бааһырбыттары кытта быһаччы үлэлии сылдьар Душкевич Вера Петровнаны кытта чааспыт араастаһар буолан, Саха сириттэн түүн эрийэн кэпсэтэ сырыттыбыт.

Вера Петровна Душкевич Москваҕа Саха сирин бастайааннай бэрэстэбиитэлистибэтигэр уопсастыбаннай сэбиэт чилиэнэ.

– Ростов Украинаттан чугас турар. Мин бэйэм Ил Дархан тэрийбит Биир кэлим координационный киинигэр Москваҕа үлэлии кэлбитим. Бэйэм социальнай эйгэҕэ үлэлээбит буоламмын, тута госпиталлары кытта үлэҕэ анаабыттара. Мин Ростовка барабын диэн тылламмытым, онон сэтинньи 11 күнүгэр Ростов-на-Дону куоракка кэлбитим.

Бастаан госпиталга киирэн салалтаны кытта көрсөн, кэпсэтэн, палаталары кэрийэ сылдьан саха оҕолорун көрдөөтүм. Бу улахан госпиталь, элбэх отделениелаах, 800 куойка миэстэлээх. Уруккуттан оборона Министиэристибэтин байыаннай госпитала. Сирэ-уота да киэҥ, биһиги студгородокпут курдук. Байыаннай эпэрээссийэ толоонугар бааһырбыттары аан бастакынан манна аҕалаллар, күн аайы санитарнай рейстэр оҥоһуллаллар. Ыарахан туруктаахтары тута Санкт-Петербург эбэтэр Москва госпиталларыгар ыыталлар, арыыйда бэттэх кэлиэх курдуктары манна хааллараллар, уһаабыта нэдиэлэ курдук эмтииллэр эбэтэр үс-түөрт хоннороллор, онтон тута атын госпиталларга тарҕаталлар. Саратовтан саҕалаан Ахтубинск, Ижевскэй, Оренбург, Челябинскай, Самара, Ставрополь куораттарга тиийэ поеһынан ыыталыыллар.

Ростовка кэлбит бааһырбыттары госпиталга аҥаар кырыытыттан барыларын көрсөбүт, онтон бэйэбит уолаттарбытын булсабыт.

Медперсонал суукканы эргиччи үлэлиир, барахсаттар сынньамматтар даҕаны, бары олус элэккэйдэр, хас биирдии оҕону ийэлии-аҕалыы кыһамньылаахтык көрөллөр-истэллэр. “Сестры милосердия” диэн бааллар, кинилэр ас-таҥас өттүнэн көмөлөһөллөр, сылаас аһынан хааччыйаллар, палаталары кэрийэ сылдьаллар, ардыгар кыамматтары ньуосканан кытары аһаталлар. Госпиталь иһигэр православнай храм баар.

Бастаан кэлбит, тугу да билбэт-көрбөт киһиэхэ ол сиэстэрэлэр барытын ыйан-кэрдэн, билигин ситимнээхтик үлэлии сылдьабыт.

Онтон быраастары көрөммүн наһаа аһыммытым, олох атахтарыгар да уйуммат гына сылайдаллар, эдэркээн уолаттар олохторун туһугар күүстэрин-кыахтарын барытын уураллар. Күн аайы салалтаны кытта көрсөммүн, ким ханнык отделениеҕа баарын ыйыталаһабын, билигин өрөспүүбүлүкэ ыыппыт медиктэрин биригээдэтэ көмөлөһө сылдьар. Госпиталь салалтата биһиэхэ  утары барар, медик-волонтертар бөлөхтөрө кэллэҕинэ, үлэни хайдах тэрийэбит диэн сүбэлэһэбит. Саамай сүрүнэ – эпэрээссийэлиир хирурдар наадалар, бэйэбит дьоммут кыратык сынньаныахтар этэ дииллэр. Ол иһин бастакы биригээдэҕэ Дьокуускай куорат 3-с №-дээх поликлиника сэбиэдиссэйэ Светлана Николаевна Давыдова салайааччылаах быраастар кэлэн барбыттара. Ол биригээдэҕэ Александр Александрович Григорьев, Дьокуускайдааҕы психоневрологическай диспансер психиатр-бырааһа, клиническэй психолог уонна Анатолий Михайлович Потапов, 2 №-дээх өрөспүүбүлүкэтээҕи балыыһа травматолог бырааһа киирбиттэрэ. Салалтаны кытта көрүһүннэрэн, Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ өйөөн, медик-волонтердар наадаларын туһунан кэпсэтии тахсыбыта. Бастакылар барбыттара, билигин иккис бөлөх кэлэн үлэлии сылдьар. Гражданскай уонна байыаннай медицина икки тус-туһунан хайысха эбит. Кинилэр ирдэбиллэрэ, диагноз туруораллара кытары араас-араас.

Күн аайы кэриэтэ госпиталга сылдьабын, кэлэбин-барабын. Мин сыалым-соругум диэн бастаан кэлбит уолаттарга сибээскэ тахсан дьоннорун кытта кэпсэтиннэрэбин, бааһырбыттар төлөбүрдэрин ылыыларыгар докумуоннарын, сайабылыанньа суруйтаран уолаттартан хомуйабын. Ол барыта Москваҕа тиийэн бигэргэнэр, онтон СӨ Үлэ министиэристибэтигэр быһаччы киирэр. Сорох регионнарга саллаат бэйэтэ сүүрэн-көтөн ылар эбит, биһиги өрөспүүбүлүкэбит сөптөөх механизм оҥорон, госпиталтан тута докумуоннарын ыытабыт, онон уолаттар төлөбүрдэрин ылан эрэллэр, сороҕор 2-3 нэдиэлэнэн харчылара киирэр.

Төлөбүр сорох ардыгар бааһырыыларыттан, араанньылара төһө ыарахан истиэпэннээҕиттэн тутулуктаах. Онон төлөбүр суумата уларыйар. Ол балыыһаттан эмтэнэн бүттэхтэринэ, уопсай ВВК (военная-врачебная комиссия) бардахтарына биирдэ быһаарыллар.

Уолаттарга саамай улахан көмөнөн санааларын көтөҕүү, бөҕөргөтүү буолар, дойдуларын үтүө сонуннара, дьоннорун кытта сибээстэһиннэрии тута сэргэхситэр. Байыаннай дьайыыттан олох атын тиэмэни кэпсэтэбит, саха киһитэ баара санааларыгар да үчүгэй буоллаҕа. Төлөпүөн, сим-карта бастакынан наада буолааччы. Байыаннай дьайыы толоонуттан бааһыран кэлбит уолаттар  таҥастара-саптара да тугу кэтэ сылдьалларынан буолар, онон гражданскай таҥас атыылаһан көмөлөһөбүт, барыта ким төһө кыайарынан. Ол курдук, Москватааҕы молодежнай “Эрэл” пуонда, “Сахаволонтер” хамсааһын”, Өрөспүүбүлүкэтээҕи истибэттэр коррекционнай оскуола кэлэктиибэ көмөлөспүтэ.

Тохсунньу ыйтан Биир кэлим координационай киин сметатынан барыта атыылаһыллыахтаах.

Манна биири бэлиэтээн этиэхпин баҕарабын. Бааһыран кэлбит уолаттар бары аҥаар кырыы көмөлөһүҥ диэбэттэр, сорохторо бэйэлэрин харчыларынан ыллараллар эбэтэр дьонноро ыыталлар. Ити эмиэ кинилэр эр киһи буолан, бэйэлэрин бэйэлэрэ быһаарыналларын, олох сэлээннээн баран сыппаттарын, кыахтара, күүстэрэ өссө баарын көрдөрөр. Хайа кыалларынан тиһэҕэр диэри бэйэлэрин көрүнэ сатыыллар, онон олох маладьыастар диэн хайҕыыбыт эрэ. Оттон контрагынан сулууспалыыр уолаттар үгүстэрэ бэйэлэрэ атыылаһаллар. Кыра да көмөттөн бары олус үөрэллэр, махтаналлар.

Өрөспүүбүлүкэ аатыттан сылдьар буоламмын кыһалҕаларын барытын ол таһымыгар быһаарсабын. Билигин ыспыраапкалара официальнай докумуон быһыытынан толоруллар, ону  отделениеларынан сылдьан көннөттөрөбүн. Биһиги уолаттарбыт, оҕолорбут наһаа үчүгэйдэр, бэйэ-бэйэлэрин өйөһөллөр, билсэллэр, олус тулуурдаахтар. Дойдуларын аһа Москваттан кэлэр, ону “Сахаволонтер” тэрилтэ Туяра Николаевна Константинова дьаһалынан ыытар, инньэ гынан эргиччи өйөбүл баара наһаа үчүгэй. Биһиги кинилэргэ барыларыгар ийэлии кыһанабыт, сыһыаннаһабыт, оҕолор барахсаттар “эдьиий” диэн ааттыыллар, ыҥыраллар. “Олох кыбыстымаҥ, ким туох кыһалҕалааххытын аһаҕастык этиҥ”, - диибит. Уопсайынан, биһиги уолаттарбыт мээнэ үҥсэргээбэттэр, олус дьоһуннук туттан сылдьаллар.

Опорнай пууҥҥа волонтер уолаттар бааллар. Саха сиригэр олоро сылдьыбыт Өлүөхүмэттэн төрүттээх Олег Юрьевич ас-таҥас атыылаһан аҕалар, передовойга баһыылкалары тиэрдэргэ сүбэ-ама, күүс-көмө буолар. Манна кэлэн олохсуйбута балтараа сыл буолбут Лена Кузакова хотуларга, халымаларга олус кыһаллар, барыларын көрсөр, туох кыһалҕалаахтарынан хааччыйар. Уопсайынан бары бэйэ-бэйэбитигэр ким туох кыахтааҕынан, туох наадатынан өйөһөн, көмөлөсүһэн, биир санаанан салайтаран үлэлии сылдьабыт. Бу байыаннай эпэрээссийэ уолаттары, байыаннайдары, биһигини барыбытын түмтэ. Холобур, сороҕор санаа араастаһыыта, өйдөспөт түгэннэр тахсыахтарын сөп курдук түбэлтэлэр буолаллар. Бары атын-атын майгылаах дьон буоллахпыт, көннөрү олоххо, бэйэм анаалыстаан көрдөхпүнэ, итинник түмсэн тугу эрэ гыныахпыт этэ дии санаабаппын. Оттон манна сылдьааччылар бары санаабыт биир – киһи араас хайысханан туһалаах буолуон сөп эбит, араас санаалаах-оноолоох, араас салаалартан, эйгэттэн түмсэн бары биир санаанан кыайыыга кэлиэхпит диэн эрэллээхпит.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....