01.03.2024 | 14:00

Биир сааскы күн дьылы аһатар

Кулун тутар – оҕуруотчуттарга саамай түбүктээх, этэргэ дылы, дьылы аһатар ый. Хаһаайкалар, биллэн турар, оҕуруот аһыттан сүрүннээн биэрэс, помидор ыһан саҕалыыр кэмнэрэ саҕаланара аҕыйах хонук хаалла.
Биир сааскы күн дьылы аһатар
Ааптар: Галина СПИРИДОНОВА
Бөлөххө киир

Помидору ыһарга бэлэмнэнэбит

Эрдэ, кулун тутарга ыһыллар оҕуруот астарыттан биирдэстэрэ помидор. Онон бу күннэргэ үүннэрэргэ былаанныыр суортарбыт сиэмэлэрин бэрийэбит, характеристикаларын үөрэтэбит. Аны күһүн хаһаанар былааннаах буоллахпытына, буспут аһа төһө өр сибиэһэй сытыан сөбүгэр эбэтэр кэнсиэрбэлээһиҥҥэ барсарыгар эмиэ болҕомто уурар наада. Биллэн турар, маҕаһыыҥҥа атыыланар «F1» диэн суруктаах үүнээйиттэн сиэмэ ылыллыбатын, «индетерминант» диэн суруктаах суорт икки-үс миэтэрэҕэ тиийэ үрдүк уктаах буоларын, «детерминант» диэн намыһах уктааҕы ааттыырбытын эмиэ санатабыт.

Помидор ситэр болдьоҕунан эмиэ уратылаһар. Ол курдук, маҥнай 120-ҕэ тиийэ хонуктаах сортары ыһыллар, 60-80 хонуктаах эрдэ ситээччилэри – кулун тутар иккис аҥаарыттан саҕалаан. Маныаха помидору муус устар ыйга диэри ыспатахха, сайын үтүөтүгэр үүнүүнү ылымыахха сөбүн өйдүүр наада.

Саха сиригэр табыллан үүнэр томаттар:

АЛМАЗ ЯКУТИИ. Олус түргэнник, 75-85 күнүнэн аһын биэрэр. Уга кылгас, 30-40 см буолар. Хоннохтоммот.

БАЛКОННОЕ ЧУДО. Түргэнник ситэр, 85-90 хонуктаах. Аһаҕас халлааҥҥа, түннүккэ, балкоҥҥа үүннэрэргэ табыгастаах. Уга 30-40 см үрдүктээх. Хоннохтоммот.

БЛАГОВЕСТ. Балайда түргэнник, 100-105 хонугунан ситэр. Тэпилииссэҕэ үүнэр, уга 150-180 см үрдүктээх.

БЫЧЬЕ СЕРДЦЕ. Салаакка барсар, бөдөҥ астаах. Тэпилииссэҕэ да, таһырдьа да үчүгэйдик үүнэр. 110-120 хонугунан ситэр. Уга 1,2 м тиийэ үрдүктээх буолар. Баайыллар, хоннохтонор.

ВЕРЛИОКА. 105 хонугунан ситэр. Халлаан туругуттан тутулуга суох өлгөм үүнүүнү биэрэр суортарга киирсэр. Сайын устата биир уктан 4-5 кг тиийэ аһы ылыахха сөп. Тэпилииссэҕэ да, таһырдьа да тэҥинэн үчүгэйдик үүнэр. Уга 1,5 м диэри үрдүктээх.

ВЗРЫВ. 93-100 күнүнэн астанар. Тэпилииссэҕэ, аһаҕас халлаан анныгар даҕаны үүнэр. "Белый налив" диэн суорт тупсарыллыбыта. Уга кылгас, 40-45 см үрдүктээх. Көрө сылдьан хоннохтонуллар.

МАМОНТЕНОК. 100-105 хонугунан ситэр. Эмиэ таһырдьа да, парникка да үүннэрэргэ барсар. Орто үрдүктээх (1-1,2 м) уктаах. Баайыллыбат, хоннохтоммот.

МОРКОВНЫЙ. 85-100 хонугунан ситэр. Таһырдьа даҕаны, тэпилииссэҕэ даҕаны үүннэрэргэ табыгастаах. Уга 80-90 см үрдүктээх.

МОСКВИЧ. 110 хонугунан астанар. Тымныыны уйумтуо, онон таһырдьа үүннэрэргэ табыгастаах. Уга баара суоҕа 30-45 см үрдүктээх, хоннохтоммот.

НИАГАРА. Икки миэтэрэҕэ тиийэ уһуур уктаах, хоннохтонор, баайыллар. 110 хонугунан ситэр.

ОРЛИНЫЙ КЛЮВ. 110-115 хонугунан ситэр. Бөдөҥ астаах. Тэпилииссэҕэ, таһырдьа олордорго эмиэ барсар. Уга 1,5 м тиийэ уһуур, баайыллар, хоннохтонор.

СИБИРСКИЙ СКОРОСПЕЛЫЙ. Өлгөм астаах суортартан биирдэстэрэ. Таһырдьа даҕаны, тэпилииссэҕэ даҕаны үчүгэйдик үүнэр. Уга кылгас, 30-50 см тиийэр. 114-127 хонугунан ситэр.

ЧЕЛНОК. 95-100 хонугунан, балайда түргэнник ситэр суорт. 40-45 см үрдүктээх, хоннохтоммот.

ЯКУТ. 85-95 хонугунан ситэр, 50-60 см үрдүктээх уктаах. Таһырдьа ыһыахха сөп, тэпилииссэҕэ эмиэ үчүгэйдик үүнэр.

 

(«Наша дача» маҕаһыын ТГ-ханаалыттан)

 

Ый түбүктэрэ

Быйыл, аны күһүн оҕуруот аһын хомуйан хаһааныыга диэри, «Тускар туһан» рубрикабыт оҕуруокка аналлаах таһаарыытыгар Саха сиригэр биллэр оҕуруотчут Ньурбаттан Агафья Тарасова эксперт быһыытынан үлэлэһэргэ сөбүлэспитин туһунан үөрэ иһитиннэрэбит. 
Бүгүҥҥү нүөмэрбитигэр Агафья Афанасьевна кулун тутар ый түбүктэрин уонна ууну кутууга, үөнү-көйүүрү кытта охсуһууга кистэлэҥнэрин үллэстэр:

Клубниканы, дьэдьэни туһунан иһиккэ икки-үс дьиҥнээх сэбирдэх таҕыстаҕына көһөрүллэр. Маныаха саамай ортотун, үүнэр сирин көмүллүбэт.

Клубниканы ыһарга хойутуу иликпит

– Саха сирин оҕуруотчуттара сөбүлээн үүннэрэр эустома сибэкки, клубника, дьэдьэн арассаадабытын эрдэ ыспыт буоллахпытына, бу күннэргэ биир-биир араартаан, туспа иһиккэ олордор күннэрбит. Оттон ыһа иликтэргэ билигин да бириэмэ баар, клубниканы, дьэдьэни кулун тутар ый бүтүөр диэри холкутук ыһыахха сөп. Эустоманы ыспакка хаалбыттар эмиэ кулун тутар ый бүтүөр диэри түргэнник сибэккилиир атын, намыһах уктаах суортары булан олордуоххутун сөп.

Оттон баклажан, биэрэс арассаадатын олунньу ыйга номнуо ыспыппыт. Ол эрээри, ситэр болдьоҕуттан көрөн, билигин даҕаны ыһыахха сөп.

Кулун тутар ыйга бэлэмнэнии үлэтигэр болҕомто ууруохха наада. Онно сиэмэ, буор, уоҕурдуу, иһит-хомуос атыылаһыыта, бэлэмнээһинэ киирсэр. Сиэмэлэри бэлэмнээһиҥҥэ хааларыгар ханнык ыйга ыһары суруйан, болдьохторунан дьаарыстыыр киирсэр.

Бэлиэтээн эттэххэ, элбэх сыллаах сибэккилэри, үүнээйилэри муус устар ый ортотугар диэри ыһыахха сөп. Оттон моонньоҕон, охта, онтон да атын астаах кустарниктар сиэмэлэрэ билигин тымныыга эбэтэр инчэҕэй кумахтаах хаппахтаах иһиккэ холодильникка сытыахтаахтар, стратификацияны бараллар.

 

Биэрэһи хайдах түргэнник таһаарабыт?

– Биэрэс биир сүрүн сөбүлээн үүннэрэр аспыт. Мин биэрэһи уһун болдьохтооҕу олунньу ый 10 чыыһылатыттан, түргэнник ситэри олунньу 25 гэр диэри ыһабын.

Сиэмэтин хайдах түргэнник таһаарабытый? Бастатан туран, сиэмэтин кутуругун сэрэнэн кыра сытыы кыптыыйынан кырыйан биэрэбин. Ол кэннэ сииктээх баата диискэтигэр тэлгэтэн баран, салапаан бакыакка уган сылаас сиргэ уурабын, холобура, батарея үрдүгэр чараас кинигэ дуу, сурунаал дуу ууран баран. Маннык ньыманан силиһэ икки күнүнэн быгар, ону дьэ эрдэттэн бэлэмнээбит буордаах иһиппэр олордон баран, сылаас уу кутан, ичигэс, күннээх түннүккэ уурабын. Оччоҕуна аҕыйах хонугунан биэрэһим быган тахсар.

Мини-тэпилииссэ эҥин наадата суох, тутатына салгыҥҥа үөрэниэн наада. Күннэтэ көрө сылдьан сылаас уу кутуллар, силиһэ сайдарын, буора аһыйбатын наадатыгар уу кутан баран зубочистканан сэрэнэн иһитин кытыытынан буорун көбүтэн салгыннаан биэрэбин.

Биэрэс сибэкки курдук прищипкаламмат.

Арассаадабыт улаатан икки салааҕа арахсыытыгар, ортотугар короннай дэнэр сибэкки тахсар, ону эбэһээт тууран быраҕабыт. Бу короннай сибэккилэрин харыһыйдахпытына, үүнүүбүт мөлтөх буолар. Оттон туурдахпытына, дьэ, укпутугар аһа толору буола үүнэр.

Биэрэс арассаадатыгар туох даҕаны уоҕурдууну туттубаппын, ол оннугар иһитигэр саҥа буор эбэн биэрэ сылдьабын. Оччоҕо эбии силис биэрэн, күүһүрэр.

Тэпилииссэҕэ таһааран олордорбут саҕана кирээдэбитигэр кыратык перегной, күл эбэн биэрэбит.

Оҕуруотчут кистэлэҥнэрэ

Уу кутуута оҕо оонньуута буолбатах

– Арассаадабыт доруобай буоларыгар уу кутуута улахан оруоллаах. Ол курдук, үүнээйибит буора аһыйбатын наадатыгар иһиппит түгэҕэ булгуччу дьөлөҕөстөөх буоларыгар кыһаллыахтаахпыт. Аһара улахан иһиккэ олорбут үүнээйигэ элбэх уу кутан, буорун сытытан кэбиһиэххэ сөп. Онон арассаадабыт бэйэтигэр сөп иһиккэ олорорун ситиһиэхтээхпит.

Уу кутан баран эбэһээт буорун синньигэс палочканан эбэтэр зубочистканан (суши паалкалара аһара барсаллар-А.Т.) сэрэнэн көбүтэр наада. Улахан иһиттээх үүнээйини иһитин кытыытынан эмиэ көбүтэн бэриллэр, оччоҕо буора аһыйбат, кыра көтө сылдьар үөннэр үөскээбэттэр. Онтон сиик үөнэ алҕас баар буолбут түгэнигэр, тутатына эмтиир ордук. Холобура, эриэппэ луук хаҕын, табах, хатыҥ, чеснок көөнньөһүгүн оҥорон баран, пульверизаторынан ыстаран суох гыныахха сөп.

 

Үөнү-көйүүрү суох оҥоруу

– Үөн-көйүүр аҥаардас сыыһа көрүүттэн эрэ буолбакка, буор хаачыстыбатыттан эмиэ үөскүүр кутталлаах. Ол курдук, кэлии, маҕаһыыҥҥа атыыланар буору кытта араас ыарыы, үөн-көйүүр кэлсэрэ үгүс. Онон атыы буору кичэйэн обработкалаан эрэ баран туттар куолу. Маҥнай сиидэлээн баран хас да хонук таһырдьа туруоран тоҥоруллар, ол кэннэ итии духуопкаҕа уган ылар ордук.

Чааһынай дьиэлээх хаһаайкалар тэпилииссэҕит буорун кыралаан көйөн ылан баран, итии марганка убаҕас суурадаһынынан обработкалыыгыт. Ол иннинэ ирбит буору сиидэлииргитин умнумаҥ. Оннук буорга сиэмэ ордук түргэнник тахсар.

 

Буортулаах уонна туһалаах күн уота

–  Күн уота, биллэн турар, үүнээйигэ өлбөт мэҥэ уутун тэҥэ. Ол эрээри аныгы пластик түннүк тааһыттан арассаада намчы сэбирдэҕэ умайар кутталлаах. Ону сэрэтэр сыалтан түннүккэ чараас тюль ыйанара ордук. Аны туран, саҥа көһөрүллүбүт үүнээйилэри бастакы икки-үс хонукка күн аһара тыкпат сиригэр туруоран, «эттэрин үөрэтэн» баран сырдыкка таһаарыллар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Өксөкүлээх суолунан...
Дьон | 27.09.2024 | 10:00
Өксөкүлээх суолунан...
Саха норуотун сайдыытын суолун түстэспит улуу киһибит А.Е. Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй олорбут олоҕо, сүҥкэн суолталаах айымньылара күн бүгүн ааҕылла, үөрэтиллэ тураллара кини сүдүтүн, кэрэхсэбиллээх олоҕу олорон ааспытын туоһулуур. Өксөкүлээх Өлөксөй олоҕун биир дойдулааҕа, С.Р. Кулачиков-Эллэй аатынан Чычымах орто оскуолатын алын сүһүөх учуутала  Вера Богдокумова чинчийэн үөрэтиитин бу нүөмэргэ билсиэҕиҥ. Вера Васильевна...
Римма Бережнева: «Кинилэр иннилэригэр төлөммөт иэстээхпит!»
Дьон | 26.09.2024 | 16:00
Римма Бережнева: «Кинилэр иннилэригэр төлөммөт иэстээхпит!»
Анал байыаннай дьайыыга тыылга көмөлөһөр дьоммут уолаттарбытыгар биир улахан тирэх, өйөбүл буолалларын ааҕан сиппэккин. Кинилэр тустарынан хайаан да билиһиннэрэр, дьоҥҥо-сэргэҕэ кэпсиир эбээһинэстээхпит.   2022 сыл сэтинньи ыйтан анал байыаннай дьайыы тиэмэтигэр суруйабын. Ийэлэри, уолаттары, сүтүктээхтэри, волонтердары... Биһиги, суруналыыстар, кинилэри сырдатарбыт, кэпсиирбит, ааҕааччыларга тиэрдэрбит олус наада. Сорох ардыгар суруйар дьоруойгун көрдүүрүҥ уустуктардаах...
«Кыһыл көмүс» выпуск
Сонуннар | 27.09.2024 | 12:00
«Кыһыл көмүс» выпуск
Бүлүү педучилищетын 50 сыл анараа өттүгэр баһаатай идэтин баһылаабыт эдэркээн кыргыттар, уолаттар пионерскай үлэҕэ оҕо аймаҕы үөрэтэ, сырдыкка угуйа туруммуттара. Бүгүн бу выпуск туһунан СӨ үөрэҕириитин туйгуна, методист-баһаатай Любовь Николаевна Сидорова кэпсиир. Сыл-хонук түргэнник да ааһар эбит. 1970 сыллаахха кырылас кумахтаах Бүлүү куоратыгар турар Н.Г. Чернышевскай аатынан педучилищеҕа саҥа арыллыбыт...
Судаарыстыбаннас күнэ киэҥник бэлиэтэнэр
Сонуннар | 25.09.2024 | 11:46
Судаарыстыбаннас күнэ киэҥник бэлиэтэнэр
Балаҕан ыйын 23-27 күннэригэр өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн Судаарыстыбаннас күнэ киэҥ далааһыннаахтык бэлиэтэниэҕэ. Сүрүн тэрээһиннэр Саха сирин бастакы бэрэсидьиэнэ Михаил Николаев аатын үйэтитиигэ ананыахтара. Ол курдук, киин куорат оскуолаларыгар линейкалар, кылаас чаастара, бэсиэдэлэр, викториналар, кинигэ быыстапкалара, аһаҕас уруоктар, күрэхтэр ыытыллаллар. Балаҕан ыйын 26 күнүгэр Нам улууһугар Өрөспүүбүлүкэтээҕи судаарыстыбаннас историятын түмэлигэр уопсастыбаннас мунньаҕа,...