24.09.2022 | 10:00

Биир хоһоон дьылҕата

Түөрт талаан сүдү кыайыыта
Биир хоһоон дьылҕата
Ааптар: Маргарита Степанова (Акимова)
Бөлөххө киир

Хас биирдии хоһоон туспа олоҕу олорор. Маҥан лиискэ суруллаат, онно хаалар дьылҕалаах эбэтэр сорох айымньы уһун-киэҥ тыыннанан, поэзия мэҥэ халлаанын өрө дабайар. Бааллар кэпсээн курдук суруйар, бааллар аҕыйах тылынан элбэҕи этэн таһаарар хоһоонньуттар.

Улуу суруйааччы М.Горькай поэзия туһунан маннык эппиттээх: "Поэзия бөлүһүөктүү сатаабат, өйдөөҕүмсүйэ барбат, кини сүрэх сылааһа, дууһа ырыата ..."

Бүгүҥҥү суруйуум  дьоруойа – айар алып Пегас атын айааһаан, поэзия аартыгар хотуулаахтык кимэн киирэн иһэр Индиана Феофанова. Кини хомуһуннаах, ураты иэйиилээх хоһооннорун "Далбар Хотун", "Байанай", "Күрүлгэн" сурунааллартан, "Киин куорат", "Үөһээ Бүлүү" хаһыаттартан билистэхпит. Маны ааһан, ситим нөҥүө тарҕаналларын ааҕабыт:

 

Үтүөкэн сарсыарда уһуктаат,

Харандаас төбөтүн уһуктаат,

Хоһоонум тылларын мин тистим

Үрүҥ лиис үрдүгэр бу бистим.

 

Талааны айылҕа киһиэхэ чуолаан иҥэрбит, туһааннаах күндү бэлэҕэ дииллэр. Быһата, кэрэ дьүһүн, үтүө майгы кэриэтэ, киһини кытта бииргэ төрүүр туспа дьоҕур буоллаҕа. Ол айылҕаттан силис тардыбыт күндү бэлэҕи, ол дьоллоох дьоҕуру хайдах туһанан, туохха туттан,  сайыннаран иһэрэ дуу, төттөрү кэҕиннэрэн кэбиһэрэ дуу – киһиттэн тус бэйэтиттэн тутулуктааҕа саарбаҕа суох.

Индиана Феофанова оҕо саас, дойду ахтылҕана, таптал  туһунан хоһоонноругар өрөспүүбүлүкэ араас улуустарыгар олорор дьүрүскэн куттаахтар ырыа айан ыллыыллар.

Хайа баҕарар киһиэхэ дойдута,  төрөппүт дьоно, улааппыт тиэргэнэ сааһыран истэҕин аайы ордук күндү буолан иһэр ээ...

 

Умнума,

Ахтыбыт алааһыҥ салгына

Кыынньыбыт кымыстыы уохтааҕын,

Бигээбит эркиниҥ тирэҕэ

Киил мастыы кытаанах буоларын...

 

Ийэ, аҕа туһунан,  ама, мантан ураты сылаас тыл баар үһүө?!

 

Умнума,

Ийэкээҥ ытыйбыт күөрчэҕин,

Мэһийбит лэппиэскэ амтанын,

Иһирэх иэйиилээх тылларын,

Итиинэн илгийэр ытыһын.

 

Умнума,

Аһара маҥхайбыт баттахтаах

Кырдьаҕас аҕакааҥ сүбэтин,

Аҥаардас көһүтэр аналлаах

Көхсүгэр сөҥөрбүт эрэлин...

 

Индиана  Васильевна аҕата, бу хоһооҥҥо этиллэринии,  төрөппүт оҕотун көһүтэн эрдэҕэ. Өр көрсүспэтэх аҕалаах оҕо утарыта көрсөн олорон, итии үүттээх чэйдэрин иһэ-иһэ, сэһэн-сэппэн арааһын кэпсэтэн, ахтылҕаннарын таһааран, күннээх түүн арахсыбакка алтыһан эрдэхтэрэ. Федоров Василий Дмитриевич 86 саастаах ытык кырдьаҕас. Кини – Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна, Дүллүкү, Хомустаах нэһилиэктэрин, Үөһээ Бүлүү улууһун бочуоттаах олохтооҕо.

Алаһа дьиэ араҥаччыта аҕа барахсан оттубут оһоҕун тыаһын, сыралҕан сылааһын оҕото хоһоон гынан хоһуйбута,  аны ырыа буолан ылланан, клип буолан оҥоһуллан, биир тылтан саҕаламмыт айымньы  ситэн-хотон ааҕааччыга, истээччигэ, көрөөччүгэ тиийиитэ  бу ааптардарга төһөлөөх үөрүүнүй?!

 

Субу, бу, ойуулаан харахпар, оо, көстөр,

Саһаантан оттор мас аҕакаам хайытар,

Саҥа күн тахсыыта оһоҕун буруота

Сайыспыт санаабар, дойдубар ыҥырар.

 

Аҥаардас бу суруллубут строкалар хас биирдии киһи сүрэҕин ортотунан сайа охсон киирэн, ис куккун сылааһынан сылаанньытарга дылы буолар.

Дьэ, маннык иһирэх, истиҥ  тыллардаах хоһооҥҥо ырыа матыыба суруллан, көй салгыҥҥа эйээрэ, ыҥыра, угуйа турдаҕа.  "Оһох уота" (“Ахтылҕан”) хоһоону ырыа гынан көтүппүт киһинэн Индиана Феофанова биир дойдулааҕа, элбэх ырыа ааптара Николай Дмитриевич Чуручанов буолар. Айар куттаах дьон кыттыһан, тапсан үлэлээн айан таһаарбыттара манан эрэ бүппэт уонна өссө да саҥа ырыалары истээччилэригэр бэлэхтиэхтэрэ диэн бигэ санаа баар. 

Поэзия биир уратытын –  уран тылы таба туттан, санааны оонньотон, киһини долгутан тахсыбыт хомоҕой тыллаах хоһооҥҥо матыып суруйуу эмиэ туспа талаан, умсугутар дьарык буоллаҕа эбээт! Ол матыып өссө өрө көтөн тахсан, норуокка ылланар күнэ-чааһа кэлиитэ эмиэ ураты долгутуулаах. Индиана Феофанова хоһоонугар, Николай Чуручанов  матыыбыгар "Оһох уота" (“Ахтылҕан”) ырыаны саха дьоно сөбүлээн истэр ырыаһыппыт, күндү көмүс күөрэгэйбит, СӨ үтүөлээх артыыһа Анастасия Готовцева бэйэтин репертуарыгар  киллэрэн көччөх гынан көтүппүтэ, айымньы олоҕун өссө киэргэппитэ.

Аны туран, хоһооммут силигэ ситэн, бар дьоҥҥо толору тахсар кыахтаммытын өссө бигэргэтэн, аныгы кэм ирдэбилинэн клип буолан тахсыбыта. Бу түөрт талаан кыттыспыт сүдү кыайыыта эрэ диэн ааттыахха сөп.

Клип оҥорон, дьон көрүүтүгэр таһаарыы – бу эмиэ туһунан айар үлэ түмүгэ. Любовь Готовцева хоһоону ылбаҕай ырыа буолан тахсыбытын кэннэ ситэрэн, Анастасия Готовцева оҕо сааһын көрдөрөр бэйэтэ туспа киинэ, клип устубута. Онон “Оһох уота” “Үрдэл-2021”  национальнай ырыа бириэмийэтин үрдүк чыпчаалыгар тахсан, "Бастыҥ клип" буолары ситиспитэ.

Идэтийбит композитор Александр Иванович Дмитриев-Таммах: "Ырыа буолар хоһооннор бэйэлэрин тутулларынан, тылларын-өстөрүн ис күүрээнин дьулуурунан, туһулаан ойууланар өрүттэрэ чопчу, тута өйдөнөр гына этиллэринэн ырыа суруллуутун ньыматыгар, ирдэбилигэр сөп түбэһэр буоллахтарына ырыа буолан дайаллар. Индиана Феофанова үгүс хоһоонноро бу ирдэбиллэргэ бары өттүнэн сөп түбэһэллэр, этэргэ дылы, ырыа буоларга ананан "төрөөбүт" дьылҕалаахтар",  – диэн санаатын үллэстэр.

Ол курдук элбэх ырыа ааптара, композитор Александр Дмитриев-Таммах Индиана Феофанова 21 хоһоонун матыыптаан, нотаҕа түһэрэн, "Ыллаа дуу..." ырыанньыгы таһаарбыта.

Истиҥ иэйиим ахтылҕантан,

Доҕор дьоммун суохтуурбуттан,

Оҕо сааһым сылааһыттан,

Оонньуу хаалбыт ырааҕыттан.

 

Истиҥ иэйиим ахтылҕантан,

Тиэргэн аанын саппыппыттан,

Төрүт буортан тэйбиппиттэн,

Тэлэһийэ көппүппүттэн.

 

Истиҥ иэйиим ахтылҕантан,

Ааспыт кэммин ыыппаппыттан,

Урут диэхпин саарыырбыттан,

Умнан барбат баҕабыттан.

 

Бүөтүр Тобуруокап хомоҕой хоһоонноругар бигэнэн улааппыт, сүрэҕэ туохха сытарын, тиэргэн ахтылҕанын, олох күндүтүн сайа этэр Үөһээ Бүлүү Хомустааҕыттан төрүттээх Дүллүкү биир талыы-талба кыыһа Индиана Феофанова үгүс элбэх хоһоонноруттан туспа тутан, биир хоһоонун дьылҕатын туһунан кэпсээммин түмүктүүбүн.

 

Оһох уота (Ахтылҕан)

Алыһын даҕаны ахтыбыт эбиппин

Абылыы күлүмнүүр, тыһыргыыр оһоҕу,

Аттыгар олорон, аал уоппун аһатан

Алаадьы кэһиибин утары уунары.

 

Сыралтан сымнаабыт сыбаабыт сыа арыым

Сыһыйа, сырдырҕыы оргууйдук ууллара,

Сылаабын сыыйардыы үүт, сүөгэй көй сыта

Сүрэхпин көбүтэ сүһүөхпэр түһэрэ.

 

Сымала оргуйан күүркэтэр сүр күүһэ,

Сып-сылаас төлөнө сирэйбин бигиирэ,

Сыл-хонук ылбытын сыныйан көрөрдүү,

Сып-сырдык кыымнары ыһыахтыы күөттүүрэ.

 

Субу, бу, ойуулаан харахпар,  оо, көстөр,

Саһаантан оттор мас аҕакаам хайытар,

Саҥа күн тахсыыта оһоҕун буруота

Сайыспыт санаабар, дойдубар ыҥырар

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...