19.04.2021 | 23:28

Биэрэги бөҕөргөтүүгэ – 25 мөлүйүөн солкуобай

Киин куорат кытыы нэһилиэктэригэр сааскы халаантан харыстанар бэлэмнэнии үлэтэ ыытыллар.
Биэрэги бөҕөргөтүүгэ – 25 мөлүйүөн солкуобай
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

«Главстрой» муниципальнай хааһына тэрилтэтэ иһитиннэрбитинэн, муус устар 19 күнүгэр Хатаска биэрэги бөҕөргөтүү үлэтэ түмүктэннэ. Манна 192 миэтэрэ усталаах кытылга 2101 куб. миэтэрэ таас хайа буора кутулунна. Бэдэрээтчит –  «Сахаспецстрой» ХЭТ. Үлэ 3,9 мөлүйүөн солкуобай диэн сыаналанна.

Пригороднайга тустаах сыалга 13, 9 мөлүйүөн солкуобай көрүлүннэ, 7250 куб. миэтэрэ матырыйаал тиэйиллиэхтээх. Оттон Эргэ Табаҕаҕа биэрэги бөҕөргөтүүгэ 7, 1 мөлүйүөн солкуобай тыырылынна. Бу икки эбийиэккэ бэдэрээтчитинэн «Титан» хааччахтаммыт эппиэтинэстээх тэрилтэ анаммыта.

Пригороднайга уонна Эргэ Табаҕаҕа үлэ муус устар 21 күнүгэр түмүктэнэрэ былааннанар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

ЗИЛ массыынаҕа оҕо төрөтөммүн, быыгабар ылбытым...
Дьон | 09.03.2023 | 09:30
ЗИЛ массыынаҕа оҕо төрөтөммүн, быыгабар ылбытым...
  Бүгүн ааҕааччыларбар Уус Алдан улууһун Суотту нэһилиэгин олохтооҕо Розалия Константиновна Пермякова туһунан кэпсиэхпин баҕарабын. Кини түөрт оҕо иһирэх ийэтэ, элбэх сиэн эйэҕэс эбэтэ. 42 сыл устата медицинаҕа үлэлээн билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор, суоттулар биир мааны кийииттэрэ. Кини мин бииргэ төрөөбүт улахан эдьиийим, 7 оҕоттон үһүс оҕо, Бэрииһэптэр бастакы күүтүүлээх-кэтэһиилээх кыыстара....
ТҮӨРЭХ
Сынньалаңңа | 09.03.2023 | 21:00
ТҮӨРЭХ
Үһүс чааһа.
Михаил Трофимов: «Оҕо иитиитин дьахтарга сүктэрэн кэбистибит»
Дьон | 11.03.2023 | 10:00
Михаил Трофимов: «Оҕо иитиитин дьахтарга сүктэрэн кэбистибит»
Бүгүн кэпсиир киһибит – Амма улууһун Соморсун нэһилиэгин «Эрчим» эр дьон түмсүүтүн салайааччыта, сорсуннаах булчут, спортсмен, элбэх оҕолоох ыал аҕата Михаил Егорович Трофимов.
ТҮӨРЭХ
Сынньалаңңа | 10.03.2023 | 21:00
ТҮӨРЭХ
Төрдүс чааһа.