Библиотека саҥа дьиэлэнэрэ уолдьаста
Ыам ыйын 28 күнүгэр дойду үрдүнэн үгэс буолбут «Библионочь» аахсыйа ыытылынна. Бу күн киин куорат библиотекалара ааҕааччыларыгар бииртэн биир кэрэхсэбиллээх бырагырааманы бэлэмнээтилэр. Сайсары түөлбэтигэр үлэлиир «Маяк» библиотекаҕа бэрт сэргэх тэрээһин буолан ааста.
Ааҕыы дьиэ кэргэнтэн саҕаланар
Бу иннинэ «Школьный мир» диэн аатынан норуокка биллибит библиотека былырыыҥҥыттан «Маяк» диэн ааты сүгэр. Сайсары уокуругар соҕотох култуура киинэ диэтэхпинэ, сыыспаппын. Манна сылга 200-тэн тахса араас тэрээһин ыытыллар.
«Библиосумерки» аахсыйа үөрүүлээх аһыллыытыгар бастыҥ ааҕааччылары грамоталарынан наҕараадалаатылар. Манна даҕатан эттэххэ, библиотекаҕа сылга 37 тыһыынча киһи сылдьар.
Тимофеевтар дьиэ кэргэн урут Сайсары түөлбэтигэр олорбуттар, онтон ыла бу библиотекаҕа сөбүлээн сылдьаллар. Билигин төһө да ДСК оройуонугар көспүттэрин иһин, син биир манна кэлэ тураллар. Ыал улахан оҕото Гриша СПЛ II кылааһын бүтэрдэ. Мурун бүөтэ Арина үстээх, «Уу-чуку-чук» уһуйаан иитиллээччитэ.
Мария Алексеевна Тимофеева, эдэр ийэ:
– Уолбут икки аҥаарыттан библиотекаҕа сылдьабыт. Сыл аайы «Бастыҥ ааҕааччы» аатын ылар. Гриша уларсыбыт кинигэтин олус түргэнник ааҕан бүтэрэр, ол иһин манна сотору-сотору кэлэбит. Быйылгыттан SMART-библиотекаҕа суруйтарбыта, онно эмиэ сылдьабыт, ол эрээри Сайсарытын библиотекатын ордорор. Манна үлэһиттэри барыларын билэр, дьиэтийэн хаалбыт. Кэлин кыыспыт, убайын үтүктэн, кинигэ уларсар, сөбүлээн көрөр, биһиэхэ аахтарар буолла. Кыыллардаах, принцессалардаах, элбэх ойуулаах дьэрэкээн кинигэлэри ордорор. Дьиэбитигэр бэйэбит библиотекалаахпыт, онтон эмиэ ылаллар, хостон хоско соһо сылдьан көрөллөр, ааҕаллар.
Оонньууну оройуттан, көрү-нары көҕүлүттэн
2022 сылы дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Арассыыйа норуоттарын култуурунай нэһилиэстибэтин сылынан биллэрбитэ. Онон тэрэһиҥҥэ үгүс норуот төрүт култуураларын, тылларын, үгэстэрин кытта билистибит.
Аахсыйаҕа кытта кэлбит ааҕааччылар кыралыын-улаханныын Наталья Николаевна Никифорова остуол оонньууларыгар маастар-кылааһын сэргээтилэр – хабылыкка, хаамыскаҕа үөрэннилэр, спорт маастарыттан сүбэ-ама ыллылар. Сорох оҕолор өбүгэлэр оонньууларын оонньоотулар, күөн көрсөн, илин-кэлин түсүһэн, ким күүстээҕин, сымсатын уонна быһыйын быһаардылар. Библиотека кыараҕас, эргэ дьиэтэ оҕо чуопчаарар саҥатынан туолла, мэктиэтигэр, сырдыы, сылыйа, сэргэхсийэ түстэ.
Салгыы кырачааннар “биһилэх кутустулар”, кистэммит мээчиги көрдүүр түбүккэ түстүлэр. Ол кэмҥэ обургу оҕолор, хамаанданан арахсан, квест сорудахтарын толорон, наадалаах буукубалары көрдөөн, иһирдьэнэн-таһырдьанан сүүрдүлэр-көттүлэр. Ол курдук, болҕомтолоох, кыраҕы харахтаах кыттааччылар остуол анныгар, чаһы таһыгар, киирэр ааҥҥа саспыт буукубалары бэрт түргэнник буллулар. Ол да буоллар сорохтор бу сорудахха син өр тэпсэҥнээтилэр. Салгыы хамаандалар чугастааҕы фрукта маҕаһыынын үлэһитигэр элэстэннилэр. Онно тиийэн, “библиосумерки” диэн күлүүс тылы этэн, наадалаах буукубаларын суруннулар. Алпаабыкка алтыс уонна бүтэһик турар буукубалары эрэллээх ааҕааччылар чыпчылыйыах бэтэрээ өттүгэр ааҕан таһаардылар.
“Кыһыл көмүс чаһылаах библиотека үлэһитин бул уонна күлүүс тылы эт” сорудах бэрт көрүдьүөс буолла. Ол курдук, хамаандалар дьиэни биир гына төттөрү-таары тэлэккэччийдилэр. Сорохтор ааҕар саалалары, абонемены өҥөйөн туран, оннук үлэһит баарын-суоҕун симиктик ыйыталаһа сатыы сырыттахтарына, арыый сытыы-хотуу өттүлэрэ кинилэри быһа түһэн: “Баһаалыста, харыгытын арыйан көрдөрүҥ, биһиги көмүс чаһылаах киһини көрдүүбүт”, – диэн сорудахтарын көрүөх бэтэрээ өттүгэр толордулар.
Хамаандалар библиотека утары турар ас-үөл маҕаһыыныгар субуруһан тахсан, эмиэ күлүүс тылы этэн, бүтэһик сорудахтарын толордулар. Онон сыралаһан, сүүрэн-көтөн булбут буукубаларын холбоон, “Шестьдесят” диэн тылы таһаардылар. Бэлиэтээн эттэххэ, бу мээнэ сыыппара буолбатах, быйыл "Маяк" библиотека 60 сыллаах үбүлүөйэ.
Маны сэргэ, аахсыйа кыттааччылара викторинаҕа кыттан, остуоруйалары таайыыга күрэхтэстилэр. Элбэх сөптөөх хоруйу эппит ааҕааччылары минньигэс кэмпиэттэринэн күндүлээтилэр. Оҕолор үөрүүлэрэ-көтүүлэрэ өссө үрдээтэ. Салгыы библиотека үлэһиттэрэ хамсаныылаах оонньуулары ыыттылар. Ааҕааччылар тиритиэхтэригэр диэри үҥкүүлээтилэр. Эбэн эттэххэ, библиотека дьиэтэ эргэ буолан, ититиини араардылар да, уорааннанар. Онон тэрээһиҥҥэ кэлбит дьон кууркаларын устубакка сырыттылар. Ол эрээри оонньоон, аралдьыйан, сорохтор тото мэниктээн, тоҥмуттарын билбэккэ да хааллылар.
Түмүккэ кырачаан ааҕааччылар сүүйтэриитэ суох лотереяҕа кыттан, бары бэлэх тутан, үөрэн-көтөн тарҕастылар.
Төрүт култуурабытынан киэн туттабыт
Салгыы орто уонна үрдүкү кылаастарга араас норуоттар үгэстэрин бэстибээлэ ыытылынна. Кыттааччылар дьиэ кэргэннэрин үтүө үгэстэрин кэпсээтилэр, бэйэлэрин ийэ тылларынан нүөмэр көрдөрдүлэр.
Нарыйаана Иванова иллэҥ кэмигэр уруһуйдуурун ордорор, дьиэ кэргэнинэн остуол оонньууларын сэргииллэр эбит. Кини улуу Пушкин хоһоонун доргуччу ааҕан иһитиннэрдэ.
Ашот Маргарян – омугунан армян. Кини национальнай көстүүмүн кэтэн кэлбит, дхол диэн барабааҥҥа оонньоон, көрөөччүлэр биһирэбиллэрин ылла.
Тихон Лопорев дьоно Мордовияттан төрүттээхтэр. Кини мордовскайдыы хоһоон аахта. Ийэтэ кинилэр төрөөбүт тыллара баайын, хомоҕойун, ылбычча киһи кыайан үөрэппэтин бэлиэтээн эттэ уонна национальнай бирээнньиктэрин астаан аҕалбытын тэрийээччилэргэ туттарда.
Агафья Гаврильева – Дьокуускай куорат 20 №-дээх орто оскуолатын 4 кылааһын үөрэнээччитэ. Кини Орто Халыматтан төрүттээхпин, ийэм эбээн диэн бэйэтин билиһиннэрдэ, хоһоон аахта.
Бэстибээл тэрийээччилэрэ кыттааччыларга барыларыгар туоһу сурук туттардылар, сайыннарын туһалаахтык уонна умнуллубаттык атааралларыгар баҕардылар.
Библиотека уран тарбахтаах үлэһитэ Зульфия Афанасьевна Сизых кыратыттан иис-уус абылаҥар ылларбыт. Кини маастар-кылааһыгар ааҕааччылары ичигэс үтүлүк тигэргэ үөрэттэ. Дьокуускай куорат 20 №-дээх орто оскуолатын 8 кылааһын үөрэнээччитэ Айыына Козлова бэрт үөрүйэхтик туттарын-хаптарын, түргэнин-тарҕанын көрөн сөхтүбүт. Айыына дьиэтигэр иистэнэр массыыналаах эбит, бу дьарыгы олус сөбүлүүрүн үллэһиннэ.
Нэһилиэнньэ туруорсар
Бу курдук Сайсары нэһилиэнньэтэ Бүтүн Арассыыйатааҕы «Библионочь» аахсыйаҕа кыттыста, биир субуота күнү туһалаахтык уонна сэргэхтик атаарда. Нэһилиэнньэ уонна кэлэктиип саҥа библиотека тутулларын туруорсубута ыраатта. Кырдьыга даҕаны, хааччыллыыта суох мас дьиэ лаппа эргэрдэ, сайын тымныы, уорааннаах, сииктээх. Инникитин Сайсарыга аныгылыы тупсаҕай тутуулаах, толору хааччыллыылаах саҥа библиотека дьэндэйиэ диэн олохтоохтор эрэнэллэр.
Ааптар хаартыскаҕа түһэриилэрэ