01.04.2023 | 18:00

«Библиотекаҕа бүгүн ким кэлэрин эндэппэккэ билэбин...»

Татьяна Петровна Старкова Сайсары түөлбэ “Маяк” библиотекатыгар 2007 сылтан үлэлиир. Ааспыт нэдиэлэҕэ ааҕааччылар ытыктабылларын ылбыт, кэлэктиип киэн туттар киһитэ, «Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна» үрдүк ааты тутан, үөрүүтэ үксээтэ. Бүгүн кинини кытта кэпсэтиибитин сэргээҥ.
«Библиотекаҕа бүгүн ким кэлэрин эндэппэккэ билэбин...»
Ааптар: Айыына КСЕНОФОНТОВА
Бөлөххө киир

Дьылҕам бэйэтэ аҕалбыта

– Муома улууһугар оскуолаҕа делопроизводителинэн үлэлээбитим. Онтон 1993 сыллаахха Маҕаҥҥа көһөн кэлбиппит. Хата, оскуолаҕа делопроизводителинэн киирбитим. Ол кэмҥэ библиотекарь уурайан, миэстэ тахсыбыт этэ. Мария Михайловна Обутова быстах да үлэлии киир диэн ыҥырбыта. Онтон ыла күн бүгүҥҥэ диэри идэбин олус сөбүлээн, үөрэ-көтө үлэлии сылдьабын. Бастаан орто үөрэҕи бүтэрбитим, кэлин үрдэтиммитим. Аны күһүн бу эйгэҕэ кэлбитим 29 сыла буолар, бу библиотекаҕа үлэлээбитим 16-с сыла.

Сайсары библиотекатыгар бастаан улахан дьон салаатыгар үлэлээбитим, онтон оҕолор киэннэригэр көспүтүм. Ол саҕана сэбиэдиссэй Марина Ивановна Щербакова, оҕолорго аналлаах салаа кылаабынай библиотекара Ольга Николаевна Эртюкова этилэр. Ведущай библиотекарь Евгения Васильевна Васильеваны кытта олус бэркэ үлэлээбиппит. Кыра саастаах оҕолорго “Вслух.ру” диэн кулуубу тэрийбиппит, араас тэрээһиннэри ыытарбыт. Онтон “Көмүлүөк тула” диэн  аатын уларытан, “Тоҕус төгүл тоҕо” диэн тиэмэҕэ араас тэрээһиннэри көҕүлүүр буолбуппут. Оҕолор куруһуок курдук кэлэн дьарыктаналлара. 2011 сыллаахха улахан дьон салаатыгар кылаабынай библиотекарынан анаммытым. Онно үрдүкү кылаас оҕолорун идэҕэ сирдиир аналлаах «Ступени+» бырайыак тэрийэн, атын эйгэлээх, араас идэлээх дьону ыҥырар этибит.

Бииртэн биир үтүөкэн настаабынньыкка уһуйуллубут дьоллоохпун. Варвара Федоровна Харлампьева, Евгения Васильевна Васильева, Ольга Николаевна Эртюкова курдук идэлэригэр бэриниилээх дьону кытта үлэлээбит кэмнэрбин олоҕум биир кэрэ сылларынан ааҕабын. Ийэм тэҥэ күндү дьоммор ис сүрэхпиттэн махтанабын. Евгения Васильевна, Варвара Федоровна 40 сыл тухары бу библиотекаҕа үлэлээбиттэрэ, билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа олороллор. Хомойуох иһин, Ольга Николаевна билигин биһиги кэккэбитигэр суох.

Аҕам саастаахтарга – «Кэпсээ» кулууп

2017 сыллаахха аҕам саастаах дьону түмэр санааттан “Кэпсээ” кулуубу тэрийбиппит. Эбэлэр, эһэлэр субуотаҕа, баскыһыанньаҕа иллэҥсийэллэр диэн, өрөбүллэргэ мустабыт. Араас тиэмэни хабарга дьулуһабыт. Быраастары, суруйааччылары кытта көрсүһүүлэри, музыкальнай киэһэлэри, туһалаах маастар-кылаастары ыытабыт. Баянистар кэлэн үҥкүүлэтэллэр, ыллаталлар.

Кэнники кэмҥэ дьаҥ-дьаһах элбээн, хамсык ыарыыта тарҕанан, улахан болҕомтобун доруобуйаҕа уурар буоллум, онон сыллааҕы былааммар “Саха сирин эмтээх үүнээйилэрэ” диэн тиэмэни хайаан да киллэрэбин. Тохсунньу ыйга үөрэ отунан дьарыктанар провизор, фармацевтическай наукалар кандидата Лена Георгиевна Кривошапкина маастар-кылаас ыыппыта, сүбэ-ама биэрбитэ. Ааспыкка “Сахалыы эмтэнии” киин төрүттээччитэ, травматолог быраас Григорий Гаврильевич Попову кытта көрсүһүү буолбута, кырдьаҕастар элбэҕи билэн-көрөн, сурунан, бэлиэтэнэн барбыттара. Матвей Иванович Лыткин скандинавскай хаамыы туһунан кэпсээбитэ киэҥ сэҥээриини ылбыта.

Урут сэрэдэ аайы көһө сылдьар библиотеканы үлэлэтэрбит, Кырдьаҕастар дьиэлэригэр барарбыт. Сонуна сойо илик хаһыаттары, сурунааллары, саҥа кинигэлэри илдьэ таарыйа араас тэрээһиннэри ыытарбыт. Ол курдук, “Сахафильм” хампаанньаны кытта хаста да көрсүһүү оҥорбуппут. Аркадий Новиков сырдык кэриэһигэр биэчэр тэрийбиппит, онно бииргэ үлэлээбит дьоно кэлэн ыалдьыттаабыттара.

Ааспыкка В.П. Решетников аатынан Кырдьаҕастар уонна инбэлииттэр өрөспүүбүлүкэтээҕи интэринээт-дьиэлэригэр “Кырсаада” литературнай бөлөҕү ыалдьыттаппыппыт. Хоһоон киэһэтэ буолан ааспыта. Ити курдук, араас быыстапкалары, кинигэ сүрэхтэниилэрин, араас көрсүһүүлэри ыытан кэлэбит.

Аҕам саастаахтар маннык көрсүһүүлэртэн сүргэлэрэ көтөҕүллэр. Билигин биллэр биричиинэнэн итинник тэрээһиннэр хааччахтаах соҕустар. 

Аксиния Константиновна Пудова, эрэллээх ааҕааччы, “Кэпсээ” кулууп чилиэнэ:

– Куоракка көһөн кэлиэхпиттэн бу библиотекаҕа сөбүлээн сылдьабын. Элэккэй, эйэҕэс үлэһиттэр үөрэ-көтө көрсөллөрө наһаа үчүгэй. “Кэпсээ” кулууп тэрээһиннэрин көтүппэт буола сатыыбын. Саастаах дьон олус сэргэхсийэбит.  Татьяна Петровнабытыгар махтанабыт.

«Айар эйгэҕэ айан»

Үһүс сылын билиҥҥи кэм суруйааччыларын, поэттарын билиһиннэрэр сыаллаах “Айар эйгэҕэ айан” ааптарыскай бырайыакпын сүрүннүүбүн. 2019 сылтан Илья Ильич Афанасьев-Алмааһы кытта билсибитим. Кини “Иэйии”, “Көҥүл иэйии” литературнай түмсүүлэр бөлөхтөрүгэр киллэрбитэ, элбэх ааптары кытта билиһиннэрбитэ. Алмаас былырыын “Көҥүл иэйии” түмсүүнү илдьэ сырыт диэн биэрбитэ. Билигин өрөспүүбүлүкэ араас муннугуттан 55 кыттааччылаахпын. Күн аайы бассаабынан билсэ олоробут. Иван Попов- Уһук Уйбаан,  Наталья Рязанская, Радион Лазарев уо.д.а. ааптардар кэпсээннэрин, хоһооннорун бэйэлэрэ ааҕаллар, ону харахтарынан мөлтөх истээччилэрбитигэр ыытабыт. Соторутааҕыта “Иэйии” литературнай түмсүүнү кытта “Саас кэлиитин туойабын” хоһоон түһүлгэтин тэрийдибит. 

Аныгы үйэҕэ бассаабынан үлэни төһө баҕарар көҕүлүүр кыахтанныбыт. Ол курдук, билигин “Ородьумаан доҕотторо” (сал. Радион Данилов, Өлүөхүмэ улууһа), “Сахалыы тыынынан” (сал. Александра Стручкова-Сулустаана, Томпо улууһа), “Уран тыл оһуора” (сал. Раиса Тимофеева-Михайлова, Дьокуускай куорат), “Кырсаада” (сал. Галина Басылайканова, Дьокуускай куорат), “Отуу уота” (сал. Алексей Татаринов-Удьурхай, Нам улууһа) курдук өрөспүүбүлүкэтээҕи литературнай бөлөхтөрү, түмсүүлэри кытта ыкса ситимнээхтик үлэлиибит. Матырыйаалларын хомуйан, бэлэмнээн баран сайтка таһаартарабын. Пандемия кэмигэр онлайн тэрээһиннэри ыыппыппыт, элбэх кыттааччыны хаппыппыт.

“Кэпсээ” кулууп бассаап бөлөхтөөх, онно кэпсээннэри, хоһооннору күн аайы ыытан иһэбин. Ааҕааччыларым сороҕор: “Татьяна, кэпсээммитин бүтэрэн кэбистибит, салгыыта баар дуо? Хаһан ыытаҕын?” – диэн тиэтэтэллэр. Онуоха суруйааччыларым: “Салгыыта сурулла илик, ыксатымаҥ”,  – диэн ууга-уокка түһэрэллэр. Оччоҕуна: “Күүтэ түһэҕит”, – диэн уоскуталыыбын (күлэр).

 

Үлэбэр үөрэ-көтө кэлэбин

Саастаах көлүөнэ син биир библиотекаҕа кэлэ турар диэн көрөбүн. Ону сэргэ, “ЛитРес” электроннай библиотека өҥөтүнэн туһанар киһи элбээтэ. Онно саҥа кинигэ эгэлгэтэ, күн талбыта баар. Ол эрээри харахпыт түргэнник сылайар, ыалдьар, кумааҕы кинигэни аахпыт ордук диэн кэлээччи элбэх.

Кэтээн көрдөххө, саастаах өттө сахалыы кинигэни ордорор. Ону таһынан, детективтэри, дьахтар арамааннарын сэргииллэр. Кэнники кэмҥэ олохпут күн-түүн ыараан, чэпчэкитик ааҕыллар айымньылар ордук кэрэхсэнэр буоллулар. Эр дьон, биллэн турар, детективинэн үлүһүйэр. Виталий Егоров айымньыларын эккирэтэ сылдьан ааҕаллар. Кинигэтэ былдьаһык, ханнык баҕарар саастаах дьон сөбүлүүр ааптара буолла. Саҥа кинигэтэ библиотекаҕа хаһан кэлэрин кэтэһэллэр. 

Сарсыарда аайы үлэбэр үөрэ-көтө кэлэбин, ааҕааччыларбын долгуйа күүтэбин. Хаһыат тахсар күнүгэр кимнээх кэлиэхтээхтэрин эндэппэккэ билэбин. Саҥа кинигэлэри бассаапка ыытабын, оччоҕуна тута уурдарар, библиотекаҕа тиэтэйэр дьонноохпун. Наһаа үчүгэй!

Татьяна Петровна үлэтин таһынан “Сахафильм” бырайыактарыгар көхтөөхтүк кыттар. “Холодное золото”, “Бүгүн-былыр-2” киинэлэргэ маассабай сыаналарга уһуллубут. “Белый пароход” киинэ 2024 сылга тахсыахтаах.

 

Баҕа санаабыт биир – саҥа дьиэ тутуллуута

Кэлэктииппит бэрт дьоҕус – уон биирбит. Билигин эдэр көлүөнэ көмпүүтэри баһылаан, саҥа сүүрээннэри киллэрэн, таһаарыылаахтык үлэлиир кэмэ кэллэ. Былырыыҥҥа диэри кылаабынай библиотекардаабытым, онтон эдэр үлэһиккэ Анастасия Анатольевнаҕа дуоһунаспын туран биэрбитим. Көлүөнэлэр бэйэ-бэйэлэрин ситэрсиэхтээхтэр дии саныыбын.

Биһиги библиотекабыт – Сайсары уокуругар култуура, сынньалаҥ соҕотох киинэ. 2007 сылтан, ол да инниттэн туруорсар боппуруоспут биир – саҥа дьиэ тутуллуута. Туох эмит хамсааһын буолара дуу диэн эрэнэ күүтэбит.

Оҕолорго аналлаах салаабыт Саха политехническай лицейи, 20, 18, 25, 31 оскуолалары, уокурук уһуйааннарын хабан олорор. Ол иһин аныгы ирдэбиллэргэ эппиэттиир тупсаҕай тутуулаах дьиэлэнэрбит буоллар диэн баҕа санаалаахпыт.

***

Илэ көрсүһүү, атах тэпсэн олорон ирэ-хоро кэпсэтии күн-түүн күндүтүйэн иһэр кэмигэр Татьяна Старкова үлэлэтэр “Кэпсээ” кулуубун суолтата олус үрдүк. Оттон “Айар эйгэҕэ айан” бырайыак киэҥ сэҥээриини ылар.

Идэлэригэр бэриниилээх библиотека үлэһиттэрин көмөлөрүнэн аныгы балысхан сайдыылаах үйэҕэ ааҕыы култуурата кэскиллээҕин саарбахтаабаппыт.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...