22.01.2023 | 09:00

Биһиги Ньургун Боотурбут

Ахсынньы 24 күнэ... Кыыдааннаах кыһыммыт хараҥа баһыйар кэмигэр олус да тыйыс, хомолтолоох сонун барыбыт дууһатын аймаата, элбэх харах уутун халытта. Дьылҕа Хаан ыйааҕа тыйыһыан...
Биһиги Ньургун Боотурбут
Ааптар: Саха АССР орто оскуолаларын 1983 сылга бүтэрбиттэр ааттарыттан сурукка тистим Лена Ивановна Попова
Бөлөххө киир

Сэтинньи бүтүүтэ доҕорбут, үөлээннээхпит Николай Николаевич Мочкин Украинаҕа гуманитарнай көмө илдьэ, сүрүн сыала оҕотун Ньургуну көрсө барарыгар, кыра да буоллар күүс-көмө, өйөбүл буолан, алҕаан атаарбыппыт. Ол дойдуга киһи мээнэ санаммат, олус уустук быһыы-майгы буола турарын доҕорбут Аркадий Петрович Лопатин этэҥҥэ эргиллэн кэлэн кэпсээбитэ. Биһиги үөлээннээхтэрбит Тааттаттан Аркадий Петрович Лопатин, Өлүөхүмэттэн Евгений Васильевич Китчегясов, Өлөөнтөн Алексей  Анисимов бастакынан баҕа өттүлэринэн от ыйыгар байыаннай эпэрээссийэҕэ барбыттара. Бойобуой доҕорбут Евгений Васильевич Китчегясов, хомойуох иһин, биһиги кэккэбититтэн туораабыта. Хорсун доҕорбут туһунан барыбыт сүрэҕэр сырдык өйдөбүл хаалыаҕа. Оҕолорбут, аймахтарбыт Ийэ дойдуларын көмүскээн этэҥҥэ эргиллэн кэлэллэрин күн аайы Үрдүкү Айыыларбытыттан  көрдөһөбүт, эрэнэбит.

Николай Николаевич уола Ньургун ахсынньы 1 күнүгэр 34 сааһын туолбутун биир күн хойутаан көрсөн, ийэтин алаадьытын амсатан, көмө малларын туттарын этэҥҥэ сыалын ситиһэн кэлбитэ. Сөмөлүөттэн түһээт, ол күн сойо илик сонунун биһиэхэ, үөлээннээхтэригэр, кэпсээбитэ, хаартыскалары,   видеолары  көрдөрбүтэ.  Аҕа  дьолломмут хараҕын, уол оҕо барахсан аҕатынан киэн туттан санныттан кууһан турар хаартыскатын көрөн, олус да долгуйбуппут, үөрбүппүт, дьолломмуппут. Хомойуох иһин, ол бастакыбытын уонна бүтэһикпитин оҕобут тыыннаах, кэрэ мөссүөнүн көрбүт эбиппит. Ону таһынан бүтүн өрөспүүбүлүкэ дьонун кытта «Саха» НКИХ ханаалыгар ыытааччы Талбан «Аҕа хараҕынан» биэриитигэр доҕорбут Николай Николаевич кэпсээнин истибиппит.

... Испитигэр ыар сонуну «баҕар, сымыйа буолаарай...” диэн күүппүппүт да, куһаҕан сонун итэҕэппитэ. Бырастыылаһыы тохсунньу 8 күнүгэр буолла. «Атриум» траурнай саалаҕа «За мужество», Суворов уордьаннарын, «Хорсунун иһин» мэтээл хаһаайына Ньургун Николаевич Мочкины кытта бырастыылаһыыга таска диэри баппат киһи кэлбит. Сахабыт сирин бырабыыталыстыбатыттан, Байыаннай комиссариатыттан, Ил Түмэнтэн, Таатта улууһун баһылыга, Кыйы оскуолатын дириэктэрэ, бииргэ сылдьыбыт бойобуой доҕотторо, аймахтара уо.д.а. истиҥник, иһирэхтик ахтан аастылар, дириҥ кутурҕаннарын кэргэнигэр Анна Степановнаҕа, оҕолоругар Ньургуйаанаҕа, Эрсаҥҥа, төрөппүттэригэр Екатерина Егоровнаҕа, Николай Николаевичка, убайыгар Алешаҕа, бары хаан-уруу аймахтарыгар тиэртилэр. Ньургун Николаевич ураты хорсун быһыытын иһин наҕараадаламмыт «За мужество» уордьанынан Арассыыйа оборуонаҕа министиэристибэтэ кэргэнигэр Анна Степановнаҕа  туттарда.

Оҕобут барахсан көмүс уҥуоҕа Маҕаҥҥа Дьоруойдар аллеяларыгар биир өлүүгэ охтубут доҕотторун кытта кистэннэ.

Ньургун оҕо эрдэҕиттэн ураты айылҕалаах, кыайыгас-хотугас буола улааппытын, элбэҕи ааҕан, хайа да хайысхаҕа дириҥ билиилээҕин, ол билиитин ыксаабакка быһаарар, тиэрдэр дьоҕурдааҕын, биир куһаҕан тылы саҥарбат, кими да куһаҕан тылынан ахтыбат үтүө майгылааҕын, арыгы да, табах да диэни тумнарын, ханнык да үлэттэн толлубатын чугас дьоно аҕыннылар. Хатаска бэйэлэрэ бэкээринэ аһан, бар дьоннорун уонча сыл минньигэс килиэбинэн хааччыйан олорбуттар. Онтон күн аайы ыараханы көтөҕөн доруобуйатын ноҕоруускалаан, бу дьарыгын тохтоппут. Былырыын төрөөбүт Тааттатын улууһугар Кыйыга сабыс-саҥа таас оскуолаҕа  технология учууталынан анаммыт. Дойдубутугар буола турар анал  байыаннай эпэрээссийэҕэ алтынньы ыйга бэйэтин баҕа өттүнэн барбыт. Оҕо эрдэҕиттэн ылыммыт соругун толорор биир тыллаах, дойдутун көмүскүүргэ быһаарыммыт буолан, чугас дьонун сүбэтин ылымматах. Аармыйа  диэҥҥэ сулууспалаабатах киһи тиийэн биир күн үөрэнэн, төрдүс күнүгэр инники күөҥҥэ тиийбит. Наар күлэ-үөрэ, дьээбэлэнэ сылдьарын, оннооҕор  бааһырбыт доҕотторугар суһал көмөнү сатабыллаахтык оҥорорун, барытын сүбэлии-амалыы сылдьарын, алдьаммыт оһох кирпииччэтиттэн оһох оҥорон доҕотторугар килиэп буһаран аһатарын, ааһан иһэр буойуттар минньигэс сыты ылан кинилэргэ кэлэн «дьиэ аһын аһыыр эбиккит” диэн сөҕөллөрүн,  чубуку өлөрбүттэрин аҥаардаан буруоҕа ыыһаан сиэтэрин, онтон да элбэҕи сөҕө кэпсээтилэр.

Байыаннай дьайыыга кыттар саха уолаттара бары даҕаны хорсуннарын, булугас өйдөөхтөрүн, наар инники сылдьалларын хас  көрсүбүт чааһын аайы хамандыырдар Ньургун аҕатыгар Николай Николаевичка астына эппиттэр этэ. Аҕа киһи барахсан онтон ис-иһиттэн сырдаан, сэмээр үөрэн биһиэхэ кэпсээбитэ.

Бу күннэргэ эт-хаан эчэйиитин ылан уоппускаҕа кэлэ сылдьар байыастар Ньургун туһунан дьиҥнээх эр санаалаах, куттанар-чаҕыйар диэни билбэт хорсун киһи быһыытынан аҕыннылар, элбэх доҕорун сэрии толоонуттан таһаарбыт биир саамай эрэнэр уолларын, лидердэрин сүтэрэн ытыыртан туттуна кэпсээтилэр. Кинилэр турбут сирэйдэрин-харахтарын, олох атын турукка сылдьалларын көрөн, киһи дууһата, сүрэҕэ ыалдьар. Мэктиэтигэр, дьиҥнээх ааттарын да умна быһыытыйбыт, позывнойдарынан эрэ ыҥырсар курдуктар.

Биһиги Ньургуммут олус иллээх, сахалыы куттаах ыалга төрөөн, иитиллэн, дьоллоох уйаҕа улааппыт. Убайа Алеша ийэлээх аҕатын санныларыттан тайанан туран оҕо сааһыттан саҕалаан быраатын туһунан олус да истиҥник аҕынна. Ийэлээх аҕа, бэйэ-бэйэлэрин ситэр-ситэрсэ, оҕолорун ис-истэриттэн сырдаан, долгуйа кэпсииллэрин  иһиттибит. Чахчы даҕаны  сахалыы  куттаах, Сахабыт сирин сайдарын туһугар кыһамньыларын тустаах үлэлэринэн-хамнастарынан, сыһыаннарынан көрдөрбүт ыал. Николай Николаевич  кэргэнин  өйөбүлүнэн өрөспүүбүлүкэ ыраах айаҥҥа сылдьар улахан массыына суоппардарын түмсүүтүн тэрийэн, билигин бары биир санаанан көмөлөсүһэн үлэлии-хамсыы сылдьаллар.

Ытык Тааттаттан силистээх, Орто Халыма Өлөөкө Күөлүттэн кииннээх биһиги Ньургуммут өбүгэлэрин  аатын чиэстээхтик  ааттатта.

Арассыыйа арҕаа дойдулартан тутулуга суох буоларын туһугар ыытылла турар анал байыаннай эпэрээссийэҕэ биһиги Ньургуммут курдук аттаммыт элбэх саха боотурдара бары кыайыыны чиэстээхтик аҕалыахтара  диэн  эрэллээхпит. Ньургун бэйэтин хорсун холобурунан билиҥҥи ыччакка  орто дойду олоҕун сыаналыырга, Ийэ дойдуну таптыырга ыҥырар сулус буолан үөһээ дойдуга айаннаата. Тыыннаахпыт тухары хас биирдии сүрэххэ иҥэн, ыччаттарбытыгар, сиэннэрбитигэр кини аатын тиэрдиэхпит. Үтүө  киһи аата үйэлэргэ умнуллубат!

Махтанабыт Екатерина Егоровнаҕа, Николай Николаевичка Ийэ дойдуга  бэриниилээх, хорсун ыччаты иитэн таһаарбыккытыгар. Ыар сүтүккүтүн, хомолтоҕутун тэҥҥэ үллэстэбит, кэҥээн биэриҥ, тулууру, чэгиэн туругу  баҕарабыт.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....