15.09.2022 | 17:00

Бэйэ бизнеһигэр 350 000 солк. тиийэ ылыахха сөп

Бэйэ бизнеһигэр 350 000 солк. тиийэ ылыахха сөп
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Кыра дохуоттаах гражданнар эбэтэр ыаллар социальнай хантараак көмөтүнэн бэйэ дьыалатын тэринэргэ судаарыстыбаттан 350 000 солк. ылар кыахтаахтар. Холобур, репетиторствоҕа, дьиэтээҕи кулинарияҕа, шиномонтажка эбэтэр ательеҕа.

Кимнээх хапсыахтарын сөбүй?

Социальнай хантараак оҥорторор бырааптаахтар:

кыра дохуоттаах ыал эбэтэр соҕотох гражданнар.

үлэтин сүтэрбит уонна үлэтэ суох дьон. Үлэтэ суох дьон – 2022 сыл кулун тутар 1 күнүттэн ахсынньы 31 күнүгэр диэри ханнык да тэрилтэҕэ үлэлээбэтэх түгэннэригэр.

 

Ирдэнэр докумуоннар

пааспар;

эр-ойох буолбуккут туһунан сибидиэтэлистибэ;

оҕо төрөөбүтүн туһунан сибидиэтэлистибэ;

дохуот уонна баай-дуол туһунан иһитиннэриилэр;

бизнес-былаан. Маны оҥорорго «Мин бизнеһим” кииҥҥэ босхо көмө ылыахха сөп.

 

3. Сайабылыанньаны “Мин докумуоннарым” кииҥҥэ уонна социальнай көмүскэл уорганыгар туталлар.

 

4. Социальнай хантараагы түһэрсиҥ

Үксүгэр быһаарыы 10 үлэ күнүн устатыгар ылыллар. Социальнай көмүскэл уоргана дьиэ кэргэн бэйэтин бизнеһиттэн туруктаах дохуоттаныан сөбүн туһугар тус сыаллаах бырагырааманы оҥорорго көмөлөһөр.

Бизнеһи сайыннарыыга соцхантараак болдьоҕо – 12 ый.

Онуоха ИП быһыытынан регистрацияланыахха эбэтэр “самозанятай” аатын ылар хайаан да наада. 

 

5. Көмө уопсай кээмэйэ

Муҥутуур суумата – 350 000 солк. диэри. Харчы матырыйаалы атыылаһарга, үлэ миэстэтин хааччыйарга, куортамҥа диэн көрүллэр. Ороскуот туһунан отчуоттуур хайаан да ирдэнэр. Маны таһынан идэни баһылыыргытыгар тустаах үөрэх кууруһун ааһаргытыгар эбии 30 000 солк. көрүллүөн сөп.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....