19.03.2021 | 05:44

Бэйдиэ ыттарга туох болҕомто уурулунна?

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Куораппытыгар ыт кыһалҕата өрүү баар. Хас кыбаартал, уокурук  аайы дьэллик сылдьар ыттар дьоҥҥо-сэргэҕэ, оҕо аймахха кутталы үөскэтэллэр.

Куорат  хайа баҕарар муннугар, ордук кытыы сирдэргэ ыттар үөрүнэн сылдьаллар. Кинилэр ханнык баҕарар түгэҥҥэ көмүскэлэ суох киһиэхэ хаһан баҕарар саба түһүөхтэрин сөп. Дьэ, куттала ол баар. Саатар биир эмит ыт аттыгар үрдэҕинэ, “шайкалара” саба сырсан кэлэн, күргүөмүнэн тула өттүгүттэн үрэн киирэн бардахтарына, куотар кыаҕа суох буолаҕын. Арай суумкаҕынан эрэ көмүскэнэргэр тиийэҕин. Ол да наадалаах түгэн тирээтэҕинэ, абырыыра саарбах. Аны туран, куттаммыт киһи сыт таһаарар, ону ыт билэр дииллэр. Дьэ, оччоҕуна бу ытыҥ күөйэн баран туруо. Кыһалҕа диэтэҕиҥ. Куоракка ыкка ытыттарыы түбэлтэтэ аҕыйаҕа суох. Дьыл ханнык баҕарар кэмигэр. Куорат уулуссатыгар бэйдиэ сылдьар ыттары элбэхтик көрөҕүн. Бэл диэтэр, урукку сылларга оннооҕор куорат дьаһалтатын иннигэр бүтүн ыт үөрэ бииргэ сылдьарын түһэрбит хаартыскалара бассаап ситимигэр кытта тарҕаммыта.

Сокуон ирдэбилэ күүһүрэр

Бүгүҥҥү балаһабытыгар Дьокуускай куоракка хаһаайына суох ыттары быстах кэмҥэ тутар Пуун үлэтин туһунан сырдатыахпыт. Бу пууҥҥа хас уокурук аайыттан уонна биирдиилээн куорат олохтооҕуттан, хаһаайына суох бэйдиэ сылдьар ыты тутан дьаһайарга сайаапкалар күннэтэ киирэ тураллар. Сөптөөх миэрэлэр ылыллаллар.

Олохтоох дьаһалта дьаһалынан бу сыл олунньу 8 күнүттэн бэс ыйын 1 күнүгэр диэри куораппыт үрдүнэн үс ыйдаах санитарнай ыраастаныы биллэриллэн турар. Онон бу бэйдиэ сылдьар ыттар кыһалҕалара эмиэ кэмигэр быһаарыллан иһиэ диэн эрэниэҕи баҕарыллар.

Федеральнай сокуон ирдэбилинэн, хас биирдии тутуллубут ыкка вакцина бэриллэр, стерилизация оҥоһуллар. Туругуттан көрөн эмтэниллэр. Ол кэнниттэн көҥүлгэ ыытыллар.

“Биир Ньыгыл” партия дьокутааттарын үрдүкү салалтата инники таһаарбыт бэйдиэ, хаһаайына суох кыыллары кылгас кэмҥэ тутар-аһатар сирдэргэ кыыллары аҕыйатар, кыдыйар- өлөрөр уураахтарын төттөрү көтүрдэ. Бу туһунан “Биир Ньыгыл” партия сүбэтин генеральнай сэкирэтээрэ Андрей Турчак биллэрдэ. Бу сокуон бүгүн көтүрүллэн, регионнар бэйэлэрин быһаарыыларыгар бэриллибитэ тохтотуллар диэн “Биир Ньыгыл” Госдума сайтыгар биллэрилиннэ.

«Тыыннаах хааларга көмөлөс» аһымал пуонда үлэтиттэн

 “Помоги выжить” Аһымал пуонда дириэктэрэ Екатерина Безрученко үлэтин хайысхатын сырдаппытын ааҕааччыларбар билиһиннэрэбин.

–Үлэлиир кэлэктиипкин кылгастык билиһиннэр эрэ.

- Пууммут ааспыт 2020  сыл муус устар 7 күнүгэр “Помоги выжить” аһымал пуонда нөҥүө тэриллибитэ. Онтон ыла, биллэн турар, кэлэктиип үлэһиттэрин кэлиилэрэ-барыылара, уурайыылара тахса турар. Тоҕо диэтэххэ, бу маннык эйгэҕэ үлэлиир уустуктардаах. Сүрдээх ыарахан. Мээнэ киһи кыайан ылсыбат. Кэлэктииппитигэр түөрт ыт тутааччы, икки бэтэринээринэй быраас баар. Ону таһынан биэс оробуочай үлэһиттэрдээхпин. Кинилэр сүрүн дьарыктара ыттары аһатыы, тутуу үлэтэ уонна пуун тиэргэнин ыраастааһын буолар. Хомойуох иһин, бүддьүөппүт кыра буолан, пууҥҥа баар элбэх ахсааннаах ыттары көрөргө үлэһит ахсаана тиийбэт. Бу биир сүрүн кыһалҕабыт буолар. Ол эрэн бэйэбит тус сатабылбытынан балаһыанньаттан тахсар суолу тобула сатыыбыт. Дьэллик ыттары тутарга анаан аҕыс массыына көрүлүннэ.

–Күҥҥэ төһө ыты тутаҕытый?

- Бу хайысхаҕа күн аайы үлэ ыытыллар. Анал эппиэтинэстээх үлэһиттэрбит күҥҥэ биир ыты тутан аҕалыахтарын сөп. Сорох күҥҥэ 17-ҕэ тиийэ ыты тутан аҕалааччылар. Мээнэ сылдьар ыттар дэбигис туттаран биэрбэттэр, куота сылдьаллар. Тутаттыырга олус ыарахан. Ол сылдьан үлэһиттэрбит сорох түгэҥҥэ ыттарга ытыттараллара баар суол. Бүгүҥҥү туругунан, тутар пууммутугар 273 ыт баар.

–Оттон куоскалары тутаҕыт дуу?

- Куоскалары тутуунан анал волонтердар дьарыктаналлар. Ол биһиги үлэбит эбээһинэһигэр киирбэт. Хомойуох иһин, биһиги куоскалары тутар усулуобуйабыт суох. Ыттары кытта куоскалар биир сиргэ тутуллар кыахтара суох. Тоҕо диэтэххэ, ыт үрэрин куоска сөбүлээбэт. Өскөтүн ким эмит биһиэхэ куоска аҕалан туттардаҕына, биһиги ону тута волонтердарга тиксэрэбит. Онон кинилэргэ махталбыт улахан.

– Дьон сайаапкалары ханна биэриэхтэрин сөбүй?

- Биир кэлим диспетчерскай сулууспа (ЕДДС) 44-42-29 нүөмэригэр эрийэн билсиэхтэрин сөп. Тустаах дьон бу төлөпүөҥҥэ эрийэн, сайаапкаларын эрэ биэрэллэр. Манна нэһилиэнньэҕэ биири өйдөтөн, быһааран биэрэр наада. Ол курдук, бу сулууспа олохтоохтортон сайабылыанньалары эрэ ылар. Ону тустаах тэрилтэҕэ тиэрдэр эрэ эбээһинэстээх. Кинилэр нэһилиэнньэ кыһалҕатын быһаарбаттар, бу кинилэр үлэлэрин хайысхатыгар киирбэт. Сайаапка биһиэхэ тиэрдилиннэҕинэ, онон сиэттэрэн үлэлиибит.

–Манна ыттары хайдах эмтииллэрий, аһаталларый?

– Үлэ сарсыардаттан киэһээҥҥэ диэри күн аайы ыытыллар. Үлэһиттэрбит олох тиийбэттэр. Оробуочайдар ыттар турар сирдэрин күн аайы ыраастыыллар, аһаталлар.  Тутуу үлэтэ тохтообот. Ыттарбыт күҥҥэ иккитэ сылаас аһынан хааччыллаллар. Күннээҕи аһылыктарыгар кураанах бурдук эбиликтээх хааһы, эт, балык астар киирэллэр. Кинилэргэ көрүллэр рационнара тотоойу. Ыттар пууҥҥа туттарыллар түбэлтэлэригэр тирии иһигэр чип угуллар. Хас биирдии ыкка анал карточка арыллар. Манна киниэхэ анаан туох оҥоһуллубута барыта суруллан иһэр. Бастаан киирэллэригэр уон хонуктаах харантыыны бараллар. Ол кэнниттэн тыһы уонна атыыр ыттар анал “процедураны” ааһаллар. Тыһы ыттарга төрөөбөттөрүн курдук, онтон атыыр ыттарга аттааһын эпэрээссийэтин оҥороллор. Ол курдук, “стерилизацияны” бараллар, кулгаахтарыгар анал бииркэни кэтэрдэллэр. Ол кэнниттэн эмиэ уон хонуктаах реабилитацияны ааһаллар. Онтон 20-с хонуктарыгар хас биирдии туттарыллыбыт ыт ханнык баҕарар ыарыыны утары вакцинацияны ылар. Ол иһигэр ииримтийиини утары быһыы эмиэ бэриллэр. Салгыы бу ыттар пууҥҥа туттарыллыбыттара 30 хонугар, уопсай туруктара этэҥҥэ буоллаҕына, көҥүлгэ ыытыллаллар.

–Ыт иитиэн баҕалаах дьон эһиэхэ кэлэн билсиэхтэрин сөп дуу?

- Биллэн турар. Биһиги күн аайы үлэлиибит. Ыты иитиэн баҕалаах дьон манна кэлэн, сөбүлээбит ыттарын дьиэлэригэр иитэ ылыахтарын сөп.

–Бастаан түбэспит ыт иккистээн, үһүстээн тутуллуон сөп дуо?

- Биһиги пууммутугар туттарыллыбыт ыттар төттөрү кэлиилэрэ сэдэх. Биири холобурдаан этиэхпин сөп. Манна биһиэхэ биркаланан барбыт ыты кыһыҥҥы улахан тымныыларга тоҥо сытарын, ыты тутааччыларбыт таба көрөннөр, тутан аҕалбыттара. Ол ыты салгыы волонтердарбыт ылан, иитиэн баҕалаах дьоҥҥо туттараллар. Манна көрүллэн барбыт ыттар сорохторо төннөн кэлэллэр. Ону биһиги төһө кыалларынан иитэ ылар баҕалаах дьоҥҥо биэрэ сатыыбыт. Өскөтүн уопсастыбаҕа кутталлаах ыт баар буоллаҕына, бу пууҥҥа үйэтин тухары көрүүгэ-харайыыга хаалар. Маннык туруктаах ыттары уулуссаҕа мээнэ ыыппаппыт.

–Ыттары өлөрбөккө, тутар, стерилизациялаан баран босхо ыытар сокуон туһунан туох санаалааххыный? Манна тугу уларытыахха сөбүй?

– Бу ылыллыбыт сокуон сөптөөх эрээри, ситэтэ суох оҥоһуллубут. Ол эрэн,  сотору кэминэн сокуон силигин ситиэ дии саныыбын. Мин бэйэм санаабар, сокуоҥҥа кыра уларытыы киириэхтээх. Ыт хаһаайыныгар толору эппиэтинэһи сүктэриэххэ наада. Тоҕо диэтэххэ, биһиэхэ үксэ хаһаайыннаах эрээри, уулуссаҕа мээнэ сылдьар ыттар аҕалыллаллар.

–Ыты баҕа өттүнэн иитэр баҕалаах дьон эһиэхэ кэлэллэр дуу?

– Киһи үөрүөх, оннук сырдык санаалаах дьон бааллар. Ыты иитэ ылалларыгар, хардатын ыкка сөптөөх аһы хаалларан бараллар. Үлэбитин сөпкө сыаналаан, махтал тылларын суруйан хааллараллар. Бэйэлэригэр сөптөөх ыты булбуттарыттан үөрэллэр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...