«Белинкаҕа» атахпыт бэйэтэ илдьэр!
Олунньу 13 күнүгэр В.Г. Белинскэй аатынан Кыраайы үөрэтэр библиотека, тапталлаах «Белинкабыт», хапытаалынай өрөмүөн кэннэ үөрүүлээх аһыллыыта буолан ааста.
Библиотекабыт, бэл диэтэр, кэҥээбиккэ дылы буолбут. Үлэһиттэр күндү ааҕааччыларын, мааны ыалдьыттарын арыылаах алаадьынан, саамал кымыһынан көрүстүлэр. Үөрүүлээх тэрээһин хомус дьүрүскэн тыаһыттан, сибэтиэй уунан ыраастаныы сиэриттэн-туомуттан саҕаланна.
Дьокуускайга бастакы босхо публичнай библиотека 1886 сыллаахха тэриллибитэ. Үйэттэн ордук кэм устата «Белинка» – үгүс көлүөнэни үтүөҕэ, сырдыкка сирдиир үөрэх, билии, сайдыы киинэ. 2022 сылтан куораттааҕы киин библиотека аата уларыйан, В.Г. Белинскэй аатынан 1-кы №-дээх филиал – Кыраайы үөрэтэр библиотека диэн буолбута.
“Библиотека киинин тиһигэ” муниципальнай бүддьүөт тэрилтэтин дириэктэрэ Нюргуяна Петровна Решетникова эппитинэн, библиотека 1992 сыллаахха Федор Попов уул. 18 нүөмэрдээх дьиэтигэр көһүөҕүттэн маннык улахан өрөмүөн ыытыллыбатах. Онон, кырдьык, кэлэктиип историятыгар умнуллубат бэлиэ түгэн, үрдүк үөрүү буолла.
Хапытаалынай өрөмүөн Олохтоох дьаһалта Култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга управлениетын өйөбүлүнэн ыытылынна. Маны тэҥэ, куорат “Юником”, “Планета электро”, “Азбука” бөдөҥ тэрилтэлэрэ күүс-көмө буолан, 2022 сыл балаҕан ыйыттан саҕаламмыт киэҥ далааһыннаах үлэ Саҥа дьыл иннинэ номнуо түмүктэммит. Ол кэмҥэ библиотека ааҕааччыларга аһаҕас турбутун бэлиэтиир тоҕоостоох.
Бу үөрүүлээх күҥҥэ кэлэктииби Олохтоох дьаһалта, култуура араас тэрилтэлэрин бэрэстэбиитэллэрэ эҕэрдэлээтилэр, баҕа санаа бастыҥын анаатылар. Ыҥырыылаах ыалдьыттар, эрэллээх ааҕааччылар кинигэ кэһиилээх кэлэн, библиотека пуондатыгар сэмэй кылааттарын киллэрдилэр. “Тапталлаах «Белинкабытыгар» атахпыт бэйэтэ аҕала турар”, – диэн истиҥник билиннилэр.
Библиотека устун экскурсия
Ааҕааччы ордук сылдьар салаата – абонемент. 2020 сылтан ааҕар саала уонна абонемент холбоспут. Билигин дьон кинигэни дьиэлэригэр босхо уларса ылаллар. Манна даҕатан эттэххэ, XIX-с үйэ бүтүүтүгэр диэри бу салаа төлөбүрдээх (5 солк.) этэ.
Библиотека тутаах салаатыгар бэлиэ күннэргэ аналлаах быыстапкалар тэриллэллэр. Билигин “Педагогика третьего тысячелетия”, “Сохраняя богатство русского языка” быыстапкалары сэргии көрүөххэ сөп. Маны сэргэ, “Виват, библиотеки!” декада, “Читай город” уо.д.а. үгэс буолбут тэрээһиннэр, кэрэхсэбиллээх бырайыактар тиһигин быспакка ыытыллаллар.
Электроннай өҥө сектора – аныгы кэм кэрэһитэ. Библиотека үлэһиттэрэ ааҕааччылар “Госуслуги” порталга бэлиэтэнэллэригэр көмөлөһөллөр, “Гарант”, “КонсультантПлюс” систиэмэлэргэ, “ЛитРес” сервискэ киирэллэригэр ыйан-кэрдэн биэрэллэр. Нэһилиэнньэ чуолаан тас дойдуга ирдэниллэр пааспары, оҕо босуобуйаларын, Пушкин каартатын оҥорторуу курдук өҥөлөрү хото туһанар.
Оҕо ааҕар муннуга ураты сырдык эйгэлээх. Библиотека пуондатыгар 15 тыһыынча оҕо кинигэтэ хараллан сытар. Бу салаа хаһан да чуҥкуйбат. Пандемия кэмигэр Нуучча академическай тыйаатырын артыыстара остуоруйалары ааҕан, оҕо аймах кутун туппуттар. Маны сэргэ, оҕолор “Хоббиттар мастарыскыайдарыгар” дьарыктанан, сынньалаҥнарын туһалаахтык атаараллар.
Библиотекаҕа кыраайы үөрэтэр салаа 1993 сыллаахха оччотооҕу дириэктэр М.Н. Яковлев көҕүлээһининэн арыллыбыта. Пуондатыгар 40 тыһыынча кэриҥэ баай матырыйааллаах. Манна кинигэ сүрэхтэниилэрэ, суруйааччылары, биллэр-көстөр дьону кытта көрсүһүүлэр тэриллэллэр. Ону сэргэ, “Якутсковедение” бырагырааманан киин куорат историятын хомуйууга, үйэтитиигэ тиһиктэээх үлэ ыытыллар. Ол чэрчитинэн “Мой любимый город”, “Летопись Белинки”, “Имена в истории города Якутска”, “Живой автограф” о.д.а. бырайыактар олоххо киирэллэр.
Кинигэни айааччы – ааптар, оттон олоҕун уһатааччы – библиотека. Аныгы гаджет үйэтигэр кинигэ куйаар ситимин кытта тэбис-тэҥҥэ күрэстэһэр, барҕа баай информациятынан баһыйар да кыахтааҕын библиотекаҕа сылдьыбыт эрэ итэҕэйэр.
Ааптар түһэриилэрэ