Бэдэрээтчиттэр итэҕэстэрин туоратыахтаахтар
Сааспыт, буоларын курдук, соһуччу тиийэн кэллэ. Эмискэ ириэрдэ, ону кытта хаста да хойуутук хаардаата. Куорат олоҕу-дьаһаҕы хааччыйар сулууспалара түүннэри-күнүстэри чалбаҕы оборторууга, хаары тиэйиигэ, онтон да атын биһиги күннээҕи олохпутун тупсарар үлэни толороллор. Төһө да мөҕүттүбүппүт, үөхсүбүппүт иһин үлэ тохтообот.
Сааскы ириэриини кытта суол тутуутугар тахсыбыт алҕастар, сыыһа туттуулар-хаптыылар, итэҕэстэр арылыччы көстөн кэлэллэр. Норуот хонтуруола кытаанах, хараҕа кыраҕытык көрөр, кэтиир-маныыр. Ону социальнай ситимнэргэ баһылыкка, дьаһалтаҕа быһаччы суруйа, үҥсэ олорор дьон бааллара туоһулуур.
Тротуардары өрөмүөннүөхтэрэ
Курашов уонна Поярков уулуссаларын быһа охсуһуутугар суол өрөмүөнүн кэмигэр оҥоһуллубут тротуар сыыһатын-халтытын тутааччы тэрилтэ гарантиянан көннөрүөҕэ.
“Сельдорстрой” хааччахтаммыт эппиэтинэстээх тэрилтэ «Реконструкция перекрестков ул. П. Алексеева – ул. Пояркова, ул. Пояркова – ул. Курашова» бырайыак чэрчитинэн оҥоһуллубут тротуардары көннөрүөҕэ. Суол тутуутунан дьарыктаммыт тэрилтэ гарантиянан алҕаһын көннөрөр эбээһинэстээҕин туһунан «Главстрой» МКУ салайааччыта Алексей Варламов иһитиннэрэр.
Сыыһалары көннөрөр туһунан ирдэбил суругу “Главстрой” технадзора “Сельдорстройга” өссө муус устар саҥатыгар биэрбитэ. Бэдэрээтчит ыам ыйын устата барытын көннөрөр былааннаах.
Технадзор специалиһа Гаврил Кириллин кэпсээбитинэн, саҥа тэлгэммит тротуар алдьаммыт төрүөтүнэн аннынан Водоканал турбата ааһара буолар. Бу турба 10-15 см эрэ дириҥҥэ сытар буолан, сири ириэрбитигэр саҥа тэлгэммит плитка хамсаан барбыт. Бэдэрээтчит плитка сытар дьапталҕатын бөҕөргөтөн, хаттаан ууруоҕа.
Үлэ тэтимириэхтээх
Соторутааҕыта Дьокуускай куорат баһылыга Евгений Григорьев киин куоракка суол тутуутугар бэдэрээттээх тэрилтэлэри кытта көрүстэ.
“Главстрой” МКУ иһитиннэрбит информациятынан, “Куттала суох, хаачыстыбалаах суоллар” национальнай бырагырааманан оҥоһуллубут суолларга гарантиянан 2020 сыллаахха тутуллубут 27, 2019 сыллаахха тутуллубут 19 эбийиэктэргэ толоруллуохтаах.
Олунньу, кулун тутар ый устата хамыыһыйа суол бүрүөһүнүн, тротуардары, хаххалыыр күрүөлэри бэрэбиэркэлээтэ. Эбии бэрэбиэркэлэр сир үчүгэйдик ирбитин кэннэ, ыам ыйыгар ыытыллаллара былааннанар. Билигин, сир тоҥ эрдэҕинэ, тутааччы алҕаһын бэлиэтии көрөр уустук.
“Главстрой” бэрэстэбиитэлэ кэпсээбитинэн, хас биирдии эбийиэккэ 4-тэн саҕалаан 40-ҥа тиийэ гарантиянан көннөрүллүөхтээх сыыһа булуллар. Ордук суол бүрүөһүнүн аллара тимириитэ, тымныыттан хайыта ыстаныыта, тротуар хамсааһына, тротуардары хаххалыыр олбуордар хамсааһыннара бэлиэтэнэр эбит.
Бэдэрээтчиттэр сыыһалары көннөрөр, итэҕэстэри туоратар үлэлэри сүрүннээн бэс ыйыгар, сир ирбитин кэннэ уонна бэрэбиэркэлиир хамыыһыйа аакталара толору тахсыбыттарын кэннэ саҕалыахтара. Сир ириитин кытта ситимэ суох алҕастар ыам ыйыттан көннөрөн барыахтара.
Бэлиэтээн эттэххэ, суол үрдүкү бүрүөһүнүн гарантиятын болдьоҕо, хантараактарга олоҕуран, 4-7 сыл устата баар. Ол кэм устата тахсыбыт алдьаныылары бэдэрээтчит туоратан иһиэхтээх.
Көрсүһүүгэ баһылык үлэни тэтимирдэргэ, билиҥҥиттэн саҕалыырга сорудахтаата. Онон гарантиянан ыытыллар үлэлэр номнуо саҕаламмыттара.
Олохтоох көрдөрөр-иһитиннэрэр сириэстибэлэргэ тарҕаммыт Петровскай уулуссатыгар Ленин проспегыттан саҕалаан Чайковскай уулуссатыгар диэри 1,6 км суол өрөмүөнэ мөлтөх хаачыстыбалааҕын туһунан информацияҕа “Главстрой” маннык эппиэттээтэ:
“Муниципальнай хантыраакка олоҕуран, “Алаас” СТК ХЭТ үлэ болдьоҕун уонна кэккэ ирдэбиллэри кэһиини таһаарбыт. Ол иһин хантараактара көтүрүллүбүт, бэдэрээтчит куһаҕан үлэлээх толорооччулар испииһэктэригэр киллэриллибит. Сорох оҥорбут үлэлэрин хамыыһыйа туппатах, ирдэбиллэри толорботохторуттан харчылара төлөммөтөх.
Муус устар ыйга “Главстрой” хамыыһыйата Петровскай уулуссатыгар үлэлээтэ, уопсайа 40 кэһии, ол иһигэр тротуардары тутууга эмиэ сыыһа-халты тахсыбыта бэлиэтэннэ. Бу сыыһалар барыта бэдэрээтчит суотугар туоратыллыахтаахтар. Билигин суут иннинээҕи суругунан үлэ ыытыллар, бэдэрээтчит сөптөөх дьаһаллары ылыммат түгэнигэр, дьыала барыта суукка тиэрдиллиэҕэ”.