05.02.2023 | 10:00

Байаан дьикти тыаһынан

Байаан дьикти тыаһынан
Ааптар: Маргарита Степанова (Акимова)
Бөлөххө киир

Тыа кыараҕас лааппытыгар урукку кэмнэргэ ас-таҥас, хаһаайыстыбаннай табаар, туттар тэрил барыта бииргэ атыыланар буолара. Уончалаах кыысчаан араас дьэрэкээн маллар быыстарыгар кимиэхэ да наадата суохха дылы турар байааны эрэ көрөөрү, түгэн көһүннэр эрэ ийэтинээн лааппыга барсара. Оттон байаан кинини сэргиир харахтарынан көрөр кыысчааны лааппы остуонньатыттан күүппүттүү көрсөрө. «Киин куорат» хаһыат бүгүҥҥү ыалдьыта – СӨ Ыччат политикатын туйгуна, «Уопсастыбаннай хамсааһыҥҥа кылаатын иһин” анал бэлиэ хаһаайката, «Арыллыы» устуудьуйа уһуйааччыта Дагдай Байаана Бүөтүр Кыыһа.

– Эн аатыҥ уратытык иһиллэр. Ааҕааччыларбытыгар билиһиннэриэх эрэ.

Илиибэр аан маҥнай туппут музыкальнай инструменым аккордеон этэ. Үһүс кылааска үөрэнэ сырыттахпына төрөппүттэрим билэр киһилэрэ оҕоҕо анаабыт курдук дьоҕус кээмэйдээх аккордеон бэлэхтээбитэ. Оо, ол бэлэх олус да күндүтэ! Тыаһа билигин да кулгаахпар иһиллэргэ дылы.

Онтон сиэттэрэн маҥнайгы хамнаспынан төрөппүттэрим байаан ылан биэрбиттэрэ. Ол байааным ырыа, муусука эйгэтигэр бэйэбин кытта тэҥҥэ хардыылаан, аартыкпын арыйдаҕа. Дьэ онон Байаана диэн аат муусуканы кытта ситимнээх. Бу ааппын докумуоҥҥа суруйтарбытым.

– Оччотугар, дьэ, сиһилии билиһиннэриэх.

Төрөөбүт сирим Чурапчы Кытаанаҕа. 1968 сыллаахха тохсунньу 25 күнүгэр бэһис оҕонон күн сирин көрбүтүм. Ийэм Анна Михайловна, аҕам Петр Иванович Игнатьевтар өр кэмҥэ сопхуос пиэрмэтигэр үлэлээбит дьон. Сарсыарда түөрт чаастан бараллара. Ынах ыы олорон, атын да үлэҕэ мэлдьи ыллыы сылдьар буолаллара. Аҕам сахалыы матыыбынан тутатына хоһуйар ураты дьоҕурдааҕа.

– Ырыа олох аргыһа диэн мээнэҕэ эппэт буоллахтара. Ол аата билиҥҥи дьарыккар дьонуҥ сабыдыаллаатахтара.

Оннук. Ийэлээх аҕам иккиэн сыана бэтэрээннэрэ этилэр. Биһиги ыраах пиэрмэҕэ олорорбут. Ону ол диэбэккэ кулууп дириэктэрэ Николай   Васильевич Захаров бэйэтин саһархай «Ниватынан” дьоммун тиэйэн баран, кэнсиэр, бэстибээл бөҕөҕө кытыннарар этэ.

Оттон биһиги, оҕолор, киэһэтин ким гитаранан, ким аккордеон, байаан буолан оонньуурбутун төрүт боппот этилэрэ. Оччотооҕу тыа сирин ыарахан  үлэтин дьоно "тыаһаамаҥ, сынньанабыт" эҥин диэн бобуохтарын-хаайыахтарын сөп буоллаҕа дии. Билигин санаатахха, баардарынан, кыахтарынан ырыаҕа сыстан, ырыаны аргыс оҥостон, ыараханы чэпчэтэн эрдэхтэрэ.

– Билигин бэйэҥ дьиэ кэргэҥҥэр ырыаҕа сыһыан хайдаҕый?

Биэс оҕобуттан, сэттэ сиэммиттэн ырыа эйгэлээх кэнчээри ыччаттардаахпыттан ийэ, эбэ быһыытынан сэмээр үөрэбин. Бу сотору буолаары турар айар кэнсиэрпэр уолум, кыыһым, күтүөтүм, сиэн кыысчааным тэҥҥэ ыллаһыахтара.

– Дьэ эрэ, үлэҕин кэпсэтиэх, устуудьуйаҥ туһунан.

2015 сыллаахха "Арыллыы" устуудьуйабын тэрийэрбэр дьон-сэргэ ыллыырга олус талаһыыта, үөрэнэр баҕалааҕа төрүөт буолбута. "Арыллыы" элбэх суолталаах – "Аар ", "ыл", "ыллыы" диэн тыллар бааллар. Кэм көрдөрбүтүнэн, манна кэлбит киһи чахчы да арыллан, сайдан, ис кыаҕын күүһүрдэн, чэгиэн туруктанан, сүргэтэ көтөҕүллэн барар. Онон сөптөөх суолунан баран иһэбин диэн үөрэбин. Түөрт сыл устата бэйэбэр үөрэммит оҕом Елена Евсеева устуудьуйабар уһуйааччынан үлэлиир. Ырыа айааччы, толорооччу быһыытынан киэҥ эйгэҕэ өссө да биллэн иһиэҕэ. Олоҥхо тыйаатырын артыыһа виртуоз-хомусчут Георгий Слепцов-Чаҕылҕан фольклорга, хомуска үөрэтэр. Хомуһу хаһан да илиилэригэр туппатах дьон хомус алыптаах дорҕоонун баһылыыр буолаллар. Музыкабытын, фонограммабытын Иван Наумов, Степан Афанасьев оҥороллор. Онон "Арыллыы" устуудьуйаҕа кэлбит киһи ырыа эйгэтигэр бары өттүнэн таһымнаах уһуйааччыларга үөрэнэр, сайдар кыахтаах. Бииргэ айар-тутар, алтыһар дьоммун дьылҕам бэлэхтэрэ диибин.

– Байаана, быйыл Уһуйааччы уонна Үлэ сыллара биллэрилиннэ. Эн үлэни хайдах ылынаҕын?

Төрөппүттэрим тыыннаах холобурдарынан үлэ киһиэхэ дьолтон уратыны биэрбэт диэн өйдөбүлгэ иитиллибитим. Мин санаабар, үлэһит киһи хаһан да быар куустан олоруо суоҕа. Ону "Өлөр да соло суох" диэн өс хоһооно кытта туоһулуур. Оттон сөбүлүүр үлэни таба тайаныы – бу киһи дьоло. Үлэ дьонун кэмигэр үтүө тылынан ахтан, кэмигэр бочуоттаан ылыы олус суолталаах. Мин, бастатан туран, дьону кэрэҕэ, сырдыкка уһуйааччы, настаабынньык буоллаҕым ди. Онон 2023 сыл Үлэ, Уһуйааччы сыла буолбута олус үчүгэй.

– Байаана, устуудьуйаҕар тыыныыга улахан болҕомтоҕун уураҕын. Ол төрүөтүн кэпсээ эрэ.

Ырыа диэн – дорҕоон, үрдүк вибрация, медитация, дууһа туруга. Ырыа киһини ыраастыыр уратылаах. Онуоха тыыныы улахан оруоллаах. Киһи тыынарын тухары тыыннаах. Биһиги аһылыктан эрэ энергия ылар буолбатахпыт. Сөпкө тыынан, эт-сиин хамсаныытын оҥорон, киһи бэйэтин ис туругун тупсарар, ис энергиятын хачайдаан, күүс-уох ылар. Кыайан, сөптөөхтүк тыыммат буоллаҕына, ис уорганнарыгар кислород киириитэ, тиийиитэ мөлтөөһүнүттэн уорган үлэтэ мөлтүүр, буомурар. Устунан ыарыыга кубулуйар. Онон киһи доруобуйатыгар тыыныы сүрүн оруоллаах. Сөпкө тыынар буоллахпытына, төрүт дорҕооммут испит түгэҕиттэн тахсар. Бу ыллыырга эрэ буолбакка, толору олоҕунан олорорго олус туһалааҕын дьоҥҥо үөрэтэбит.

– Байаана, ырыа ыраастыыр, эмтиир кыаҕын туһанар өссө атын методикалааххын билэбин.

– «Ырыа психосоматиката" диэҥҥэ үөрэнэммин, үлэбэр методика быһыытынан күүскэ туһанабын. Элбэх дьон олохторугар таба суолу булалларыгар, бизнескэ ситиһиилэнэллэригэр бу дьарыктар көмөлөһөллөрүттэн үөрэбин. Бэйэм эмиэ элбэх дьону кытта алтыһан элбэххэ үөрэнним, сайынным. Биһиэхэ араас үлэлээх, иитиилээх, санаалаах, сыаллаах дьон кэлэр. Устуудьуйаҕа дьарыктанар дьон куонкурустарга кыттар көстүүмнэриттэн саҕалаан айан, кэлии-барыы ороскуотун барытын бэйэлэрэ үбүлэнэллэр. Маны барытын биир тэтимҥэ киллэрии, элбэх араас дьону биир санааҕа түмүү, хас биирдии киһилиин уопсай тылы булуу, биир тэтимҥэ алтыһыы салайыыттан тахсар.

– Устуудьуйаҥ биир сүрүн уратыта кэлэктиибинэн үлэ эбит. Уонна барыта түмүктээҕиттэн киһи эрэ үөрэр.

2015 сылтан араас кэлэктииптэринэн дьарыктаннылар. Холобура, Мария Столярчик дьахталларга аналлаах кулууба кэлэн дьарыктанан, Найахы оһуохайынан аан дойдутааҕы бэстибээл Гран-при хаһаайына буолан кэллилэр. «Арыллыы» 24 киһилээх кэлэктиибэ Сочига ыытыллар аан дойдутааҕы бэстибээлгэ Гран-при буолан кэлбитэ. Устуудьуйа сүрүн састааба "Московское созвездие" бэстибээлгэ Гран-при буолбута. Санкт- Петербурга баран хомуһунан эмиэ Гран-при буолбуппут. Быйыл, 2023 сылга, Москва куоракка икки төгүллээн Гран-при үрдүк аатын ыллыбыт.

Ону таһынан үөлээннээхтэрим, «Выпуск-85» түмсүү кыргыттара, 1987 сыллааҕы выпуск кыргыттара эмиэ дьарыктаммыттара. Өрөспүүбүлүкэ таһымыгар буолар, Дьокуускай куорат маассабай тэрээһиннэрэ "Арыллыы" устуудьуйа кыттыыта суох ыытыллыбат буолан эрэллэр диэн салайааччы, уһуйааччы, настаабынньык быһыытынан үөрэбин. Түгэнинэн туһанан "Арыллыы" хас биирдии кыттааччытыгар тус ситиһиилэри баҕарабын. Уһуйар, такайар дьонум артыыстартан итэҕэһэ суох сыанаҕа тахсаллара – бу сыралаах үлэм түмүгэ.

– Үлэ сылыгар үлэҥ түмүгүн бар дьоҥҥор көрдөрөр кэнсиэриҥ буолаары турар эбит.

Оннук. Аҕыйах хонуктааҕыта олоҕум биир кэрдиис кэмигэр үктэнэн, бу отут сыллаах уһуйааччы быһыытынан үлэбин бар дьоммор таһаарар санаалаахпын. Бу дьоро киэһэ сүрэхтэрин баҕатынан ырыа алыптаах эйгэтигэр кыттыспыт, норуоттан тахсыбыт талааннарым, үөрэппит дьонум күүстэринэн буолара өссө ордук суолталаах. Аны туран кэнсиэркэ киирэр хас биирдии билиэт бэлэхтээх! Бу – "Арыллыы" устуудьуйаҕа дьарыктаммыт дьон туруорбут бириистэрэ. Күндү көрөөччүлэрбитигэр киһи доруобуйатын тупсарарыгар, араас маастар-кылаастарга кыттар туһалаах сертификаттары утары уунуохпут. Бу киэһэ эһиги бэйэлэрин үлэлэриттэн, күннээҕи түбүктэн быыс булан устуудьуйаҕа дьарыктанан ис ийэ куоластарын таһаарбыт ырыаһыттарбытын, хомус оонньооччуларбытын долгуйа көрүөххүт. Кэнсиэр олунньу 12 күнүгэр Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр буолар.

Түгэнинэн туһанан бука бары дьарыктанар дьоннорбор, кинилэр дьиэ кэргэттэригэр «Киин куорат» хаһыат нөҥүө махталбын тириэрдэбин.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....