Бастакы, бастыҥ, баһылык, барҕарыы…
Бу күннэргэ бүтүн киэҥ нэлэмэн Сахабыт сирин хайа да муннугар аһыйыы, сүтүк диэн өйдөбүлтэн мунчаардыбыт. “Улуу” диэн тылы саха норуота мээнэҕэ ыһыктыбат. Ол да иһин буолуо, “улуу” диэн сыанабылы биэрбит дьонноро дьиҥ-чахчы уһулуччу, чаҕылхай, сатабыллаах, дириҥ далай билиилээх, өтө көрүүлээх, хас эмит хардыы инники толкуйдаах буолаллар. Ол мөккүөрү да, саарбахтааһыны да үөскэппэт.
Атырдьах ыйын 9 күнүгэр Хатас нэһилиэгин бэтэрээннэрэ, көхтөөх олохтоохторо — оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕоттон үрдүкү кылааска тиийэ үөрэнээччилэр, эдэрчи, сааһырбыт, ытык сааска үктэммит дьон бары биир ыал оҕотун курдук иллээхтик-эйэлээхтик Хаҥалас улууһун Өктөм нэһилиэгэр баар Михаил Ефимович Николаев олоҕун кэпсиир-сэһэргиир, үйэтитэр, тарҕатар архыып-бибилэтиэкэ, “Николаев-Центр» диэн ааттанар дьоҕус тэрилтэ үлэтин кытта билистибит.
Улуу киһибит, маҥнайгы бэрэсидиэммит М.Е. Николаев уон сыл иһигэр хайдахтаах курдук киэҥ, дириҥ хорутуулаах, үгүс өттүгэр хорсун быһыыны-майгыны эрэйэр үлэнэн инникибитин түстээбитин илэ чахчы көрөн, истэн итэҕэйдибит, биллибит. Дьиҥэр, Михаил Ефимович дойдубут туһугар төһөлөөх үтүөнү оҥорбутун билэбит диэн санаалаах этибит. Түмэл түмэл курдук саас сааһынан сааһыланан, налыччы-наскыччы наарданан, киһи эрэ барыта кэрэхсиэн, сэргиэн, билиитин хаҥатыан сөп гына элбэх матырыйааллаах. Аны хас саала аайы истибиппитин чиҥэтэн биэрэргэ аналлаах видео-матырыйаал баара олус табыгыстаах. Уопсайынан, барыта киһи туһугар диэн ыйытыыга хоруйдуурдуу, саала аайы остуоллар уонна олоппостор бааллар. Барытын билэбин да дии санаабыттар саҥаны-сонуну иһиттилэр-көрдүлэр, ыытыллыбыт үлэ таһыма үрдүгүн сөхтүлэр-махтайдылар, сөпкө да кэлбиппит диэн бэйэлэригэр махтаннылар. Дириҥ ис хоһоонноох экскурсия иһин Лена Петроваҕа махталбыт муҥура суох. Лена Анатольевна дириҥ билиилээҕэ, үлэтигэр бэриниилээҕэ, этэргэ дылы, тутта-хапта сылдьарыттан, кэпсиириттэн өтө көстөр.
Ол түмүгэр биһиги бүгүн убаастыыр, ытыктыыр киһибит норуотугар, чугас дьонугар ис-иһиттэн истиҥ, кэрэ, сылаас сыдьаайдаах майгытын туһунан биллибит. Сымнаҕас майгытын ирдэбили, эппиэтинэһи кытта хайдах курдук тэҥҥэ алтыһыннаран үлэлээбитин, кинини истибит-көрбүт эрэ барыта эппитин толорорун, толорорго кыһаллалларын эмиэ сөҕө-махтайа иһиттибит. Бастакы, бастыҥ, баһылык, барҕарыы… Бу тыллар дорҕоон эрэ дьүөрэлэһиитинэн майгыннаспаттарын ырылхай туоһута – саха норуотун дьиҥ-чахчы бастыҥ киһитэ, барҕарыы суолун баһылаабыт бастакы бэрэсидьиэммит Михаил Ефимович Николаев. Арыллыы, аһыллыы, аартыгы арыйыы диэн тыллар эмиэ кинини кэпсииллэр. Михаил Ефимович Николаев салайарын саҕана үгүс сылларга олохсуйан хаалбыт көрүүлэр сөргүтүллэн, саҥардыллан, сахабытын, сахалыы санаабытын ыһыктыбакка, төрүт үгэстэрбитин тирэх оҥостон, аныгы олох харса суох хаҥыл хардыытыгар сөп түбэһиннэрэн, эдэр ыччаты үрдүктүк тутуу, кинилэргэ эрэл кэлбитэ. Кини хайа да хайысхаҕа, ханна да үлэлээтэр куруутун инники күөҥҥэ туох эрэ саҥаны, сонуну киллэриигэ сүрүн болҕомтотун уурар. Өссө биир саамай сыаналанар, убаастанар уонна атыттарга холобур буолар өрүтэ – дьоҥҥо тэҥ сыһыана, болҕомтолооҕо, үгүс элбэх информацияттан наадалааҕын, тыыппалааҕын, инникилээҕин өйдөөн, өйөөбүт, көҕүлээбит түгэннэрэ. Ол туһунан суруллубута, кэпсэммитэ, өссө да сэһэргэниэ турдаҕа.
«Тускул» култуура киинэ Михаил Ефимович үбүлүөйдээх 85 сааһыгар анаабыт тэрээһиннэриттэн биирдэстэрэ «Мин бэрэсидьиэним» диэн хаартыскалары көрүүгэ кэлбит хаартыскалар устуоруйаларын сэгэтэн ааһар буоллахха, маннык:
Дария Катанова, Бүлүү улууһа, Бүлүүтээҕи Г.И. Чиряев аатынан 1 нүөмэрдээх БОО технологияҕа учуутала:
– Бу түгэн 40 сыллааҕыта буолан ааспыта эрээри, мин өйбөр-санаабар хатанан хаалбыт сылааһынан сыдьаайар сырдык көрсүһүү этэ. Ис-иһиттэн холку, наҕыл курдук гынан баран, кылгас кэм иһигэр сүрдээх элбэҕи кэпсэтэн, быһаарсан, дириҥ, хорутуулаах боппуруостары биэртэлээн, толкуйга уган, салгыы үлэлииргэ, айарга санаа укпута. Мин ол көрсүһүүнү үлэбэр, олохпор сүрүн оҥкул оҥостубутум диэтэххэ, сымыйа буолбат. Киһиэхэ болҕомтолоох буолуу, көҕүлээччини, саҕалааччыны, кыым саҕааччыны кэмигэр кэрэхсээтэххэ, түмүгэ үтүө буоларын кытаанахтык өйдөөбүтүм.
Клара Калачева, Дьокуускай, Хатас:
– Михаил Ефимовиһы биһиги, хатастар, мэлдьи махтана, сүгүрүйэ саныыбыт. Билигин тигинэччи үлэлии турар оскуолабыт дьиэтэ-уота кини быһаччы дьаһалынан, кыһамньытынан киирбитин бары билинэбит. Кини ийэтигэр ураты иһирэх сыһыаннааҕын эмиэ билэбит. Хаартыскаҕа «Твои люди, Якутия» диэн тиэмэҕэ күн бүгүн СӨ доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин кэтээн көрүү, анаарыы отделын кылаабынай исписэлииһэ Николай Ноев (оччолорго оскуола оҕото) дакылаатыгар Михаил Ефимович ийэтин туһунан кэпсии турар түгэнэ.
Михаил Мордовской – Михута, Горнай, Бэрдьигэстээх:
– Бу хаартыскаҕа Эдьигээн улууһун үбүлүөйдээх өрөгөй күннэригэр хотугу многоборьеҕа өрөспүүбүлүкэ таһымнаах күрэҕи кэпсии-ипсии, көрдөрө-иһитиннэрэ сылдьан көрсүһүүбүн үйэтиппит эбиппин. Бу көрсүһүүттэн сөҕө уонна махтана санаабыт өрүтүм – кини ханнык баҕарар тиэмэҕэ сөрү-сөпкө киирэн, чуолкай, дьэҥкэ боппуруостары биэртэлиирэ, биир тылынан эттэххэ, олох хорук тымырын ытыһын иһигэр тута сылдьар киэҥ көрүүлээҕэ, дириҥ билиилээҕэ. Хайдах эрэ ис иһиттэн аҕалыы дьоһун, холку, хамсаабат акылаат курдук, киһиэхэ эрэли үөскэтэр көрсүһүү этэ диэн сыаналыыбын билигин ону.
Анна Ионовна Копырина, Дьокуускай, Хатас:
– Бу хаартыскаҕа 2005 сыллааҕы түгэн. Манна мин кэргэним Копырин Иван Васильевич Михаил Ефимовичтыын турар. Ол сыл Хатаспытыгар саҥа оскуола үлэҕэ киирбитэ. Бүтүн нэһилиэк кыралыын-улаханныын, үөрэнэрдиин-үөрэммэттиин өр сылларга күүппүт-кэтэспит күммүт – оскуолабыт саҥа дьиэлэниитэ. Саха дьонун быһыытынан туох баар үтүөбүтүн, бастыҥмытын көрдөрөр быыстапканы – оҕолор оҥорон таһаарбыт уус-уран да, техническэй да оҥоһуктарын тэрийбиппит. Онно оҕолор дьоҕурдарын сайыннаран, таһымнарын үрдэтэн, айар-тутар эйгэлэрин кэҥэтэр, тэнитэр эбиккит диэн бэлиэтээбитэ.
Елена Охлопкова, Томпо улууһа:
– Михаил Ефимович норуот хаһаайыстыбатын бары хайысхатыгар ситиһии, кыайыы, сайдыы туһугар туһуламмыт анал бырагыраамалары, көрүүлэри, күрэхтэри ыытар кэмигэр, этэргэ дылы, саамай өрөгөй кэмигэр үлэлээбит-хамсаабыт дьоллоох дьонтон биирдэстэрэбин. Хаартыскаҕа Михаил Ефимовичтыын учууталлар өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэхтэрин кыайыылаахтарын эҕэрдэлиир түгэҥҥэ көрсүһүү. Ытыктыыр, убаастыыр, сирдьит сулус оҥостор киһибин кытта түспүт түгэммин күндүтүк саныыбын.
Ити курдук Михаил Ефимовиһы кытта алтыспыт дьон бары, кэмиттэн, бириэмэтиттэн, миэстэтиттэн тутулуга суох, сонно тута онно сөптөөх тылы-өһү, санааны була охсон кэпсэтэрин, бэрт кыраттан да иилэ хабан ылан өйдүү охсорун сөҕө-махтайа бэлиэтииллэр. Кырдьыга, кини оннук түгэннэри, дьиҥ норуоту кытта алтыһыыны бэйэтин киэҥ көрүүтүн кытта алтыһыннаран, болҕомтотун ууран, быһаарыныылары ылынан, бүтүн норуот убаастабылын ылыан ыллаҕа. Убаастыыр, ытыктыыр, тумус туттар киһибитигэр дьон-норуот махтала, сырдык, ыраас санаата куруутун баар буолуо диэн ис сүрэхпититтэн эрэнэбит.