22.08.2020 | 07:14

Башкортостан улуута Олег Ханов: Айылҕа уонна киһи аймах, кинилэр кэрэ айымньылара өлбөтүн туһугар

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Бүгүҥҥү сэһэргэһээччибит  Олег Закирович Ханов – драма  уонна киинэ артыыһа, режиссёр-туруорааччы быһыытынан Арассыыйаҕа киэҥник уонна омук сирдэригэр кытта биллэр, Арассыыйа  үтүөлээх, Башкортостан норуодунай артыыһа. Санкт-Петербургтааҕы Петровскай академия наукаларын уонна искусстволарын чилиэн-корреспондена, профессор, Арассыыйа Федерациятын уонна Башкортостан Судаарыстыбаннай бириэмийэлэрин  лауреата. Төрөөбүт өрөспүүбүлүкэтин саамай үрдүкү наҕараадатын – Салават Юлаев уордьанын кавалера. Киниэхэ Аан дойдутааҕы Станиславскай аатынан бириэмийэ туттарыллыбыта,  “Василий Шукшин” мэтээлэ түөһүгэр иилиллибитэ.

О.З. Ханов 1951 cыллаахха атырдьах ыйын 11 күнүгэр БАССР Архангельскай оройуонун Кизги бөһүөлэгэр төрөөбүтэ. Ийэлээх аҕата биллиилээх артыыстар. Ол эрээри уоллара атын идэни талыан баҕараллара.  Уфатааҕы искусство судаарыстыбаннай институтугар (кэлин академия буолбута)  киирэр санаалааҕын истэн, сөбүлээбэтэхтии туттубуттара, онтон ыла  дьоҕура суохтар артыыстыы сатаан эрэйдэнэллэрин кэпсииллэрэ элбээбитэ. 

Олег бэрт түргэнник Арассыыйаҕа тиийэ биллэ охсубута. Дэлэҕэ, К. А. Райкин салайар «Сатирикон» театрыгар Москваҕа ыҥырыа дуо? Итинтэн аны Оренбург аатырар театрыгар бараары гыммытыгар Константин Аркадьевич: “Бары Москваҕа кэлэ сатыыллар. Эн ыытымаары гынарбытын истибэккин. Төһө да сөбүлүүр режиссеруҥ ыҥырдар, толкуйдаа.” диэбитэ. Тиһэҕэр Олег Закирович дойдутугар  ытык иэһин төлүөхтээх  санаата,  тэйэ сылдьыбыт кэмигэр ордук күүһүрэн барбыта. Бастаан Салавакка, онтон артыыс быһыытынан саҕалаабыт туонатыгар – Уфаҕа, театрдар уус-уран салайааччыларынан ыҥырбыттарыгар үөрүүнэн сөбүлэспитэ. 

Дьоҕурдаах дьоннуун бииргэ үлэлиир кинилэргэ да, биһиэхэ да туһалаах эрэ буолуо.

Мулдашев “Таш кешелер” диир таас дьоно

Бүгүҥҥү тиэмэ  куйаар киэҥ эйгэтигэр, биллэр-биллибэт күүстэри таайыыга айымньылары, олоҕу, айылҕаны ситимниир.

Итиннэ сүрүн дьоруойу кытта кэпсэтиэх иннинэ кини санааларын ситэри өйдүүргэ ыраахтан саҕалыыр көмөлөһөөрөй.

“Урал Баатыры” сэҥээриигэ хайа да омук эпоһыттан уратытык киирбитим. Урал таабырына элбэх. Онно метеориттар атын сирдэрдээҕэр элбэхтик түһэллэрин үөһээлэр ыыталларыгар да уорбалыыллар. 

Эрнст Рифгатович Мулдашевы ааҕааччы үксэ билэр. Ити аан дойдуну биир гына кэрийэр, ордук таабырыннаах сирдэри  чинчийэр айанньыты, аатырбыт офтальмологы кытта чугастык билсибитим балайда  буолла. Сылга иккитэ киниэхэ хайаан да хастыы да хонук сырыттахпына табыллар. Миигин сороҕор ханна эмэ ыҥыран   кэпсэтээччи, уһултарбыт киинэлэрин бииргэ көрөөччүбүт.  Түгэх хоһугар түүн бииргэ, үскэ диэри олорбуттаахпыт. Мулдашев куйаар-сир, киһи аймах былыргыттан таҥаранан айыллыбыта араастык уларыйа турарын   уратытык кэпсиирин сэҥээрээччи элбэхпит. Ол да иһин мөлүйүөнүнэн киһи кинигэлэрин ааҕан, ырытан, видеоларын көрөн эрдэхтэрэ. Кини туһунан “Киин куорат” хаһыакка анаан суруйуом.

Бүгүн “Урал Баатыр“ башкирдар уонна сахалар туһунан кэпсэтиигэ  кини “таш кешелэрин” санатар түгэн элбэх. Эпостарга, мифтэргэ, фольклорга  ойууланар аарыма дьон (лемурецтар, атланнар, баатырдар, бухатыырдар  уонна абааһылар) сир үрдүгэр дьиҥ чахчы олорбуттар бадахтаах диир. Олор ордубуттара, сорохторун куттара, өлүктэрэ  хайаларга, далайдарга, булгунньахтарга, хаспахтарыгар тааһынан, буорунан, хаарынан, мууһунан бүрүллүбүттэр диэн сабаҕалыыр. Итилэри, пирамидалары, былыргы цивилизация тутууларын Таҥара, биллибэт күүстэр оҥорторбут буолуохтарын сабаҕалыыр. Кини ким баҕарар аһаҕас эттээхтэр курдук турукка киирдэҕинэ үгүспүт таайар биллибэт эйгэтин илэ көрүөн сөп диир. Киниэхэ Кайласка лама: “Аан курдук баар, онно мантранан таба тылы эттэхпитинэ аһыллар. Иһирдэ аарыма дьоннор, харамайдар  бааллар” диэн илдьибит. Кырдьык, муннунан ыллаабытыгар аан курдук хайа эркинэ аһыллыбыт.  Эрнст Рифгатовичка амырыын сыт, ыар тыын кэлэн баттаан, төбөтө ыаҕастаах уу курдук, хараҥа буолбут. Саллан тохтообут. Сахаҕа абааһы чугаһаатаҕына оннук буолар дииллэр. Истэ олорон этим тымныйбыта. Үс былас өрбөҕөр өттүктээх, биэс былас биэкэгэр бииллээх, алта былас дараҕар сарыннаах олоҥхо боотурдара, баатырдар, оннооҕор аарыма охсуһан кыайбыт абааһылара эмиэ ханна сырыттахтара дуу?..  

Урал Баатыр эпоска өлөрүөхсүттэри, кинилэри кырган баран, сорохторо дириҥ байҕалларга  хорҕойон сыталларын  имири эһээри өлүү уутунан туолбут байҕалы бүтүннүү иһэр.  Онуоха үөҥҥэ кубулуйбут абааһылар сүрэҕин-быарын үнтү эмэн, илдьи көмүллээн, хаанын супту оборон сыккырыыр тыынын хааллараллар. Кини булан аҕалбыт өлбөт мэҥэ уутун истэҕинэ, өрүттэр кыахтааҕа. Ол гынан, биир даҕаны таммах ууну омурдубакка,  уутун сиргэ-дойдуга, дьоҥҥо үтүөнү оҥордун диэн ыһар. Ханна сиигэ тиийбит сиригэр, оннооҕор абааһылар өлүктэрин кыстаан, көмпүт  хайаларын, булгунньахтарын үрдүнэн күөх от-мас силигилии үүнэр, ыраас уулар, сыккыстар курустаал таастыы суккуһа тохтоллор. Онно көтөр-сүүрэр кэлэр, чыычаах ыллыыр, киһи аймах олоҕо уйгулана салҕанар. Өлбүтүгэр Урал аатын кинини көмүүгэ оҥоһуллубут хайаҕа иҥэрэллэр. Оттон баһылык баатырга көмөлөспүт уолаттарын Яйык (Урал өрүс былыргы аата), Нугуш, Идиэл (билиҥҥи Белая) уонна кинини таҥнарбыт убайдарын Сүлгэнтэн төрөөбүт Хакмаар ааттарын ол кэмҥэ үөскээбит өрүстэргэ иҥэрбиттэр.

Арийдартан  башкирдар уонна сакилар

Үгүс омук хантан хааннаахпытын билиҥҥэ диэри оччо дьэҥкэтик быһаара иликпит. Сорохпут сылыктыырынан, олох былыргы шумердартан, скифтэртэн сыдьааннаах, биһиги эрабыт иннигэр саарыстыбалаах массагет-сакилартан (мас саха) арийдар олорбуттар. Онно 2700-чэ сыллааҕыта Саки сарыыссата Томирис оннооҕор перстэр шахтарын шаҕа (шахиншах) дэниллибит аатырбыт  Кир-II албан  аармыйатын аймаан, сэриилэһэн кыайан, бэйэтин дьонун ортотугар өлөрөн суон сураҕы ылбыт полководец.

Казахтар, осетиннар, башкирдар  скифтэртэн төрүттээхпит диэн суруйаллар. Оччотугар кинилэрдиин ол сахтан уруулуубут. Башкирдардыын биир түүрдэрбит. Былыр шумердарга улуу халаан кэлэн сири устата-туората биллибэт уу байҕалга тимирдибитэ суруллубут. Библияҕа Ной туһунан киллэрии онтон ылыллыбыт сюжет буолуон сөп.

“Урал Баатыр” сахалыы саҥарар

Оруобуна мин Мулдашевтыын саҥа билсэр кэммэр оччотооҕу Ил Түмэн спикерэ А.Н. Жирков көҕүлээһининэн “Урал Баатыр” эпоһы сахалыы тылбаастаан “Бичиккэ” таһаарарга үлэлии сылдьалларын билбэт этим. Ааҕарга сүрдээх ылбаҕай буолбут. Оҕонньордоох эмээхсин Янбирде уонна Янбике улуу уу кэлиититтэн бүччүм сири булан олохсуйбуттара ойууланар. Хантан кэлбиттэрин, туох төрүттээхтэрин бэйэлэрэ да билбэттэр. Икки ини-биини төрөтөллөр: Урал уонна Сүлгэн (Шульген) диэн ааттыыллар. Хоһоонунан хоһуйууларыттан быһа тартахха маннык:

Ыалдьар, өлөр диэни үөйбэттэр.

“Тыыннаахха Өлөр өлүү—бу биһиги” дэһэллэр.

Сонорго ат мииммэттэр,

Булка сааны ииппэттэр,

Миҥэлэрэ – хахай кыыл,

Балыгы – сордоҥ тутар,

Кынаттааҕы--кыырт тэбэр,

Тыа булдун – ыт сонордуур,

Ынах тыла – хаан мунньар.

Ону утах гыналлар...

Төрөппүттэр уолаттарыгар кыыл төбөтүн, сүрэҕин сииллэрин, хаанын иһэллэрин боболлоро. Сүлгэн  биирдэ дьоно суохтарыгар Уралы хааны амсайарга кучуйа сатаабыта. Биитэ дьоно этэллэрин төттөрү оҥорорго сорунуутун утарсыбытын истибэтэҕэ. Аҕалара кутуллубут хаан аҕыйаабытын көрөн, ким көҕүрэппитин туоһуласпыта. Сүлгэн испитин билэн улаханнык кыыһырбыта. Онуоха Урал: “Эн эмиэ кыыллар хааннарын, оттор сүмэлэрин иһэҕин, онтон олор өлөллөр. Уонна Сүлгэни тоҕо мөҕөҕүн?” – диэн көмүскэспитэ. Уолаттар улааппыттарын кэннэ аҕалара Өлөр Өлүү биллибэккэ кэлэн дьону тыыннарын быһан, сорохторун сүтэрэн аҕыйатан эрэрин кэпсиир. Онтон быыһанарга биирдии кынаттаах хахайдары (Уралга итинник кыыл суох эрээри, сахаларга хахай диэн тыл баарынан, хаһан эрэ баар диирбит курдук) мииннэрэн Өлбөт мэҥэ уутун булан аҕалалларыгар көрдөтө ыытар. Ол эрээри араас моһоллору көрсөн, дивтердиин (абааһылардыын) охсуһууга хаста да өлө сыһан, ону булан баран, Урал Баатыр айылҕа, норуот уонна кураай дорҕооно тыыннаах хаалыахтаахтарын өйдүүр: кинилэр биир сомоҕо буолууларын бэлиэтэ – аптаах тайах(посох) эбитин быһаарар.

Эпоһы омуктуу оҥоруу 

Мин Башкирияттан  кэлэн иһэн Москваҕа  режиссер Андрей Борисовы көрсүбүтүм. Кини “Урал Баатыры” сахалыытын ааҕан баран, аны башкирдыы испэктээк туруораары,   Уфаҕа баран иһэрин кэпсээбитэ. Билбэт тылгынан итинник оҥоробун диир саныахха уустук. Төрөөбүт тылгынан кылгаһы да айар эрэйдээх ээ. Чэ, А. Борисов оннооҕор Алтайга, улуу Кытайга бэйэлэрин тылларынан эпостарын туруорбутун билэбин. МХАТ-ка “Прощание с Матерой” туруоруутугар сылдьан баран, ССРС народнай артыыстара Татьяна Доронина, Анастасия Георгиевская уо.д.а. гримернайдарыгар киирэн интервьюлары ылан: “Сибииртэн сибиэһэй салгынынан курдары сиккиэрдэ илгиттэ”, – диэн сөҕөн кэпсээбиттэрин атах тэпсэн олорон киэн тутта истибитим.  Онон бу да сырыыга фурор оҥороругар  эрэммитим. Уруулуу-аймахтыы түүрдүү төрүттээхпит – арийдыы хааннаахпыт таайдаҕа. Кинилэр эпостарыгар ордук былыргы Персияттан силистэриттэн күүскэ силигилээбит.

Ол кэннэ Уфаҕа испэктээккэ сылдьаары, уулуссаҕа, хаһыакка, тэлэбиисэргэ, араадьыйаҕа биллэриилэри кэтээбитим. “Урал Батыр” сурук ханна да суох(?). Аҕыйахта көрдөрөөт, бүтэрдэхтэрэ дуу? Башкирдар үрдүктүк сананаллар. Оннооҕор моҕоллорго, нуучча ыраахтааҕыларыгар  бэриммэккэ утарсан, түһээннэртэн чэпчэтиилэри туруорсан ылбыт дьон. Салават Юлаевтарын батталы утары ыаллыы  норуоттары өрө туруорбутун, Пугачевтыын кыттыспытын мээнэҕэ, оннооҕор Сэбиэскэй кэмҥэ омугумсуйууга буруйданартан куттаммакка, национальнай герой оҥорон, аарыма аттаах пааматынньыгын туруоран, кини аатынан  киэҥ болуоссаты тутуохтара дуо? Биир өттүнэн сэрии, сут сылларыгар кыргыс хонуутуттан көһөн тиийбиттэри кымыстарын, эттэрин, мүөттэрин ууна көрсөн,    ытыс үрдүгэр түһэрэн, улахан интернационалист буолбуттара.  

“Урал Баатыр” башкир норуотун эпоһа, хоһоон тылынан суруллубут духуобунай култууратын саамай сүүнэ эпическэй айымньыта. Башкир норуотун фолькорнай уонна литературнай нэһилиэстибэтэ аан дойду норуоттарын мэҥэ улуу айымньыларын иһигэр киирсэр. Ол бэйэлээхтэрин оннук башкирдар, өссө ити айылаах икки улуу үбүлүөйдэригэр: өрөспүүбүлүкэлэрин уонна театрдарын 100 сылларыгар сүрүн тэрээһиҥҥэ анаан киллэрэн,  хайдах атын омугунан испэктээк туруортараҕыт? “Сахалартан үс төгүл элбэхпит. Бэйэбитигэр киһи суох дуо?” – диэтэхтэрэ дуу? Чэ, Арассыыйаҕа аатырар, аан дойдуга ааттанар Андрей Борисовы, баҕар, ыҥырдыннар. Бу эпостарын баар-суох айымньыларын арыйарга  өссө сахалары –  Михаил Егоровы уруһуйдатары, Сардаана Федотованы көстүүм айарын итэҕэйэллэр. Атын омуктарга башкир баар-суох улахан айымньытын итэҕэйии дьиибэ дии. Баран ыйыталаспыт киһи. Итинник саныырбын кытта, арай, төлөпүөнүм тыаһаата.

– Мин Артур Давлетваковпын, Башкортостан суруналыыстарын түмсүүүтүн салайааччытабын. Эн мобильнайгын Галина Алексеевна Бочкарева биэрбитэ. Кинилиин Арассыыйа суруналыыстарын Союһугар президиум чилиэннэрэбит. Эйиэхэ туох көмө нааданый?” – диэн ыйытта. Бэйэтэ дьокутаат, үбүлүөй тэрээһинин түбүгэр иллэҥнээбэт  эбиттэр.  Толкуйдуу барбатым:

– Оруобуна икки чаас быыстанным. Гафури театрыгар бара сылдьыбыт киһи, – диирбин кытта массыынаны сонно ыытыах буолла. Саамай улахан тиражтаах хаһыатын солбуйааччыта кэлбит. Аскар Габасов сирдьиттииргэ, бары көмөнү оҥорорго бэлэмнэрин биллэрдэ.  Дьиҥ искусство храмыгар тиэртэ. Ону астыммакка театрдарын сүүс сылларынан харчы көрүллүбүтүнэн олох тосту тупсарарга оҥостубуттар. Өрөмүөн, быыл бөҕө.  

-- Ол испэктээкили кэпсиир киһини хантан булуохпутуй?  Үлэһиттэри барыларын уоппускаҕа ыыппытара. Манна барыта хомуллан турар. Тугу гына кэлиэхтэрэй? Куоракка да көстүбэт буолтара ыраатта. Даачаларыгар ини. Ханна эрэ барбыттара дуу? – диэт, соһуйбуттуу, иҥнэҥнии-иҥнэҥнии, кэнним диэки дьиибэргээбиттии кыҥастаһа-кыҥастаһа ырааҕы одуулуур. Тугу? Баатыгарын, абааһыны көрдө дуу? Дьик гынным, сэрэнэ эргилинним. Киирбит ааным диэки антах  киппэ көрүҥнээх, орто уҥуохтаах киһи иннин диэки барыахча барбакка биэтэҥнии турар (?). Вахтер дьиибэргээбит куолаһынан аргыыйдык:

– Тугун дьиибэтэй? Кини дуу, атын дуу? Манна кэлбэт буолта ыраатта дииллэрэ. Кини-кини. Эйиэхэ саамай кэпсиэн сөптөөх киһи, – диэт, ыҥыран билиһиннэрдэ. Сорукпун эттэ. Илии тутуһааччым соһуйда аҕай.

– Олег Закирович, эйигин ыйыттылар аҕай да, ханна сылдьаргын ким да билбэт. Бары көрбөтөхпүт ыраатта дииллэр. Ыалдьар диэбиттэрэ. Доруобуйаҥ хайдаҕый?

– Этэҥҥэбин.

– Оннук эрэ буоллун. Ити киирэн тохтоон, барыахча  барбакка турбуккуттан куттанным ээ.

– Бэйэм да дьиктиргии турбутум. Бу ханна кэллим? Атаҕым бэйэтэ аҕалбыт. Олох да атын былааннаах этим. Дьиибэ. Билсиһээччим гримернайа эмиэ түҥ-таҥ хомуллубут. Утарыта олордубут. 

Андрей Саввич сотору-сотору эрийээччи. Биир төлөпүөннээһинигэр: “Улуу айымньыгытын “Урал Баатыры” сахалыы тылбааһын ааҕан баран, башкирдыы туруоруохпун баҕардым”, –  диэтэ.

Саҥаттан саҥа санааларынан умайа сылдьар, итинник ааттаах-суоллаах киһи туруорсуутугар  сөбүлэстэхпит дии. Ол гынан син биир итинник уустук, элбэх харчыны, үбү ирдиир, ис хоһооно муҥура биллибэт өйдөбүллээх эпоһы хайдах истэктээк оҥорор диэн долгуйбуппут.

Киһим түргэнэ да бэрт. Бэрт сотору 2018 сыл күһүнүгэр кэлэ охсубута. Аҕыйах хонук иһигэр  учуонайдары, коллективы кытта сүбэлэспитэ. Тугу оҥоруохтаахпытын тыырсыбыппыт. Саҥа технология көмөтүнэн оҥоруохха сөп диэн быһаарбыппыт.

Ахсынньы 13, 14 күннэригэр номнуо премьералыы охсубута. Киһи бөҕө сылдьыбыта – аншлаг.

– Кырдьык, итиччэ улахан айымньыны хайа икки ардыгар үөрэтэн, онтон сүмэтин кыраҕатык талан ыларга ыксалынан ыгымнык оҥоһуллубут эбит. Көрөөччү санаата араас буолар. Туох диэтилэр?

– Ырытыыга, СМИ-гэ кириитикэ тахсыа дии санаабыппыт. Бары кэриэтэ табыллыбытын бэлиэтээбиттэрэ,  хайҕаабыттара. Андрей Саввич евразийскай эпостары холбуур санааламмыта балайда буолла. Ол барыта иннигэр. Биһиги олохтоох учуонайдарбыт соччото суох ылыныахтара диэн сэрэнэрбит. Санаан көрдөххө, башкир норуотун дьоруойун биһигиттэн атын омук киһитэ хайдах сөпкө арыйыаҕай диэн мөккүһэн турдахтарына, туох тыл-өс тахсыан ким да билбэт.  Билиҥҥи кэмҥэ тас дойду сабыдыалынан биһиги  уйулҕабытыгар уонна иитиибитигэр сөп түбэспэти, сытыыламматах сүгэнэн кэрдэр курдук ньымалары тутталлар. Искусство төһөнөн намчы да, оччонон тиийимтиэ. Барытын дьон көрүүтүгэр таһаарар сатаммат.  Холобур, хиджабтаах дьахтар эр киһиэхэ  сыгынньаҕынааҕар ордук тардылыктаах. Туох эрэ кистэлэҥнээх буолар. Оччоҕуна кини булчута уһуктар, араастаан өйүгэр оҥорон көрөр. “Бобуулаах  ас ордук минньигэс” диэн мээнэҕэ эппэттэр.

Андрей Саввич биһиги эпоһы билээччилэрбитин, ураловедтары кытта элбэхтэ кэпсэппитэ, фольклористары кытта ырытыспыта. Онтон башкирдар ис санааларыгар  киирбитэ. Айымньыбыт саамай сүмэлэрин,  бэлиэлэрин талаанынан кыраҕатык таба талан дууһаларыгар киирэри, элбэҕи толкуйдатары оҥорбута. Хас биирдии норуот олоххо, өлүүгэ сыһыанын, инники көлүөнэҕэ тугу тиэрдиэн баҕарарын, аан дойдуну өйдөөһүнүн сөпкө көрдөрбүтэ.

Урал Баатыр башкир норуотун  ис дьиҥэ (сущноһа) буоллаҕа.

Ол – сүрүнэ. Андрей хайдах курдук оҥорбутун дьиҥ өйдөбүлэ сыллар ааспыттарын кэннэ сыыйа кэлиэҕэ. Наһаа киэҥ, сүүнэ айымньыны, матырыйаалы сценарий оҥорон, туруоран бэлэмнээбитэ  – улуу үлэ.

Билигин театр саҥардыллан, оҥоһулла турар. Оччоҕуна саҥа технологияны туттар кыах өссө улаатан, көрөөччүлэр оҕотуттан оҕонньоругар тиийэ өйдүүллэригэр быдан кэбэҕэстик киирэр буолуо. Андрей Саввич туох үлэни оҥорбутун кэлин улам өйдөөтөр өйдөөн барыахтара. Испэктээкилгэ үгүс киһи сылдьар.

Шекспирдии матыып

– Андрей Саввич биһиги Урал Баатырбытын Шекспирдии матыыптаах өлөр өлүүнү да аахсыбакка,  Гамлет, Макбет, Отелло курдук киһи аймах иннигэр, дьону дьоллуур, бэйэтин олоҕун толук ууран, дойдутун туһугар олорор киһи курдук сыаналыыр.

Биһиги артыыстарбыт астыммыттара. Кэлэктиип үлэтэ биир сыаллаах, санаалаах буоллаҕына үчүгэй буолар. Туруоруу тыҥааһыннаах, артыыстарга интэриэһинэй. Элбэх санааны киллэрэн, бэйэтин көмөлөһөөччүлэрин кытта айымньылаахтык үлэлээбиттэрэ.

Мин Олег Закировыһы батыһан, театр саалатыгар киирэ сылдьыбытым. Кириэһилэлэр бүтүннүү хомуллан кытыы диэки үрүт-үрдүлэригэр кыстаммыттар. Олор аттыларыгар аарыма улахан мас оҥоһугу сирдьитим ыйда: “Бу Андрей Саввич оҥорторуута сытар. Итинтикэтэ сыанаҕа халааҥҥа сир ордуга буолар, ардыгар аарыма аалга кубулуйан устар, модун Акбузат (сылгыта, дракона биллибэт) сүүрэр, кынаттанан үөһэ көтөр”. 

Мин Андрей Саввич “Урал Баатыр” ууга барыы (халаан) кэнниттэн сүрүн дьоруой ийэлээх аҕата тыыннаах ордон оҕолонон, удьуор ууһатан барбыттарын Библияҕа Ной тыыннаах хаалыытын санатан, киһи аймахха өлбөт мэҥэ уу тыын суолталааҕын уонна ити кынаттаах Акбузат атынан Таҥара көмөтүн көрдөрбүтүн суруйбуттарын санаан ылбытым. Талаан диэн, дьэ, итинник – улахан айымньыттан ууга баран ылбыттара бэрт кыратык ахтылларын кыраҕатык тэһэ көрөн,  сүрүн ситим оҥорбут. Уу  олоххо тыын суолталаах. Суох буоллаҕына,  тыынар-тыыннаах, үүнээйи барыта хаччаччы хатар. Оттон аһара  халааннаатаҕына, тугу барытын сүүрүгүнэн түҥ-таҥ күрдьүө, тимирдэн имнэри сүтэриэ. Олох күндүтүн  иэдээн эрэ буоллаҕына өйдүүбүт. Онно ким хайдаҕа дьэ биллэр. Урал дьонун туһугар бэйэтин харыстаабакка туох баар суолу-ииһи көрдүүр. Тыына толук буолуон кэрэйбэт. Убайа абааһыларга таҥнаран, ол адьарайдардыын киниэхэ, дойдутугар, дьонугар сүрүн өстөөх буолар. Урал хаста да өлөрүөх түгэнигэр өйдөтө сатаан ыытар. Дьонун истибэккэ хара санаа хаанын испитэ, кыынньаран куһаҕаны оҥорууга кычыкылата турар. ма

– Андрей Саввич миэхэ эһиэхэ, башкирдарга Аал Луук Мас сүгүрүйэр үүнээйилээхтэр, хомус курдук инструменнаахтар, ол бэлиэлэрин (символларын), туттуллубат буолбут тылларын (архаизмы) лаппа туһанным диэбитэ.

– Символларбытын, тылларбытын таба туһанарга элбэх идеяны итэҕэтэн ылыннарда. Биһиги көннөрү эпос диирбитин, сахалар олоҥхо, олоҥхоһут дииргит курдук, урут оччо туттубат тылбытын, ол курдук кубаир, кубаирист диэн тиэрминнэри оннооҕор бырагыраамаҕа кытта киллэртэрдэ.  Өрөспүүбүлүкэбит гиэрбэтигэр ойууламмыт ытык маһынан айылҕа харыстабылыгар, онтон оҥоһуллар кураай -- музыкальнай үрэр инструменынан, искусствоны сайыннарарга саҥа санаалары сахта.

Хардарыта көмөлөсүһүү

– Эһиги өрдөөҕүттэн билсэр чинчилээххит. 

– Андрей Саввичтыын аан бастаан 1986 сыллаахха көрсүбүппүт. Историческай Арассыыйа театральнай уопсастыбаларын уон бэһис съезтэригэр делегатынан кэлбиппит. Ол общество онно театр деятеллэрин сойууһугар кубулуйбута. Мин кинини өйдөөн хаалбытым диэн, онно иккиэммитин театр эдэр деятеллэрэ диэн араадьыйаҕа, телевидениеҕэ микрофоҥҥа ыҥырбыттара, интервью биэрбиппит. Бэйэбит үлэбит, өрөспүүбүлүкэбит туһунан.

Ол кэнниттэн “Король Лир” испэктээгинэн Москваҕа кэлэ сырыттаҕына, судаарыстыбаннай бириэмийэҕэ түһэриллэригэр ходатайстволаабыппыт. Мин кэргэним театр деятеллэрин Сойууһугар үлэлиирэ, онно докумуон оҥорбуппут, ол быһыытынан көрсөр этибит. Өссө оччолорго “Тайна Чингисхана” уһулар туһунан кэпсиирэ. Бу киинэҕэ соҕотох биир Таҥараҕа түмсүү идеята этиллибитэ. Миссионер уобараһа өйдөнөн хаалбыта. Бу таҥара киһитэ языческай итэҕэллээх омуктары биир итэҕэлгэ киллэрэр соруктаах. Интернациональнай өйдөөх-санаалаах.

Андрей – мин олох чугас доҕорум. Бэйэбит иккиэн театраллар эрэ буолбакка, ыкса сыһыаннаахпыт, санаабыт биир.

Андрей Саввич  Башкортостаҥҥа,  1991 сыллаахха этэ быһыылааҕа, “Тугалык” түүр норуоттарын аан дойдутааҕы фестивалыгар “Улуу Кудаҥса” испэктээги  аҕалбыта. Ол кэмнэртэн кини Олоҥхо театрын оҥорор санаалааҕа. Андрей Саввич хас да сылы быһа ити санаатын илдьэ сылдьыбыта. Ону хайаан да толороро.

  Испэктээк афишатын, програмкатын көрдөөбүппэр:

– Оо, билигин өрөмүөн, ким да суох буоллаҕа, хантан ылыах баҕайыный?—толкуйдаата. Кимиэхэ эрэ эрийдэ, төлөпүөнү ылбыттарыгар үөрдэ аҕай. 

– Ээ, хата, баар эбиккин дии. Полиграфистарбыт бааллара буолуо дуо?—ыйытта. Бары баар, тугу этэринэн тук гына оҥорон аҕалан истилэр. Хаартыскаҕа түһэрбитигэр сахалыы туох эрэ баар дуо диэтим. Арыйдаҕын аайы көстөн истилэр. Ол ахсын соһуйар аҕай – тоҕо (?). Аны испэктээккэ көмөлөспүт учуонайдар төлөпүөннэрин манан суруммутум дуу диэбитэ, эмиэ баар буолла.

Онтон сирэйбин-харахпын дьиксиммиттии көрөн олоро түһэн баран,  туохтан соһуй да соһуй буоларын быһаарда: “Дьэ, дьиибэ. Мин олох атын былааннаах баран испитим. Ханна барарбын умнан атахтарым театрга аҕалбыттарын, илиим ааны аһан киирбитин билбэккэ, бу тугуй? – диэн таайа турбутум. Өрөмүөн буола турарын бэркэ билэбин. Манна олох кэлиэ суохтааҕым.  Соруммуппун оччо уларытааччым суох этэ да, эн кэлэн, аһыа суохтаахпын астаран, булуо суохтаахпын булларан, оҥоруо суохтаахпын оҥорторон, кэпсиэ суохтаахпын кэпсэттэрэн кэбистиҥ. Интервьюну эрдэ сэрэттэхтэринэ эрэ биэрээччибин. Бу аан бастаан бэлэмэ суох интервью биэрдим, – диэтэ.

Дьэ, дьиибэ, Андрей Саввичпытын кэпсээтин диэн туох эрэ биллибэт күүстэр барыбытын манна түмпүттэр.

Ити киэһэ  Андрей Саввич миэхэ төлөпүөннээбитэ.

– Уфаттан доҕорум Олег Ханов эрийэ сырытта. Эйигин көрсүөн инниттэн, онно уонна ол кэнниттэн үгүс дьиибэ буолбутун кэпсээтэ.  “Дьикти буолла ээ” диэтэ.  Онуоха: “Мин доҕотторум барыта итинниктэр”, -- диэтим.

Ол полиграфистар, киниэхэ көмөлөспүт дьон эмиэ кэлиэ суохтаахтарын алҕас аҕыйах мүнүүтэҕэ оруобуна бары театрга киирэн ааһыыларын кэмигэр түмсэн ылбыппыт.

“Ньургун Боотур” – башкирдыы

Олег Ханов сүргэтэ көтөҕүллэн:

– Биһиги башкирдарга итинник улахан айымньыбытын сахалыы тылбаастаан, бэйэбитигэр кэлэн туруоран, киэҥ билиниигэ тахсан өссө киэргэтэн биэрбиккитигэр махтанабыт. Үтүөнү үтүөнэн төлөһөргө туох кыалларынан үлэлиэхпит, – диэтэ.

Ол кэнниттэн биһиги “Ньургун Боотурбутун”  тылбаастыы сылдьар дьон төлөпүөннэрин биэрбитэ. Кинилэр кэпсээннэрин “Киин куорат” хаһыакка бэчээттэтиэм. Бүгүҥҥү суруйуубун Олег Закирович алгыһынан түмүктүүбүн: “Андрей Борисов ардыгар санаммыт бырайыактарын, эһиги региоҥҥут дьоно аҕыйаҕын, култуураҕа бүддьүөт төһө көрүллэрин билэр буоламмын, “Эс, ама хайдах туолуоҕай? дии санааччыбын. Бэрт сотору киэҥ далааһыннаахтык оҥоро охсон сөхтөрөөччү. Олоҥхо театрын тэрийбитин, киинэни таһаарбытын санаа. Аны билигин Арктическай Киини туттарыам диир. Сотору хайаан да баараҕай тутууну бүтэртэрбитэ баар буолуо. Кини курдук ыраларгыт туола турдуннар!”

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...