22.02.2022 | 19:30

Бар дьон туһугар анаммыт олох

Бар дьон туһугар анаммыт олох
Ааптар: Маргарита Степанова (Акимова)
Бөлөххө киир

Бүлүү улууһун Кыадаҥдата норуокка биллибит дьоно аҕыйаҕа суох. Бэйэтин кэмигэр «бастакы сулуһа суох дьоруойунан” билинэр киһилэрэ Захар Михайлович Томскай – олоҕун норуотун, дойдутун туһугар анаабыт дьонноруттан биирдэстэрэ.

Кинини мындыр өйдөөх, күүстээх, билгэһит, бөлөһүөктүү толкуйдаах, аламаҕай майгылаах, элбэх кэпсээннэх киһинэн ахталлар. Захар Михайлович ыччаттара Алексей Захарович уонна Михаил Захарович Томскайдары Бүлүү дьоно-сэргэтэ сырдык сыдьаайынан, дириҥ ытыктабылынан өйдөөн-санаан ааһаллар.

1972 сыл. Саха АССР тэриллибитэ 50 сыла. Сааскы ыраас чаҕылхай күн. Дэриэбинэ ортотугар кылбаа маҥан обелиск. Үрдүк мэҥэ халлааҥҥа дьулуспут үс уһун турбаттан кытыастар кыһыл былаахтар тыалга тэлибирииллэр. Орто уҥуохтаах, чэбэр көрүҥнээх, бинсээгин уҥа саҕатыгар үрдүк үөрэҕи бүтэрбитин туоһулуур "ромбиктаах", аныгылыы "ёжик" бүрүчүөскэлээх эдэр учуутал киһи уоттаах-төлөннөөх этиитэ оччотооҕу оҕо дьон өйүгэр-санаатыгар хатанан хаалла.

– Олохпут сарсыҥҥы хотойдоро – пионердар. Үүнэр 21-с үйэ кэрдиис кэмигэр 2000 сылга бу мин укпут докумуоммун арыйаарыҥ уонна миигин санаан ааһаарыҥ!– диэбит эбит энтузиаст учуутал, уопсастыбанньык, музейы төрүттээччи, нэһилиэк дьокутаата Михаил Захарович Томскай.

Ол угуллубут "кэлэр ыччакка кэс тылы"... хомойуох иһин, бүгүн кыһыл хаалтыстаах пионер оҕолорго тириэрдэр кыахпыт суох. История кэрэһитэ эрэ буолан хааллаҕа.

Саха АССР төрүттэммитэ 100 сыллаах үбүлүөйэ чугаһаабытынан, үйэ аҥаарын анараа өттүгэр Бүлүү оройуонугар оччотооҕуга инникини тымтыктанан көрөр дьон чахчы да билиҥҥи кэмҥэ дьоһуннаах уонна сүдү дьыаланы оҥорон, оҕо-уруу, ыччат дьон туһугар үлэлээн-хамсаан ааспыттар эбит диэн сөҕөбүт эрэ.

Ол хардатын аныгы көлүөнэ бэйэлэрин кэмнэригэр ылсыбыт дьыалаларыгар бэриниилээх маннык дьоммутун санаан ааспат буоларбыт сатаммат.

Александра Степановна, Михаил Захарович Томскайдар 60-70-с сылларга Бүлүү оройуонун Чочу нэһилиэгэр биир бастыҥ, элбэх оҕолоох ыалынан биллэр этилэр. Дэриэбинэҕэ биир бастакынан үрдүк үөрэҕи бүтэрбит учуутал идэлээх Михаил Захарович отуттан тахса сыл төрөөбүт сиригэр Чочу 8 кылаастаах оскуолатыгар биология, зоология, айылҕа үөрэҕэ уонна химия, география предметин үөрэппитэ. Эдэркээн учуутал төрөөбүт сиригэр кэлэн оскуола тула мас олордууттан саҕалаан, олбуор оҥоруутугар тиийэ нэһилиэнньэни көҕүлээн, оскуола материальнай базата бөҕөргүүрүгэр маҥнайгы хардыылары оҥорор. Бэйэтин талан ылбыт идэтигэр ис сүрэҕиттэн  бэриниилээҕин биир туоһута – кини тэрийбит оҕуруот аһын үүннэрэр "пришкольнай учаастага". Оччотооҕу бөһүөлэктэриттэн ырааппатах тыа оҕолоро барахсаттар киэҥ билиилээх учууталларын көмөтүнэн хортуоппуйтан саҕалаан турнепска, кукурузаҕа тиийэ үүннэрбит дьоллоохтор. Маны сэргэ оскуолаларын тэлгэһэтигэр таас түннүктэрдээх маҥнайгы тэпилииссэ баар буолуута, онно оҕурсу үүннэриитэ – оччотооҕу кэмҥэ сайдыы муҥутуур чыпчаала диэтэххэ омнуо буолбатах.

Саха балаҕанын көһөрөн онно куобах, тииҥ, саһыл, туруйа, холууп, өссө боруллуо «олохтоохтордоох» «тыыннаах муннук” – эмиэ Саха сиригэр биир илии тарбаҕар баар уһулуччу көстүү. Үөрэнээччилэр уруоктарын кэнниттэн үлэ оҥостон графигынан кэлэн аһаталлар эбит. Оҕо кыылы-сүөлү, көтөрү бэйэтэ көрүүтэ, аһатыыта биология, зоология уруогун бырагырааматын ситэ өйдүүрүгэр төһөлөөх көмө буолта буолуой?! Аны иитэр-үөрэтэр өттүн санаатахха, учуутал быһыытынан инникини көрүү, билиини дириҥэтии, оҕоҕо таптал буоллаҕа дии.

Михаил Захарович уруоктарын хайаан да бүгүҥҥү күн уратытыттан, аан дойдуга буола турар балаһыанньаттан саҕалыырын оччотооҕу үөрэнээччилэр күндүтүк саныыллар. Итиитик-иһирэхтик өйдүүллэр уһун айаннаах туризм походтарын,  музейга экспонат көрдүүр экспедицияларын, бултка сыһыаран  уолаттары сиргэ илдьэ сылдьарын, күһүҥҥү хараҥаҕа кутаа уотун тула олорон арааһы кэпсэтэллэрин, ыраах өтөхтөрүнэн сырыыларын, Мииринэйгэ алмаас үлэтин билиһиннэрэ илдьэ сылдьыбытын.

Сэбиэскэй кэм учуутала хамнастаах үлэтин таһынан уопсастыбаннай ноҕорууската үтүмэн буолара. Оскуола үлэтин таһынан Михаил Захарович нэһилиэгэр кыраайы үөрэтэр музейы төрүттээбит үтүөлээх. Төрөөбүт дойдутун историятын летопиһын бэйэтин буочарынан суруйбут, массыыҥканан бэчээттээбит үйэлээх үлэтэ кинигэ-альбом быһыытынан билигин музейга биир дьоһун миэстэни ылар.

Аны туран, "Знание" уопсастыба лекторын быһыытынан төһөлөөх дакылаат ааҕыллыбыта, хаһыакка бэчээттэммитэ буолуой?!

Бу сырдык ыра санааларын олоххо киллэрэригэр түөрт оҕолорун ийэтэ Александра Степановна кылаата саарбаҕа суох. Дьиэ түбүгэ, оҕо көрүүтэ ийэ нарын санныгар буоллаҕа эрээри, аҕа быһыытынан оҕолоругар болҕомтотун үгүс элбэх хаартыскаларынан көрөбүт. Хас биирдии хаартыска ол кэм салгынынан сайа охсор оҕо саас дьоллоох кэмнэрин кэрэһиттэрэ. Оччотооҕу дьон мөссүөнүн, дэриэбинэ көстүүлэрин, араас тэрээһиннэри бэйэтэ хаартыскаҕа түһэрэн, бэчээттээн үйэтитэн кэбиспитин билигин көрбүт эрэ барыта сэргиир, махтанар. Ол курдук, кини фотограф даҕаны, чуучула оҥорооччу, мас ууһа даҕаны быһыытынан дэгиттэр талааннааҕа. Онтун барытын бэйэтин кэмигэр кичэйэн харайбытын билигин биир дойдулаахтара, аймах дьоно, оҕолоро, күтүөт, кийиит ыччаттара, сиэннэрэ, хос сиэннэрэ көрөллөр.

Михаил Захарович бу сүүрбүтэ-көппүтэ барыта биир сыалга туһуламмыта –   бар дьонун, дьоллоох кэм туһугар. Ол да иһин билигин кини аата дьонун-сэргэтин иннигэр дорҕоонноохтук ааттанар. Ааспыт үйэ 60-с сылларыгар "туойдаах   кирпииччэ собуота баар буолуо", "Бүлүү куоракка суол оҥоһуллан, айан баар буолуо" диэн оччолорго остуоруйа курдук этэн кэбиспитэ билигин барыта туолан турар. Бүгүн сыыйылыннарар суолунан Бүлүү куоракка көрүөх бэтэрээ өттүгэр баар буола түһэҕин.

Маннык бэйэтин кэмигэр олорон, үлэлээн, айан-тутан, тэрийэн, оҥорон ааспыт биһиги киэн тутта кэпсиир, ахтар, убаастыыр, ытыктыыр киһибит – Михаил Захарович Томскай.

Биир киһи кыаҕар бачча элбэҕи оҥорон хаалларбыта, үйэлээх этиилэрэ дойдутун дьоно уостан уоска түһэрэн, кэнэҕэски ыччакка тиийэ туруохтун.

2022 сыл. Сааскы сылаас күҥҥэ Саха АССР тэриллибитэ 100 сылыгар Михаил Захарович биэс уон сыл анараа өттүгэр эппитигэр хардаран, төрүттэспит, сайыннарбыт, инникитин түстэспит төрөөбүт дойдутун дьоно дэриэбинэ ортотугар турар маҥан обелиск таһыгар мустан, ахтан-санаан ааһыахтарыгар, кини аатын үйэтитиэхтэригэр бүччүм санаабытын тириэрдэбит.

Михаил Захарович 1973 сыллаахха орто дойду олоҕуттан суох буолбута.

Быйыл төрөөбүтэ 100 сылыгар бииргэ ыра санаа оҥостубут, бэйэтин кэмигэр түстэспит, сайыннарбыт Саха АССР 100 сылын туолуута – бу эмиэ дьикти түгэн.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...