Балыыһа кэпсээннэрэ
Киһи балыыһаҕа сытан араас кэпсээннэри истэр буоллаҕа. Хаһан да олоххор аны көрсүбэт дьонноруҥ Дьокуускайтан, улуустартан кэлэн биир палаатаҕа хаайтаран сытан ардыгар олохторун бүтүннүү кэпсэтэллэрэ баар суол. Ыарыһахтар ол ардыгар омуннаах, күүркэтиилээх, ардыгар кырдьыгы сымнатан, сороҕор дьону сөхтөрөөрү, сорохтор аһыннаттараары гынар кэпсээннэригэр элбэх биричиинэ баар буоллаҕа. Урут, 90-с сыллар бүтүүлэригэр, күнүскү стационарга сытан дьүөгэлиилэр көрүстэхтэринэ атын дьоҥҥо наадыйбакка арааһы барытын кэпсэтэллэрин истэҕин. Ханна барыаххыный, эмп хааҥҥар түһэр инньэтинэн тэһэ кэйдэрэн сытаҥҥын. Билигин олохпут ырыынак ыырыгар киирдэҕин ахсын, социальнай ситимнэр күүскэ сайдыахтарыттан ол аһаҕас кэпсэтиилэр сүппүттэр курдук көрөбүн. Ыраах да чугаһаатаҕа, бириэмэ да ыга түүрүлүннэҕэ, тугу эмэ билиэххин баҕардаххына хобуоччу социальнай ситимнэр барыны бары сабардаатахтара. Киһи киһиттэн сэрэнэр, алҕас бырастыы гыныллыбат, сымыйа кырдьык, кырдьык сымыйа буола турар кэмигэр олордохпут.
Атырдьах маһыныы арахсыбыттара
Ыраах хоту сиртэн сылдьар дьахтар кэпсиир. «Мин эрим быраатынаан бииргэ төрөөбүт иккиэлэр. Киин улууска сэрии кэнниттэн иккиэн эрдэ тулаайах хаалан баран ыалга иитиллибиттэр. Эрим Чурапчыга үөрэнэн учуутал буолан дойдутугар үлэлии сырыттаҕына, мин ол дэриэбинэҕэ үлэлии тиийбиппэр ыал буоллубут. Быраата элбэх оҕолоох хара үлэһит киһи. Онтон мин ол дойдуну сөбүлээбэккэ хоту көһөр буоллубут. Онно быраата кыыһыран турда: «Дьахтары батыһан бараары гынаҕын дуо?» диэн буолбут. Биһиги көстүбүт. Көр, оччолорго иккиэн атырдьах маһыныы арахсан баран биирдэ да көрсүбэтэхтэрэ. Икки өттүттэн дьэ улуу өһөс дьоннор эбит. Быраата өлбүтүгэр да дойдутугар барбатаҕа. Арай, өлөрүн чугаһыгар наар быраатын саныыр, сарсыардаттан киэһээҥҥэ диэри ким да истибэт да буоллар дойдутун ахтан-санаан тахсара. Билигин биир уола аҕатын дойдутугар олорор да, оҕоломмото. Кыра уолум эмиэ сааһа ыраатта да кэргэнэ да, оҕото да суох сылдьаахтыыр. Сороҕор саныыбын ээ, аҕабыт дойдутугар бара сылдьыбыта буоллар оҕолорум, баҕар, атын дьылҕалаах буолуо этилэр дуу?» диэн эмээхсин кэпсээнин бүтэрбитэ.
Өстөөххөр да баҕарбаккын
Хойут кэргэн тахсар эмиэ туспа эрэй дииллэр. Оннук да буолумуна. Иккиэн олоххо туох эрэ көрүүлээх, туһунан санаалаах дьон батыһан олороллоро уустуга өйдөнөр. Балаайа 40-чатыгар ыал буолбут. Онтун кэпсээн палаата иһигэр сэҥээриини ылар.
– Мин ыал буолбутум олох уонча эрэ сыл буолла. Онуоха диэри бырааттарбын, балыстарбын иитээри үлэ диэн баран умса түспүт чүөчэбин. Дьэ сааһыран баран ыал буолбутум. Тапсан олоруох диэтэххэ биир эрэй этэ. Иккиэн сыбыдал соҕотох сылдьыбыт дьон майгыбыт да кытаанаҕа, ыал буолан баран ким да кимиэхэ иннин биэрбэтэ диэн баар эбит этэ дьэ хара накаас диэн. Киһим үрүүмкэни туора аспат сордоох этэ. Икки оҕоломмуппут да улаханнык абыраабатаҕа, иһэрин тохтоппотоҕо. Үйэтин тухары сыһыыга сылдьыбыт сылгы курдук көҥүл-босхо сылдьыбыт киһини дьиэтитии, ыал аҕата оҥоруу диэн уустук үлэни туораабыт дьахтарбын. Маннык олох кэриэтэ ыал буолбатах да ордук диэн мааттаан баран хаста да арахсабын диэн турбутум да, эмиэ да оҕолорум аҕалаах буолуохтаахтар диэн санааттан тулуйбут эбиппин. Киһим кэлин иһэрин син тохтотон үлэлиир. Билигин бырааһынньыкка да иһэрин сөбүлээбэппин. Истэ да балабыай бара турдаҕа ол. Ол иһин: «Үйэҥ тухары биир кыбартыыра сыанатын баҕас истиҥ ини» диэччибин. Ааспыт сырыыга биир ыалга бырааһынньыкка сырыттыбыт. Киһим испэккэ олорорун көрөн биир дьахтар: «Балаайа дьоллоох да дьахтаргын. Хайа дьоллоохторго халлаантан итинник үчүгэй киһи түбэһэрэ буолла? Сорох үһүс эрим да, биирдэ да табыллыбатым» диэн бэлэстэттэҕэ үһү. Кини хантан билиэй, мин оҕолорбунаан төһөтө эрэйдэммиппитий, хаста-хаста истэ да содуомнуур киһиттэн дьиэбититтэн атах-балай куоппуппутун, аҕабыт буолуохсуту төһөтө уулуссаҕа тоҥон өлөөрү сытарын салааскаҕа тиэйэн аҕаларбытын? Иһэр эрдээх диэн өстөөххөр да баҕарбат дьыалаҥ буоллаҕа.
Кыһыл хараҕынан батары көрбүт
Биир 70-чалаах эмээхсин кэпсээнин өйдөөн хаалбыппын. 80-с сылларга куоракка олохсуйа киирбитин туһунан кэпсээбитэ: «Оччолорго үлэни кыайар этим. Хас эмэ сиргэ үлэлиирим. Дьиэм суох буолан куортамнаһабыт. Бэйэбин кытта кыргыттарым бааллар. Биирдэрэ алын кылааска, биирдэрэ орто сүһүөххэ үөрэнэллэр. Мин үлэбиттэн сороҕор оҕолорум утуйбуттарын кэннэ кэлэбин. Биирдэ кэлбитим улахан кыыс уотун аһан баран куукунаҕа олорор эбит. Тоҕо утуйбакка олороҕун диэн мөҕүтүннүм. Онуоха кыыһым саҥарыма диэн баран илиитин чочоҥнотор уонна түннүгү ыйар. Куортамнаабыт дьиэбит бастакы этээс этэ. Мин тиийэн штораны аһан көрдүм, туох да суох. Кыыспын кытта дьыбааммар утуйдум. Сарсыныгар ыйыталастым да, тугу да эппэтэ. Онтон биир подъезка олорор ыалбыт оҕонньор өллө диэн буолла. Ыаллыылар буолан син «дорообо, дыраастый» диэн билсэр ыалбыт этэ. Улахан кыыспын тахсыах диэн этэн көрдүм да, аккаастаата. Кэлин биир ый ааспытын кэннэ кыыһым кэпсээтэ. Арай утуйа сыттаҕына ким эрэ суорҕаныттан тардыалаабытыгар уһуктан кэлбит. Уутугар аҥаарыйан баран куукунаҕа тахсыбыта түннүк аттыгар биир күлүк курдук киһи турар үһү. Кыыһым кимҥиний диэн ыйыппытыгар оргууй эргиллибит. Уонна кып-кыһыл харахтарынан кыыспын батары көрбүт. Онуоха кыыһым хаһыытаат уоту аспытыгар сүтэн хаалбыт. Кыыһым кутталыттан хамсыыр да кыаҕа суох дөйөн олордоҕуна мин киирэн кэлбиппин. Ол дьиэттэн сотору буолаат көспүппүт».
Ийэтин суукка биэрбит
Маарыйа диэн элбэх саҥалаах куорат кыыһа биир күн саҥатыттан мэлийэ сырытта. Тоҕотун токкоолоспуппутугар киэһэ сыппыппыт кэннэ манныгы кэпсээтэ: «Иллэрээ күн эбэм кэлэ сырытта. Маамам бииргэ төрөөбүт эдьиийэ Муоча эбэбин суукка биэрбит. Лермонтов уулуссатыгар баар малосемейкабытын былдьаһан. Мин маамам бииргэ төрөөбүттэр үһүөлэр этэ. Биир бырааттаахтара ыалдьан өлбүтэ. Эбэм улахан кыыһын кыра эрдэҕинэ туох да докумуона суох ыалга ииттэрэ биэрбит. Ол Муоча билигин тыаҕа олорор. Кыра эрдэҕиттэн биһигини кытары улаханнык билсибэт. Муоча куоракка кэллэҕинэ биирдэ эмэтэ эбээҕэ кэлэн барааччы. Иллэрээ сыл оҕонньоро өлбүт диэбиттэрэ. Ол кэнниттэн эбэбэр эрийэ сылдьыбыт этэ, эһиги олорон эрэр дьиэлээххит, куортамныыр дьиэҕитин миэхэ биэриҥ диэн. Эбэм ону сөбүлээбэтэх, сөбүлэспэтэх. Онтон ыла өстүйэн быйыл кэлэн барбыт үһү да, киирэ сылдьыбатах. Ол кэнниттэн ити суукка биэрбит. Муоча суукка биэрбит биричиинэтэ диэн кыра эрдэҕинэ олоро сылдьыбыт дьиэтэ үһү, ол нэһилиэстибэ курдук киниэхэ тиксиэхтээх диэн үһү. Эбэм онтон санаарҕаан дэлби кырдьыбыт курдук буолбут. Маамам харабылынан үлэлиир, сууттаһар да харчыбыт суох. Бэйэбит икки хостоох мас дьиэҕэ олоробут. Ол малосемейкабытын куортамнаан харчы киллэринэбит. Ону ити чүөчэм былдьаһар». Кыыспыт кэпсээнин кэнниттэн бары да санаабыт биир буоллаҕа буолуо дии саныыбын. Туох-туох үйэ үүнэн оҕо ийэтин утары баран сууттаһара буолла диэн. Оччолорго 2000 сыл саҥа үүнээри турара.
«Кыһаллыбакка буола сатаа»
Балыыһаҕа сыттахха үчүгэйдик укуолу туруорар сиэстэрэлэр олус сыаналаналлар. Кинилэр сымнаҕас тарбахтарынан түргэнник тымыры булалларынан, ыарыыта суох укуоллуулларынан, түргэн- тарҕан туттууларынан, киһиэхэ үтүө сыһыаннарынан уратылаахтар. Биир оннук аламаҕай майгылаах саастаах сиэстэрэ кэпсиир: «Мин бастаан үөрэхпин бүтэрдэҕим утаа реанимацияҕа үлэлээбитим. Күннэтэ араас оһолго түбэспиттэр, ыарахан ыарыһахтар о.д.а киирэллэрэ. Сорох кэмҥэ ыарыһахтар аҕыйаан аҕырымныыллара, онтон сотору буолаат балыыһабыт туолан кэлэрэ. Өр сыл устата үлэлээбит кырдьаҕас үлэһиттэр ол кэмнэри эндэппэккэ билэллэрэ сөхтөрөрө. Биирдэ түүнүн дьуһуурустубалыыр кэммэр арай көрүдүөргэ каталканы соһор тыас иһилиннэ. Мин утуктаан иэдэйэ олорон соччо аахайбатым. Онтон тыас-уус утары палаата ааныгар кэлбитигэр тахсан көрбүтүм ким да суох. Уум тута көтөн хаалла. Палааталары кэрийэн көрдүм да, каталкалаах ким да суох. Дьиктиргээтим. Сарсыҥҥы күнүгэр утары палаатаҕа биир быһаҕынан анньыллыбыт пациент киирдэ. Ити итинэн ааста. Онтон биирдэ түүн көрүдүөргэ тахсыбытым, көрүдүөр уһугунааҕы палаатаҕа үс хара күлүк киирэн хааллылар. Мин барык-сарык көрүдүөргэ хараҕым иирдэ дуу диэн баран, ол палаатаҕа тиийбитим ыарыһахтартан ураты ким да суох. Онно биир ыарахан туруктаах оҕонньор ынчыктыыра эрэ иһиллэр. Сарсыҥҥы күнүгэр ол эрэйдээх быстаахтаабыта. Ол иһин мин түүҥҥү түбэлтэни биир кырдьаҕас үлэһиккэ кэпсээтим. Онуоха кини: «Дьон бараары гыннахтарына итинник буолааччы. Онно кыһаллыбакка буола сатаа. Төһөнөн эрдэ онно үөрэниэҥ да, бэйэҕэр үчүгэй» диэн сүбэлээбитэ. Кэбиис, онтон ыла мин ол балыыһаттан барар аакка түспүтүм. Билиҥҥи үлэм үчүгэй, сөбүлүүбүн».
Хас размердаах?
Биир палаатаҕа сытар Мааппа диэн илин эҥэртэн сылдьар элбэх сэһэннээх дьахтар араас көрүдьүөс түбэлтэлэри кэпсээн сэргэхситэр, устар күнү быһа тугу да гыммакка сытар дьахталлары дэлби күллэрэн санаабытын сайгыыр.
– Куоракка олорор кыыһым 4-тээх уолунаан биирдэ сайылыы таҕыстылар. Ол иннинэ куруук тыын быһаҕаһынан тыынан аҕыйах хоноот төннөллөрө. Сайын устата үлэлиир күтүөппүттэн сорудах кэлбит. Сиэнин тыа олоҕор, үлэтигэр үөрэттин диэн. Оччону истэн баран мин сарсыарда тураат 4-тээх сиэммэр: «Саша, тоойуом, ити ампаар кэннигэр турар мас саһааныттан хардаҕастарда киллэр эрэ» диэтим. Уолум үчүгэйдик өйдөөбөтө, ийэтиттэн тиийэн ыйыталаста. Икки өттүттэн нууччалыы-сахалыы балкыйан уолбутун ыыттыбыт. Уолбут тахсан баран син балай эмэ бириэмэҕэ сүтэн хаалла. Мин көрдүү бараары тэринэн эрдэхпинэ кэмниэ-кэнэҕэс бу мылталлан киирэн кэллэ. «Хайа нохоо, маһыҥ ханнаный?» диибин. Сиэним ып-ырааһынан мин диэки тэһэ көрөн туран: «Бабушка, онно мастар наһаа элбэхтэр, размердара эмиэ атын-атын. Мин хас размердаах маһы аҕалыахтаахпыный?» диэтэҕэ үһү. Биһиги ийэтинээн күлэн быара суох сыттыбыт.
Олох эргиирэ
Таптал, ыал буолуу туһунан балыыһаҕа сытан элбэх кэпсээни истэҕин. Мэриэм Витальевна диэн дьикти ааттаах эмээхсин кэпсээнин өйдөөн хаалбыппын.
-Мин үйэм тухары биир нэһилиэккэ учууталлаан кэллим. Араас оҕолор баар буолаллар. Оҕолор оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан кэлин туох-ханнык дьон буолалларын киһи син удумаҕалатааччы. Сороҕор, киһи күүппэтэх өттүттэн оҕолор олохторо эмиэ эргийээччи. Биир кылааска Ваня уонна Коля диэн табаарыстыылар бааллара. Ваня уҥуоҕунан үрдүк, көбүс-көнө, куудара баттахтаах кыыс кыраһыабай уол этэ. Онтон Коля кутуйах курдук кыра уҥуохтаах, дьүһүнэ эмиэ соннук боростуой уол этэ. Уолаттар иккиэн уот курдук орто үөрэнээччилэр, ханна барытыгар сэнньилиһэ сылдьар уу тэстибэт табаарыстыылар. Кэлин Ваня сопхуоска үлэлии сылдьан сиртэн-буортан тэйбит курдук кэрэ Машаны кэргэн ылан ыал буолбуттара, хас да оҕоломмуттара. Иккиэн кыраһыабай да пааралар этэ. Дьон куруук дьүһүннэрин хайҕаан кэпсэтэр ыала сотору буолаат олохторо огдолуйбута. Дьахтар иһээччи буолан эриттэн кырбанар сураҕа иһиллэрэ, онтон Ваня оҕолорун бэйэтэ иитэр дииллэрэ. Дьахталлар кэпсээннэринэн Машалаах Коля көссүүлэһэллэрин, кэлин эмиэ бэйэтэ иһээччи буолбут Ваня хаста да тутан Коляны кырбаабыт сураҕа иһиллэрэ. Онтон Коля күн бүгүҥҥээҥҥэ диэри соҕотох. Бу икки табаарыстыылар тоҕо итинниккэ тиийбиттэрэ буолла диэн хам-түм санаан ылааччыбын. Баҕар кыра эрдэхтэриттэн бииргэ улааппыт табаарыһа кыра эрдэҕиттэн бэйэтэ да билбэтинэн ордук саныан сөбө дуу? Ол иһин эйиэхэ бу баар диэбиттии табаарыһын ойоҕун кытары көссүүлэстэҕэ дии саныахха сөп. Эбэтэр дьон-сэргэ эдэр ыалы аһара хайҕаан быһа эппиттэрэ дуу? Дьон саҥата иҥмит, хоммут киһитэ дьоло суох буолар диэн мээнэҕэ эппэтэхтэрэ буолуо дии саныыбын. Туох билиэй?