30.01.2020 | 10:26

Баайахсаана: «Дьолуҥ – дьоҕургар, дьылҕаҥ – дьулуургар”

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Милииссийэ бэтэрээнэ Татьяна Петровна Иванова – Баайахсаана көрбүөччү, эмчит, психолог, арчыһыт быһыытынан билиннэ.

- Татьяна Петровна, үтүө күнүнэн! Сахалыы сиэринэн кэпсэтиибитин төрдүгүттэн саҕалыыр буоллахпыт.

- Биһиги төрүччүбүт остуоруйата 1540 сылтан биллэр эбит. Удьуорбут Өркөн Быраайы ойуун 7 уоллааҕыттан биир уола Кэстэ Сэргэдэм Арыылаахха сирдэммит, Чараҥҥа сайылыыра эбитэ үһү. Киниттэн мин дьонум Докторовтар, Даниловтар, Артамоновтар, Саввиннар бииһээбиттэр. Кииним түспүт сирэ Уус Алдан Лөгөйө. Онно өр олорботохпут. Мин иннибинэ, кэннибинэ оҕолоро өлөннөр, мин эмиэ мөлтөҕүм иһин, абааһылаах сиртэн тэйиэххэ, оҕо турумаары гынна диэн, аҕам миигин түннүгүнэн күрэтэн Арыылаахха көһөбүт. Бу дойдуга оскуолаҕа барыахпар диэри олорбутум, сайын аайы эбэлээх эһэбэр кэлэрим. Аймахтарым олоҥхоһуттар, оһохчуттар, мас уустара. Аҕам өттүнэн сыдьааным тимир уустара. Мин 5 саастаахпар урукку олохпор ким буола сылдьыбыппын билэрим, дьиибэргиирим. Дьон күлүү гыныа диэн кэпсээбэт этим. Эбэм эмчит буоларын ис турукпунан сэрэйэрим. Киниэхэ дьахталлар чэй, былаат, былаачыйа таҥастаах кэлэн, кистээн сибигинэһэн кэпсэтэллэрэ, эмтэтэллэрэ. Аҕам быара ыалдьан Ессентукига курортка эмтэнэн кэлэн баран, оттору хомуйарын, хатарарын, бороһуоктуурун илэ харахпынан көрбүтүм. Кини онно грузиннары кытта доҕордоспут. Кинилэр ыҥырыыларынан Грузияҕа ыалдьыттаан, отунан эмтэнэргэ үөрэнэн кэлбит. Бэйэтэ астматын отунан эмтэммитэ. Кэҕэ силин хомуйара, чыычаах уйатын да оргутар быһыылааҕа.

- Дьиэ кэргэниҥ туһунан кылгастык билиһиннэр эрэ. - Маҥнайгы кэргэмминээн 40 сыл бииргэ олорбуппут, ыалдьан суох буолбута. Үс уоллаахпыт, икки улахан сиэннээхпит. Бары 203-с микрооройуоҥҥа түөрт кыбартыыранан түөлбэлээн олоробут. Уолаттарым офицердар. Сиэттэрим ХИФУ устудьуоннара. Оҕолорум барахсаттар санаам хоту чиэһинэйдэр, кийииттэрбин кыргыттарым курдук көрөбүн. Кэргэним өлбүтүн кэннэ Айыыларым бэлэх курдук иккис кэргэни ыыппыттара. Икки огдооболор бииргэ олорбуппут быйыл 5-с сылбыт.

- Тохсунньу томороон тымныыта үгэннээн турдаҕына сир-сир аайы бити билгэлээһин, Таҥха күннэрэ буолан аастылар. Таҥха өйдөбүлүн кылгастык быһаарыаҥ дуу?

- Убайбыт Өксөкүлээх Өлөксөй суруйуутунан, 148 билгэлэнии көрүҥэ баар эбит. Айылҕа «мистическай бириэмэтигэр» киһи дьылҕатын өтө көрүнэн эбэтэр көрдөрүнэн, инники олоҕун былаанныыра туох куһаҕаннаах буолуой... Таайа сатыы сылдьыахтааҕар айдарыылаахтарга тиийэн быһааттарара, ыраастатара, сүбэ ылан чэпчиирэ туһалаах буоллаҕа. Итэҕэйэр, эрэнэр буоллаххына, онтуҥ күүһүрэн, мэйиигэр киирбит, истибит билгэҥ бырагыраама курдук үөскээн, үлэлээн барар.

- Татьяна Петровна, дьоҕургун хаһааҥҥыттан билинэр буолбуккунуй?

- Мин олорбут сирдэрим барыта иһийбит курдук сирдэр буолан, айылҕаны эрэ иһиллиирим, таптыырым. Дьону кытта улаханнык бодоруспатах, оҕону кытта оонньооботох, сырсыбатах, кэрийбэтэх киһибин. Бэйэм бэйэбэр сылдьарбын ордоробун. Оннук ыһыллыбакка сылдьан, айылҕаттан элбэх бэлиэни, нумерологияны ааҕабын, ирики-дьирики оҕолору, сир-дойду иччилэрин көрөбүн-истэбин, күммүн-ыйбын кытта алгыстаһабын. Хайа уонна удьуорбуттан тиийэн кэлбит бэлэхтэр буоллаҕа.

Ону күүһүрдээри ытык сирдэри кэрийэн, экваторы Арктикалыын холбообут сибэтиэйдэргэ, ойууттарга, Тибеккэ тиийэн Далай Лаамаҕа үөрэммитим. Бастаан Тэйэр Хайаҕа (Таатта) сылдьан Бэлэх Алгыс уонна Айыылар сибээстэрин туппутум. Онтон Харама, Сата, Үөһээ Дьааҥы, Өймөкөөн Киһилээхтэрин хайаларыгар, Сиинэ остуолбаларынан сылдьан, былыргы Тенгри кириэстэригэр үҥэн ситэн-хотон баран, аны сиэттэрбин илдьэ омук сирдэринэн сылдьыбытым.

Хас бардаҕым аайы дойдулары сибээстээн, дойдубут таастарын уурарым. Холобур, Европаҕа, Соҕуруу Кореяҕа «Самсунг» иннигэр туран уурбут Киһилээҕим таастарыгар «Сиэммин ыҥыра тураар» диэн эппитим. Дьиктитэ, ол сыл сааһыгар сиэним путевканан иккистээн Соҕуруу Кореяҕа баран кэлбитэ. Айылҕа наһаа истигэн. Куйаарга эппитиҥ эргиллэн кэлэр.

- Айылҕаны кытта ситим баар дииллэр. Тугу холобурдуоҥ этэй?

- Холобур, 2010 сыллаахха милииссийэҕэ үлэлии сылдьан икки күн анал приемникка дьуһуурунайдаары, телепатиянан айылҕаттан айдарыылаах Максим Дурановы салгын кутунан үлэлээн ыҥыран ылбытым. Киһим кэлбитэ, олус соһуйбут, долгуйбут көрүҥнээҕэ. Онно сибидээнньэ хоһугар кэпсэтии, сахам оҕолорун ыҥыран билгэлэтии буолла. Онтон: «Махталы кытта дьиэҕэр бар»,- диэтим. Онуоха Максим: «Оттон камераҕа киллэрбэккит дуо? Дьикти эбит, милииссийэҕэ да интэриэһинэй дьон үлэлиир эбиккит. Мин өссө хаайаары гыннылар дуу дии санаабытым», -  диэтэ. Буруйа суох киһини оннук куттаан турабын. Максимы онно астыммыппыт, «уникальнай» киһитин билэн сөхпүппүт. Баардаах дьон баппаппыт буоллаҕа. Кэллиэгэлэрим миигин өрүүтүн дьиибэргиир этилэр. Мин түүлүм иччилээх буолааччы. Бэһис кылааска үөрэнэ сылдьан  инники дьылҕабын уот харахха көрбүтүм уонна ол бырагырааматынан олоробун. Онон иччилээх түүл баарыгар итэҕэйиҥ. Олохпор табыллыбыт буоламмын, дьон оннук турукка сылдьыан баҕарабын. Саамай кылаабынайа, чиэһинэй буолуохха. Мин олоххо «Как ни крути, правда одна. Она одна. И умей правду в лоб говорить» диэн бириинсиптээхпин.

- Эмчит быһыытынан дьоҥҥо туох көмөнү оҥороҕунуй?

- Киһини «көхсүтүнэн» карматын, харысхала тугун, ханнык уоргана мөлтөҕүн, бу киһи туһугар мэлииппэ ааҕаллар дуу, суох дуу, хас порчалааҕын, табахсыт уонна арыгыһыт харамайа ханнык стадияҕа тиийбитин, хас сымыыттаахтарын көрөбүн. Киһи көхсө дуоска курдук, онно барыта көстөр. Мин курдук көрөр дьон Саха сиригэр үһүөбүт. Чурапчыттан Елена Николаевна Макарова уонна Мэҥэ Хаҥалас Тиэлигититтэн Ирина Кузьминична Петрова бааллар. Мин көрбүппүн ыраастыыбын, сахалыы бохсуруйабын. Арыгылааһыны уҕарытар эми аан дойду үрдүнэн айа, оҥоро иликтэр, оҥоруохтара да суоҕа. Саха көрөр эмчиттэрэ эрэ кыайыахтара.

- Оҕо кутун хайдах түстүүгүнүй? Оҕоломмот дьиэ кэргэҥҥэ хайдах көмөлөһөҕүнүй?

- 10 оҕолоох ыал улахан оҕотобун. Оҕо кута миигин батыһа сылдьар. Оҕону, кэргэни Айыылар бэлэхтииллэр, отунан-маһынан оҥорбоккун. Ол Куйаар сокуона. Ылбатаххына, Куйаар хомойор, иккиһин оннук түгэни биэрбэт.

Баҕалаахтарга көмөлөһөн, күлүүс тыллары туттан, оҕо кутун түстүүбүн. Билиҥҥи оҕо төрөөтүн кытта оҥоһуллар прививка оҕо үөскүүр уорганын мөлтөтөр диибин. Ол медицинэ кистэлэҥэ. Прививка үксэ тас дойдуттан ылыллыбыт препаратынан оҥоһуллар. Ыарыы көрүҥэ, төрүөтэ элбэх. Ыарыы барыта иччилээх. Ол иччилэр ааттарын билэ сатыахтааххын. Оччоҕо ыарыы кэннинэн тэйэр.

- Үгүс дьон дьиэни-уоту хайдах ыраастыыры интэриэһиргиир. Киһи бэйэтин ис кыаҕынан, санаатынан ыраастаныан сөп дуо?

- Олорор эйгэҕин, тэлгэһэҕин, дьиэҕин-уоккун кэмиттэн кэмигэр эбэтэр бөрүкүтэ суох быһылаан таҕыстаҕына ыраастаан иһиллиэхтээх. Дьоҥҥо хайдах ыраастанары үөрэтэ-көрдөрө сылдьыахтаахпыт. Оччоҕо чөл буолабыт.

- Харысхал, эмэгэт кистэлэҥнэрин быһааран биэриэҥ дуу. Дьоҥҥо алҕаан, иитэн биэрэр эбиккин.

- Итэҕэли, харысхалы билбэт киһи муммут кус оҕотун курдук сылдьар. Оннук дьоҥҥо хайысханы ыйан-кэрдэн бэриллиэхтээх. Кинилэргэ үчүгэй буоллаҕына, мин тулам кэрэ, ыраас буолар, кыһалҕа кэлбэт. Киһи санаата күүстээх буоллаҕына, духуобунай өттүнэн сайдар, айылҕа кистэлэҥнэрин арыйар, билэр уонна бэлэх тутар. Кыра да үтүөттэн үөрэн үксэтэҕин, кэрэни дэлэтэҕин, аартыккын арыйаҕын. Дьолуҥ – дьоҕургар, дьылҕаҥ – дьулуургар. Мин итэҕэл кэнниттэн дьону харыстыахха диэн өйгө-санааҕа кэлбитим. Ол иһин буолуо, ордук харысхал күүһүн, суолтатын муударай тибеттэргэ көрөн, кистэлэҥ күүстэрин билэн, өссө төгүл бөҕөргөөбүтүм. Биһиэхэ кинилэргэ тэҥнэһэр маастардар бааллар эрээри, аҕыйахтар. Дьоҥҥо-сэргэҕэ харысхалы, эмэгэти сатаан туһанарга быһаарабын, иитэбин.

- Баайахсаана Баай Хаана диэн аатыҥ туох суолталааҕый? - Миигин билэр дьон Татыйык диэн ааттыыллар. Биирдэ түүлбэр Куйаар тыыннаах күлүүһүн туттардылар уонна бырастыынабар хаҥас өттүбэр «Баайахсаана Баай Хаана» буолаҕын диэн суруйдулар. Куйаар чэрэниилэтин дьүһүнүн кытта өйдөөн хаалбыппын. Сөп буола-буола руна бэлиэтинэн суруйаллар. Ону мин Чолбон сулустан кэлэр диибин. Өйдөөн умнубатаххына, саҥа туох эрэ бэлэх кэлэр, дьоҕур эбиллэр, билии бэриллэр.

- “Арчылыыр” уонна “алгыстыыр” диэн өйдөбүллэри быһаарыаҥ дуу...

- Арчылааһын диэн сүгэһэр санааттан ылҕаныы, ыарыыны тэйитии буолар, эти-сиини, дьиэни-уоту, тулалыыр эйгэни ыраастыыр суолталаах алгыс. Үгүстэр алгыһы алаадьы ууруута дииллэр. Ол гынан баран айыылары алгыһынан аһатарбытын өйдүөхтээхпит. Ол аата Айыыларга эйэҕэс тыллары, үүнэри-сайдары салайар тыллары ыытыы, Айыы суолун арыйыы. Алгыс киһиэхэ киирдэҕинэ, тэрийэр күүс буолар, кынат үүннэрэр, үтүө эрэ үксээн мунньуллар. Миэхэ кыһалҕалаах дьон кэлэр. Үксүлэрэ арахсыы, кэргэннэнии, оҕолонуу, карьера оҥостуу, үлэ көрдөөһүнэ, арыгыттан босхолонор кыһалҕалаах кэлэллэр.

- Билиҥҥи олоххо киһи киһиэхэ сыһыана хаҕыстыйда. Ордугурҕааһын, бэрт былдьаһыы күннээҕи олохпут мөкү көстүүтэ буолла.

- Мин Секлитовалар үөрэхтэрин сэргиибин. Кырыктаах  санааҕа, ордугурҕаһыыга, бэрт былдьаһыыга, хара магияҕа бэйэтигэр эрэмньитэ, тус санаата суох, духуобунай өттүнэн сайдыбатах киһи тиийэр. Кини итинниккэ тиийдэҕинэ, олоххо «миссията» намтыырын уонна айыылартан бэлэх ылбатын кыһалҕата адаҕа буолан хааларын өйдүөхтээх.

- Үүммүт 2020 сыл сахаларга Билгэ Хаан сыла. Бит-билгэ хайдаҕый?

- Олохпут тэтимэ түргэнэ сүрдээх. Ол иһин буккуллубакка, мунаахсыйбакка, кэскиллээх санааланан, кэлбит кэми куоттарбакка, итэҕэл күүһүн туһанан, киһитийиини киртиппэккэ, духуобунай өттүнэн үүнэн-сайдан,  күүһүрэн иһиэхтээхпит. Саха кырдьаҕас омук. Биһиэхэ тылбытыгар-өспүтүгэр куйаар саамай таптыыр дорҕоонноро уонна күлүүс тыллара баар. Тоҕо диэтэххэ биһиги былыргы хотугу итэҕэллээх омукпут. Ол иһин итинник үс күүс күлүүстээхпит. Сахалар аан дойдуга саамай биллэр омук буоллахпытына, сэриилэри да тохтотуохпут. Алгыс тылларбыт Аан дойдуну тутан туруохтара.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...