11.01.2024 | 10:00

Баһылай Посельскай: «Үлэ үөһүгэр, спорт эйгэтигэр сылдьар киһи сааһырар бириэмэтэ да суох...»

Баһылай Посельскай:  «Үлэ үөһүгэр, спорт эйгэтигэр сылдьар киһи сааһырар бириэмэтэ  да суох...»
Ааптар: Айыына КСЕНОФОНТОВА
Бөлөххө киир

Кини спорт чулууларын үйэтитэр суруйуулара, өрөспүүбүлүкэ, Арассыыйа, аан дойду таһымнаах күрэхтэһиилэртэн өрө көтөҕүллүүлээх репортажтара биһиги хаһыаппытын киэргэтэллэр, баай ис хоһооннууллар. Бу нүөмэрбитигэр Бэчээт күнүнэн биир идэлээхпит, “Кыһыл көмүс микрофон” бириэмийэ лауреата, Вячеслав Степанов аатынан бириэмийэ хас да төгүллээх лауреата, СӨ тэлэбиидэнньэҕэ, араадьыйаҕа биэриитин туйгуна, СӨ физическэй култуураҕа уонна спорка үтүөлээх үлэһитэ Баһылай Посельскай ыалдьыттыыр.

Хас да хайысханы тэҥҥэ тутан

– Василий Федорович, бука, уһун өрөбүллэргэ таах олорботох буолуохтааххын. Үүммүт сыл хайдах саҕаланна?

– Николай Тарскай кэриэһигэр көҥүл тустууга өрөспүүбүлүкэ чемпионатыгар баран кэллим. Быйылгы тэрээһин Тарскай төрөөбүтэ 100 сылыгар ананна, Уус Алдан киинигэр  Бороҕоҥҥо ыытылынна. Саха многоборьетын федерациятын састаабыгар чилиэнинэн киирдим. Бэрэсидьиэнинэн “Прогресс” тутуу тэрилтэтин генеральнай дириэктэрэ Алексей Семенович Пинигин талылынна. Онон саха многоборьетын сырдатыынан дьарыктаныахтаахпыт. Быыһыгар дойдубар Чурапчыга баран, Ороһуоспалаан кэллим. Скандинавскай хаамыы кулуубун саҥа дьыллааҕы бырааһынньыгар ыҥырыллан сырыттым, интервью ылаттаатым.

– Суруналыыстыка хас да хайысхатын тэҥҥэ тутан, араадьыйаҕа, тэлэбиидэнньэҕэ, бэчээккэ, кэлин өссө куйаар ситимигэр таһаарыылаахтык үлэлиигин. Бастаан туохтан саҕалаабыккыный, бэчээт эйгэтигэр хайдах кэлбиккиний?

– 1997-1998 сс. Олимпийскай эрэллэри бэлэмниир Өрөспүүбүлүкэтээҕи оҕо спортивнай оскуолатыгар исписэлииһинэн үлэлээбитим. Дириэктэрбит Иннокентий Юрьевич Григорьев этэ. Ол саҕана оскуола үөрэнээччилэригэр “Эрэл” спортивнай норматив бырагыраамата оҥоһуллан, өрөспүүбүлүкэ оҕолоро күрэхтэһэр этилэр. “Саха” НКИХ уонна биһиги оскуолабыт бииргэ үлэлээн, күрэхтэһиилэри тэлэбиисэргэ сырдатыы буолбута. Онно миигин комментатордаа диэн көрдөспүттэрэ. Бастакы эфирим, суруналыыстыкаҕа бастакы сүрэхтэниим онтон саҕаламмыта диэххэ сөп. Өрөспүүбүлүкэ араас улуустарыгар сылдьыталаабыппыт. Онтон “Саха” НКИХ үлэҕэ ыҥырбыта, инньэ гынан спортивнай оскуолабыттан баран, араадьыйа суруналыыһа буолан хаалбытым (күлэр).

– Төһө өр толкуйдаабыккыный? Бэрт улгумнук, түргэнник сөбүлэспитиҥ дуу?

– Суруналыыстыканы үөрэ-көтө талбытым. Дьиэни тутар курдук, тугу оҥорбутуҥ барыта эфиргэ тахсан иһэрэ олус интэриэһинэй. Оскуолаҕа үлэлээбитим тэрилтэ иһигэр хаалар буоллаҕа.

Ол саҕана Саха араадьыйатын дириэктэрэ Тарас Лукич Тарасов этэ. Бастакы эфирим Роман Дмитриев турнирыттан биэрии буолбута.   

1999 сыллаахха Петр Семенович Павловы көрсүбүтүм. Кини “Өрөспүүбүлүкэ бүттүүнэ” хаһыакка спорка аналлаах сыһыарыыны бэлэмниирэ. “Араадьыйаҕа кэпсиириҥ салгыҥҥа көтөн хаалар, биһиэхэ суруйан көрбөккүн дуо?” – диэбитэ. Ол кэмҥэ оруобуна “Дьулурҕан” сыһыарыы тахсар буолбута. Инньэ гынан араадьыйаҕа кэпсээбиппин сурукка тиһэн, хаһыакка суруйан бардым, үлэм өссө интэриэһинэй буолла. Онтон ыла күн бүгүҥҥэ диэри ити хайысхаларбын тэҥҥэ тута сылдьабын.

–  Дьэ, хайатыгар ордук охтоҕунуй? Барыта да умсугутуулаах буоллаҕа?

– Оннук, барыта кэрэхсэбиллээх!  Хаһыакка таҕыстаҕына, хайаан да мунньан, архыыппар уурунан иһэбин. Араадьыйаҕа кэпсиирбин өрөспүүбүлүкэ барыта истэр буолан, ханна да тиийдэхпинэ: “Һок, бу Баһылай кэллэ!”– дии көрсөллөр. Үгүстэр куоласпынан тута билэллэр. Оннооҕор ырыынакка ону-маны атыылаһа тиийдэхпинэ: “Ээ, эн араадьыйаҕа саҥарар киһигин буолбат дуо?” – дии түһэллэр. Биирдэ эмит тыаҕа бултуу бардахпына, үүтээҥҥэ кытта истээччилэрбин көрсөбүн. Онтон сүргэм көтөҕүллэр, санаам бөҕөргүүр.

Бэлэмнээбит матырыйаалыҥ күөх экраҥҥа тахсара эмиэ туспа умсугутуулаах. Тэлэбиидэнньэҕэ “ТВ спорт” диэн редакциялаах этибит. Режиссербут Евгений Петров (билигин Өрөспүүбүлүкэтээҕи медиа-кииҥҥэ үлэлиир), операторбыт Семен Васильев этэ. Билиҥҥи цифровизация үйэтигэр тиэхиньикэ сайдан, бэйэм түһэрэн, уһулан, таҥан, эфиргэ бэлэмнээн ыытабын. Спорт министиэристибэтэ, Спорт судаарыстыбаннай кэмитиэтэ, чуолаан Михаил Дмитриевич Гуляев өйөөн, видеокамера, көмпүүтэр, фотоаппараат биэрбиттэрэ. Ол үлэбэр олус туһалыыр, көмөлөһөр. Сырдатар тиэмэм да кэҥээн иһэр. Бүтүн өрөспүүбүлүкэ, Арассыыйа, аан дойду таһымнаах тэрээһиннэри, дьаһаллары устабыт, сырдатабыт.

Үлэм кэҥээн, хайысхата элбээн иһэр. Көҕүрүөхтээҕэр, хата, төттөрүтүн, эбиллэр. Үлэ үөһүгэр, спорт эйгэтигэр сылдьар киһи сааһырар бириэмэтэ да суох (күлэр).

– Спорду сырдатар суруналыыстар тоҕо аҕыйаххытый? Спорду чахчы таптыыр, таҥара оҥостор эрэ дьон уһуннук үлэлиир буоллахтара дуу? Туох дии саныыгын?

– Аҕыйахпыт дии санаабаппын, элбэхпит ээ. Урут, кырдьык, аҕыйах этилэр: Иван Кычкин, Вячеслав Степанов, Иван Ушницкай. Оттон билигин хаһыат барыта спорка аналлаах балаһалаах, анаан-минээн дьарыктанар кэрэспэдьиэннэрдээх. Киһи холобур оҥостор улахан суруналыыстара бааллар. Владислав Коротовы, Родион Кривогорницыны, Петр Павловы, Федор Рахлеевы көһөҥө мууска, күрбэ тааска тэҥниибин. Биһиги ортобутугар эдэр оҕо элбэҕэ үөрдэр. “Саха” НКИХ улуустааҕы филиаллара олус таһаарыылаахтык үлэлииллэр. Биир бэйэм суруналыыстыкаҕа сааһыран баран кэлбитим.

 

Албан ааттаахтары үйэтитээри

– Бэйэҥ историк идэлээххин. Бука, ол айар үлэҕэр туһалыыра буолуо?

– Библиотекаҕа сылдьан ону-маны хасыһарбар, матырыйаалы үөрэтэрбэр туһалыыр буолуохтаах. Манна даҕатан эттэххэ, саҥа бырайыакка ылсан эрэбин. Спорка Албан аат музейын дириэктэрэ Михаил Друзьянов көҕүлээһининэн Саха сиригэр физкултуурунай хамсааһын 100 сылынан былырыыҥҥыттан бэтэрээннэри сырдатар, үйэтитэр үлэни саҕалаабытым. Уопсайынан, идиэйэлээх дьон аттыгар сылдьан саҥа санаа саҕыллар. Ону сүрэххинэн, дууһаҕынан ылынан, өссө кынаттанан бараҕын. Икки-үс матырыйаал кэнниттэн бэйэ-бэйэтиттэн ситимнэнэн, цикл, сериал курдук тахсан иһэр. Ити бырайыагы бэркэ ылыннылар, бэтэрээннэрим олус махтаналлар.

– Саха сирин спордун историятыгар умнуллубут ааттар төһө элбэх эбиттэрий?

– Хаһан да сырдатыллыбатах эбэтэр умнуллубут дьон баар бөҕө буоллахтара. Ол эрээри итиннэ анал кэллиэгийэ үлэлээн, спорт министиэристибэтэ испииһэк оҥорбута. Онон сирдэтинэн, үгүс үтүөлээх-өҥөлөөх, кыайыылаах-хотуулаах бэтэрээннэри сырдата сылдьабыт. Матырыйаалым балачча элбээтэ, мунньуллан аҕай эрэр.

–   Тыый, оччоҕуна инникитин кинигэ буолан тахсыан сөп эбит дии!

– Билигин кинигэни бэчээттэтэр уустук. Спонсор эҥин көһүннэҕинэ, баҕар, кэлин таһаарыахха сөп буолуо.

Бэйэм икки кинигэлээхпин. “Якутские прыжки. От Манчаары к Манчаары” диэн кинигэбэр интервьюларым киирбиттэрэ, улахан маастардар, чемпионнар, рекордсменнар тустарынан суруйбутум. Ону сэргэ чөл олоҕу тутуһар дьон туһунан “Чэбдик олох кистэлэҥэ” диэн кыра, тэттик кинигэлээхпин. Сотору “Саха сирин биллиилээх дьоно” серияҕа Михаил Дмитриевич Гуляев туһунан кинигэм тахсыахтаах. Биир боччумнаах үлэм ол буолуохтаах.

 

Дьааҥыга умнуллубат айан, Шанхай пордугар түрүлүөн

– Үлэҕинэн үгүстүк айанныыгын, бараҕын-кэлэҕин. Өрөспүүбүлүкэни биир гына кэрийдэҕиҥ, сорох улууска хаста да сырыттаҕыҥ, атаҕыҥ үктэммэтэх сирэ хаалла дуо?

– Аҕыйах улуус хаалла. Холобур, Анаабырга тиийэ иликпин. Илин эҥээргэ, киин, арҕаа, промышленнай улуустарга барыларыгар сырыттым. Бэйэбин булчут курдук сананабын. “Бултуу бардым”, “Байанайым тосхойдо” диибин.

– Дьэ, биир эмит умнуллубат, баҕар, мүччүргэннээх сырыыгын ааҕааччыларбытыгар кэпсиэҥ дуо?

Айан барыта да үчүгэй. Аллайыаха улууһугар Чокуурдаахха, Оленегорскайга тиийэ сылдьыбыппыт. Наар бураанынан айанныыр сүрдээх интэриэһинэй этэ. Уһук хоту дьонун кытта кэпсэтэр, сэлэһэр бэйэтэ туспа үөрүү. Өлөөҥҥө табаһыттарга, булчуттарга былдьаһыктаах ыалдьыт буолбутум. Дьааҥыга үүтээҥҥэ хонорбутугар утуйар таҥас суулаан аҕалан соһуппуттара. “Сылаас, сымнаҕас таҥаска утуйан, сынньанан турдаххына, биһиги астыныахпыт”, – диэн үөрдүбүттэрэ. Көр, дьон итинник үчүгэйдик сыһыаннаһара, мааны хоноһо буолан тиийэриҥ саныырга да астык.

Мүччүргэннээх да түгэн элбэх. Биирдэ Дьааҥыга командировкаҕа барар буоллум. Туох баар аппаратурабын, таҥастаах үрүсээкпин сүгэ сылдьабын. Накопительга дьону кытта кэпсэтэ турдум. Сорохтор Тиксиигэ, биһиги Дьааҥыга көтөр эбиппит. Арай, биирдэ өйдөөн көрбүтүм, малларым суохтар. Ким эрэ илдьэ баран хаалбыт. Аппаратурата суох туһата суох киһи буоллаҕым (күлэр). Дьонум хайыахтарай, көттүлэр. Мин хаалан хааллым. Түрүлүөн буолла. Аэропорт, охрана, таһаҕаһы тиэйэр сулууспа үлэһиттэрин кытта кэпсэтии бөҕө. Онтон: “Малыҥ барыта көһүннэ, Тиксиигэ тиийбит үһү”, – диэн уоскуттулар. Ким эрэ алҕаска тутан илдьэ барбыт. “Чэ, дьиэлээ. Кэллэҕинэ, биллэриэхпит”, – диэн ыыттылар. Онтон киэһэ хаартыскаҕа түһэрэн: “Бу эн малларыҥ дуо?” – диэн ыйыттылар. Хата, тугум барыта баар. Өссө бэйэлэрэ аҕалан биэрдилэр. Онно үөрэн, иккистээн төрөөбүт саҕа сананным (күлэр). Нөҥүө күнүгэр сөмөлүөт көтөр буолан, билиэтим таах хаалбатаҕа. Өссө дьоммун нэһилиэккэ баран истэхтэринэ ситэн ылбытым.

Биир мүччүргэннээх сырыы Кытайга буолбута. Ол сыл Гуанчжоуга көҥүл тустууга аан дойду чемпионатыгар баран кэлбиппит. Төннөн иһэн Шанхай аэропордугар мунан хаалбытым. Дьоммун батыһабын дии санаан, олох да атын дьону кытта баран испиппин. Бары кытайдар эбит (иккиэн күлэбит). Ол үлүгэр улахан, киэҥ-куоҥ порка көрүөх бэтэрээ өттүгэр бэйэм дьоммун сүтэрэн кэбистим. Саатар кытайдыы да, английскайдыы да саҥарбаппын, миигин ким да өйдөөбөт. Аны рейсим нүөмэрин билбэппин, билиэтим уолаттарга баар. Мучумаан бөҕө буоллум. Икки-үс чаас оннук муна-тэнэ сырыттым. Бары: “Эн сөмөлүөтүҥ көппүтэ”, – дииллэр. “Дьэ, бүттүм” дии санаатым. Куттал суох буолуутун хааччыйар сулууспа хаайан да кэбиһиэн сөп. Былдьаан ылыахтара диэн, иилинэ сылдьар камерабын суулатан баран тута сырыттым. Арай ол иһэн нууччалары көрсө түстүм. Оо, үөрдэхпиин! Аймахтарбын көрсүбүт курдук сананным. Болҕойон иһиттилэр, аһыннылар. Көмөлөһүөх эбиттэр да, сөмөлүөккэ тахсыы буолла. Эмиэ соҕотох, тулаайах кэриэтэ сайыһа туран хааллым. Хата, биир эдэр кытай уола мин кыһалҕабын өйдөөтө. Төлөпүөнүнэн ханна эрэ эрийэн баран: “Миигин батыс”, – диэтэ. Улахан начаалынньык эбит. Туох баар полиция кордоннарын ааһан, ханна эрэ аллара түстүбүт, онтон таһырдьа тахсан кэллибит. Оптуобуска олортулар уонна биир сөмөлүөккэ тиийдибит. Траба түһэн турар, көрбүтүм, мин дьонум эбит. Кэтэһэн турбуттар, көппөтөхтөр. Дьиҥэр, сөмөлүөт көтөн тахсар балаһаҕа тиийэ сылдьыбыт, онтон төннүбүт эбит. Миигин порду биир гына көрдөөбүттэр. Саатар дьонум камералаах, онтун иилинэ сылдьар диэбиттэр. Ону баара киһилэрэ суулатан, коробкаҕа тута сырыттаҕым. Ол иһин булбатахтар. Өссө анарааҥҥылар: “Баҕар, террорист буолуо, буомба уктаҕа, ол иһин кэлбэтэ ини”, – эҥин дииллэр үһү (иккиэн күлэбит). Бэйэлэрин истэригэр түрүлүөн бөҕөтүн түһэрбиттэр. Хата, ыстарааптаабатылар, мөхпөтүлэр. Лүөччүктэр, стюардессалар, төттөрүтүн, үөрдүлэр аҕай. Оннук иэхэй-маахай буолан, дойдубар этэҥҥэ кэлбитим.

 

Ис куукуната барыта интэриэһинэй

– Ханнык спорт тэрээһинин ордук күүтэҕиний, сөбүлээн сырдатаҕыный?         

– Күрэхтэһии барыта үчүгэй. Кыра да буоллун, улахан да буоллун. Кус быһыйдар 100 миэтэрэни сүүрэн күлүмнэтэн кэлэллэрин, кылыыһыттар, куобахчыттар туостан туоһу куоһаран кылбаҥнаталларын, бөҕөстөр көбүөргэ тустан бырахсалларын, мадьынылар мас тардыһан бачыгыратыһалларын көрөртөн ордук туох баар буоллаҕай!

Москваҕа мас тардыһыытын аан бастаан Арассыыйа таһымыгар таһааралларыгар баар этим. Роман Дмитриев “мас-рестлинг” диэн ааттыахха диэн этии киллэрбитин тута ылыммыттара. Кини омуктар “мас тардыһыыта” диэни өйдүөхтэрэ, кыайан саҥарыахтара суоҕа диэбитэ.

“Урожай” физкултуурунай-спортивнай тэрилтэ туһунан элбэхтик сырдаттым. Хат сөргүтүллэн, тыа сирин спортсменнара мас саһааннааһыныгар, куйуурдааһыҥҥа күрэхтэһэллэр, волейболлууллар, саахыматтыыллар, дуобаттыыллар. Билигин “Урожай” эмиэ өйөбүлү ылбакка тохтотуллубута хомолтолоох. Сэргэхсийии сүрдээҕин тахсан испитэ. Ол ис куукуната барыта интэриэһинэй.

Онон, көрүҥ барыта үчүгэй. Сырыттыҥ да, сырдатыаххын наада. Сүрүн судьуйаттан, тренердэртэн, кыайбыт спортсменнартан интервью ылаҕын, ол мунньуллан, бэйэтэ матырыйаал буолар. Наар дьону кытта алтыһаҕын, кэпсэтэҕин, онтон матырыйаал тахсан кэллэҕэ ол.

 

Кириитикэ мин аналым буолбатах

– Хас биирдии суруналыыс туспа буочардаах, ураты суоллаах-иистээх. Биир уратым диэххэ дуу, истиилим буолара дуу, куруук дьон үчүгэйин эрэ суруйабын. Кыайтарбыттары сирэйгэ-харахха анньыы диэн миэхэ суох. “Мөлтөх”, “кыаммата” диэн тыллары  туттубаппын. Мин санаабар, спорт – күүстээхтэр, үчүгэй бэлэмнээхтэр аналлара. Бэрди бэрт баһыйар, күүстээххэ ордук күүстээх түбэһэр. Спортсменнар үлэлээн, сыралаһан, күннэрин-дьылларын бараан, элбэх көлөһүннэрин тоҕон кыайыыны ситиһэллэр. Сорохтор тоҕо биирдэ да кириитикэлээбэккин дииллэр. Кириитикэ мин аналым буолбатах. Эфиргэ, хаһыакка киһини самнарыы, саралааһын тустаах киһиэхэ ыарыылаах. Төһө кыалларынан, төттөрүтүн, мүлүрүтэн, сымнатан, өйөөн, тирэх буолар ордук.

– Билиҥҥи кэм ааҕааччыта, истээччитэ, көрөөччүтэ тугу сэргиирий, хайдах матырыйаалы ылынарый? 

– Суруналыыс дьон-сэргэ сэҥээрэрин туһугар үлэлиир буоллаҕа. Кэпсиир дьоруойуҥ, сылдьыбыт күрэхтэһииҥ, сырдатар дьаһалыҥ мүөтүн, сүмэтин була сатыыгын, биллибэтэх-көстүбэтэх, күүстээх өрүттэргэ болҕомтоҕун туһаайаҕын. Дьиҥэр, хаһыат матырыйаала айымньы буолбатах, баар чахчыларга олоҕуран суруйаҕын. Хас биирдии матырыйаал эфиргэ тахсара, хаһыакка бэчээттэнэрэ оҕо төрөөһүнүн курдук күндү буолар.

 

Бэчээт хайаан да баар буолуохтаах!

– Аныгы балысхан сайдыылаах үйэҕэ цифровизация кумааҕы хаһыаты үтүрүйэн эрэрэ кистэл буолбатах. Сахалыы бэчээт дьылҕата барыбытын долгутар...

– Чахчы, ити уопсай кыһалҕабыт. Олох хаамыыта. Бэчээт хайаан да баар буолуохтаах! Электроннай көрүҥ кумааҕы хаһыакка хайдах да тиийбэт. Аны, электроннай вариаҥҥа матырыйаал барыта тахсыбат, сүрүн ыстатыйалары эрэ булан ылыаххын сөп. Оттон хаһыат мунньарга, архыып оҥосторго үчүгэй. Холобур, “Спорт Якутии”  1999 сылтан бүтэһик нүөмэригэр диэри бу дьиэбэр тиһиллэн сытара саныырга да астык. Хаарыан хаһыат сабыллан хаалаахтаатаҕа.

Тыл норуот олоҕор сүдү суолтатын туһунан эттилэр ини, эппэтилэр ини. Тыла суох омук сүтэр, эстэр, симэлийэр. Төрөөбүт тылбыт – биһиги мөссүөммүт, сирэйбит. Сахалыы тыллаах хаһыат хайаан да баар буолуохтаах. Ийэ тылбытынан тахсар хаһыаттаахпыт – норуоппут дьоло, үөрүүтэ, ситиһиитэ, кыайыыта. Хаһыат норуот дьылҕатын быһаарсар.

“Киин куорат” хаһыакка сүүрбэччэ сыллааҕыта эмиэ суруйа сылдьыбытым. Ол саҕана эрэдээктэр Андрей Аргунов этэ. Эһиги эрэдээксийэҕитигэр улаханнык махтанабын. Куорат бэйэтэ туспа хаһыаттааҕа үчүгэй. Сүтүмэҥ, ыһыктыбакка, бу курдук тахса туруҥ. Электроннай көрүҥ суолун тутуһаргыт аныгы олох ирдэбилинэн эмиэ үчүгэй, ол эрээри хаһыат баара өссө үчүгэй!

 

Спорт аргыстаах, баян доҕордоох

– Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн сыла саҕаланна. Эн спорду өрө туппут ыал аҕа баһылыга буолаҕын. Атах оонньуутугар спорт маастараҕын, Манчаары оонньууларын чемпионаҕын. Уолуҥ Александр – эмиэ спорду сырдатар суруналыыс.  Баҕар, бу туһунан ааҕааччылар саҥа билиэхтэрэ.

– Сааһым тухары спорду өрө тутан кэллим. Сэттис-ахсыс кылаастарга атах оонньуутунан, сүүрүүнэн дьарыктанан саҕалаабытым. Ол саҕана тустуу сайдар суолга үктэммитэ. Чурапчыга Д.П. Коркин таһаарыылаахтык үлэлээбитэ. Мин атах оонньуутунан барбытым. Бастаан кылааспар, онтон оройуоҥҥа бастаабытым. Онус кылааһы бүтэрэрбэр, 1968 сыллаахха, Манчаары бастакы оонньууларыгар кыттыбытым. Оҕолорго кылыыга уонна ыстаҥаҕа кыһыл көмүс жетоннары (оччолорго мэтээл буолбатаҕа) ылары ситиспитим. Кубоктарым ыскааппар бу тураллар.

Атах оонньуута үөрэххэ киирэрбэр, киһи буоларбар улаханнык көмөлөспүтэ. Тута: “Спортсмен оҕо, Манчаары чемпиона кэллэ”, – дии түспүттэрэ. Спорт национальнай көрүҥнэрин көҕүлээччитэ, тэрийээччитэ, университет физическэй култуураҕа салаатын сэбиэдиссэйэ Валерий Пантелеймонович Кочнев үөрэххэ уонна уопсайга киллэртэрбитэ. Оннук диэн сэрэйэбин. Атаҕым оонньуута көмөлөһөн устудьуон буолбутум диэн оччоттон баччааҥҥа диэри кэпсии сылдьабын. Тоҕо диэтэххэ үөрэхпэр оннук чаҕылхай, туйгун буолбатах этим. Уопсайга Николай Санников, Иван Горохов, Слава Окороков курдук улуу кылыыһыттары кытта биир хоско олорбутум. Бииргэ дьарыктанар этибит. Саха сирин норуоттарын спартакиадатыгар миэстэлэспитим. Үгүс ситиһиилэнэн, маастар нуорматын толорон, ыстаныыга, кылыыга оройуоҥҥа рекорд олохтоон, ийэбин элбэхтэ үөрдүбүтүм. 51 сааспар Арассыыйаҕа спорт бэтэрээннэригэр “тройнойга” – кыһыл көмүс, уһуну ыстаныыга үрүҥ көмүс мэтээллэри ылбытым.    

Бу диэн эттэххэ, атаҕар кыанар киһи спорт ханнык баҕарар көрүҥэр илин-кэлин түсүһэр быһыылаах. Кылыы диэн киһини үөһэ далларытан, көтүтэн таһаарар. Айаас ат үрдүгэр сылдьар курдуккун, биир кэм халлаан диэки тардыһаҕын, салгыҥҥа уһуннук дайаҕын. Билигин, сааһыран олорон санаатахпына, эдэр сааспар син кыанар, чэпчэкитик ойо-тэбэ сылдьыбыт эбиппин.

Кэлин скандинавскай хаамыынан сөбүлээн дьарыктанабын. Хаамыы – чэбдик олох кистэлэҥэ. Бу дьарык доруобуйаҕа туһата баһаам. Ону таһынан турникка тардынабын, анньынабын. Билигин хаамыыга маастар нуормата олохтонон эрэр, ити олус үчүгэй. Сааһыттан тутулуга суох. Саха сирин хаамааччылара Арассыыйа күрэхтэһиилэриттэн мэтээл аҕалтыыллар, ситиһиилэрэ үгүс. 

Биһиги ыал икки уол уонна биир кыыс оҕолоохпут. Кыра уол Александр эмиэ спорду сырдатар, бэйэтин суолун-ииһин бигэтик булбут суруналыыс. Футболлуур, Чурапчы хамаандатыгар оонньуур. Улахан уол Федя эмиэ футболлуур. Оҕо сылдьан иккиэн боксанан уонна кикбоксинынан дьарыктаммыттара, өрөспүүбүлүкэҕэ кэккэ ситиһиилэммиттэрэ. 

– Сорох ааҕааччыларбыт баян доҕордооххун билбэттэрэ буолуо. Хаһааҥҥыттан оонньуугунуй?

– Алын кылааска сылдьан үөрэммитим. Биир кэмҥэ Эдуард Михайлович Левин диэн музыкант, нуучча киһитэ ыаллыы олорбута, кини аккордеоҥҥа үөрэппитэ, онтон музыкальнай оскуолаҕа киирбитим. Оччоттон баччааҥҥа диэри бу дьарыкпын бырахпакка сылдьабын. Устудьуоннуур кэмнэрбэр, тутар этэрээккэ баяным улаханнык көмөлөспүтэ. Ханна да тиийдэргин уопсастыбаҕа туһалаах, тутаах киһи буола түһэҕин. Үчүгэй, бэйэҕэр сөп түбэһэр саҥа ырыаны эккирэтиһэн буларыҥ бэйэтэ туспа умсугутуулаах. Чаҕылхай да буолбатарбын, син орто баайыылаах баяниспын. Нотанан ырыалары, үҥкүүлэри таһаарабын. 

Бу бырааһынньыктарга баяннаан, ырыа, үҥкүү бөҕө буолан кэллим. Оонньуу-оонньуу ыллыырбыттан олус астынабын. Сороҕор баянныырга бириэмэм да суох курдук буолар. Ыстатыйа суруйбакка, эфирбэр бэлэмнэммэккэ, ыллыы олоруом дуо? (күлэбит).

 

Саха сирэ – спорт куттаах өрөспүүбүлүкэ

–  Быйылгы сүрүн тэрээһиммит – Дьокуускайга ыытыллыахтаах норуоттар икки ардыларынааҕы “Азия оҕолоро” оонньуулар. Өрөспүүбүлүкэҕэ Оҕо аймах сыла биллэрилиннэ. Оҕо спордун сайдыытын туһунан санааҥ.

– 2000 сылтан “Азия оҕолоро” оонньуулары көтүппэккэ сырдатан кэллим. Кыһыҥҥы оонньууларга Сахалиҥҥа, Кемерово куоракка сылдьыбытым.

Улахан спорт оҕо спордуттан саҕаланар. Сахабыт сиригэр онно улахан болҕомто ууруллар. Талааннаах, дьоҕурдаах оҕолору көрдүүр экспедициялары кытта икки-үс сыл сылдьыһан, үгүс улууһу кэрийдибит, ол туһунан “Киин куоракка”, “Спорт Якутии”, тэлэбиидэнньэҕэ, араадьыйаҕа балачча сырдаттым. Улуустарга, нэһилиэктэргэ спорт саалалара тутуллан, үлэҕэ киирэллэр. Син биир харчыга кэлэн иҥнэр боппуруостар бааллар, суох буолбатахтар. Чуолаан хоту улуустарга кэлии-барыы уустук. Ону ол диэбэккэ оҕо аймаҕы, ыччаты спорка сирдиир, өйүүр сөптөөх үлэ ыытыллар дии саныыбын. Саха сирэ – спорт куттаах өрөспүүбүлүкэ.

– Василий Федорович, кэлэн иһэр Бэчээт күнүнэн эҕэрдэлиибит. Сытыы бөрүөҥ сыппаабатын, ааҕааччыларыҥ, дьоруойдарыҥ махталларын ыла тур. Түмүккэ биир идэлээхтэргэр баҕа санааҥ. 

— Айымньылаах, таһаарыылаах үлэни баҕарабын. Туруоруммут сыалгытын ситиһиҥ, ыарахаттартан чаҕыйымаҥ, иннигит хоту баран иһиҥ, идэҕитин таптааҥ, чэгиэн-чэбдик буолуҥ диэн алгыспын тиэрдэбин.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...