17.02.2024 | 18:00

Баҕалаах оҕо син биир чорбойон тахсар...

Баҕалаах оҕо син биир чорбойон тахсар...
Ааптар: Айыына КСЕНОФОНТОВА
Бөлөххө киир

Нам улууһун Хатырык нэһилиэгэр тустуу диэн баран муннукка ытаабыт ыччат элбэх, араас күрэхтэһиилэргэ ситиһиилэрэ да үгүс. Бу уопуттаах тренер Илья Афанасьевич Обутов үтүөтэ-өҥөтө, өр сыллаах үлэтин түмүгэ диэтэхпинэ, сыыспаппын.
Кини П.П. Юмшанов аатынан Оҕо спортивнай оскуолатыгар көҥүл тустуу тренеринэн үлэлиир. Бэйэтин кэмигэр өрөспүүбүлүкэтээҕи, Бүтүн Сойуустааҕы турнирдарга ситиһиилээхтик кытта сылдьыбыт, Сэбиэскэй Сойуус спордун маастарыгар кандидат.

Сөбүлээбит – хаалар, ыарырҕаппыт – туораан биэрэр

Бүгүҥҥү сэһэргэһээччибин кытта Хатырыкка биир күннээх десаҥҥа бара сылдьан көрсүбүтүм. Хата, оруобуна дьарык кэмигэр тиийэн, таба түбэһэн кэпсэппитим.

Илья Афанасьевич, тренеринэн хаһааҥҥыттан үлэлиигиний?

– Хатырыкка Намнааҕы Оҕо спортивнай оскуолатын филиала 1985 сыллаахха аһыллыбыта, онтон ыла биир сиргэ үлэлээн кэллим. Араас кэмҥэ дьарыктаабыт оҕолорум өрөспүүбүлүкэ, Уһук Илин, Арассыыйа таһымнаах күрэхтэһиилэргэ кыттан миэстэлэһэ сылдьыбыттара. Бу сыллар тухары өрөспүүбүлүкэҕэ улуус чиэһин көмүскээн кэллибит.

– Оҕолору сүүмэрдээн ылаҕын дуу, баҕалаах барыта сылдьар дуу?

– Бастаан баҕалаах оҕолору ылабын, онтон сыыйа-баайа бэйэлэрэ сиидэлэнэллэр. Ким сөбүлээбит – ол хаалар, ким ыарырҕаппыт – туораан биэрэр. Онтон аны үчүгэйдэрин сүүмэрдээн, араас күрэхтэһиилэргэ кытыннарабын. Биллэн турар, өрөспүүбүлүкэ таһымыгар бары барбаттар, саамай үчүгэйдэрэ диэбиппин талан, күүскэ бэлэмнээн, улахан түһүлгэлэргэ таһабын.

Билигин испииһэгинэн отуттан тахса оҕолоохпун, онтон сүүрбэччэтэ күрэхтэһиилэри көтүппэккэ кыттар. Урут 4-с кылаастан ылар этибит, билигин 1-гы кылаастан дьарыктаналлар.

 

Айылҕа биэрэрэ диэн эмиэ баар...

– Уопуттаах тренер быһыытынан кэтээн көрдөххүнэ, оҕо тустууга хас сааһыгар ордук арыллар быһыылааҕый?

– Оҕо барыта биир тэҥ буолбат. Этэргэ дылы, айылҕа биэрэрэ диэн эмиэ баар. Дьоҕурдаах оҕолор хара бастакыттан үчүгэйдик тустубутунан бараллар, тута улахан турнирдарга ситиһиилэниэхтэрин сөп. Сорох дьаныардаах оҕо дьарыктанан-дьарыктанан, өр сыралаһан оннук таһымҥа тиийэр. Мин санаабар, баҕалаах оҕо үлэлээбитэ таах хаалбат, син биир кэнники үчүгэй түмүгү көрдөрөр.

– Айылҕалаах оҕону дьарыктыыр үчүгэй дуу, баҕалаах оҕону кытта үлэлиир ордук дуу?

– Дьэ, ити эмиэ мөккүөрдээх ыйытыыны биэрдиҥ (күлэр). Итиннэ эмиэ араас. Холобур, хара бастакыттан күүстээх-күдэхтээх оҕо диэн көрбүтүҥ, кэлин сүрэҕэлдьиир эҥин буолар, оннук үчүгэйдик дьарыктаммакка, үлэлээбэккэ, хааллар хаалан иһиэн сөп. Оттон бастаан мөлтөх дии санаабыт, ол эрээри баҕалаах оҕоҥ чорбойон тахсар, өссө ыраах да барар түгэнэ үгүс.  

– Көҥүл тустууга үксүн хас саастаах оҕолор кэлэллэрий?

– Кыра саастарыгар ордук баҕалаах буолаллар. Уларыйар саастарыгар дьарыктыыр ыарахан соҕус. Кэтээн көрдөхпүнэ, ити кэмҥэ быраҕааччы быраҕар. Оннукка тиийбэт туһугар тренер үлэтэ өссө күүһүрүөхтээх, төрөппүттэри кытта ыкса ситими тутан олоруохтаах дии саныыбын. Сорохтор үрдүкү кылаастарга тахсан баран дьарыктаныахтарын баҕаран кэлэллэр.

– Оннук быстах кэмҥэ дьарыгы тохтотуу содула хайдаҕый?

– Адьас баран хаалбатахтарына, син биир ситиһэллэр. Сорох тренердэр сүгүн дьарыктаммат оҕону өр туппаттар, үүрэн иһэллэр. Оттон мин оннук гыммаппын. Көтүтэр оҕолору “күрэхтэһии буолар, кэлэн дьарыктаныҥ” диэн ыҥырабын, син биир арахпаппын. Оннук сылдьан-сылдьан баран төннөн кэлэр, ситиһиилэнэр оҕолор эмиэ баар буолаллар.

– Оҕо интэриэһин хайдах күөдьүтэҕин?

– Тустуу эр киһи күүстээх, кыахтаах, тулуурдаах буоларыгар көмөлөһөр, дьарыктаммыккыт аармыйаҕа, үөрэххэ бардаххытына син биир туһалыаҕа диибин, олимпиецтарбытын, ааттаах-суоллаах бөҕөстөрбүтүн холобурдуубун.

Улахан уолаттар тустуу сонуннарын сороҕор бэйэбинээҕэр ордук билэллэр-көрөллөр, кыралар да хаалсыбаттар, бэркэ быһаарсаллар.   

 

Уол оҕоҕо төһүүкүүс, тирэх

– Дьарыкка ордук туохха болҕомтоҕун уураҕыный?

– Кыра, орто уонна үрдүкү кылаас уолаттарын икки тус-туспа бөлөххө араарабын, күн аайы биирдии дьарык буолар. Кыра саастарыгар уопсай физическэй бэлэмнэниигэ, эттэрин-сииннэрин эрчийиигэ, тиэхиньикэҕэ, ньымалары, албастары үөрэтиигэ улахан болҕомтону уурабын.

Көҥүл тустуу – ыарахан көрүҥ, спортсмен албаһы барытын билиэн наада – атахха киириини, үөһэттэн быраҕыыны, партерга көмүскэниини о.д.а. Бу диэн эттэххэ, оҕо эрэ барыта тулуйан үөрэппэт. Дьэ, ону хайдах эрэ гынан кэпсии, көрдөрө, тиэрдэ сатыыгын.

– Эргиччи дьоҕурдаах, спорт хас да көрүҥэр дэгиттэр оҕолор бааллар дуо?

– Бааллар. Холобур, өрөспүүбүлүкэ элбэх төгүллээх чемпиона, Уһук Илиҥҥэ миэстэлэһэ сылдьыбыт Анатолий Тимофеев диэн иитиллээччим билигин многоборьенан дьарыктанар, хапсаҕайга 23-гэр диэри саастаах ыччаттарга бастаабыта. Улаханнык саҥарбаппын эрээри, улуус биир киэн туттар, элбэҕи эрэнэ күүтэр уола.

Тустуу киһини аҥаардас эт-хаан, күүс-уох эрэ өттүнэн сайыннарбат, өйү-санааны, ис кыаҕы кытта бөҕөргөтөр. Тустуунан дьарыктаммыт оҕо ханна да быстан-ойдон биэрбэт. Элбэх ыччат аармыйаҕа сылдьан дьарыкпыт абыраабыта диэн махтанар. Киһи барыта чемпион буолбат, ол эрээри тустуу уол оҕо эр киһи быһыытынан ситэн-хотон тахсарыгар төһүү күүс, тирэх буолар.

– Уол оҕону иитиигэ туох көрүүлээххиний?

– Кыра эрдэҕиттэн батыһыннара сылдьан, бэйэ холобурунан иитиэххэ наада дии саныыбын. Бэйэм биир уоллаахпын, номнуо ыал аҕа баһылыга.

Мин аҕам Обутов Афанасий Иванович – Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, разведчик, үс бойобуой уордьаннаах кэлбитэ. Бэйэтин кэмигэр улуус ыһыахтарыгар (ол саҕана улахан күрэхтэһии да суох буоллаҕа) хапсаҕайдыыр, тустар, дьоҥҥо-сэргэҕэ киэҥник биллэр эбит. Эт-хаан өттүнэн улахан кыахтаах киһи буолан сэрии толоонуттан этэҥҥэ тыыннаах эргиллэн кэлбитэ дии саныыбын. Бииргэ төрөөбүттэр төрдүөбүт, 90-с сыллартан аҕабыт аатын үйэтитэн, аймахтар кыттыһан, нэһилиэк дьаһалтата көмөлөһөн, биэс сылга биирдэ Афанасий Обутов кэриэһигэр оҕолорго аналлаах өрөспүүбүлүкэтээҕи турниры тэрийэн ыытабыт.  

Дьарык күн аайы ыытыллыахтаах

– Эн суолгун батыһан, тренер буолбут иитиллээччилэрдээххин дуо?

– Вячеслав Иванович Данилов диэн үөрэнээччим билигин өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр-көстөр тренер, Дьокуускайга «Модун» спорт комплексыгар хапсаҕайга дьарыктыыр, улахан күрэхтэһиилэргэ судьуйа быһыытынан үлэлиир.

– Тренер хайдах буолуохтааҕый? Үлэҕэр туох ирдэбиллээххиний?

– Идэтин таптыыр, тустуунан эрэ “олорор” фанат буолуохтаах. Күрэхтэһииттэн күрэхтэһиигэ эрэ үлэлиир киһиттэн үчүгэй тренер тахсыбат. Дьиссипилиинэ диэн хайаан да тутуһуллуохтаах, дьарык күн аайы ыытыллыахтаах. Биир күн буолар, сарсын буолбат диэн сатаммат. Оҕо тренери көрө сылдьар, кинини холобур оҥостор. Мин үлэбэр хаһан да хойутаабаппын, куруук эрдэ кэлэбин, ити үлэбэр сүрүн ирдэбилим.   

– 40 сыл кэриҥэ үлэлээбитиҥ тухары элбэҕи көрөн кэллэҕиҥ. Үлэлиир, дьарыктанар усулуобуйаҕыт тубуста дуо?  

– Тустуу биир сиргэ турбат, сайдан иһэр. Кэнники кэмҥэ спорт араас көрүҥэ элбээтэ, маассабай спорт сайдан эрэр. Урут биһиги үөрэнэрбит саҕана оскуолабытыгар саала да суоҕа, физкултуура уруога көрүдүөргэ эбэтэр биир эмэ хоско буолара. Онно холоотоххо, билигин чыҥха атын хартыына. Бастакы сылларбар оҕолору Барыласка турбут эргэ оскуола кыра саалатыгар дьарыктыыр этим. Бу сыллар тухары араас усулуобуйаҕа үлэлээн кэллим. Оннооҕор оһох отто-отто үлэлээбит кэмнэрдээх этим (күлэр). Эргэ мас дьиэбит көтүрүллүөҕүттэн бастаан оскуола саалатыгар дьарыктана сылдьыбыппыт. Оскуола тэрээһинэ элбэх буолан, маттарбытын төттөрү-таары тэлгээн, хомуйан аҕай биэрэр этибит, аны бириэмэбит ыгым баҕайы буолара. Кэнники бу урукку оҕо саадын дьиэтигэр көһөн кэлбиппит. Билигин ким да ыксаппат, эбиэттэн киэһэ холкутук дьарыктанабыт. Соторутааҕыта аһыллыбыт Култуура уонна спорт элбэх хайысхалаах киинигэр эмиэ сылдьыахтаахпыт, онон үлэҕэ киирбититтэн үөрэн олоробут.

Уопсайынан, соҕотох тренер барытын кыайбат диэн этиэхпин баҕарабын. Төрөппүтү кытта ыкса ситимнээх үлэ бардаҕына, оскуола салалтата, нэһилиэк дьаһалтата өйүүр буоллахтарына эрэ ситиһии кэлэр. Түгэнинэн туһанан, биһиэхэ куруук күүс-көмө буолар дьоммутугар махталбын тиэрдэбин.

Оҕолор кэпсииллэр

Виталий Собакин 10 саастаах, 4 кылааска үөрэнэр. Маҥнайгы кылаастан тустуунан сөбүлээн дьарыктанар. Бастаан убайдарын үтүктэн кэлбит. 24 кг ыйааһыннаахтарга өрөспүүбүлүкэҕэ бастаабытын киэн тутта кэпсээтэ. Билигин улааппыт, 26 кг тустар буолбут. Аллараа Бэстээххэ күрэхтэһэн кэлбиттэрин, сотору Покровскайга, Сииттэҕэ барыахтаахтарын сэһэргээтэ. “Ханнык тустууктары билэҕин?” диэн ыйытыыга чуо-бааччы: “Лев Павлов уонна Павел Пинигин”, – диэн хардарда. 

Альфред Марков эмиэ төрдүскэ үөрэнэр, билигин 26 кг ыйааһыннаахтарга тустар. Былырыын Мэҥэ Хаҥаласка чемпион буолан кэлбит:

– Мин ыйааһыммар 20-чэ оҕо баара. Сарсыардаттан киэһэ тоҕус чааска диэри тустубуппут. Саамай сатыыр уонна туһанар албаһым –“миэлиҥсэ”.

Дьарыгы көтүппэккэ сылдьабын. Илья Афанасьевич: “Сүрэҕэлдьээмэҥ”, – диир. Күрэхтэһиигэ барарбын сөбүлүүбүн, күүтэбин. Бу билигин ыйааһыммын кыратык түһэрэ сатыы сылдьабын. Улааттахпына спортсмен буолуохпун баҕарабын.  

 ***

Саала иһигэр свисток чуһуурар – күө-дьаа саҥа тохтуур. Илья Афанасьевич: “Миэлиҥсэни” оҥоробут!” – диэтин кытта, уолаттар харса суох бырахсыбытынан бараллар...

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Александра Иванова: «Биһигини Өктөөп тыыннаах хаалларбыта...»
Дьон | 07.11.2024 | 10:00
Александра Иванова: «Биһигини Өктөөп тыыннаах хаалларбыта...»
Дьүөгэм, урукку кэллиэгэм: “Биһиэхэ группаҕа  Александра Дмитриевна диэн 85 саастаах үҥкүүлүүр, ыллыыр, фитнескэ сылдьар, куорат бэтэрээннэрин хамсааһыныгар биир да тэрээһини көтүппэт уопсастыбанньык, олоххо олус көхтөөх көрүүлээх ытык кырдьаҕас баар. Билигин эдэр дьону кытта Бухара-Самарканд-Ташкент күүлэйдээн кэллэ”, – диэбитин соһуйа иһиттим.  Итинник эриэккэс киһини кытта хайаатар да көрүстэхпинэ сатанар диэн, бириэмэтин...
Лена Егорова: «Оҕолорбут тустарыгар бэйэбитин харыстаныахха»
Дьон | 07.11.2024 | 12:00
Лена Егорова: «Оҕолорбут тустарыгар бэйэбитин харыстаныахха»
Оҕото анараа сырыттаҕына, бааһырыы ыллаҕына, хайа ийэ сүрэҕэ долгуйбат, санааҕа ылларбат буолуоҕай. Оттон кини сибээскэ тахсыбатаҕына, олох да утуйар ууларын умналлар, үрдүк айыылартан эрэ көрдөһөн, кинилэргэ эрэ эрэнэн сылдьаахтыыллар.   Анал байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан элбэх киһи олоҕо тосту уларыйда. Этэргэ дылы “ол иннинэ” уонна “ол кэнниттэн” диэн икки аҥы арахсыбыта. Лена...