09.02.2023 | 12:00

Баҕа санааны истэ үөрэниэххэ

Баҕа санааны истэ үөрэниэххэ
Ааптар: Айталина Софронова
Бөлөххө киир

Илиҥҥи халандаарынан саҥа 2023 сылбыт тохсунньу 22 күнүттэн дьэ саҕаланна. Маны тоҕо аҕынныбыт диэтэххэ, илиҥҥи норуоттар олохторун күн буолбакка, ый үүнүүтүн, туолуутун, өлүүтүн кытта ситимнииллэрэ биһиэхэ, сахаларга, чугас курдук. Ким билэр, баҕар ол иһин эбитэ дуу кэлиҥҥи сылларга ордук саха кыргыттара «Баҕа санаа каартатын» оҥоруунан ситиһиилээхтик дьарыктанар буолбуттара – аныгы олох биир дьикти көстүүтэ.

Биһиги бу «Баҕа санаа каартата» диэн омос көрдөххө оонньуу-көр курдук тиэмэни биир үксүн дойду бүгүҥҥү экономическай балаһыанньата уустугурбутунан, олох-дьаһах хаачыстыбата уларыйбытынан «финансовая грамотность» диэн үбү-харчыны сөпкө, өйдөөхтүк туһанарга, билиини-көрүүнү, үөрэҕи, сатабылы туһалаахха туһулуурга үөрэтэр өйдөбүлгэ, үөрэххэ болҕомто ууруллан эрэринэн таарыйдыбыт.

Биһиги дьоруойбут – «Баҕа санаа каартатын» оҥорор Айаана Ефимова.

Айаана, дорообо! Ааҕааччыларбытыгар бэйэҕин билиһиннэр эрэ.

Мин Уус Алдан Хомустаах диэн бөһүөлэгиттэн төрүттээхпин. Ийэм Оксана Афанасьевна Таатта улууһун Чөркөөҕүттэн төрүттээх, аҕам Василий Васильевич – Уус Алдан Хомустааҕыттан. Иккиэн оскуолаҕа учууталлаабыттара. Билигин онно олороллор. Мин ыал иккис оҕото буолабын.

Ааппын аҕам биэрбитэ: «Ай” – айдын, “Аана” диэн. Аҕам артыыс идэлээх буолан кыра эрдэхпиттэн айар эйгэни кытта эҥэрдэһэн улааппытым. Айылҕаҕа сылдьарбын сөбүлүүбүн. Оҕо сааһым Уһун Сыһыы диэн сайылыкпытыгар ааспыта. Муостата суох балаҕан көмүлүөк оһоҕун тачырҕас тыаһынан доҕуһуоллатан, ол уот сырдыгынан ыйдаран бука бары кинигэ, хаһыат ааҕарбытын оҕо сааһым биир умнуллубат түгэнин быһыытынан өйдүүбүн.

Утуйаары сытан кэнэҕэски олохпун киинэ лиэнтэтин курдук ойуулаан көрүү – биир сөбүлүүр дьарыгым этэ. Оскуола саастарбар хара сарсыардаттан ыкса киэһэҕэ диэри араас олимпиадаларга, «Инникигэ хардыы» конференцияларыгар, спорт күрэхтэригэр бүтүннүүтүгэр көхтөөхтүк кыттарым. Оскуолабын бүтэрэн баран геолог идэтин баһылаабытым. Билигин икки оҕолоохпун – уолум Арчын 11 саастаах, «Айыы кыһата» гимназия бэһис кылааһын үөрэнээччитэ, кыыһым Ева уһуйаан  иитиллээччитэ, 7 саастаах.

Бииргэ төрөөбүт эдьиийбин кытта доруобуйаны бөҕөргөтөр, тупсарар марафоннарын ыытабыт. Иккис идэм визажист. Чугас дьонум, дьүөгэлэрим кэрэ сэбэлэрин тупсарарбын сөбүлүүбүн. Ону тэҥэ дьүөгэлэрбин кытта кэрэ аҥаардары түмэр араас көрсүһүүлэри оҥорор бөлөхтөөхпүт.

«Баҕа санаа каартатын» аан бастаан хайдах оҥорбуккунуй?

Бастакы «Баҕа санаам каартатын” 17 саастаахпар дьону үтүктэн сурунаал ойууларын кырыйан оҥорбутум. Арай туран, былааннаабыт ыраларым бары эр-биир туолан киирэн бардылар! Соһуйуу бөҕө! Ол кэннэ эдьиийим сүбэтинэн «Секрет” диэн киинэни көрбүтүм. Ити курдук 2016 сыл буолбута. Бэйэм идэбинэн үлэлии сылдьабын. Биир күн үлэбиттэн быыс булан, интэриниэттэн көрдөөн, маҥнайгы каартабын оҥостубум. Эмиэ соһуйуу! Биир сыл иһигэр баҕа санааларым бары туолан, биир-биир олохпор киирэн бардылар. Чугас дьонум, дьүөгэлэрим кытта сэргээтилэр. “Эһиги эмиэ оҥостуҥ, “үлэлиир эбит”!»– диибин. Сөҕүү-махтайыы бөҕө эрээри, хайалара даҕаны бириэмэ булан оҥостубатылар. Иккис сылбар эмиэ оҥоһуннум, улахан аҥаара туолла. Оччолорго Айхалга АЛРОСА тэрилтэҕэ үлэлиибин. 2018 сыл күһүнүгэр Дьокуускайга кэлэ сырыттым. Онно чугас дьүөгэм Кэрэллээнэ: “Көрсүөххэ, бизнес-идеяланным”,– диэтэ. Көрүстүбүт. Казахстан кыргыттара баҕа санаа каартатын толорор бэлэм хартыыналар кэмпилиэктэрин оҥорбуттарын кэпсээтэ. Иһиттим-истибэтим диэбиттии, «Биһиги эмиэ оҥоруохха!”– буоллубут.

АЛРОСА тэрилтэҕэ хамнас үчүгэй, ыйга 60-70 тыһ. солк. Ол гынан баран үлэбин соччо сөбүлээбэт эбиппин. Бэйэбин «бу чахчы туһалаах үлэни оҥоро олоробун” диэн санаммат этим. Куруук туһалааҕы оҥоруохтаахпын, дьоҥҥо туһалаах буолуохтаахпын диэн санаанан салайтарар этим. Инньэ гынан үлэбин быраҕан, кыс ортото икки оҕобун кыбыммытынан Дьокуускайга барарга сананным. Көһөн кэлэргэ харчы наада, дьиэ булуохха наада, билиэт атыылаһыахха, оскуола уонна уһуйаан... Аҥаардас билиэт сыаната ол саҕана 40 тыһ. солк. этэ. Бэйэбэр сыал туруорунан, биир ый иһигэр корейскай косметика атыылаан, сыалбын ситистим. Ити аата киһиэхэ олус баҕарар, күүстээх сыаллаах-соруктаах буолуохтаах диэни өйдөөтүм. Арай, билиэт атыылаһарбар харчым тиийбэтэ. Аҕыйах тыһыынча тиийбэтэ уонна сибээс баран хаалла. “Билиэт аҕыйах хаалла, бу киэһэ ылбатаххына, матаҕын!”– диэн буолла. Ыксалбыттан, сибээс суоҕун үрдүнэн, аҥаар кырыы эрийтэлээн киирэн бардым. Маҥнай дьүөгэбэр Кэрэллээнэҕэ эрийэбин, сибээс суоҕун курдук суох. Онтон эмискэ, бу күҥҥэ диэри сөҕөбүн, тиийдим! Кыыһым каартабар харчы ыыта оҕуста. Ити курдук интэриэһинэй баҕайытык  билиэппин атыыластым. Ону дьоннор наһаа соһуйдулар, «сибээс суоҕар хайдах кэпсэттиҥ?” диэн.

Куоракка кэлэн куортамныыр дьиэ булбатым. Онтон дьүөгэбиттэн: “Чугастыы дьиэлэргэ тахсаҥҥын биллэриитэ ыйаа эрэ”,– диэн көрдөстүм. Биир киэһэ миэхэ уун-утары дьүөгэм дьиэтин таһыгар аадырыстан эрийдилэр.

Мантан ыла үлэҕит күөстүү оргуйан барар...

2019 сылы көрсөр сылбытыгар бэйэбит кэмпилиэктэрбит күн сирин көрбүттэрэ. Аан бастаан «Кружало” атыы-эргиэн киинигэр ыытыллар дьаарбаҥкаҕа атыылаабыппыт. Дьон балайда интэриэһиргээбитэ, соччо-бачча билбэттэр этэ. Хас биирдии киһиэхэ наһаа өр быһааран биэрбиппит. Атыыбыт хамаҕатык барбыта. Хартыыҥкаларын бэйэбит дьиэбитигэр бэчээттиирбит, тубустарбытын Москваттан сакаастаан ыларбыт. Ойуутун-бичигин интэриниэт нөҥүө Казаньтан сылдьар уруһуйдьукка оҥорторорбут. Ити курдук быйыл «Баҕа санаа каартата» үлэлээбитэ бэһис сыла. Дьон номнуо биллэ, атыылаһаллар, чахчы сөбүлээбит.

Бу каарта туохха нааданый, туох суолталааҕый?

Дьон араастаан ааттыыр эрээри, суолтата барыта биир. Эн баҕа санааҕын олоххо киллэрэр суолталаах. Ол хайдах «үлэлиирий»? Бастатан туран, түгэх өйгүнэн. Биһиги бу олохпутугар буола турар быһыыны-майгыны түгэх өйбүтүнэн тардан ылабыт. Бу науканан дакаастаммыта. Ол курдук, баҕа санааларгын бэлэм кэмпилиэктэн талан ылан уонна фэн-шуй үөрэҕэр тирэҕирэн оҥоһуллубут лиискэ сыһыараҕын. Олус судургу. Онтон каартаҕын көстөр сиргэ ыйыыгын. Төһөнөн элбэхтэ көрөҕүн да, соччонон үчүгэй.

Дьиҥэр, «Баҕа санаа каартата» аптаах палочка буолбатах. Холобур, эмискэ миллионер буолан хаалары эбэтэр сүүрбэ сыл эдэргэр түһэрэри толорбот. Ол эбэтэр эн баҕа санааҥ эн усулуобуйаҕар, кыаххар, олоҕуҥ хаамыытыгар сөп түбэһэр буолуохтаах. Оттон баҕа санааҥ дьиҥ эн баҕа санааҥ, кими эрэ үтүктүү дуу, туораттан күһэйии дуу буолуо суохтаах. Ол эбэтэр киһи тус бэйэтин баҕа санаата олоххо киирэриттэн ис-иһиттэн үөрэр, оччоҕо баҕа санаата барыта туолан киирэн барар. Ону булгуччу Саҥа дьылга эҥин оҥоруохтааххын диэн буолбатах, ый үүнэ турар кэмигэр хаһан баҕар оҥоруохха сөп. Мин көрүүбэр, биир каарта бииртэн үс сылга диэри “үлэлиир».

Маастар-кылаас ыытаҕын дуо?

Маастар-кылаастары ыытабын, хайдах сөпкө толорорго сүбэлиибин. Ону таһынан эмтээх отунан, чүмэчинэн ыраастыыбын.

Каартаҥ аан дойдуга атыыланар этэ дии.

Каартабытын Алгыс Уйбааҥҥа ыраастаппыппыт уонна 2020 сылтан аатырбыт Wildberries интэриниэт маҕаһыыҥҥа киллэрбиппит. Оччолорго маннык каарталар тарбахха баттанар этилэр. Ол сыл илиҥҥи Саҥа дьыл күннэринэн 500 устууканы укпуппутун аҕыйах күн иһигэр бүтэрбиттэрэ. Билигин дьүөгэм кыра оҕолоох буолан соҕотоҕун үлэлиибин. Сахам дьонугар анаан хартыыналарбын уларытыахпын баҕарабын. Саха сирин кэрэ көстүүлэрин, култууратын, таҥаһын-сабын о.д.а. эбэн биэриэҕим. Былырыын блокноттаах, ыйанан турбат, куруук бэйэни кытта илдьэ сылдьыллар каартаны таһаарбытым. Аны эр дьоҥҥо уонна оҕолорго оҥорон көрүөҕүм. Тоҕо диэтэххэ кэлиҥҥи сылларга дьиэ кэргэнинэн, кэлэктиибинэн мустан олорон толорор буоллулар.

Дьэ, өссө төгүл эт эрэ, чахчы туолар дуо?

Биэс сыл устата элбэх киһиттэн “дьиэ ыллыбыт”, “тас дойдуга күүлэйдээн кэллибит”, “ыал буоллум”, “массыына атыыластым”, “үлэбин уларыттым”, “бизнес арынным” диэн тыллары истэн кэллибит. Ол элбэҕи этэр.

 Түмүккэ тугу этиэҥ этэй?

Ыра санаалаах буолуҥ. Баҕарбыт баҕа санааларгыт куруук туоллуннар. Саҥа үүммүт күнү үөрүүнэн көрсүҥ, махталлаах буолуҥ.

Айаана, ыра санаалары толорор сэкириэккин кистээбэккэ кэпсээбиккэр махтал! Дьоҥҥо үтүөнү, туһалааҕы оҥорор баҕа санааҥ уҕараабатын.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...