23.10.2022 | 11:00

Бүөтүр Алексеев

Бүөтүр Алексеев
Ааптар: Алгыс Уйбаан
Бөлөххө киир

Ис дьиҥи билинии, ол дьиҥинэн олоруу – киһи аймах бу дойдуга олоҕун алгыстаах анала. Хас биирдии киһи бу аналын сирдээҕи олоҕор көрдөнөр. Бэйэтин билиэн, аналын ылыныан баҕалаах дьон күнтэн-күн элбээн иһэр. Аналын билиммит, ылыммыт киһи ийэ кута, ийэ өйө тула эйгэҕэ, ис сырдыгы сыдьаайан, үтүө тыыны үөскэтэр. Бу тыын кини дьолун уйата буолар. Бу эйгэҕэ кэргэмминээн, Лена Михайловналыын, удьуор утумунан идэтийэн, дьон кутун-сүрүн кытта анаан үлэлэспиппит уонтан тахса сыл буолла. «Алгыстаах Аартык» диэн кэмиэрсийэтэ суох тэрилтэни тэринэн, бу сыллар устата куту-сүрү ситимнииргэ, өйү-санааны чэбдигирдэргэ элбэх хорутуулаах үлэ оҥоһулунна. Ол дьайыытынан үгүс дьон дьиҥин, кырдьыгын, көҥүлүн билинэн, ис тыынынан тыллан, чэлгийэн иһэрэ биһигини өссө киэҥ хабааннаах үлэҕэ кынаттаабыта. Онтон сиэттэрэн 2019 сылтан “Дьиҥ бэйэни билинии уонна ылыныы” диэн киһи ийэ кутун уһугуннарар, ис көҥүлүн ылынар, айылҕатын тылыннарар уһуйааннары тэрийэбит.
Петр Спиридонович бу эйгэни бэйэтигэр чугастык ылынан, киһи аймахха олус туһалаах буолуо эбит диэн санаанан салайтаран, дьон-сэргэ олоҕо саҥа таһымҥа тахсарыгар көмөлөөх дьиэбитин тутарга этии киллэрбитэ. Бу үлэ норуот дьылҕатыгар үтүө дьайыылаах буоларыгар баҕарбыта. Ити курдук үрдүккэ ыҥырар ыра-баҕа санаанан саҥа дьиэ тутуута күөстүү оргуйан барбыта.
Сыралаах үлэ түмүгүнэн, икки сыл иһинэн, саҥа дьиэ тутуллан үлэҕэ киирэн эрэр. Петр Спиридонович ис санаатыттан кыһаллан, дьон туһа диэн, үрдүк хаачыстыбалаах матырыйаалларынан оҥортордо. Биир киһи кыаҕар элбэх үп-харчы бу дьиэҕэ ананна. Петр Спиридоновичпыт сахпыт сардаҥата дьону кынаттаан, араас идэлээх-эйгэлээх дьон олус көхтөөхтүк сүрэхтэрин баҕатынан, ис тыыннарынан, сырдык санааларынан бу дьиэбит тутуутугар көмөлөстүлэр. Сырдык санаанан түмсүү кыаҕын-күүһүн көрдөрдүлэр. Онон дьиэбит ис эйгэтэ санаа хоту табыгастаахтык таҥыллан-оҥоһуллан, күнтэн күн тупсан, дьайар сырдык сардаҥата күүһүрэн иһэр. Бу барыта сахабыт дьоно-сэргэтэ, оҕото-кэскилэ дьиҥ ис тыыннарынан айымньылаах олохтоох, чэгиэн туруктаах, айылҕалыын дьүөрэлээх, дьоллоох олохтоох буолалларыгар ананар.
Петр Спиридонович маны таһынан дойдутугар анаан туттарбыт улахан суолталаах тутуулары дьонугар-сэргэтигэр бэлэх уунна. Кыһалҕаҕа киирбиттэргэ, баһаарга эмсэҕэлээбиттэргэ дьон билбэтинэн сахалыы сэмэй майгытынан элбэх көмөнү оҥоро сылдьар. Петр Спиридонович удьуоруттан бэриллибит өйө-санаата, төрөөбүт ийэ дойдутугар таптала, бу олоххо анаммыт аналын ылыныыта үгүс киһи сүргэтин көтөхтө.
Норуотун дьылҕатыгар көмөлөһөр сахабыт биир Чулуу уолугар, Ил эйэ тардыылаах Сыҥаах Бороҕон, Лөгөй Тойон сыдьааннарыгар, алгыстаах аналын ылыммыт Петр Спиридонович Алексеевка “Алгыстаах Аартык” бар дьонун аатыттан улахан махталбытын тиэрдэбит. Петр Спиридонович сахпыт ис сырдыга киһи аймахха тэнийэн, тарҕанан, күүһүрэн-уоҕуран эбиллэн иһиэҕэ. Ол күүс бу уустук кэмнэргэ дьон хараҕын арыйан, сырдыгы түстээн, олох саҥа кэрдииһин ылынарыгар күүс-көмө буолуоҕа. Бу саҥа таһымы үгүс дьон батыһыаҕа. Аһыныгас санаалаах айыы дьоно, көмүскэс санаалаах күн оҕолоро ким буоларбытын билинэн, аналбытын ылынан, или-эйэни тэрийэр саҥа кэммит кэллэ.
“Алгыстаах Аартыкка” күн уота мэлдьи тыктын, сылааһа-имэҥэ сүрэххэ иҥтин, ол сырдыгы тарҕатан саха буолан сандаарыаҕыҥ, күн курдук күлүмнүөҕүҥ, сылаас тыыммытыгар, истиҥ иэйиибитигэр дьолбутун тардыаҕыҥ, тула эйгэбитигэр уйгуну-быйаҥы уһансыаҕыҥ!
Аһыныгас санаалаах айыы киһитигэр, меценат Петр Спиридонович Алексеевка Уруй-Айхал! Айхал-Мичил! Уруй-Туску! Туску!Туску! Туску!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Сонуннар | 29.08.2024 | 14:00
Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Билиҥҥи олох балысхан сайдыыта үчүгэй өрүтэ элбэх эрээри, киһи олоҕор, доруобуйатыгар хоромньута эмиэ хара баһаам. «Доруобуйа» балаһабыт бүгүҥҥү тиэмэтэ – өй-мэйии үлэтэ, болҕомтолоох эбэтэр умнуган буолуу, сыыһа-халты тыллары туттуу, түөһэйии. Бу туһунан 3-с нүөмэрдээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническэй балыыһа «Кабинет памяти» иһинэн үлэлиир исписэлиистэр – невролог быраас Виктория Николаевна Местникова уонна медицинскэй...
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьон | 05.09.2024 | 10:00
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьокуускай куорат уокуругар куорат таһынааҕы – Кангалаас, Маҕан, Марха, Тулагы, Табаҕа, Владимировка, Хатас уонна Пригороднай нэһилиэктэрэ киирэллэр. Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт – 2000-2005 сылларга «Пригороднай сэлиэнньэтэ» муниципальнай тэриллии баһылыгынан үлэлээбит СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Ас-үөл индустриятын туйгуна, СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах мецената Герман Егорович Отов. Кинини кытта  кэпсэтиибитин Пригороднай нэһилиэк историятыгар туһаайдыбыт.  ...
Элбэх оҕолоох ыалга улахан көмө
Сонуннар | 28.08.2024 | 15:36
Элбэх оҕолоох ыалга улахан көмө
Киин куорат баһылыга Евгений Григорьев уонна Сайсары уокуругун управатын салайааччыта Владимир Слепцов Бессоновтар дьиэ кэргэннэригэр Билии күнүнэн бэлэхтэрин туттардылар. Ыал аҕата билигин анал байыаннай дьайыыга сылдьар. Бессоновтар биэс оҕолоохтор – биир устудьуон уонна түөрт оскуола үөрэнээччитэ. Бу күн оҕолорго үөрэх тээбиринин бэлэхтээтилэр, оттон ыал кыратыгар маҥнайгы кылаас үөрэнээччитигэр аналлаах набору...
Кыыдаана Игнатьева:  «Худуоһунньук бэйэтин көрүүтүнэн салайтарыахтаах...»
Дьон | 06.09.2024 | 12:00
Кыыдаана Игнатьева: «Худуоһунньук бэйэтин көрүүтүнэн салайтарыахтаах...»
Куорат устун хааман иһэн эбэтэр массыынаҕа, оптуобуска олорон элбэх мэндиэмэннээх таас дьиэлэр тас эркиннэригэр уруһуйдаммыт хартыыналарга хараххыт хатанар дуо? Аҕыйах сыллааҕыта Киров уулуссатыгар турар икки уопсай дьиэ оннук тупсан хаалбытын соһуйа, эмиэ да сонургуу көрбүппүт. Онтон ыла сыл аайы Дьокуускайга арт-эбийиэк элбии турар. Бүгүн киин куоракка МУРАЛ диэн куорат тас...