22.05.2022 | 12:00

Бүтүн агробөһүөлэги туттарбыт салайааччы

Бүтүн агробөһүөлэги туттарбыт салайааччы
Ааптар: Вера Канаева, Таатта
Бөлөххө киир

Үлэ ситиһиилээх буолуутун төрдө – сатабыллаах, далааһыннаах быһаарыныылары ылынар салайааччы. Өссө ааспыт үйэ 60-с сылларыгар, этэргэ дылы, үрэх баһа дойдуга бүтүн агробөһүөлэги туттаран бүгүн даҕаны уос номоҕор сылдьар бөдөҥ салайааччы Иван Васильевич Николаев туһунан “Бырааттыы Мординовтар” музейы салайар Сардана Александровна Васильевалыын кэпсэттибит.

– Сардана Александровна,  Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылынан ХХ-с үйэ чулуу киһитэ Иван Васильевич Николаев туһунан кэпсэтиэх.

– Олоҕу хамсаппыт, сатабыллаах салайааччы Иван Васильевич Николаев күөх Ньурба Мэҥэдьэк нэһилиэгэр Хатыыга ыам ыйын 15 күнүгэр 1931 сыллаахха күн сирин көрбүт. Сут-кураан, ыарахан олох кинини тулуурдаах, дьулуурдаах буоларга хатарбыта. Кини дьылҕатын үөрэтэн, бэйэтин туһунан кинигэ хомуйан оҥорбут буолан, хайдах эрэ уруккуттан билэр, алтыспыт киһим курдук ылынабын.

– Иван Васильевич үлэтин-хамнаһын туһунан кэпсээ эрэ.

– Таатталар, дьолбутугар, кинини Москубатааҕы К.А. Тимирязев аатынан  академияны бүтэрбит  сылыгар (1958 с.) “Коммунизм” холкуоска учаастак агрономунан аныыллар. Тута кылаабынай агрономунан ананар. 1961-1967 сс. холкуос бэрэссэдээтэлэ буола үүнэр. Бу үлэлии сылдьан Иван Васильевич тыа олоҕо ыараханын, түҥкэтэҕин, уота-күөһэ суоҕун, суола-ииһэ мөлтөҕүн бэлиэтиир. Итиэннэ, дьон олоҕун тупсарарга, саҥа агробөһүөлэк тутар толкуйга түһэр.

Биир киһи толкуйунан аныгылыы тииптээх саҥа бөһүөлэк тутуллара – улахан сорук, сүдү дьыала буолар. Ол иһин бэйэтин тула үлэлиэн баҕалаах биир санаалаахтарын түмэр уонна дьүүлгэ таһаарар. Иван Васильевич санаабыт санаатын, баҕатын ылынан, ССКП Обкомум бюрота уонна Саха АССР Миниистирдэрин Сэбиэтэ 1963 сыл ахсынньы 29 күнүгэр “О перспективном развитии колхоза “Коммунизм” Алексеевского производственного управления” диэн уурааҕы ылынар. Итинэн киниэхэ Амма үрдүгэр куораттыы типтээх саҥа бөһүөлэги тутуу курдук улахан эппиэтинэс сүктэриллэр. Ыркый ойуур оннугар бөһүөлэк тутуу манан дьыала буолбатах, хорсун санаалаах тутааччылар, тимир көлө кыаҕа, биир санааланыы ирдэнэр буоллаҕа. Ылыныллыбыт сорук бигэргэнэн, 1963 сыллаахха арылыйа устар Амма үрэх үрдүгэр Харбалаах бөһүөлэгэ тэриллиитэ сурукка киирэр.

Иван Васильевич Николаев

– Тутуу хайдах саҕаламмытый, барбытый?

Ыркый ойууру кэрдии үлэтэ уурааҕы кытта тута саҕаланар. Иван Васильевиһы былаах оҥостон, үлэ күөстүү оргуйар. Сайыҥҥы куйааһы, кыһыҥҥы тымныыны аахсыбакка, 1964 сыллаахха кыс ортото бастакы уопсай дьиэ тутуллар. Бөһүөлэкпитин туппут хас биирдии бастакы тутааччы аатынан киэн туттабыт, өрүү махтана кэпсиибит.

– Иван Васильевиһы киһи, салайааччы быһыытынан хайдах сыаналыыр эбиттэрий?

– Киһи быһыытынан олус үчүгэй майгылааҕын, элэккэйин, үлэ киһитин өрө тутарын, эдэриттэн эмэнигэр диэри тэҥҥэ кэпсэтэрин бэлиэтииллэр. Норуот таптаан Бытык Уйбаан диэн аат иҥэрбит. Дойдутугар бэриниилээхтик үлэлээбитин “Үлэ Кыһыл Знамята”, “Норуоттар доҕордоһуулара” уордьаннар, “Үлэ бэтэрээнэ” мэтээл иҥэриллиилэрэ, Арассыыйа тыатын хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ аат туоһулууллар. Ол эрээри бэйэтэ куруук «киһини ханнык да наҕараадатааҕар үлэ киэргэтэр” диэн этэр эбит.

– Иван Васильевич сатабыллаах буола үүнүүтэ, эн санааҕар, туохтан көстөрүй?

– Бастатан туран, сэрии тыйыс хаһыҥыгар оҕустаран, тыыл ыарахан олоҕун, үлэтин билбит киһи. Иккиһинэн, Москуба куоракка К.А. Тимирязев аатынан тыа хаһаайыстыбатын академиятыгар устудьуоннуур кэмигэр, бэйэтин, дьонун иитээри, сайын устата Москуба куорат кэрэ миэстэлэригэр туристары хаартыскаҕа түһэртээн атыылаабыт. Бу инниттэн экскурсоводтары кытта кэпсэтии үлэтин ыытан, кинилэри бырыһыаҥҥа наймылаһар эбит. Өлөрбүт харчытынан Москубаҕа аҕатын күүлэйдэппит. Киһи бэйэтин хайдах салайынарын ол саҕаттан  тобулбут, баһылаабыт буоллаҕа. Академияны кыһыл көмүс дьупулуомнаах бүтэрбитэ эмиэ элбэҕи этэр.

Сквер үөрүүлээх аһыллыыта

– Иван Васильевич төрөөбүтэ 90 сылыгар  кинигэ бэчээттэнэн тахсыбыта. Кинигэҕэ кимнээх көмөлөспүттэрэй, кимнээх үбүлээбиттэрэй?

– Чаҕылхай биир дойдулаахпыт туһунан өссө 2000 сыллаахха “Сулуһа суох герой” диэн кинигэ Христофор Ефремов суруйуутугар тахсыбыта. Былырыын, бэлиэ сылынан, “Иван Васильевич Николаев” диэн кинигэ Василий Никифоров эрэдээктэрдээх, кэргэнэ Надежда Николаева, Мотрена Чарова уонна мин хомуйан оҥоруубутунан “Саха сирин албан ааттаахтара” сиэрийэнэн баара-суоҕа 200 ахсаанынан бэчээттэнэн тахсыбыта. Кинигэ үбүлээһинигэр тус бэйэм сүүрбүтүм. Үбүлээһини көрбүт Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтигэр, Таатта улууһун баһылыга  М.М. Соровка, Орто Амма нэһилиэк баһылыга А.И. Кулачиковка махтанабын. Бэйэм эмиэ үбүлээһиҥҥэ кыттыспытым.

Киһи кэрэмэһин, салайааччы бастыҥын үйэтитиигэ итини сэргэ туох үлэ ыытылынна?

– Музей үлэһитэ буоламмын, буолбут чахчылары, бүгүн буола турары, үйэтитэр аналлаахпын. Харбалаах бөһүөлэгин төрүттээбит бөдөҥ салайааччыбытын үйэтитэр, кини аатын ааттатар бырайыактарбын сыллааҕы үлэбит былааныгар киллэрбиппит. Ол курдук, тыа хаһаайыстыбатын исписэлииһэ С.П. Винокурова, олохтоох библиотека үлэһитэ А.А. Федорова буолан улуустааҕы “Сулуһа суох герой” хоһоон айыытыгар күрэҕи, өрөспүүбүлүкэ таһымнаах “Иван Васильевич Николаев” кинигэ биһирэмин ыыппыппыт. Бөһүөлэкпитигэр Үөһээ Бүлүүттэн айар командировкаҕа кэлэ сылдьар Александр Адамовка ютуб биэрии оҥотторбуппут. “Тэтим” араадьыйаҕа анал биэрии ыыттарбыппыт. Улахан тэрээһиммитинэн “Николаевскай ааҕыылары” ыытыы буолар. Ааҕыыларга 5 улуустан 39 оскуола үөрэнээччилэрэ, 4 учуутал кыттыбыттара. Дьүүллүүр сүбэҕэ Харбалаахтан төрүттээх билим үлэһиттэрэ Р.П. Софронов, Л.А. Дарбасова уо.д.а. үлэлээбиттэрэ.

Кинигэ биһирэмэ

– Оттон Харбалаах бөһүөлэгэр туох үлэ-хамнас ыытылларый?

– Нэһилиэкпит кулууба Иван Васильевич аатын сүгэр. Кулууппут иннигэр 2013 сыллаахха, бөһүөлэк тутуллубута 50 сылыгар сөп түбэһииннэрэн, пааматынньык тутуллубута. Оччолорго Орто Амма нэһилиэгин Владимир Аржаков салайара. Үп-харчы кырыымчыгыттан үлэ тохтообута. Былырыын скульптор Ильян Павлов салгыы ситэрэн-хоторон биэрбитэ. Ситэрии үлэтин олохтоох дьаһалта үбүлээбитэ. Пааматынньык тула Харбалаах бастакы тутааччыларын скверэ тутааччылар сыдьааннарынан үбүлэнэн силигин ситтэ. Хаартыскалары булууга, көрдөөһүҥҥэ нэһилиэкпит кыраайы үөрэтээччитэ, элбэх кинигэ ааптара Валентина Блахирова улахан үлэни ыыппыта. Барыта 260 тутааччы  хаартыската киирдэ. Нэһилиэкпит биир киин уулуссата уһулуччулаах салайааччыбыт аатын сүгэр. Иван Васильевич туппут, олоҕун саамай кэрэ сылларын анаабыт бөһүөлэгин көрө, өрүс үрдүгэр көмүс уҥуоҕа хараллан сытар. Кини аата оҕолорунан, сиэннэринэн салҕанар.

– Сардана Александровна, Ньурба чулуутун, Тааттаны иккис төрөөбүт дойду оҥостубут дьоҕурдаах, сатабыллаах салайааччы Иван Николаев-Бытык Уйбаан туһунан кэпсээҥҥэр махтанабын. Тырымнас уоттардаах Харбалаах дьоно-сэргэтэ кини аатын, олорбут, айбыт олоҕун холобур оҥостон, үлэни-үөрэҕи өрө тутан, үүнүөхтэрэ-сайдыахтара турдаҕа диэн кэпсэтиибитин түмүктүүбүн.

Иван Николаев мэтириэтэ
Иннокентий Дмитриевич 
Корякин уруһуйа

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
Дьон | 24.10.2024 | 18:00
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
2022 сыл алтынньы 19 күнүгэр Ферум Аммосов анал байыаннай дьайыыга эн биһиги туспутугар, дойдутун туһугар сулууспалыы сылдьан олоҕун толук уурбута. Сырҕан бааһы таарыйан, бииргэ төрөөбүт балтын, ону тэҥэ бойобуой доҕорун ахтыыларын чугас дьонугар, ийэтигэр, аймахтарыгар таһаарабыт. Ол ыарахан кэмнэри санаппыппар, бука диэн, алы гыныҥ дуу...   – Саргылаана, бииргэ төрөөбүт хаһыа...
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Дьон | 25.10.2024 | 14:30
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Бүгүн мин ааҕааччыларбар билиһиннэриэм этэ Саха сирин уус-уран ойууга-дьүһүҥҥэ мусуойун научнай-сырдатар үлэҕэ методиһа, СӨ култууратын туйгуна Заровняева Варвара Ильинична-Күндүүлэни.   —  Варвара, иис абылаҥар ылларыыҥ, иннэни, сабы хас сааскыттан туппутуҥ туһунан кэпсиэҥ дуо? — Оҕо сааспыттан иис-уус эйгэтигэр улааппытым. Ийэм, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара Заровняева Варвара Гаврильевна өттүнэн эбээм, Бүлүү Баппаҕаайытыттан...
НВК Саха бырагыраамата алтынньы 21-27 күннэригэр
Сонуннар | 20.10.2024 | 10:00
НВК Саха бырагыраамата алтынньы 21-27 күннэригэр
Понедельник, 21 октября 6:00 Сана кун 6+ 9:00 Утро Якутии 6+ 10:00 "Якутия" информационная программа 12+ 10:15 Саха сатаабата суох 6+ 10:45 Откровенно 12+ 11:15 Проавто 12+ 11:45 Репортаж 12+ 12:00 "Якутия" информационная программа 12+ 12:15 Эйгэ 6+ 13:30 "Саха Сирэ-Якутия" информационная программа 12+ 14:00 Тэтим 6+ 15:00 "Тыый!"  6+...