08.03.2022 | 19:30

Үбүлүөйдээх сылга махталы кытта

Үбүлүөйдээх сылга махталы кытта
Ааптар: В.Д. Данилов, «Слада» нуучча тустуутун аан дойдутааҕы Академиятын чилиэн-кэрэспэдьиэнэ.
Бөлөххө киир

Саха АССР 100 сыллаах үбүлүөйүгэр мин ситиһиилэрбэр көмөлөспүт Улуу Нуучча норуотугар махталым улахан.

Мин 1935 сыллаахха сэтинньи 10 күнүгэр Сунтаар улууһун Хадан нэһилиэгэр, Ньохчук үрэххэ, холкуостаах дьиэ кэргэнигэр күн сирин көрбүтүм.

Бастакы кылааска 1944 сыллаахха Ньылаҕа, "Эйкээргэ", алын сүһүөх оскуола аһыллыбытыгар үөрэнэ киирбитим. Хадан 7 кылаастаах оскуолатын бүтэрэн, Сунтаар орто оскуолатыгар үөрэнэ киирбитим.

1955 сыллаахха Сунтаарга Зедгенидзов Семен Александрович оскуола оҕолоругар уонна улахан дьоҥҥо көҥүл тустууга секция аһан үлэлэппитэ. Биһиги үөрүүнэн киирэн, эрчиллэн барбыппыт. Ийэм бииргэ төрөөбүт быраата Никитин Никита Ананьевич 1938 с. Сунтаар ааттаахтарын барыларын охтортообута. Борохуотунан Дьокуускайга бараары, "Туруухтаҕа" киирэн иһэн, "Өргөдьөйгө" Өлүөхүмэ аатырбыт тустууга Мопоодону кыайбыта. Кэлин Приморьеҕа сулууспалыы сылдьан классическай тустууга Уһук Илин чемпиона буолуталаабыта.

1941 сыллаахха алтынньы 13-20 күннэригэр старшай лейтенант Никита Никитин Москва анныгар, Бородиноҕа 17-с полкаҕа, 32-с дивизияҕа ньиэмэстэри кытта сэриилэспитэ уонна өлбүтэ.

Маршал Георгий Жуков: «1941 сыллаахха Бородиноҕа сэриилэспит дьон – Норуот Геройдара”, – диэн этэн турардаах. Онон Никита Никитин Бородино сэриитин Норуодунай Геройа этэ диэтэхпитинэ, алҕас буолбатах.

Мин олох кыра эрдэхпиттэн таайым Никита курдук күүстээх тустуук буолуохпун баҕарарым, ити санаабын сыыйа олоххо киллэрэн испитим.

1959 сыллаахха Сунтаарга 10 кылааска үөрэнэ сылдьан Дагестаҥҥа Махачкала куоракка "Урожай" уопсастыба Арассыыйатааҕы күрэхтэһиитигэр үһүс миэстэ буолан, үөрүүм-көтүүм үрдээбитэ. Альберт Захаровы физика учуутала Зубкова Н.И. көҥүллээбэтэҕэ. “Захаров физикаҕа олус мөлтөх, кыратык көтүттэ да, эксээмэҥҥэ проваллыа”, – диэбитэ. Онон үөрэҕэр үчүгэй киһи мин барбытым уонна Арассыыйа таһымнаах мэтээли Сунтаар оройуонугар аан бастакынан аҕалбытым.

1960 сыллаахха 8 тустуук Сэбиэскэй Сойуус спордун маастара буолбута. Ол иһигэр мин эмиэ. Билигин аҕыс киһиттэн мин эрэ баарбын.

ССРС, Арассыыйа уонна Саха АССР араас күрэхтэһиилэригэр тустубутум тухары 84-тэ чемпион, 53-тэ призер буолуталаабытым.

Миэхэ этэн, үөрэтэн тураллар: Арассыыйаҕа, ССРС, Азияҕа, Европаҕа бастаабытыҥ ааҕыллыбат, ахсааҥҥа киирбэт. Аан дойду күрэхтэһиилэригэр, Олимпийскай оонньууларга, бэтэрээннэр, эдэрдэр уонна оҕолор аан дойдутааҕы күрэхтэһиилэригэр чемпион, призер буолбуттар эрэ ааҕыллар үһүлэр, атын күрэхтэһиилэр ааҕыллыбаттар диэн.

Аай дойду спордун маастардарын күрэхтэһиилэригэр: “Сладаҕа” 6 төгүл уонна самбоҕа биирдэ – барыта 7 төгүл аан дойду чемпиона буолбутум. 1994 сыллаахха Италияҕа көҥүл тустууга II миэстэ буолбутум. 2003 сыллаахха Горькай куоракка «Слада» нуучча тустуутугар II миэстэ буолан турардаахпын. Онон аан дойду күрэхтэһиилэригэр икки төгүл II миэстэни ылбытым. Ити курдук аан дойдуга сэттэ төгүл чемпионнаабытым уонна икки төгүл II миэстэ буолуталаан, уопсайа тоҕуста аан дойду түһүлгэтигэр кыайыы өрөгөйүн билбитим. Биһиги, сахалар, тоҕус халлааннаахпыт. Ол иһин буолуо... 1960 сыллаахха ССРС спордун маастара буолбут 8 киһиттэн мин соҕотоҕун хаалан тыыннаах ордон сылдьарым?

Кэрэхсэбиллээх кэпсээҥҥэ сылдьар улуу нуучча бухатыырдарын Илья Муромеһы, Алеша Поповиһы уонна Добрыня Никитиһы умнубаппын, куруук саныыбын. Кинилэр тустууларын салгыы сайыннаран, бэйэбит эрчиллэн тиийэн кэллибит, аан дойду араас омуктарыгар тарҕатабыт.

Саха АССР 100 сыллаах үбүлүөйүн үөрэ-көтө көрсөрбүтүгэр улуу нуучча норуотугар үрдүк ситиһиилэрбит, көрдөрүүлэрбит иһин улаханнык махтанан, сүгүрүйэн ааһабыт.

1992 сыллаахха ХИФУ профессора В.В. Илларионов “Хомоҕой хоһоон холобурдара” диэн кинигэни таһаарбыта. Онно түүр омуктарга, ол иһигэр сахалыы хоһоон суруйуутугар саҥа форманы киллэрбитим (аллитерациянан суруйуу). Ол туһунан Саха сирин биллиилээх кэрэспэдьиэннэрэ Ариадна Борисова 2002 сыллаахха ахсынньы 28 күнүгэр "Якутия" хаһыакка, Т.С. Шамшурина 2004 сыллаахха олунньу 9 күнүгэр "Новости Якутии" сурунаалга суруйбуттара.

2011 сыллаахха ХИФУ "Новое в филологической науке" (“Биир дорҕоонунан туруору аллитерация”) диэн научнай үлэни суруйан, көмүскээн турабын.

Бу үлэбин Арассыыйа үөрэххэ, наукаҕа миниистирэ Д.В. Ливанов, "Слада" нуучча тустуутун аан дойдутааҕы Академиятын профессордара А.В. Дроздов уонна В.В. Миронычев үрдүктүк сыаналаабыттара.

2012 сыллаахха ССРС саҕана хаһан да уон иһигэр киирбэтэх ХИФУ ректора Е.И. Михайлова “Ректор 2012 г. среди ВУЗов РФ” уонна 1 мөлүйүөн 400 тыһ. солк. харчынан бириэмийэлэммитэ.

Уруй! Уруй! Уруй!

Профессор В.В. Илларионов 1867 с. Дьааҥыга сыылкаҕа кэлбит Иван Александрович Худяков туһунан суруйбута. Кини 4 ыйынан сахалыы кэпсэтэр буолбут уонна 4 сылынан "Хаан Дьаргыстай" диэн үс үйэлээх олоҥхону суруйан саха норуотугар бэлэхтээбитэ. И.А. Худяков үс үйэлээх олоҥхо Олоҥхо чыпчаала буоларын чахчы өйдөөбүт.

Платон Ойуунускай үс үйэлээх олоҥхону суруйаары, 38 айымньыны мунньан баран, биир үйэлээх “Ньургун Боотуру” суруйбут. Үс үйэлээх олоҥхону суруйарга өйө-санаата тиийбэтэх курдук.

Мин И.А. Худякову үтүктэн “Батыйа Бэрт бухатыыр” диэн үс үйэлээх олоҥхону суруйдум. Аан дойдуга билигин биэс эрэ үс үйэлээх олоҥхо баар. Олортон мин олоҥхом уратыта, ордуга диэн икки суол.

Бастакытынан, мин олоҥхобор эрэ саха уонна тоҥус бухатыырдара союзтаһан абааһыны утары охсуһаллар, ол эбэтэр “интернациональнай доҕордоһууну” көрдөрөллөр.

Иккиһинэн, мин үс үйэлээх олоҥхобор хос сиэним Шараборина Каролина Семеновна, "Айыы Кыһата" оскуола 7 "б" кылааһын үөрэнээччитэ, ийэтэ, мин сиэним Иннокентьева Венера сүбэтинэн-аматынан "Үс үйэлээх олоҥхо эйгэтигэр" карточнай оонньуу инструкциятын оҥорон, “Копирус” Арассыыйа авторскай уопсастыбатыгар регистрациялаата. Онон аан дойду үрдүнэн биэс үс үйэлээх олоҥхо баарыттан мин эрэ айымньыбар карточнай оонньуу инструкцията регистрациялаах буолла.

Онон биһиги сиэннэрбитиниин Саха АССР 100 сыллаах үбүлүөйүн үөрэ-көтө көрсөбүт уонна Улуу Нуучча норуотугар улаханнык махтанабыт.

Быйылгы үбүлүөйдээх сылга саха норуотугар үс үйэлээх олоҥхону суруйан хаалларбыт, олоҥхо саамай үрдүк чыпчаалын көрдөрбүт улуу нуучча норуотун бэрэстэбиитэлигэр –  Иван Александрович Худяковка Олоҥхо музейыгар пааматынньыкта туруоруоҕуҥ!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...