30.06.2022 | 18:00

Үбүлүөйдээх сыл үрдүк таһымнаах Ыһыаҕа

Үбүлүөйдээх сыл үрдүк таһымнаах Ыһыаҕа
Ааптар: Розалия ТОМСКАЯ
Бөлөххө киир

Үс Хатыҥ ытык түһүлгэтигэр быйыл 25-с төгүлүн ыытыллар Туймаада Хочотун Ыһыаҕа Саха АССР 100 сыллаах, Куорат Дууматын 200 сыллаах, Дьокуускай куорат 390 сыллаах үбүлүөйдэригэр сөп түбэстэ. Буоларын курдук, ыһыах Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Николаев уонна Дьокуускай куорат баһылыга Евгений Григорьев Туймаада хочотун ыалдьыттарын уонна олохтоохторун эҕэрдэлэриттэн, ыалдьыттары арчылаан көрсүүттэн, алгыс тылыттан саҕаланна.

Бастакы Ыһыаҕын салайан ыытар баһылык Евгений Григорьев алгысчыт Афанасий Федоров илиититтэн Ытык Дуоҕаны тутан, сэргэҕэ өрө анньан, Ыһыах аһыллыбытын биллэрдэ.

Туймаада Ыһыаҕар икки күн устата 220 тыһыынчаттан тахса киһи сырытта. Икки сыл устата дьаҥ хааччахтарыгар хааллан олорбут дьон элбэх киһилээх бырааһынньыгы чахчы ахтыбыта, эрдэттэн бэлэмнэммитэ харахха быраҕыллар. Суоттаан көрбүттэринэн, хас үһүс киһи сахалыы симэнэн ыһыахтаабыт.

Үс хочо алгыһа

Ыһыах, бастатан туран, сакральнай өйдөбүлэ өрө тутуллар. Биһиги ыһыахха бырааһынньыктаары буолбакка, Үрдүк Айыыларга сүгүрүйэр, махтанар, көрдөһөр кэммит тосхойоруттан дьоллонобут.

Үбүлүөйдээх ыһыах сиэрин-туомун толорууга быйыл үс хочо алгыһа алкыйда. Олоҥхо дойдутун үс хочотугар тэҥинэн алгыс тыла кутулунна – Эркээни хочотугар (Хаҥалас улууһа), Эҥсиэли хочотугар (Нам улууһа) уонна Туймаада хочотугар (Дьокуускай) алгысчыттар биир тэтимҥэ олорсон сир-дойду, уот иччилэригэр, Үөһээ Айыыларга сүгүрүйдүлэр, орто дойду дьонугар уйгулаах олоҕу көрдөстүлэр-ааттастылар.

Уопсайынан бу күннэргэ Саха сирэ бүтүннүү, чуолаан Дьокуускай, сир эргийэр киинэ буолбут курдук. Юнеско шедеврдэрин бэстибээлэ, аан дойду виртуоз хомусчуттарын күрэҕэ, саха омук өбүгэтин оонньуутуттан үөскээбит мас-рестлинг аан дойдутааҕы чемпионата, Национальнай тыйаатырдар салайааччыларын кэнгириэһэ, “Музыка бука барыбытыгар” кэнгириэс, ол чэрчитинэн “Саһарҕа хоптото” Норуоттар икки ардыларынааҕы күөн күрэс, Саха сиригэр Татарстан күннэрэ о.д.а.  – барыта Туймаада Ыһыаҕын тула ыытылынна.

Ыраахтан-чугастан ыҥырыылаах ыалдьыттар

Ыһыахпытыгар бэйэбит эрэ буолбакка, тастан кэлэр ыалдьыттары көрсөрбүт, кинилэргэ саха сиэрин-туомун билиһиннэрэрбит үтүө үгэскэ кубулуйда.

Быйыл 50-ча дойдуттан атын омук дьоно ыһыахпытын көрөн, олус сөҕөн-махтайан тарҕастылар.

Туймаада ыһыаҕын анаан-минээн ыраахтан-чугастан айаннаан кэлбит дэлэгээссийэлэр киэргэттилэр. Ыһыах бастакы күнүгэр Иркутскай уобаластан кэлбит “Ольхон” норуот ансаамбыла, Калмыкияттан “Тюльпан” ырыа-үҥкүү судаарыстыбаннай ансаамбыла, Хабаровскайтан “Амур” вокальнай ансаамбыл, Татарстантан хомусчут Ильдар Гимадиев кэнсиэртээтилэр. Иккис күнүгэр Дж.Неру аатынан Индия култууратын киинэ кэнсиэртээтэ.

Тэрээһин үлэтэ сыл аайы тупсар

Ыһыах кэмигэр быйыл балысханнык бара турар “Нам” суолун өрөмүөнэ тохтотуллубута. Дьоҥҥо табыгастаах буоллун диэн суолу араарар хаххалар турдулар уонна быылы хаптатар үлэ тохтообокко ыытылынна. Дьон түөрт балаһалаах кэҥээбит, өрөмүөннэммит суол инникитин хайдах буолуохтааҕын илэ билистэ, айаннаан көрдө.

Урут хастыы эмэ чаас пробкаҕа быылы ыйыста турар эбит буоллахпытына, быйыл суол төһө эмэ түргэтээбитин бэлиэтээтилэр. Массыыната суох дьон саҥа тупсаҕай оҥоһуулаах, киэҥ-куоҥ, кондиционердаах оптуобустарынан сырыттылар. Биллэн турар, киһи элбэх кэмигэр оптуобустарга ыга симиллэн айаннааһын эмиэ баара, ол эрэн сыл аайы ыһыахпыт тэрээһинэ тупсан иһэрин ким да мөккүһэр кыаҕа суох.

Хоно сытан ыһыахтыыр дьон балааккаларын уопсай түһүлгэҕэ ким ханна таптаабытынан буолбакка, биир сиргэ түмпүттэрэ табыгастаах буолла. Илии суунар уу, чэпчэтинэр сир урукку сыллардааҕар тэрээһиннэммитин эмиэ бэлиэтиэх тустаахпыт.

Саамай сүрүнэ – санааҕыт ыраас буолара

Күнү көрсүү сиэригэр-туомугар быйыл 25 тыһыынчаттан тахса киһи кыттыста.

Социальнай ситимнэргэ тарҕаммыт хаартыскаларга тута сиилээччилэр, хомуруйааччылар баар буола түстүлэр. Күнү көрсө турар дьон ытыстарын күҥҥэ утары ууммуттар, эниэргийэни иҥэринэрдии ытыһы бэйэ диэки хайыһыннарар куолу диэтилэр.

Алгыс түһэрэр дьон бэлиэтээбитинэн, алгыһы иҥэриниигэ, тахсар күнү көрсөн уруйдуурга саамай сүрүнэ санаабыт ыраас буолуохтаах. Үчүгэйи санаан, дьоҥҥо үтүөнү баҕаран ылыммыт алгыспыт сыл устата күүс-сэниэ биэрдин.

Үс бастыҥ оһуохайдьыт

Туймаада Ыһыаҕын биир мааны көстүүтэ – Добун Оһуохай күрэһэ. Икки түүннээх күн тохтообокко барар диэтэххэ, омуннааһын буолбат.

 Дыгын оонньууларыттан хаалсыбат тыҥааһыннаах, сытыы күрэстэһиилээх оһуохайдьыттар күрэхтэһиилэрэ бэйэтэ туспа тыыннаах, оһуохайы эккирэтэ сылдьан сэргиир, оһуохайдьыттарга кынат буолар туспа сүгүрүйээччилэрдээх.

Быйыл Оһуохай күрэҕэр үс кыайыылааҕы быһаардылар: “Бастыҥ этээччи” үрдүк аатын ылан Гран при хаһаайынынан Марта Николаева (Дьокуускай) буолла. Үөһээ Бүлүүттэн Василий Игнатьев, Мэҥэ Хаҥаластан Виталий Никифоров эмиэ бастаан, сүүс тыһыынча солкуобай суумалаах сертификаттары куорат баһылыга Е.Н. Григорьевтан туттулар.

30 сүүрүк сылгы

Бэс ыйын 25 күнүгэр Дьокуускай баһылыгын бирииһигэр Үс Хатыҥ ипподромугар ат сүүрдүүтэ буолан ааста. Аттар 4 дистанцияҕа күрэхтэстилэр.

Быйыл 30 сүүрүк сылгы 10 улуустан кыттыыны ылла. 2400, 1600, 4800 уонна 3200 м уһуҥҥа илин-кэлин түһүстүлэр. Дьокуускай куорат баһылыгын бирииһигэр 4800 м уһуҥҥа Мэҥэ Хаҥалас улууһун хамаандата кыайыылаах таҕыста.

Саха инновацията сөхтөрөр

Ыһыах күннэригэр онус төгүлүн “Sakha Innovation - 2022” өрөспүүбүлүкэ таһымнаах быыстапка ыытыланна. Саҥа технологиялар эйгэлэригэр туох сонун айыллыбыта барыта аан бастаан манна тахсар, онтон инвестордар үбүлээһиннэринэн олоххо киирэр үгэстээх.

Уопсайа 37 бырайыак айти, биотехнология, оҥорон таһаарар хампаанньалар айбыт оҥоһуктарын эйгэтигэр презентацияланна. Холобур, “Ксенос” хампаанньа пластигы иккистээн туһаҕа таһаарар ньымата, «AUGMETIC» илии быратыаһа, уокка буспут тириини эмтиир искусственнай тирии, хотугу дьэдьэни үүннэрии, көһө сылдьар көлүөһэлээх дьиэ о.д.а. сөҕүмэр бырайыактары билиһиннэрдилэр.

Саха сирэ инновация хаамыытынан Уһук Илиҥҥэ бастаан иһэр регион. Айан таһаарыыга уонна хорсуннук олоххо киллэрэн туһаныыга эмиэ инники күөҥҥэ сылдьабыт. Ыһыах кэмигэр инновация быыстапкатын 17 тыһыынчаттан тахса киһи көрдө-иһиттэ.

Саха иһитин күрэҕэ

Ыһыах биир сонун тэрээһининэн “Чороон 21 үйэ” хампаанньа тэрийбит “Үс дойду ытык иһитэ” диэн кымыс иһитин өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэҕэ буолла.

Кыттааччылар мас чороону эбэтэр туой иһити көрдөрдүлэр. Норуот маастардарыттан саҕалаан саҥа уһанан эрэр уран тарбахтаахтарга тиийэ кытыннылар. Мас чороон оҥоһуутугар кыайыылааҕынан Бүлүү ууһа Павел Тимофеев буолла уонна 150 тыһыынча солкуобайынан наҕараадаланна. Туос көһүйэ бастыҥ маастара Мэҥэ Хаҥаластан сылдьар Петр Егоровка 30 тыһыынча солкуобай бириис тигистэ.

Куорат Дууматын 200 сылыгар сэргэ турда

Быйыл Дьокуускайга бэрэстэбиитэллээх уорган олохтоммута, Куорат Дуумата тэриллибитэ 200 сылын туолла.

Туймаада Ыһыаҕын кэмигэр Куорат Дууматын түһүлгэтигэр үбүлүөйдээх сыл сэргэтэ туруорулунна.

Сэргэни туруоруу сиэригэр-туомугар нэһилиэнньэ интэриэһин көмүскүүр дьокутааттар, Куорат Дууматын аппараатын үлэһиттэрэ, Арассыыйа киин куораттарыттан кэлбит ыалдьыттар, урукку ыҥырыылаах мунньахтар дьокутааттара кытыннылар.

Дьиэ кэргэн – олох төрдө

Ыһыах бастакы күнүгэр Дьокуускай уокуруктааҕы дьаһалтатын Уопсастыбаннай сибээскэ уонна ыччат политикатыгар управлениета Саха сиригэр биллэриллибит Ийэ сылынан уонна Дьокуускай куорат 390 сыллаах үбүлүөйүн чэрчитинэн  “Олох төрдө – дьиэ кэргэн” күрэҕи ыытта.

Айар куттаах, талааннаах дьиэ кэргэттэр түөрт түһүмэххэ күрэхтэстилэр. “Дьокуускай куорат бастыҥ эдэр ыалын” аатын Айталина уонна Дмитрий Петровтар ыллылар, кинилэр куорат чиэһин Бүлүү сиригэр ыытыллар өрөспүүбүлүкэтээҕи “Табыс” бэстибээл кэмигэр “Бастыҥ эдэр дьиэ кэргэн” күрэххэ көмүскүөхтэрэ.

«Азия оҕолоро» Саха сириттэн саҕаламмыттара

Ыһыах иккис күнүгэр алтыс төгүлүн ыытыллар “Азия оҕолоро” Норуоттар икки ардыларынааҕы спортивнай оонньуулар уоттарын саҕыы сиэрэ-туома буолан ааста.

Спортивнай оонньуулар быйыл от ыйын 27 күнүттэн атырдьах ыйын 8 күнүгэр диэри Владивосток куоракка ыытыллыахтара.

Оонньуулар уоттарын эстафетата икки түһүмэҕинэн барда: бастакы түһүмэх Туймаада Ыһыаҕар түмүктэннэ, иккис түһүмэххэ уоттаах факел Приморскай кыраайынан айанныыр.

Саха сиригэр Өлүөнэ очуостарыгар саҕыллыбыт уоту Приморскай кыраайга туттарыыга Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местников, киин куорат баһылыга Евгений Григорьев, “Азия оҕолоро” Норуоттар икки ардыларынааҕы кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Владимир Максимов, Приморскай кыраай спортка миниистирэ Жан Кузнецов кытыннылар.

Ааспыт 20 сыл устата “Азия оҕолорун оонньууларыгар” 10 тыһыынчаттан тахса эдэр спортсмен 30 дойдуттан кытынна. Кинилэртэн үгүстэрэ араас таһымнаах чемпионаттар уонна Олимпиада кыайыылаахтара буола үүннүлэр.

Туймаада ыһыаҕын сыыппаралара:

220 тыһыынчаттан тахса киһи ыалдьыттаата.

 

100 тэрээһин, 25 күөн күрэс буолан ааста. Ол иһигэр аан бастакытын татаардар Сабантуйдара ыытылынна.

 

Ыһыах арыллыытыгар 25 тыһыынчаттан тахса киһи алгыһы иҥэриннэ.

 

334 киһи суукканы эргиччи үлэлиир медицина пууннарыгар кэлэ сырытта. Олортон 23 киһини балыыһаҕа илдьибиттэр.

 

Ыһыахха кэлбит ыалдьыт 9 Аан аартыгы уонна 25 түптэни нөҥүөлээн сүрүн түһүлгэҕэ ааһар.

 

Быйылгы Ыһыахха 50-ча араас дойдуттан уонна Арассыыйа бары регионнарыттан ыалдьыттаатылар. 34 улуус баһылыга ыһыахха сырытта.

Мэҥэ Хаҥалас сүүрүүк сылгыта Крит Ил Дархан бирииһигэр 2400 м уһуну 2 м 42 с бастыҥ көрдөрүүлээх кэлэн, I миэстэ буолары ситистэ итиэннэ улууһугар 2,5 мөлүйүөнү тэбэн биэрдэ.


1 мөлүйүөн солкуобай бирииһи Дыгын оонньууларын кыайыылааҕа Алексей Уваровскай ылла.

 

Ыһыах кэмигэр айан суолларыгар аһыы утаҕы иһэн баран уруулга олорбут 53 суоппар тутулунна.

 

Сыыһа парковкаланан 41 массыына эвакуаторынан тиэллибит.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....