30.12.2020 | 17:25

Өбүгэлэрим куруук аттыбар бааллар

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Ахсынньы – Билгэ Хаан ыйа. Олоҥхоттон бу ыйга айаны ойуулааһын киирэр. Айыы бухатыырын айана тургутуулаах буолар. Ити тургутууну ааспыт эрэ киһи олоҕу көмүскүүр кыахтанар.

Бүгүн биһиги балаһабытыгар чараас эйгэлээх, олоҕу ураты хараҕынан көрөр, бэрт интэриэһинэй кэпсээннээх, айар кут абылаҥар ылларбыт Чурапчы олохтооҕо, “Мичил” уһуйаан иитээччитэ Светлана Егоровна Ксенофонтова-Илгэйэ биһиэхэ анаан ыалдьыттыыр.

- Светлана Егоровна, бастатан туран, сахалыы үгэһинэн, сиэринэн, силис-мутук тардыбыт төрүттэриҥ, дойдуҥ туһунан кэпсиэҥ дуо?

- Төрөөбүт-үөскээбит, кииним түспүт, улааппыт дойдум Өймөкөөн буолар. Ийэм – Отоһут Өкүүчэ. Ийэбинэн төрдүлэрим муомалар. Хос эһэм Дмитрий Старков Төбүлэххэ биллэр сирдьит эбит. Эбэм аҕата Слепцов Алексей-Чыыбылаан уус. Өймөкөөҥҥө тимири, көмүһү уһаарара үһү. Эбэм Балаайа диэн этэ. Кини түүлээҕинэн иистэнэрэ, онно дьону үөрэтэрэ. Сороҕор дьон ыарыыларын хайдах эмтэнэллэрин кэлэн сүбэлэтэллэрэ.  1995 сыллаахха, мин үөрэххэ сырыттахпына, бу орто дойдуттан букатын барбыта.

Үөрэхпэр наһаа элбэхтик иистэнэр этим. Үөрэтээччибиттэн 40 күн иистэнимээри көҥүллэтэ сатаабытым  да, сөбүлэспэтэҕэ. Онтон ыла эбэм  түүлбэр киирэр буолта, хаста да  муна сылдьан ханна барарын  ыйыт да ыйыт буолар. Кэлин наар мунан, тиритэн-хорутан, ытыы сылдьарын түһүүр этим. Хойут хас да сыл ааспытын кэннэ, дьэ өйдөөммүн ол тикпит таҥастарбын барытын умаппытым. Эбэм барахсан онтон ыла аттыбыттан арахсыбат. Сэрэтэр, үөрэтэр,  сүбэлиир-амалыыр. Бу тугу да билбэппиттэн хас да сыл муннаран сордообуппун. Кистээһиҥҥэ да сылдьыбатахха иистэнэн хаан урууну муннаран кэбиһиэххэ сөп эбит.

Аҕам өттүнэн аата аттаммат улахан дьон элбэхтэр. Эмиэ түүлбэр да, көрүүлэнэрбэр да кэлэн сүбэлээн бараллар. Былыргы тирии таҥастаах, кинини эбэм диэн ааттыыбын, хонууга сыттахпына көстөн кэлэр. Бастаан сир иччитэ дии саныыр этим. Аттыбар куруутун баар. Киинэ курдук көстөн кэлэр. Таҥаһын, дүҥүрүн биэрбитэ. Итинник аттыбар хас да өбүгэм куруук бааллар. Кинилэр сүбэлэрин наһаа истэбин. Барытын сөпкө этэллэр эбит. Куруук чараас эйгэҕэ сылдьар эмиэ сылаалаах, киһи сэниэтэ эстэр. Батарейка сэрээтэ бүтэрин курдук бүтэн хаалар.

- Эн эргиччи талааннаах киһигин. Хоһоон суруйууҥ даҕаны мээнэҕэ кэлбэтэҕэ. Айылҕаҥ көмөлөһөн, дьикти түүллэри көрөн, оннооҕор хоһоон суруйдахпына ыарыым кытта ааһар диигин.

- Дьоҕур төрдүбэр элбэх буолан кыралаан миэхэ эмиэ кэлбит.Ол гынан баран хоһоон суруйуом диэн олох өйбөр суох этэ. Көҥүл хоһуйуулары, хоһооннору суруйарым наһаа түргэнник соһуччу кэлбитэ. Эрдэ түүллэрбинэн биллэрбиттэр эбит. Ол курдук биир түүлбэр дуу, утуйар-утуйбат икки ардынан сытан көрдөхпүнэ дуу, өбүгэлэрим эмиэ төгүрүк үс атахтаах сахалыы остуолларыгар төгүрүччү олорбуттар уонна остуол анныттан  күн курдук тыга сылдьар кинигэ хостоон биэрдилэр. Илиибэр ылан ааҕан көрбүтүм, “П.А. Ойуунускай. V том” диэн суруктаах. Сарсыныгар библиотекаҕа бардым. Арай кинигэм баар, “Ньургун Боотур” олоҥхо эбит. Дьиэбэр тиийээт аахтым. Наһаа үөрдүм. Сүтэрбиппин булбут курдук сананным. Урут олоҥхону сэҥээрбэт этим. Ол түүн үчүгэйдик утуйан эрдэ уһуктубутум.

Таһырдьа тахсыах санаам кэлэн, салгын сиэн баран киирэн истэхпинэ ый сырдыга дьикти баҕайытык ыҥыран ылбыта. Ону көрөн баран бастакы хоһуйуум кутуллан кэлбитэ. Соһуйаммын сүүрүүнэн киирэн сурунан ылбытым.

Ол күнтэн ыла хоһоон кэлэр да кэлэр. Ол көҥүл хоһуйуу диэн эбит. Быыһыгар алгыстардаах, быыһыгар ырыалардаах. Сороҕор испиттэн тахсары иһиллээн мээнэ суруйдахпына таабырын буолан хаалар. Алгыс араастаан кэлэр эбит. Дьоҥҥо таабырын, сүбэ, баҕа санаа икки ардынан. Ону ол киһи таайан олоҕор туттар.

Сиргэ-дойдуга, айылҕаҕа кэлэр алгыс үрүҥ өҥүнэн көстөр. Ол үрүҥ дойду кэрэтэ ис-испиттэн иэйиим киирдэҕинэ алгыс буолан хоһуйуллан кэлэр.

Онтон хоһуйуу суруйарга миэхэ уруһуйдьут буоларым, оҕолору кытта үлэлиирим көмөлөһөр. Уруһуйдьут ойуулуурун хас миллимиэтирин барытын арааран көрөр. Холобура, маҥан сибэккигэ үөһэттэн халлаан күөҕэ түһүө, уу сүүрүгэ күлүмнэтиэ, алларатыгар от өҥө сыбаныа – ол барыта  ойууланар. Ону хоһуйарга наһаа үчүгэй. Онтон, оҕолорго үлэлиирбиттэн буолуо, арааһа, оҕолуу толкуйбун холбуубун, барытын тыыннааҕымсытан кэпсэтэн, истэн барабын уонна дьэ ону суруйабын диэтэхпинэ тылларым испиттэн кутуллан кэлэллэр.

Биири билбитим диэн, бу өбүгэ дьоҕура искэ хаайыллан ол ньигирэ ыйааһын буолан дьоҥҥо ыарыыны үөскэтэр эбит. Хоһуйуу кэллэҕинэ ыалдьар сирбин саныыбын, оччоҕуна ол сирбиттэн урут истибэтэх эрээри, билэр тылларым  тахсан кэлэллэр. Оччоҕуна ол ыарыы сүтэн хаалар.  Онон буор куппутугар  барытыгар өбүгэ тыла-өһө, күүһэ, сатабыла, дьоҕура иҥэн сытар эбит.

Сахабыт тыла буор куппутугар иҥэрин билбитим эрээри, олох  өйдөөбөккө сылдьыбытым. Ону былырыын үлэбэр, саха тылын форумугар кытын диэбиттэрэ. Тугу кэпсиибин диэн толкуйдуу сатаан баран өбүгэлэрбиттэн ыйыппытым. Ону түүнүн дьөлүтэ анньан уһугуннараллар уонна оҕо сааспын санаталлар,  төрүөхпүттэн хараҕым мөлтөх буолан тас эйгэбин үчүгэйдик көрбөккө, ис эйгэбэр киирэн иһиллэнэн тахсар эбиппин. Ол сылдьан чараас эйгэни көрөбүн. Ону санаттылар. Ол курдук уһугуннара-уһугуннара бэйэм олохпуттан санатан, кэтээн көрдөрөн тугу кэпсиирбин барытын бэрт үчүгэйдик орун-оннугар ууран өйдөттүлэр. Форумҥа баран саха тыла буор кукка иҥэ сытарын, ону иһиллэннэххэ тахсарын туһунан кэпсээбитим. Өбүгэлэрим  Ойуунускай кинигэтин аахтыннар диэбиттэрин, илдьиттэрин эппитим. Дьиҥэр, хас биирдии киһи, салайааччы олоҥхону ааҕан ис сахатын тылыннаран, уһугуннаран дьону тардыахтаах дииллэр мин кырдьаҕастарым. Тылбыт кистэлэҥэ итиннэ сытар эбит.

- Оһуохай тыла, алгыс түөспэр кэлэр диигин, итини быһаарыаҥ дуо?

- Оһуохай, алгыс, хоһуйуу түөспэр иһиллэр уонна көстөр. Утуйаары сыттым эрэ, уоскуйдум эрэ кэлэллэр. Наһаа үчүгэйдик оһуохай кэлэр. Таһаарааччы кылыһахтаах мааны оһуохайа куппун үөрдэр. Уруут-урут, олох былыр онно баар курдук буолабын. Алааска оһуохайдыыллар. Туох барыта, айылҕа тэҥҥэ ыллаһар эбит. Онтон алгыстыылларыгар бэйэм да өбүгэлэрим кэлэллэр.

Соторутааҕыта, 2018 сылга, В.А. Кондаков кэлэн мөҕөн-этэн баран алгыстаабыта уонна биир сиргэ баран сурукта булан илдьэ бараар диэбитэ. Ол сарсыарда, Кондаков эппитин курдук, уоппун алҕаан баран, эппит сириттэн сурукпун булан аҕалбытым. Баран иһэн баара дуу, суоҕа дуу диэн саарыыр этим. Ону ыйбыт сириттэн хайа быыһыттан булбутум.  40-ча сыл ааспыт. Ол сурук билигин үлэлиирбэр илдьит эбит.

Итинник түөһүм иһигэр араас үчүгэйи иһитиннэрэллэр. Сороҕо урукку олохпуттан дии саныыбын. Тоҕо диэтэр куппуттан эмиэ кэлэр.

Онтон хоһуйуулар иһиллэллэригэр, өбүгэм айылҕаҕа тахсан хоһуйара иһиллэр. Олох былыргы тирии таҥастаах киһи. Ол киниттэн истэн сүрдээҕин үөрэммиппин эбит. Сорох хоһуйууларбын түүлбэр кэлэн атын урут олоро сылдьыбыт билэр киһи таабырын таайтаран, үөрэтэн хас да хоһуйуубун кини сүбэтинэн суруйбутум. Олох хаһан да бүтүө суох хоһуйуулар кэлэллэр. Ону үлэлээх буоламмын сороҕун кэлин суруйуом диэн сытыарабын.  Ийэ кут итинник энньэлээх. Ону иһиллэннэххэ билэбит.

- Төһө иччилээх түүллэри көрөҕүн?

- Иччилээх түүллэри оҕо эрдэхпиттэн көрөбүн.Түүлгэ санаабынан хос киирэр идэлээхпин, сороҕор көннөрөн биэрэбин.Түүлү тойоннооччуттан тутулуктаах. Ханарытан тойонноотоххо, уларыйар.

- Чурапчыга Саха сиригэр эрэ буолбакка, бүтүн аан дойдуга кытта биллибит “Чэбдик” кулуупка дьарыктанар эбиккин.

- Бу кулуупка кэлбиппиттэн үөрэ сылдьабын. Киһи буор кута тымныыттан соһуйан чөлүгэр түһэр. Учууталбыт барахсан Афанасий Дмитриевич Дорофеев баарыгар кэлэммин, бэйэтин сүбэтин, үөрэҕин ылан хааллым. Бу кини үөрэҕэ туспа киэҥ кэпсээн буолар. “Чэбдик” кулуупка биир үчүгэйэ диэн мындыр өйдөөх дьону кытта алтыһаҕын, кинилэрдиин билсиспитим, көрсүһэрим, сэһэргэһэрим  дьол буолар.

- “Айылҕаттан айдарыылаахтар” рубриканы ааҕааччыларбыт наһаа сэҥээрэллэр. Билигин саха киһитэ иччигэ, айылҕаҕа, сиэргэ-туомҥа, норуот эмчиттэригэр олус итэҕэйэр буолла. Эн бэйэҥ кыаҕыҥ, эмтиир ньымаларыҥ туһунан кэпсээ эрэ.

- Чараас эйгэни көрөрбүн сааһылаан биэрбит уһуйааччым Филиппов Афанасий Романович-Байдам буолар. Мин дьону-сэргэни ыраастыыбын, көннөрөбүн. 

Билигин өбүгэлэрим уонна үөһээлэр уһуйаллар, дьон  ис, тас эйгэлэрин көрөрбүн. Ону ыраастыырбар бэйэм уонна ыраастатар киһим өбүгэлэрэ көҥүллээтэхтэринэ эрэ үлэлиибин. Сорох дьон өбүгэлэрэ бэйэлэрэ күүстээх буолаллар. Сорох дьон өбүгэлэрэ уоттаах харахтаахтар диэннэр, олор соччото суохтар. Бастаан бэйэм үлэлиир этим, кэлин өбүгэлэр кэлэн ыарыы үөнүн ыраастаһаллар, сүбэлииллэр, кэпсэтэллэр даҕаны,  кыталык кыргыттар кэлэн алгыс ырыата ыллаан барааччылар.

Ону таһынан атын көмөлөһөөччүлэр эмиэ бааллар. Чараас эйгэҕэ араас бары баар. Хас да эйгэ көстөр. Искэ да, таска да. Наһаа муунтуйбут дьону ис эйгэлэрин иһиллэтэн ис айылҕаларыгар күүлэйдэтэбин. Оччоҕо уоскуйаллар. Өбүгэлэрэ итэҕэйэн ыраастаттахтарына  наһаа үөрэллэр, тутатына чугаһыыллар.

Көстүбэт эйгэҕэ бэйэм сэрэйэрбинэн, айылҕаҕа үлэлии кэлбиппин диибин. Биирдэ көрдөрөллөрүнэн Үрүҥ дойдуга маҥан сиэлгэ олордон баран соһон таһаарбыттара, ол тахсан иһэн хас да эйгэни ааспытым. Үөһээ тиийиэхтээх сирбитигэр илдьэн туруоран кэбиспиттэрэ. Иннибэр киһи бөҕөтө турара. Ким эрэ “туораан биэриҥ” диирэ иһиллибитэ. Дьон миэхэ суол таһаарбыттара, арай муус маҥан оҕонньор миигин ыҥырда уонна уҥа өттүгэр олордон баран кэпсээн киирэн барда. Төп-төгүрүк сир, иһин-таһын эргитэ сылдьан көрдөрөр, быһааран ытыһыгар көрдөрөр уонна “эн үлэҥ бу” диир. Ытыс үрдүгэр ууран олорор курдук диэни онно өйдөөбүтүм. Ол үлэлэрбин толоро сылдьабын.

- Инникини хайдах билгэлиэххин сөбүй?

- Дьон барыта тоҥ билииттэн төннөн өбүгэ билиитигэр, итэҕэлгэ, айылҕаларыгар төнүннэхтэринэ, олоҕу төрдүттэн түгэҕиттэн көрөн оҥостор буоллахтарына, этэҥҥэ олоруохпут.

- Дьон эйиэхэ туох кыһалҕалаах кэлэрий?

- Ыраастана диэн кэлэллэр. Бу олоххо тугу оҥоро кэлбиттэрин билээри, дьоҕурдарын ыйыталлар, сүбэлэтэллэр.

- Саамай ыарахан түбэлтэни кэпсиэҥ дуо, дьон өрүттэн махталларын этэллэрин.

- Ыарахан түгэҥҥэ үлэлээбитим баар суол. Ону кэпсиэхпин баҕарбаппын.Үтүөрбүт дьон этэҥҥэ сырыттыннар диэн. Чараас эйгэни итэҕэйбэт дьон соһуйан махтанааччылар. Барар кэмэ кэлбит киһиэхэ хайдах да баҕардахпына кыайан көмөлөспөппүн.

- Иитээччи быһыытынан ютуб ханаалга төрөппүттэргэ сүбэ-ама биэрэҕин, ол туһунан ааҕааччыларга кылгастык билиһиннэр эрэ.

- Ютуб ханаалбын харантыын кэмигэр олорор эрдэххэ диэн арыйбытым, өбүгэлэрим сүбэлэринэн эдэр ийэлэргэ диэн. Итиннэ эмиэ көстүбэт көмөлөһөөччүлэрим, өбүгэлэрим, сүбэһиттэрим таабырыннаан онтуккун кэпсээ, интиккин өйдөө диэннэр түүн утуппакка туруораллар этэ, ол иһин кыттыгас этитиилээх сүбэлэр буолаллар.

- Дьон кыһалҕатыгар, ыарыытыгар илэ сирэй көрсөн эбэтэр төлөпүөнүнэн көмөлөһүөххүп сөп дуо?

- Куйаар ситимин нөҥүө көҥүл биэрдэхтэринэ үлэлиибин. Эрийдэллэр эрэ, буор куттара  көстөн кэлэр. Син биир утары олорон үлэлиир курдук буолар.

- Кэлэр сылга ааҕааччыларга баҕа санааҥ.

- Кэлэр кэм кэрдииһигэр

Саҕахтар саҕыллар

Саҥа күннэриттэн

Күҥҥүт үөһэ күөрэйиэҕэ,

Сир сылааһа салаллыаҕа.

Өй санаа сүнньүгүтүнэн

Сүр күүһүнэн сүүрүгүрдүө.

  • Светлана Егоровна, истиҥ сэһэргэһииҥ иһин барҕа махтал, кэлэр сылга улахан ситиһиилэри, эрэли, тапталы, дьолу баҕарабын!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...