Өбүгэ тыына — искусствоҕа
Быыстапка биир сүрүн уратытынан ойуулуур-дьүһүннүүр искусство бары көрүҥэ биир сиргэ, биир кэмҥэ биир тиэмэ тула түмүллүбүтэ буолар. Ол курдук манна туруоруллубут хартыыналар, скульптура, декоративнай-прикладной үлэлэр бары өбүгэ тыынын тула түмүллэн, бу аптаах-алыптаах эйгэ кистэлэҥин таайарга холоноллор. Маныаха ааптардар номохторго, остуоруйаларга, историческай чинчийиилэргэ, былыргы артефактарга олоҕуран дьүһүйбүт уобарастара көмөлөһөллөр, былыргы дьыллар мындааларыгар көрөөччүгэ быыс арыйарга тирэх буолаллар.
Оттон быыстапкаҕа хомуллубут үлэлэр ааптардарынан араас көлүөнэ худуоһунньуктара буолаллар: Николай Курилов, Михаил Старостин, Федот Макаров, Иннокентий Корякин, Андрей Чикачев, Николай Чоччасов, Лена Гоголева, ЙэнСүр уо.д.а.
“Өбүгэ тыына – Саха сирин искусствотын биир сүрүн көҕүлүүр күүс. Саха худуоһунньуктара чуолаан өбүгэ үгэстэригэр тирэҕирэн, ону салгыы сайыннаран, ситэри толкуйдаан, чочуйан, аныгы үйэ сахатын култууратын уопсай бэлиэтин оҥорорго дьулуһаллар”,– диир Национальнай ойуулуур-дьүһүннүүр түмэл дириэктэрэ Влада Тимофеева.
Наталья Николаева, Саха сирин Худуоһунньук-тарын сойууһун бэрэссэдээтэлин солбуйааччы:
– Бу быыстапка биир тиэмэҕэ үлэлээбит араас хайысхалаах ааптардары түмтэ. Онон хас биирдии айар үлэһит эрэ буолбакка, көрөөччү, искусствоны, төрүт култуураны сэҥээрээччи бэйэтигэр туох эрэ саҥаны арыйыан сөп. Биһиги Сойууспут Национальнай түмэли кытта ыкса ситимнээх үлэлиир, онон маннык ураты хайысхалаах быыстапкаларга өрүү үөрүүнү кытта кыттыыны ылабыт».
“Өбүгэ тыына” (“Дух предков”) быыстапка муус устар 28 күнүгэр диэри НХМ сүрүн дьиэтигэр үлэлиир.