29.07.2022 | 18:00

Өбүгэ ситимэ, күүһэ уонна көмүскэлэ

Кэлиҥҥи кэмҥэ төрдү-ууһу үөрэтиигэ интэриэс күүһүрдэ. Бүгүн, «өбүгэ ситимэ, күүһэ уонна көмүскэлэ” диэн өйдөбүллэргэ олоҕуран, өбүгэлэрбит күннээҕи олохпутугар, куппутугар-сүрбүтүгэр дьайыыларын туһунан эмчит, удаҕан Анастасия Владимировна Картузовалыын сэһэргэһэбит.
Өбүгэ ситимэ, күүһэ уонна көмүскэлэ
Ааптар: Маргарита Степанова (Акимова)
Бөлөххө киир

Биһиги хас биирдиибит өбүгэлэрбититтэн көмүскэллээхпит. Ону кытта кинилэртэн тутулуктаахпыт. Төһө да быдан дьылларга күн сириттэн күрэммиттэрин иһин, кинилэртэн төрүттээхпитинэн, олохпутугар толору орооһор, дьаһайсар кыахтаахтар. Оннук кыах кинилэргэ Үрдүкү Күүстэртэн бэриллибит. Онон, өбүгэлэрбит, бэйэбит да билбэппитинэн, биһигини куруук араҥаччылыы, көмүскэһэ, көмөлөһө сылдьар буоллахтарына, аны “өбүгэ күүһэ, кыаҕа» диэн өйдөбүл баар. Маннык кыах өбүгэлэрин ытыктыыр, билинэр уонна бу олоххо суолларын сөпкө тайаммыт эрэ дьоҥҥо бэриллэр. Ол күүс, холобур, ойууннарга эттэтии быһыытынан киирэрин истэн билэбит. Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт маннык суолга хайдах кэлбитин истиэҕиҥ.

– Анастасия Владимировна, хантан хааннаах, кимтэн сыдьааннаах буоларгын билиһиннэриэх.

– Мин Боронук диэн Дьааҥы өрүскэ баар дэриэбинэттэн төрүттээхпин. Онно төрөөбүтүм, улааппытым. Гороховтар, Чириковтар, Баачааннар, Чыычыктар диэн аймах сыдьаанабын. Аҕам Горохов Владимир Алексеевич элбэх оҕолоох ыал улахан уола этэ. Ийэм Анастасия Николаевна Чурапчы Хатылытыттан төрүттээх. Миигин күн сирин көрдөрөөт ... барбыта. Онон эһэлээх эбэбэр иитиллибитим. Кинилэргэ махталым муҥура суох. Күн сиригэр тугу сатыырым, тугу билэрим барыта эбэм үөрэҕэ, билиитэ диэн билинэбин. Уонна куруук махтана сылдьабын.

Чараас эйгэни олох кыра эрдэхпиттэн билэр, сэрэйэр этим. Ол да иһин эбитэ дуу, эбэм барахсан куруук оту-маһы көрдөрө, кэпсии-ипсии, быһаара, сүбэлии сылдьарын оҕо оҕо курдук истэр-истибэт икки ардынан аһаран иһэрим. Бу үүнээйи хайдаҕын, туохха туһалааҕын кэпсиир буолара. Дьону илии иминэн эмтиэххэ эмиэ сөп диирэ. Төһө да кыра буолларбын, ону барытын сэҥээрэ истэрим. Бэйэтин төбөтүн имэрийтэрэ олорон: "Улааттаҕына оҕом эмчит буолуо",- диирин дьиктиргиирим. Билигин олорон өйдөөтөхпүнэ, эрдэттэн таайбыт, билбит эбит.

Эдэр сылдьан наар илиим умайар, ис-испиттэн тиритэр үгэстээҕим. Ол саҕана энергия мустарыттан маннык буоларын билбэт буоллаҕым. Дьон имэрий диэн көрдөстө даҕаны, үөрүүнэн массаастаан барарым уонна онтон уоскуйарга дылы буоларым, илиим умайара ааһан хааларын бэлиэтии көрөрүм. 2018 сыллаахха эмчит быһыытынан уһуйууну ааспытым. Ол кэмҥэ өбүгэм өттүттэн күүстээх сэрэтиилэри туппутум. Харахпын Бурятия ойууна арыйбыта. "Өбүгэлэргин кытта ситимҥин тутуһуоххун наада, кинилэртэн күүс туппуккун туһаммакка сылдьар эбиккин",- диэбитэ. Дьэ ити кэмтэн эмчит быһыытынан үлэлээн барбытым. Нөҥүө сылыгар удаҕан быһыытынан "иһит" туппутум. Улахан сиэри-туому ааһаммын, олохпор атын кэрдиис кэм саҕаламмыта.

– Төрдүгэр-уускар айылҕаттан айдарыылаахтар бааллар дуо?

– Биһиги аҕа ууһугар киэн туттар күүстээх кырдьаҕастардаах этибит. Үһүйээҥҥэ кэпсииллэринэн, нууччалар кэлэллэрин саҕана Адыаччы өрүс салаатыгар Туостаах үрэххэ соҕотох дьахтар олорбут. Ол дьахтарга кэлии хаһаах киһитэ оҕо оҥорон хаалларбыт. Бааһынай дьүһүннээх кыыс оҕо төрөөбүт. Улаатан, ситэн-хотон, Айыы Удаҕана буолбут. Отунан, үүнээйинэн дьону эмтиир дьарыктааҕа үһү. Көрбүөччү, билгэһит идэлээх эбит. 1690-с  сыллар диэки төрөөбүт буолуон сөп, сурукка киирбитинэн көрдөххө. 1760-65-с сылларга диэри олорбут. Кэнники сааһыран баран оҕоломмут, онтон сиэннэммит, онтун "миигин баһыйар, биллэр-көстөр күүстээх улахан Айыы удаҕан буолуоҕа" диирэ үһү. Ол сиэнэ 1772-с сыллардаахха төрөөбүт. 1845-с сыллардаахха өлбүт. Туостаах үрэх сүнньүнэн Кэҥкэмэ диэн сиргэ олорбут. Эбэтэ эппитин, сылыктаабытын, алҕаабытын курдук, аатын ааттаппат Улуу удаҕан буола улааппыт. Харамайынан, үүнээйинэн эмтиир, илбийэр, түөннүүр эбит. Айылҕа моһоллорун эрдэ билэн сэрэтэр эбит. Билигин даҕаны Кэҥкэмэ күөлүгэр тыаһаан-ууһаан биллэрэ сытар дииллэр. Өтөҕө турар, араҥаһа баар. Улахан баһаардар буолбуттарыгар чугаһаппат эбит. Улаханнык биллэр киһибит кини. Ийэм өттүнэн эмиэ ааттара ааттаммат айылҕалаах дьоннордоох эбиппин. Үлэлиир кэммэр миэхэ аҕам өттүнэн кырдьаҕастар кэлэллэр. Хотун эбэбинээн бииргэ үлэлэһэбит, көмөлөһөр. Алта кырдьаҕас кэлэн үөрэтэллэр. Эмиэ бииргэ үлэлииллэр. Ийэм өттүттэн быйыл кырдьаҕас эбэм кэлбитэ. Онон ийэм өбүгэлэрин кытта ситимнэстим диэн үөрэбин. Биһиги бары айылҕа оҕолоробут, айылҕаны кытта ыга ситимнээхпит. Айылҕалаах дьону көннөрү дьонтон ураты, чараас эйгэни билэр-көрөр, үлэлэһэр дьон диэн толкуйдуубун.

– Өбүгэлэрбит күүстэрин биэрэллэрин хайдах билиэххэ сөбүй?

– Урут олоро сылдьыбыт күүстээх өбүгэлэрбит бэйэлэрин сыдьааннарыттан талан ылбыт дьоно ойуун, удаҕан буолаллар. Ол дьоннорун нөҥүө өбүгэлэр бэйэлэрин сыдьааннарын кытта ситимнэһэн, күүстэрин, билиилэрин ыыталлар. Биһигини үөрэтэр кыахтаналлар. Көрө-истэ, көмүскэл-харысхал буола сылдьаллар. Холобура, интуиция диэн баар. Интуициянан өбүгэлэрбит биһиэхэ анаан сипсийэр сүбэлэрэ, үөрэхтэрэ кэлэр диэн өйдүөххэ сөп. Хас биирдии киһиэхэ интуиция баар. Ол аата өбүгэлэрбит бэйэлэрин сыдьааннарын көрө-истэ сылдьаллар. Ол иһин бэйэни иһиллэниҥ, холку буолуҥ диэн сүбэ быһыытынан тиэрдиэхпин сөп. Өбүгэ күүһэ биһигини суолбутун арыйан өрө тарда турар, салайар аналлаах.

– Кистэл буолбатах, олорон ааспыт аймах дьоммутун ааттарынан да билбэт көстүү баар. Манна туох диэҥий?

– Сэбиэскэй былаас саҕана өйбүтүн-санаабытын бутуйан, дьон кутун-сүрүн тоһуппуттара. Төрдүлэрин-уустарын ахталлара, кэпсииллэрэ даҕаны кутталлаах буолта. Кэлин балысхан уларыйыылар олохтононнор, көҥүл этиллэр кэм кэллэ, аһаҕастык сахалыы сайа этэр үйэ үөскээтэ. Өбүгэлэрбит туһунан киэн тутта кэпсиир, кинилэри ытыктыыр буоллубут. Кинилэргэ махтана, сүгүрүйэ сырыттахпытына, көмөлөһөр күүстэрэ күүһүрэн иһэр буоллаҕа. Бу сиргэ кэлэн олорор олохпутугар, Аар айылҕабытыгар, күммүтүгэр, ыйбытыгар, сирбит-дойдубут иччилэригэр, айыыларбытыгар өбүгэлэрбит нөҥүө сүгүрүйэ, махтана сылдьарбыт наада.

– Анастасия Владимировна, эн өбүгэттэн көрдөһүү сиэрин-туомун ыытаҕын дуо?

– Өбүгэттэн көрдөһүү кэмэ диэн баар. Бу кэм сыл аайы ыам ыйын 22 күнүттэн саҕаланар уонна балаҕан ыйын 17 күнүгэр түмүктэнэр. Бу сиэри-туому оҥорор киһи буоларбынан, сүбэ курдук эттэхпинэ, маннык буолар. Үгүс аҕа, ийэ уустарыгар күүстээх айдарыылаах, айылҕалаах дьон кэлэн бараллар, кинилэр бу сиргэ олорон элбэх үтүөнү оҥороннор, орто дойду олоҕуттан халлаан олохтооҕо буолан бараллар. Бу – ыам ыйын 22 күнүттэн балаҕан ыйын 17 күнүгэр диэри – халлаан аһаҕас, төрүттэрбит чугаһыыр, сиргэ түһэн күндүлэнэр, алтыһар кэмнэрэ. Бу кэмҥэ тиэргэҥҥэ, айылҕаҕа кутаа уот оттон, эрдэттэн мас бэлэмнээн, бэйэҕит тугунан күндүлүөххүтүн баҕараргытынан уот иччитин нөҥүө өбүгэлэри күндүлээһин, маанылааһын сиэрэ-туома оҥоһуллар. Оччоҕо кинилэр сэниэлэнэн, чугаһаан иһиэхтэрэ. Кэнники наар алаадьынан эрэ күндүлүүбүт. Бу сыыһа дии саныыбын. Бэйэм үлэбинэн "киирэ-тахса" сылдьан көрдөхпүнэ, өбүгэлэрбит барахсаттар аһары эстибиттэрин, таҥастара-саптара илдьирийбитин көрөбүн. Бэйэлэрин иһиттэххэ, эт сиэхтэрин, амтаннаах ас аһыахтарын баҕаралларын тириэрдэр үгэстээхтэр. Сирдээҕи олохторугар тугу аһаан олорбуттарынан төрүт аһынан күндүлүүр ордук. Кинилэр онтон ордук астыналлар, дуоһуйаллар. Холобурдаан эттэхпинэ, кыра этинэн, үрүҥ аһынан күндүлүөххэ наада. Аал уокка кураанахтыы кутуу чэйи биэрэллэрэ үгүс. Бу эмиэ сыыһа. Чэйи чэй курдук, үүттээх биэриэххэ наада. Аал уоппутун оттон баран бастаан эһэкээни күндүлүүбүт. Онтон Аал уот иччитин нөҥүө өбүгэлэрбитигэр туһулаан хайыһабыт, күндүлүүбүт, маанылыыбыт, махтанабыт. Аны туран, ааттарын-суолларын хайдах да ааттыыр кыахпыт суох буоллаҕа дии. Былыр үйэҕэ барбыт дьоммутун. Хас эмэ үйэ нөҥүө өбүгэлэрбитигэр уопсай "ийэ, аҕа өттүбүнэн өбүгэлэрим, бука барыгытын күндүлүүбүн, ытыктыыбын, сүгүрүйэбин" диэн буолара ордук. Бастатан туран "баччааҥҥа диэри биллибэккэ сылдьыбыппытыгар алы гын» диэн көрдөһөн баран, салгыы сиэри-туому оҥорор сиэрдээх буолар. Кылгастык билиһиннэрдэхпинэ итинник. Дьэ оччоҕуна сылтан сыл аайы чугаһаан иһиэхтэрэ, көмүскэллэрэ күүстээх буолуоҕа.

– Өбүгэ күүһэ туохтан, хайдах мөлтүөн сөбүй?

– Өйдүү-саныы, ытыгылыы сылдьыбат буоллахпытына, кинилэр көмүскэллэрэ, араҥаччылыыр күүстэрэ мөлтүүр. Аньыыны-хараны оҥорууга эмиэ мөлтүүр. Быдьар, куһаҕан тыллары күннээҕи олоххо туттартан эмиэ мөлтүүр. Төрөөбүт тылбытынан кэпсэппэт буоллахпытына эмиэ. Төһөнөн киһи төрөөбүт тылын ытыктыыр, таптыыр даҕаны, соччонон төрүттэрин кытта өйдөһөр, кинилэр көмүскэллэринэн, күүстэринэн толору туһанар кыахтаах. Тылбыт күлүүс уонна көмүскэл буолар.

Онон, күндү сахам дьоно, оҕолоргут ситиһиилээх, толору дьоллоох буолуохтарын ис сүрэхтэн баҕарар буоллаххытына, төрөөбүт тылларын билэллэрин хааччыйыҥ, ирдээҥ уонна ситиһиҥ. Биһиги төрүттэрбит хаалларбыт үһүйээннэрин, номохторун, кэпсээннэрин дьоҥҥутугар тириэрдэ сылдьыҥ. Ол курдук ситиммитин тута сылдьыахпыт.

Былыр үйэҕэ барбыт, суох буолбут дьону аймыыбыт диэн өйдөбүл билбэттэн уонна кутталтан үөскүүр. Киһи дууһата өлбөтүн, ааспыт олохтор баалларын наука кытта билинэр. Төрүттэри кытта алтыһыыны эн көмөлөһөөччүлэриҥ, араҥаччылааччыларыҥ диэн өйдүүр наада. Кинилэри кытта алтыһыы үксэ санаа таһымыгар буолар. Санааҕынан ыҥырдыҥ да, аттыгар баар буолан хаалаллар. Анараа дойдуга кэм-кэрдии диэн суох. Төрүттэриҥ эн үтүө эрэ соруктаргар көмөлөһөр аналлаахтар. Тоҕо диэтэххэ Сырдык Күүстэр ахсааннарыгар Үрдүкү Күүстэр илдьиттэрэ, тирэхтэрэ, көмөлөһөөччүлэрэ буолаллар.

– Анастасия Владимировна, кэпсээҥҥэр, сүбэҕэр-соргугар махтал!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...