12.05.2022 | 11:40

Өбүгэ үгэһинэн иитиллибит Нохсоороптор

Өбүгэ үгэһинэн иитиллибит Нохсоороптор
Ааптар: Наталья РУФОВА
Бөлөххө киир

Сахаларга хас да көлүөнэ буолан бииргэ тутуһан олох олорууларын бэлиэтиир Ытык ситим диэн өйдөбүл баар.

Биһиэхэ, Хатаска, бу ытык өйдөбүлү тутуһан, оҕолорун, сиэннэрин кытта бииргэ олорор ыаллартан биирдэстэринэн үлэ, тыыл бэтэрээнэ, нэһилиэкпит Бочуоттаах олохтооҕо Александра Иннокентьевна Жиркова дьиэ кэргэнэ буолар.

Александра Иннокентьевна бэйэтин өйдүөҕүттэн сүөһү көрүүтүн этинэн-хаанынан билэн улааппыта. Сүөһүлээх буоламмыт сэрии аас-туор сылларын алдьархайын уйбуппут диэн билигин даҕаны, ол сыллары санаатаҕына, уйадыйа кэпсиир. Онтон ол кэннэ дойду тыыллан-хабыллан сайдан туруута биһиэхэ, хатастарга, быһаччы тыа хаһаайыстыбатын кытта ситимнээх диэн  санаалаах. Дьэ ол сайдыыга-үүнүүгэ Нохсоровтар кылааттара баарын нэһилиэк дьоно бары билинэллэр.  Онон киниэхэ ынах диэн тыл суолтата олох улахан уонна куруутун махталлаах.

Бу ыалга сиэн эбээтин өйдөөбөтүттэн дуу, эбээ «аныгы ыччаты» ылымматыттан дуу тыҥааһын суох. Хас биирдии киһи бэйэтин көҥүлүн кимиэхэ да былдьаппакка, дьиэтээҕи, хаһаайыстыба түбүгүн дьүөрэлээн, бэйэлэрин эйгэлэригэр ситиһиилээхтик үлэлииллэр-хамсыыллар, сайдаллар-үүнэллэр. Ким оскуолаҕа үлэлиир, ким Агрокубка, НВКҕа тиийэ үлэлииллэр-хамсыыллар. Үлэттэн быыс булан, сорохтор тыйаатырынан үлүһүйэллэр, сорохтор астына-дуоһуйа күн эгэлгэ дьикти үүнээйитин бүөбэйдииллэр, ким эрэ уруһуйдуур… Ол барыта туохтан, хаһан, ханна сааһыламмытый диэн санааттан Александра Иннокентьевна кыыһа, П.Н. уонна Н.Е Самсоновтар ааттарынан оскуола учуутала Наталья Нохсорованы кытта сэһэргэстим.

– Наталья, эһиги куруук сүөһүлээх-астаах, үүнээйилээх буоларгытын билэбит. Үлэни-хамнаһы, олох атын эйгэтин кытта бу түбүгү-табыгы хайдах алтыһыннараҕыт?

– Дьэ ол төрдө-төбөтө ийэбитигэр – Александра Иннокентьевнаҕа, аҕабытыгар Устин Тихонович Нохсоровка сыттаҕа дии. Саамай сүрүнэ, ханнык баҕарар дьарык, үлэ, түбүк, билии, көр-күлүү маастара Мария этэринии, «санааны ууран туран оҥоһуллуохтаах» (күлэр – Аапт.) Уонна оттон, биллэн турар, чопчу сыаллаах-соруктаах буолуохтаах, тиһигин быспакка баран иһиэхтээх.

– Оннук ээ. Ол аата дьыл кэмин хардыытынан сайын кыһыҥҥыга бэлэмнэнэн, кыһын сайыҥҥыны санаан, уталыппакка оҥоһуллуохтаах буоллаҕа.

– Оннук. Уонна, сүөһүлээх-астаах үчүгэйэ диэн, барыта ис-иһиттэн сибээстэһэн, бэйэтэ бэйэтин ситэрэн иһэр. Сүөһүлээх буоламмыт оҕуруот көрүүтүгэр буорга-хаарга үбү-харчыны бараабаппыт, оҕуруоттаах буоламмыт, сүөһүлэрбитигэр эбилик-самалык буолар ас-үөл эмиэ баар. Үрүҥ илгэлээх, эттээх-астаах, оҕуруот аһын арааһа баар буолан, химиялаах аһы амсайбаппыт. Оҕолорбут кыра эрдэхтэриттэн үлэлии үөрэнэн, тыа киһитин бүппэт түбүгэ кинилэргэ ыар таһаҕас буолбатах. Билигин биһиги кинилэргэ илии-атах, сүбэ-ама эрэ буолабыт.

– Наталья, сүөһүнү иитиигэ туһуламмыт көмөҕө тигистигит дуо?

– Судаарыстыба үксүн тэрээһиннээх хаһаайыстыбаларга көмө-тирэх буолар бырагыраамалардаах. Онон биһиэхэ туох даҕаны суох. Арай былырыын ыанар төбөҕө диэн анаммыт харчынан автодойка атыылаһан абыранныбыт.

– Александра Иннокентьевна барахсан, күлэн мытырыйа-мытырыйа, уопсай улахан дьаһаллары ыйа-кэрдэ олорор киһи буолуо ээ…

– Оннуук-оннук. Биһиги да барытын билэр, сатыыр да буолларбыт, син биир сүбэтин-аматын истэбит, ылынабыт. Ол онтон кини үөрбүт хараҕын көрдүбүт да, түһүнэн кэбиһэрбит элбэх буоллаҕа. Үүт-ас күннээҕи хамсааһынын, дьэ, олох тутан олорор. Үүт тоҕо намтаата, тоҕо убаата, хааннааһын диэн, араас эбии аһылык диэн. Күннээҕи үүт сүүрдүүтүгэр тиийэ илиитин сыһыаран, сэппэрээтэрин хайаан да бэйэтэ бэрийдэҕинэ астынар-дуоһуйар. Хайа уонна кимиэхэ тугу ылсарбыт-бэрсэрбит кини сөбүлэҥин нөҥүө буоллаҕа дии.

Оҕуруот аһын арааһын ыһабыт. Кэлиҥҥи сылларга дьэдьэни сөбүлээн олордобут. Табыллыбыт сылыгар биэдэрэнэн хомуйабыт. Этэргэ дылы, сыыһан-табан, син иннин ыллыбыт быһыылаах. Кэрэ көстүү, сибэкки чааһыгар киирдэххэ, төһө кыалларынан туох эмит интэриэһинэй, атын көстүүлээх сибэккилэри олордо сатыыбыт. Ордук астынан оҕо эрдэхпитинэ открыткаларга эрэ көрөр роза сибэкки арааһын үүннэрэбит.

– Дьэ, чахчы да оннук. Сайын эһиэхэ киирдэххэ, индийскэй киинэ курдук сари эринэн баран, ыллыы-ыллыы, сытан ыла-ыла, үҥкүүлүү-үҥкүүлүү сылдьыаҕы баҕарыллар харах халтарыйар кэрэтэ буолааччы (күлсэбит-Аапт.). Хайа уонна сүөһүнү таһынан куруолуктаах буолааччыгыт дии.

– Эппитим курдук, биир баар буоллаҕына, ситимнэһэн-сибээстэһэн, барыта ити курдук кэлэн иһэр. Куруолугу таптаан иитэбит. Куруолукка саамай маастарбыт сиэн уол Ефим. Аныгы киһи быһыытынан куйаар ситимигэр хаардыы хаамар. Онон интэриниэт ситимин хаһан, бу дьарыгар сыһыаннаах информацияны булан ааҕан, үөрэтэн, элбэҕи билэр. Уопсайынан, хаһаайыстыба  түргэнник ситэр-хотор көрүҥүттэн сибиинньэ, кус-хаас эмиэ иитээччибит. Быйыл кус-хаас ылар былаан баар. Эбилик буолан абырааччы.  Оҕуруот аһын, сибэкки, мас-от чааһыгар балтым, П.Н. уонна Н.Е Самсоновтар ааттарынан оскуола иһинэн үлэлиир Агрокуб биир тутаах үлэһитэ Тамара Устиновна саамай сүрүн киһибит. Этэргэ дылы, теория да, практика да өттүнэн кинини кытта мөккүөр суох. Сиэн кыыс Шура уруһуйга дьоҕурдаах. Бу үүнээйилэр өҥнөрүн-дьүһүннэрин, моһуоннарын дьүөрэлээн, кэрэ көстүү өссө ситэриллэр. Харысхан (Ганя) кыргыттар тугу баҕарбыттарынан күрүө-хаһаа, дьааһык, кыыл-сүөл уйата о.д.а. хаһаайыстыбаҕа наадалаах тутуулары, оҥоһуктары оҥортуур. Сиэн уол Тихон ордук тиэхиньикэҕэ сыһыаннаах буолан, пылесостан саҕалаан тыраахтарга тиийэ кини хаһаайыстыбата, кини эппиэтинэһэ. Эппиэтинэстээх дьоннор кими баҕарар көмө-тирэх гыналлара көҥүл (мичээрдиир – Аапт.). 

– Сүрүн үлэни, дьиэтээҕи түбүгү кытта уопсастыбаннай олоххо куруук бааргыт. Субуотунньук буоллун, тыйаатыр, кэнсиэр, ыһыах буоллун. Хайдах барытын тэҥҥэ алтыһыннараҕыт?

– Ол эмиэ дьоммутуттан, төрөппүттэрбититтэн буоллаҕа. Урут сопхуос тыыллан-хабыллан, олох күөстүү оргуйар кэмигэр бэстибээллэрэ диэн, ГТОлара диэн баһаам буоллаҕа. Онно барытыгар ордук аҕабыт көхтөөх буолааччы.

– Дьэ, сэргэх кэпсээниҥ иһин махтал. Ытыктыыр, таптыыр Александра Иннокентьевнабар үтүөнү-кэрэни, доруобуйаны баҕарабын. Этэргэ дылы, олоҥхолоох олоххо олорсон, удьуор утумун быстыбат ситимин саламанан киэргэтэн, сайаҕас санааҕынан далаһаланан, эйэҕэс санааҕынан эрдинэн, аны да кэмҥэ этэҥҥэ буол.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
Дьон | 24.10.2024 | 18:00
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
2022 сыл алтынньы 19 күнүгэр Ферум Аммосов анал байыаннай дьайыыга эн биһиги туспутугар, дойдутун туһугар сулууспалыы сылдьан олоҕун толук уурбута. Сырҕан бааһы таарыйан, бииргэ төрөөбүт балтын, ону тэҥэ бойобуой доҕорун ахтыыларын чугас дьонугар, ийэтигэр, аймахтарыгар таһаарабыт. Ол ыарахан кэмнэри санаппыппар, бука диэн, алы гыныҥ дуу...   – Саргылаана, бииргэ төрөөбүт хаһыа...
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Дьон | 25.10.2024 | 14:30
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Бүгүн мин ааҕааччыларбар билиһиннэриэм этэ Саха сирин уус-уран ойууга-дьүһүҥҥэ мусуойун научнай-сырдатар үлэҕэ методиһа, СӨ култууратын туйгуна Заровняева Варвара Ильинична-Күндүүлэни.   —  Варвара, иис абылаҥар ылларыыҥ, иннэни, сабы хас сааскыттан туппутуҥ туһунан кэпсиэҥ дуо? — Оҕо сааспыттан иис-уус эйгэтигэр улааппытым. Ийэм, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара Заровняева Варвара Гаврильевна өттүнэн эбээм, Бүлүү Баппаҕаайытыттан...
Дьиэ кыылларын көрүү-харайыы быраабылата булгуччу тутуһуллуохтаах
Сонуннар | 23.10.2024 | 17:38
Дьиэ кыылларын көрүү-харайыы быраабылата булгуччу тутуһуллуохтаах
Олохтоох дьаһалта Территориялары кытта үлэҕэ департамена иһитиннэрэринэн, Саха Өрөспүүбүлүкэтин ветеринарияҕа управлениетын кытта дьиэ кыыллара бэйдиэ сылдьалларын бэрэбиэркэлиир эриэйдэлэр тиһигин быспакка ыытыллаллар. Ол курдук, ааспыт нэдиэлэҕэ куорат Автодорожнай, Строительнай, Сайсары, Октябрьскай, Гагаринскай уокуруктарынан уонна Марха, Маҕан, Хатас, Тулагы нэһилиэктэринэн ыытыллыбыт эриэйдэ түмүгүнэн боротокуоллар толоруллубуттар, нэһилиэнньэни кытта өйдөтөр, быһаарар, сэрэтэр үлэ ыытыллыбыт....