07.10.2023 | 14:00

Өбүгэ дьоҕура уһуктан, иис алыбар куустаран

Кэрэни кэрэхсиир, иис эйгэлээх Октябрина Андросова туһунан кэпсэтии хаһыат бүгүҥҥү ааҕааччыларыгар ананар. Кини дьиэ, тэрилтэ түбүктээх үлэтиттэн быыс булан, иистэнэрин олуһун сөбүлүүр.
Өбүгэ дьоҕура уһуктан, иис алыбар куустаран
Ааптар: Вера КАНАЕВА
Бөлөххө киир

– Октябрина Ивановна, айылҕабыт көмүс өҥүнэн симэммит кэмигэр кэрэни саҕар иис-уус туһунан кэпсэтиэх. Хаһааҥҥыттан бу эйгэ эйигин умсугутарый?

– Дьахтар аймах айылҕаттан эр киһиттэн көрүүтэ атын буолар. Этэргэ дылы, дьиэ иһинээҕитин бэрийэр, киэргэтэр аналлаах. Мин сааһырарым саҕана иискэ сыстыбытым. Баҕар, оҕолор улаатан туспа ыал буолан бараннар, күннээҕи түбүк арыый аччыы быһыытыйбытыттан эбитэ дуу, эбэтэр өбүгэм дьоҕура уһуктан, инньэ-сап тутуум элбээн, сииктэн сиик таһааран тигиим саҕаламмыта буолуо.

– Өбүгэм хаана уһуктубута буолуо диэтиҥ. Ийэҥ иискэ уһуйбута дуо?

– Ийэм Александра Афанасьевна киһини өйдүөхпүттэн иистэнэрэ. Сүрүннээн этэрбэс тигэрэ, оҕуруо анньара, аппликацияны кыайа тутара, эҥинэ бэйэлээх паннолары оҥороро. Иистэммитин, оҥорбутун оҕолоругар, сиэннэригэр бэлэхтиирэ. Уолаттары кытта иитиллибит буоламмын, уол оҕо курдук этим, олох хаалсыбакка сүүрэрим-көтөрүм. Ол эрээри айылҕабынан кэрэҕэ ымсыырарым, ийэм иистэнэрин көрөн ымсыырарым. Алта уол таҥаһын абырахтаан көмөлөһөрүм. Улахан кылаастарга боччумуран, баайыынан дьарыктаммытым. Оччолорго үксүн сэлиэччик, наскы баайарым.

– Төрөөбүт Дьүлэйиҥ сиригэр-уотугар аатырар-сураҕырар сэһэнньиттэр, олоҥхоһуттар, уустар, иистэнньэҥнэр олорон ааспыттара. Билиҥҥи кэмҥэ иискэ-ууска бэйэлэрэ туспа суоллаах-иистээх дьоҕурдаах дьону ааттаталаа эрэ.

– Дириҥ устуоруйалаах Дьүлэйим нэһилиэгэр тумус туттар, эдэр көлүөнэни өбүгэ ииһигэр, тутуутугар уһуйар биир дойдулаахтарым – Таатта талаҕыттан иэйиилэммит норуот маастара, архитектор, духуобунас академига Эрнст Алексеев, өбүгэ ииһин сырдатааччы, саха балаҕанын толору иистээх Анна Элякова, билиҥҥэ диэри куруһуба баайыылаах, кыбытыылаах иис дьарыктаах Вера Аянитова, ииһи дэгиттэр баһылаабыт Мария Захарова, былыргы ох сааны сөргүтэр үлэни ыытар, өбүгэ иһитин-хомуоһун үөрэтээччи, уус Николай Егоров-Баайаҕыын буолаллар. Кинилэр аттыбытыгар хаама сылдьан өбүгэлэрбит үгэстэрин биһигинниин ситимнииллэр, үөрэтэллэр, хас биирдиилэрэ үйэтитии үлэтин ыыталлар.

– Эн улахан үлэлэрдээххин. Барыта кэриэтэ кыбытыылаах тигии ньыматынан. Ат симэҕин толору кэмпилиэгин икки көрүҥүн тиктиҥ.

– Билигин улахан иистэнньэҥнэр ат симэҕин тигэллэр. Ону кыбытыылаах ииһи баһылаатахха эрэ тигиллэр дии саныыбын. Кып-кыра лоскуй таҥастары аттаран, кыбытан тигии уустук үлэ. Бу ньымаҕа көнө сииктээх буолуу ирдэнэр. Хайа уонна өбүгэ ньымата хайаан да тутуһуллуохтаах, үтүктэн тигэр чаппарааҕыҥ ыпсан, сантиметрыгар тиийэ суоттанан тигиллэр. Канон буолбут ииһи тигии олус эппиэтинэстээх. Иис өҥ дьүөрэлэһиититтэн турар. Ааспыт кэмҥэ тигиллибит чаппараах өҥүн майгыннатан, хаачыстыбалаах сукунаны талаҕын. Бу иискэ уһуйбут киһибинэн норуот маастара, үтүөлээх учуутал, төрүт үгэһи тарҕатар аналлаах айыллыбыт Арина Николаевна Большакова буолар.

Арина Николаевна – ирдэбиллээх учуутал. Кээмэйин, өҥүн, тигии ньыматын тутуһуннарар. Сыыһа тиктэхпинэ, төттөрү көтүрэн оҥоробун. Кини куруук: “Иистэнньэҥ үчүгэй үлэни оҥорон таһаарыахтаах. Көтүрэртэн сүрэҕэлдьээмэҥ”, – диэн этээччи. Инньэ гынан хаачыстыбаҕа үлэлиибин. Бу симэхтэрим балачча быыстапкаҕа көрүүгэ турдулар. Киһи бэйэтиттэн сөҕөр, үлэтин түмүгүттэн астынар.

– Биллиилээх уопсастыбаннай диэйэтэл, социологическай билим дуоктара, бырапыассар Ульяна Винокурова эн быысапкаҕын көрөн хайҕаан турар.

– Быысапка эмиэ иис курдук киһини угуйар дьикти алыптаах. Таҥалай ойуунан быысапкалыыбын. Бэйэм “Айылҕаана” эбэлэр түмсүүлэригэр баарбын. Былырыын бөлөҕүнэн Хартыына галереятыгар быыстапкалаабыппыт. Кытайга үлэҕинэн анал схеманан оҥорторбут  хаартыскабын быысапкалаабытым турбута. Бу үлэбин балтараа сыл устата быысапкалаабытым. “Вышитая картина” диэн славянскай сурук-бичик күнүгэр анаммыт куонкуруска I истиэпэннээх дипломунан бэлиэтэнэн турабын. Ол быыстапкаҕа Ульяна Алексеевна сылдьыбыт этэ. Уонна телеграмм ханаалыгар үлэбин көрөн астыммытын, биһирээбитин таһааран турар. Билигин биир үлэни саҕалаатым. Онон өйүм-санаам быысапка буола сылдьабын.

– Күҥҥүн хайдах аттаран иистэнэҕиний?

– Иэйии киирдэҕинэ  сарсыарда 4-5 чааска туран иистэнэбин. Ардыгар күнүһүн, быыс буллум эрэ, олоро түһээт, иистэнэн барабын.

Иис диэн дьикти алып. Киһини тардар уонна дуоһутар аналлаах. Дьарык диэн ылынабын. Орто дойдуга киһи сатаабатаҕа диэн суох. Дьаныһан, эккирэтиһэн туран тугу эрэ ситиһиэххэ сөп. Ол эрээри, хаанынан бэриллибит дьоҕур күүһү-уоҕу, алыбы биэрэрэ ордук күүстээх буолар. Сааһыран истэх аайы иистэниэххин, айыаххын өссө баҕараҕын. Уонна бэйэм туппуппун ыһыктыбат идэлээхпин. Сүнньүнэн ити хаачыстыбам ииспэр тирэх буоллаҕа. Олох бүтэрэн баран тэйэбин. Ииспэр кынат буолар дьарыктар эмиэ бааллар. Айылҕаҕа анаан сынньанабыт. Айылҕа матырыйаалын хомуйан аппликация оҥорорбун сөбүлүүбүн, уруһуйдаан да ылабын. Улахан ииһим быыһыгар сынньалаҥ ылан маллаах иһиттэри, паннолары, түөскэ кэтэр киэргэллэри оҥоробун.

– Дьиэ кэргэҥҥин сырдат эрэ.

– Орто дойдуга кэлбит аналбын толорон ыал буолан, оҕо төрөтөн, ийэ, эбээ буолар дьолу билэн олоробун. Кэргэним Василий Васильевич биэнсийэҕэ олорор, бэйэм улуустааҕы киин балыыһа диспансерыгар үлэлиибин. Икки уолум аналларын көрсөн, туспа дьиэ-уот тэринэн олороллор. Онон икки мааны кийииттээхпин, утуу-субуу саастаах сиэннэрдээхпин. Ийэ киһиэхэ бу орто дойдуга мантан ордук дьол суох.

– Октябрина Ивановна, эн мааны майгылаах, чараас дууһалаах буолан, дьоҥҥо сыһыаныҥ, олоҕу көрүүҥ барыта ураты. Кэрэни оҥорон таһаарар дьоҕуруҥ барыта ситимнэһэн, тус бэйэҕэр, дьиэ кэргэҥҥэр, оҕолоргор, сиэннэргэр дьолу-соргуну эрэ аҕаллын, кэрэни-үтүөнү эрэ түстээтин!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Сонуннар | 29.08.2024 | 14:00
Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Билиҥҥи олох балысхан сайдыыта үчүгэй өрүтэ элбэх эрээри, киһи олоҕор, доруобуйатыгар хоромньута эмиэ хара баһаам. «Доруобуйа» балаһабыт бүгүҥҥү тиэмэтэ – өй-мэйии үлэтэ, болҕомтолоох эбэтэр умнуган буолуу, сыыһа-халты тыллары туттуу, түөһэйии. Бу туһунан 3-с нүөмэрдээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническэй балыыһа «Кабинет памяти» иһинэн үлэлиир исписэлиистэр – невролог быраас Виктория Николаевна Местникова уонна медицинскэй...
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьон | 05.09.2024 | 10:00
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьокуускай куорат уокуругар куорат таһынааҕы – Кангалаас, Маҕан, Марха, Тулагы, Табаҕа, Владимировка, Хатас уонна Пригороднай нэһилиэктэрэ киирэллэр. Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт – 2000-2005 сылларга «Пригороднай сэлиэнньэтэ» муниципальнай тэриллии баһылыгынан үлэлээбит СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Ас-үөл индустриятын туйгуна, СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах мецената Герман Егорович Отов. Кинини кытта  кэпсэтиибитин Пригороднай нэһилиэк историятыгар туһаайдыбыт.  ...
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:24
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Атырдьах ыйын 26 күнүгэр киин куорат баһылыга Евгений Григорьев Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрсөн, Дьокуускай маастар-былаанын олоххо киллэрии хаамыытын кэпсээтэ, ыйытыыларга хоруйдаата. 2030 сылга диэри маастар-былаан иитинэн куорат бу уокуругар тиэргэннэри тупсарыы үлэтэ ыытыллыахтаах, хаарбах туруктаах 253 элбэх кыбартыыралаах дьиэ олохтоохторо көһөрүллүөхтээхтэр, 240 миэстэлээх Физико-техническэй лицей эбии дьиэтэ тутуллуохтаах, ону...
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:22
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтата уонна «Саха» НКИХ киин куорат төрүттэммитэ 392 сылыгар аналлаах «Якутск вдохновляет» хаартыска күрэҕэр кыттаргытыгар ыҥыраллар.  Манна 14-тэн үөһэ саастаах Саха сирин олохтоохторо 5 номинацияҕа биирдии үлэнэн кыттыахтарын сөп: - «Якутск исторический» – 19-20-с үйэтээҕи куорат эйгэтин уонна олохтоохторун көрдөрөр история эбэтэр архыып хаартыскалара; - «Городская жизнь»...