09.12.2020 | 17:52

Бүгүн коррупцияны утары охсуһуу күнэ

Бүгүн коррупцияны утары охсуһуу күнэ
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Ахсынньы 9 күнүгэр Аан дойдутааҕы коррупцияны утары охсуһуу күнэ бэлиэтэнэр. Куорат баһылыга Сардана Авксентьева https://www.instagram.com/sardanaavksentieva/?hl=ru инстаграмыгар аатырбыт юриһы, талааннаах силиэдэбэтэли Макар Макарович Яковлевы дьоҥҥо билиһиннэрдэ. Макар Макарович бэйэтин кэмигэр бөдөҥ холубуонай дьыалалары ыыппыт, улахан уоруулааах, өлөрсүүлээх дьыалалары арыйбыт киһи. Арассыыйа силиэстийэлиир биригээдэлэрин салайбыта. 1980 сыллаахха СССР историятыгар алмааһы уоруу улахан дьыалатын силиэстийэлээбитэ. 1983-1985 сс. Москва ГУМ маҕаһыыныгар уоруу дьыалаларын ыыппыта. Прокуратура силиэстийэлиир бөлөхтөрүн Магадан уобалаһыгар. Камчаткаҕа, Кемеровоҕа салайан үлэлэппитэ. СССР норуодунай дьокутаатынан, СССР Үрдүкү Сэбиэтин дьокутаатынан, Саха сирин норуодунай дьокутаатынан талылла сылдьыбыта. СССР Үрдүкү Сэбиэтин хамыыһыйата кини салалтатынан бастакытын Ленинградтааҕы байыаннай уокуруктааҕы СССР прокуратуратын үлэтин бэрэбиэркэлээбитэ. Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтигэр кини бастакынан сир аннынан ядернай тоҕута тэптэриилэр туһунан боппуруоһу көтөхпүтэ. Арассыыйа Федеративнай дуогабарын, Саха өрөспүүбүлүкэтин Конституциятын оҥорсубута. Генерал-майор Макар Яковлев “Сайсары күөлгэ түбэлтэ” (“Мой убийца”) киинэ кылаабынай геройун прототиба буолбутун үгүспүт билбэт буолуохтаах. Макар Макарович билигин ХИФУ юридическай факультетын холуобунай быраап кафедратын профессора. “Кини баары хайдах баарынан этэр көнө киһи. Ол иһин ытыктыыбын уонна холобур оҥостобун. Маннык дьон – биһиги норуоппут суобаһа”, - диэбит Сардана Владимировна.

Оттон “Киин куорат” хаһыакка Өрөспүүбүлүкэ күнүн көрсө 23.04.2020 с. эрэдээктэр Иван Ушницкай Макар Яковлевы кытта аһаҕас кэпсэтиитэ тахсыбыта: http://kiinkuorat.ru/2020/04/makar-yakovlev-bejebit-pozicziyabytyn-eterbit-naada/

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ылланарга айыллыбыт олох
Дьон | 11.10.2024 | 12:00
Ылланарга айыллыбыт олох
Хаһааҥҥытааҕар даҕаны ардахтаах күһүн буолла. Уһун ардахтарга өйбөр куруутун “Тохтообокко ардах түһэр, Түннүкпэр таммаҕы ыһар...” ырыа тыллара ытыллар.   Биһиги көлүөнэ оҕолор үрдүкү кылаастартан саҕалаан “Ардахха санаа” ырыаны истэ улааппыппыт. Оччолорго, биллэн турар, ким тыла, ким матыыба буоларын улаханнык билэ да сатаабат этибит. Ырыа баар да баар. Киһи олоҕун кэрдиис кэмнэринэн...
Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
Дьон | 05.10.2024 | 14:00
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
2022 сыл кулун тутар 8 күнэ биһиэхэ ыар сүтүк күнэ этэ, ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии аймаабыта: ыарахан ыарыы дьүөгэбит Ирина Елизарова сырдык тыынын ылан барбыта.   Чугас киhиҥ, дьүөгэҥ, доҕоруҥ суох буоллаҕына, биллэн турар, бастакынан үйэтитии туhунан санаалар киирэллэр эбит. Кини биллэр, бэйэтэ ааттаах-суоллаах, историялаах, сүгүрүйээччилэрдээх, истээччилэрдээх буоллаҕына, атыннык толкуйдуу да...
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины”  нойосуус билиим»
Дьон | 10.10.2024 | 10:00
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины” нойосуус билиим»
Саха киһитэ тыйаатыры, артыыстары олус ытыгылаан  ылынар ураты көрөөччү. Ол оруоллары ураннык толорор артыыстартан сүдү тутулуктааҕын саарбахтаабаппын. Оннук биир үтүө киһи, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа, Щепкин аатынан Үрдүкү театральнай училище “көмүс выпускнига” Борис Иванович Борисовы кытта өрөгөйдөөх 75 сааһынан сэһэргэстибит.   – Артыыс буолар баҕа санаа оҕо эрдэххиттэн баара дуу? –...