09.06.2022 | 11:00

Азияна Харлампьева: «Саха киһитин толкуйа, көрүүтэ-истиитэ ураты»

Азияна Харлампьева:  «Саха киһитин толкуйа, көрүүтэ-истиитэ ураты»
Ааптар: Айыына КСЕНОФОНТОВА
Бөлөххө киир

Бүгүҥҥү сэһэргэһээччибин кытта быйыл саас “Ыһыаҕым саргылаах таҥаһа, кэскиллээх киэргэлэ” быыстапка-дьаарбаҥка аһыллыытыгар көрсүбүтүм уонна ыһыах диэки эрийиэм диэн сэрэппитим. Биһиги кэпсэтиибит саха таҥаһын эрэ тула буолбата, улам кэҥээн, сыыйа-баайа олох, анал, билии, дьол, итэҕэл диэки иэҕилиннэ. Билсиҥ – СӨ норуотун маастара, “Сөргүтүү” айар түмсүү салайааччыта Азияна Филипповна Харлампьева.

Ааты уйбат буолуу диэн баар...

– Азияна Филипповна, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха.

– Мин аатым туспа остуоруйалаах. Аҕам кэпсииринэн, эһэм сыылкаҕа дуу, туохха дуу кэлэ сылдьыбыт кыыһы ойох ылбыт, элбэх оҕоломмуттар. Онтон ол кыыһы кынчааллаах дьон кэлэн төттөрү илдьэ барбыттар, биир да оҕотун ылбатахтар. Кыыс ытыы-ытыы дойдутугар төннүбүт. Эбэм ханнык омук буолара чуолкай биллибэт, ол эрээри хайа олохтооҕо этэ диэн кэпсииллэр.

Аҕам Евсеев Филипп Андреевич – Аҕа дойду сэриитин кыттыылааҕа. Фронтан кэлэн иһэн, Азербайджаҥҥа улахан саахалланыы тахсыбытыгар дьиэ тутуһа хаалбыт. Онон сэрииттэн дойдутугар хойут, 1952 сыллаахха, төннүбүт. Ол сылдьан ийэтин көрдүү сатаабыт да, булбатах. Аҕам эрдэ өлбүтэ, онон эбэм аатын билбэккэ хаалбытым. Ол эрээри миигин Азияна диэн мээнэҕэ ааттаабатах буолуохтаах.

Оҕо сылдьан олус ыалдьарым, тугу да кыайбат, мөлтөх этим. “Киһи аҥаара” диэн ааттыыллара. Аттыбынан массыына ааһан истэҕинэ биэтэҥэлиирим. Дьиҥэр, ол саҕана массыына да аҕыйах буоллаҕа. Ийэм ыксаан, Семен Семенович Яковлев диэн аатырбыт хирург бырааска тиийэн көрдөрбүтүн: “Оҕоҕун дьоҥҥо мээнэ көрдөрүмэ”, – диэбит этэ. Итиэннэ күннүк (дневник) оҥоһун, ханнык күҥҥэ мэйииҥ эргийбитин, нукаай буолбуккун сурунан ис, күнү-дьылы, халлаан уларыйыытын кэтээн көр диэн сүбэлээбитэ. Ону сурунар солото суох этим. Ол саҕана алын кылаас оҕото ньирэй көрөрө, арыый улааттаҕына, ыанньыксыттыы барара.

Билигин санаатахпына, ааппын уйбакка ыарытыйар эбиппин. Кыра оҕо бүтүн материк аатын уйбата чахчы. Ол иһин былыр оҕо турбат ыала оҕолоругар барыларыгар биир ааты биэрэн эрдэхтэрэ. Кэлин көрдөрүммүтүм, гемоглобиным 56 эрэ эбит. Хайдах тыыннаах сылдьыбыппын сөҕөбүн. 

Аҕам сатаабата суох этэ

– Айар-тутар, иистэнэр дьоҕур кимтэн бэриллибитий?

–Аҕам курдук талааннаах киһини билиҥҥэ диэри көрсө иликпин. Саха сиригэр аан бастакынан буруус дьиэни кини туппута. Дьон-сэргэ ону өйдөөбөтөхтөрө, маһыҥ улаханын сулуйан кэбиспиккин диэн күлүү-элэк оҥостубуттар да бааллара. Улахан тойоттор аҕабар хотугу улууска икки этээстээх буруус дьиэлэри хомуйан оҥорорун курдук сакаастыыллара. Япония сэриитигэр сылдьыбыт буолан, онтон элбэҕи билэн-көрөн, иҥэринэн кэлбит этэ. Ол курдук, дьиэбитигэр истиэнэттэн түһэр оронноох, остуоллаах, 1960-с сылларга евро түннүктээх этибит. Олоппосторбут хомуллан хаалаллара. Аҕам тоһоҕону туттубата. Дьиэбит муостата ханан да быыһа-арыта суоҕа, оннук барытын ыпсаран оҥорбута.

Ийэм Максимова Мария Мисаиловна 92 сааһыгар диэри олорбута. Аҕатын (эһэм) өттүнэн уһун үйэлээх элбэх. Бары хойукка диэри үлэ үөһүгэр сылдьыбыттар. Ийэм баайара, быысыпкалыыра. Түннүкпүт, ааммыт, ороммут сабыыта барыта ришелье буолара. Иис-уус эйгэтигэр кини сыһыарбыта. Бастаан иннэҕэ сап уган көмөлөһөрүм, онтон кыһыҥҥы этэрбэс ньэмиэтин быстарар буолбута, кэлин билэҕэ барбыппыт. Наартаҕа олорор табалаах киһи ойуутун өйдүүгүт? Ортотугар харыйалаах. Итини ийэм биһикки тарҕаппаппыт. Кэлин тупсарыллан, дьүкээбил буолбут этэ.

Биир кэмҥэ оҕуруонан, натуральнай тааһынан үлүһүйэ сылдьыбытым. Оччолорго, билиҥҥи курдук, эгэлгэ таас, оҕуруо суоҕа. Онон үксүн харахпар ойуулаан көрбүппүн булбат этим. Аны туран, натуральнай таас киһини оборон ылар эбит. Ол иһин тохтотон кэбиспитим.

Төрөппүттэрбэр холоотоххо, кинилэр аҥаар атахтарын тарбаҕар да тиийбэппин. Бу Орто дойдуга киһи мээнэҕэ төрөөбөт, туох эрэ аналлаах кэлэр, ону хайаан да толорон барыахтаах. Мин урут, төрүт култуура учуутала буоларым быһыытынан, дьахтар анала диэн аҥаарын көрсөн, кэргэн тахсан оҕо төрөтөн олоруу дии саныырым. Оннук буолбатах эбит. Сахаларга киһи бу дойдуга аатын ааттатаары кэлэр диэн өйдөбүл баар. Эн бэйэҥ ааккын буолбакка, төрдүлэргин ааттата сырыт диэн дириҥ суолталаах эбит. Ол иһин көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллии диэн баар. Мин өбүгэлэрим куруук күүс-көмө буолаллар.

Дьон-сэргэ билбэтэ үгүс

– Саха таҥаһын хаһааҥҥыттан интэриэһиргээбиккиний?

– Устудьуоннуур кэммэр архыыпка үгүстүк сылдьарым. Рожина диэн архыып үлэһитэ олус көмөлөспүтэ. Онно Гавриил Ксенофонтов дириҥ ис хоһоонноох үлэлэрин, схемаларын сэргии көрбүтүм. Ону сэргэ, Ефим Стрелов үлэлэрин булан аахпытым. Көмүстээҕэр да сыаналаах, инникибин арыйар үлэ диэн билэрим. Интэриэһинэй дии санаабыппын уурунан иһэрим.

Хаҥаласка Олоҥхо ыһыаҕа буоларын саҕана Галина Дмитриевна диэн худуоһунньук, преподаватель дьүөгэм: «Хаҥаластар хайдах таҥастаахтара буолуой?» – диэн ыйыппыта. Ону 16-с, 17-с үйэҕэ хайдах таҥна сылдьыбыттарын билбэт буоллаҕым, “билбэппин” эрэ диэтэҕим. Ити ыйытыыттан “билбит киһи” диэн санаа саҕыллыбыта.  Онтон конференция тэрийбиппит.

Хотойдоох сон, хантан да көстүбүтүн иһин, хаҥаластар киэннэрэ буолуохтаах дии саныыбын. Тоҕо диэтэххэ ол саҕана Айыы ойууннара хотойдоох сону сиэргэ-туомҥа тутталлара. Аны туран, хаҥаластар үс сиринэн күрээбиттэрэ биллэр: Бүлүү, Халыма, Дьааҥы диэки. Онон ити улуустарга көстүбүт хотойдоох соннор син биир Хаҥаластан тиийбиттэр дии саныыбын. Таҥалай соннору эмиэ хаҥаластар киэннэрэ диибин. Манна даҕатан эттэххэ, былыргы баайдар ыччаттарын бэйэлэрин тэҥнээхтэрин оҕолоругар холбууллара. Ол иһин таҥастара-саптара араас улуустарга тиийэн хаалбыт буолуон сөп диэн сабаҕалыыбын. Онон көстүбүт сирин аайы оннооҕу киһи таҥаһа диэн этэр кыах суох курдук. 

17-с үйэ иннинэ сахалар бары түүлээх таҥаһынан олорбуттар. Киис саҕынньахтаах далбар хотун долгулдьуйан иһэрин хараххытыгар ойуулаан көрүҥ, төһөлөөх кэрэ көстүүнүй?! Онтон дьаһаах киириэҕиттэн өбүгэлэрбит ынах тириитигэр көстөхтөрө. Урут саха дьахталларын ырбаахылара тобуктарын эрэ сабара, онтон кэлин уһун буолбут. Нууччалар кэлиэхтэриттэн, биллэн турар, өбүгэлэрбит таҥастарыгар-саптарыгар уларыйыы киирдэҕэ. Ол эрээри саха барытын үтүктэн испэтэҕэ, бэйэтин уратытын билиҥҥэ диэри илдьэ кэлбит диэн куруук этэбин.

Сорохтор былыргы сахалар дьэрэкээн өҥнөрү мээнэ туттубаттар этэ дииллэр. Дьиҥэр, биһиги өбүгэлэрбит айылҕаҕа баар өҥү барытын дьүөрэлээн тутталлара. Тойбохой музейыгар 19-с үйэтээҕи таҥас сыыһынан кыбытан тигиллибит ат симэҕин көрбүппүт. Сукуната халлаан күөҕэ өҥнөөҕө. Итинтэн сылыктаатахха, бу дьүһүнү сахалар урут туттубаттар дииллэрэ оруна суох буолан тахсар.

Аны туран, сыалдьаны сүктэр эрэ кыыс кэтэрэ диирбит сыыһа. В.В. Попов саха-француз экспедициятын туһунан кинигэтигэр 70-чалаах эмээхситтэр кытта сыалдьаларын кэтэн көмүллүбүттэрин суруйбут. Ол аата бу таҥаһы ким баҕарар кэтэр эбит.

Кэнники кэмҥэ рунаны орнамеҥҥа киллэрэн, дьону бутуйуу баар. Мин өйдүүрбүнэн, руна диэн сурук-бичик, хайдах даҕаны ойууга-мандарга сыһыана суох. Ол иһин дьон хоруоҥка тиһиэхтэрин, быысапкалыахтарын куттанар буоллулар. Барыта сыыһа, бобуу-хаайыы курдук санаан. Дьиҥинэн, биһиги өбүгэлэрбит киэргэллэригэр, маска, тимиргэ, оннооҕор аттарын симэҕэр тиийэ ойууну-бичиги, мандары түһэрэн кэллэхтэрэ.

Билигин бассаапка бастыҥаны саастаах дьахтар кэппэт диэн тарҕанна. Сэбиэскэй былаас саҕана өйдүүргүт буолуо, эмээхсиниттэн дьахтарыгар тиийэ бастыҥаны кэтэллэрэ. Онон итинник быһа-бааччы этэн кэбиһии дьон таҥнар, симэнэр баҕатын хаҥыннарар.

Кырдьык, дьон-сэргэ өбүгэ таҥаһын-сабын туһунан үчүгэйдик билбэт. Саха таҥаһын дьон билбэтиттэн хотугу омук таҥаһа диэн наһаа булкуйар. Ити 90-с сыллардаахха информация тиийбэтэҕиттэн тахсыбыт дии саныыбын. Аны туран, былыргы дьон таҥаһа көһүннэҕинэ да, бүтүн буолбат, ханнык эрэ элээмэтэ ордор. Онон Е.Д. Стрелов сиһилии суруйан, М.М. Носов уруһуйдаан хаалларбыт үлэлэрин тирэх оҥостобут.

Дьылҕам бэлэхтэрэ

– “Сөргүтүү” айар түмсүү туһунан кэпсээ. Былырыын “Этно-Эрато” курдук улахан куонкуруска бастаабыккыт, саха норуотун үөрдүбүккүт.

– Биирдэ миэхэ Мойкота Васильевна Ноговицына сахалыы таҥастаныан, иистэниэн баҕаран кэлбитэ. Онтон айар түмсүү тэрийэр санаа киирбитэ. Бастаан “Саһарҕа” диэн ааттаах этибит. Хаҥаластар 17-с үйэтинээҕи таҥастарын тигэн саҕалаабыппыт. Ити ааппыт онно барсыбат курдуга. Өбүгэлэрбит таҥастарын сөргүтэн, кэлэр көлүөнэҕэ хаалларар сыаллаах-соруктаах үлэлиибит. Онон “Сөргүтүү” диэн ааты ылыммыппыт. Сыыйа элбээн, атын улуустартан киирэн, билигин 15 буоллубут. Бары олус үлэһиттэр, айар куттаахтар. Саха норуотун таҥаһа сайдыытыгар улахан тирэх буолуохтара дии саныыбын. Олох бэйэтэ көрсүһүннэрэр дьонноох буолар эбит. “Сөргүтүүлэрбин” дьылҕам бэлэхтэрэ диэн ааттыыбын.

Былырыын “Этно-Эрато” куонкуруска бастаабыт үлэбитин – 17-с үйэтинээҕи коллекциябытын Саха АССР тэриллибитэ 100 сылыгар анаабыппыт. Бэлиэтээн эттэххэ, 17-с үйэ муода муҥутаан сылдьыбыт кэмэ эбит. Дьаһаах киирбэтэҕэ буоллар, сахалар өссө төһөлөөх сиэдэрэйдик таҥна сылдьыахтара биллибэт.

– Таҥаһы-сабы киэргэл, симэх ситэрэн-толорон биэрэр. Эһиги киэргэллэргитин ким оҥороруй? Туспа киһилээххит дуо?

– Матырыйаалбытын бэйэбит атыылаһабыт. Киэргэллэрбитин Мария Николаевна Егорова уолун доҕоро Петр Никифоровка сакаастаабыппыт. Бэрт эппиэтинэстээх уол. Түүннэри-күнүстэри олорон оҥорбута. Эбэн эттэххэ, түүлээхпитин эмиэ бэрт үчүгэйдик булбуппут. Итинник суолбут барыта аһыллан иһэриттэн үөрэбит. Чахчы даҕаны, өбүгэлэрбит көмөлөһөллөр дии саныыбыт.  

Айар куттаах киһи тас дойдуну, атын омук дьонун култууратын көрөрө олус туһалаах. Мин ханна тиийдим да, прикладной искусство, этнография музейдарыгар сылдьа сатыыбын. Арабтар Эмираттарыгар элбэҕи билбитим-көрбүтүм. Кинилэргэ тугу барытын эр киһи оҥорор, онно дьахтар кыттыбат. Холобур, быысапкаларын кытта эр дьон оҥороллор. Дьахтары үөрэппэттэр даҕаны.

Калининград музейыгар аатырбыт модельер Александр Васильев отучча сыл мунньубут коллекциятын көрөр дьолго тиксибиппит. Француз дьахталлара 18-с, 19-с үйэҕэ кэтэ сылдьыбыт таҥастара, эчи, сиэдэрэйин! Дьиктитэ диэн, Калининград этнографическай музейыгар сахалар биһилэхтэрэ, кылдьыылара сытар.

Салайааччы эрэ барыта өйөөбөт. Тус бэйэм Яна Викторовна Игнатьеваҕа улаханнык махтанабын.  

Сайыынаҕа үөрэммит дьоллоохпун

– Эн бэйэҕин төһө өр көрдөммүккүнүй?

– Киһи бэйэтин аналын булбакка, кыаҕын туһаммакка, тууйуллан ыалдьар эбит. Сорохтор эмкэ-томко баалатан кэбиһэннэр, кыахтарын туһаммакка хаалаллар. Мин оннук кэммэр Клавдия Ильинична Максимова-Сайыынаны көрсүбүтүм уонна 180 кыраадыс уларыйбытым. Киниэхэ үөрэммиппин дьолум диэн ааттыыбын. Ол кэмҥэ саха норуотун туһугар үлэлиир улахан дьон сэттэрин-сэлээннэрин устуу буолбута. Былыргыттан илдьэ кэлбит аньыыларын-хараларын ыраастаабыппыт. Кинилэр ааттарын-суолларын эппэккит диэбиттэрэ. Ону билиҥҥэ диэри тутуһабыт. Сэти-сэлээни устуу сылаалаах. Мин, бэл диэтэр, кырдьан хаалбыкка дылы буолбутум. Оҕолорбун харыстыахпын наада диэн түмүккэ кэлэн, тохтообутум.  

Атын киһи истибэтин истэр, көрбөтүн көрөр дьонноохпут. Киһи ымсыырбат дьоҕура дии саныыбын. Уйулҕатын үчүгэйдик туппут эрэ киһи итинник таһымҥа тиийэр. Сиппэтэх буоллаҕына, мунуон, ол-бу буолуон сөп. Эмчит дьону үөһээҥҥилэр бэйэлэрэ таһаараллар. Көҥүл биэрдэхтэринэ эрэ бу киһи эмтиир бырааптаах. Аны туран, кыратык тугу эрэ биллим диэн баран эмтииллэрин сыыһа дии саныыбын. Туох барыта кэмнээх-кэрдиилээх. Тыл күүһүн баһылаабыт, Айыылары кытта ситимнээх, ис-иһиттэн ыраас эрэ киһи дьону эмтиэхтээх.

Уопсайынан, саха киһитин толкуйа, көрүүтэ-истиитэ ураты. Былыргы сахалар төһө да үөрэхтэрэ суоҕун иһин, айылҕа оҕолоро буолан, билбиттэрин-көрбүттэрин олохторугар туһаналлара. Итинник ис-истэриттэн киэҥ билиилээх сир түннүктэрэ баар буолаллар.  Билигин да оннук элбэх киһини билэбин. Ол курдук, ытык киһибит Мандар Ууһу, Чурапчыттан төрүттээх, Хаҥаласка олохсуйбут Иван Иванович Монастыреву ааттыахпын сөп. Мандар Уус – Айыылартан бу Орто дойдуга биһигини оһуору-бичиги биллиннэр диэн ыыппыт киһилэрэ. Манна бэлиэтээн эттэххэ, урут баай сахалар моҕол ураһаны сайылыктарыгар туттараллара. Туоска уһулуччу киһибит Тихонова Варвара Васильевна Дьокуускай куоракка туос моҕол ураһаны туттарыан баҕарар. Олоххо киирэрэ буоллар, сөргүтүү биир көрүҥэ буолуо этэ.

Кистээбэккэ кэпсиибин, үөрэ-көтө үллэстэбин

– Эн бэйэҥ сатабылгын дьоҥҥо-сэргэҕэ тиэрдэ, үллэстэ сылдьар киһигин.  Сорох баардаахтар билиилэрин-көрүүлэрин ыһа-тоҕо кэпсээбэттэр, аһаҕастык көрдөрбөттөр. Көҥөнөллөр, харыһыйаллар да диэххэ сөп. Бу туһунан санааҥ.

– Билигин талааннаах да, кэрэҕэ сыстыан баҕарар да киһи элбэх.  Мин хаһан да кистээбэппин, оннооҕор сиикпэр тиийэ кэпсиибин, көрдөрөбүн. Билиини-көрүүнү кистээн олорууну түүнүгүрүү, сытыйыы дии саныыбын. Төһөнөн элбэхтик үллэстэҕин да, оччонон эйиэхэ саҥаттан саҥа кэлэ турар. Улахан информацияны тута сылдьар киһи үүнэр-сайдар, иннин диэки барар уонна норуотугар көмөлөөх буолар.

Бэйэм дойдубар маастар-кылааспын босхо оҥоробун, үөрэ-көтө ыытабын. Бэлэм ньэмиэттэри биэрбиппин кыратык эбиэхтэрин-көҕүрэтиэхтэрин эрэ наада буоллаҕа. Ол эрээри сорох киһи буор босхо ылбыт билиитин кыайан туһаммат диэн түмүккэ кэллим, онтон олус хомойобун. Ити аата босхону сыаналаабаттар эбит.

– Ыла үөрэммит улахаҥҥа уурбат буолар быһыылаах. Махтанар киһи махтанар ээ...  

– Мин санаабар, олоххо улахан кыһалҕаны билбит эрэ киһи махтанар. Туга барыта баар киһи хантан махтаныаҕай? Биһиги сэбиэскэй кэмҥэ интэринээккэ олорон үөрэммиппит. 9-с кылааска саҥа интэринээт аһыллыбыт буолан, харчыта ситэ көрүллүбэккэ эбитэ дуу, барыта нуорма этэ. Ол иһин оҕолор наһаа аччыктыырбыт. Тыҥырахтарым түһэн хаалбыттара. Баспыттан атахпар диэри кутургуйа буолбутум. Ол иһин билигин оҕолорбор үчүгэйдик аһааҥ диибин.

– Дьолу хайдах өйдүүгүн?

– Билигин ыччат хамнаһын мыынар. Дьиҥэр, кыраттан саҕалыахха, уопутуруохха наада эбээт. Биһиэхэ бэйэни намтатыы баар. Сорохтор “Ээ, мин кыра үлэһит буоллаҕым” дэнэллэр дии. Кыра үлэһит диэн суох. Ханнык баҕарар үлэ сыаналанар. Үлэлиириҥ тухары дьоллооххун. Сорохтор дьолу хантан эрэ сомсон ылар курдук толкуйдууллар. Дьолу ханна да көрдүүр наадата суох. Биир бэйэм аҥаардас тыыннаах сылдьарым дьол дии саныыбын. Холобур, эн биһикки бу атах тэпсэн олорон кэпсэтэрбит дьол буоллаҕа. Сорох дьон эн үөрүүгүн кыайан үллэстибэттэр. Ордугурҕааһын, бэрт былдьаһыы баара олус хомолтолоох. Мин киһи хайа да түгэҥҥэ чиэһинэй буолуохтаах дии саныыбын. Бэйэҕин албынныыр кыаҕыҥ суох, Үөһээҥҥилэриҥ көрөн олороллор. Киһи төбөтүн оройо аһаҕас. Эн сандаарыйдаххына, кинилэр тута булан ылаллар, эйиэхэ көмөлөһөллөр, көрдөһүүгүн истэллэр.

Итэҕэлбитин илдьэ кэлбит омукпут

– Аныгы кэм дьоно ыам ыйыттан ыһыахтыыбыт. “Бастыҥабыт сүүспүтүгэр быһа киириэр, этэрбэспит элэйиэр диэри” диэн норуокка үгэргээһин баар. Бастаан оҕолорбут уһуйааннарыттан, оскуолаларыттан саҕалаан, тэрилтэбитинэн, нэһилиэктэринэн, улуустарынан туспа бырааһынньыктыыбыт. Онтон Туймаада ыһыаҕа, Олоҥхо ыһыаҕа кэлэр. Итинник тура-тура, сороҕор солуута суох ыһыахтыырбыт хайдаҕый?

Солуута суох диэн буолбат. Мин санаабар, оҕо кыра сааһыттан төрүт үгэстэрин, култууратын билэ улаатара үчүгэй. Тэрилтэнэн ыһыахтары эмиэ туох да диэбэппин, дьон сомоҕолоһор, түмсэр. Олоҥхо ыһыаҕа уус-уран тыл сайдыытыгар олук буолар.

Мин оҕо сылдьан ыһыаҕы олус кэтэһэрим, дьонум бырааһынньыкка бэлэмнэнэллэриттэн үөрэрим. Нэһилиэк күргүөмүнэн киирэн Угут Күөлгэ Сэргэй Зверев оһуохайын истэрбит. Ыһыах аһа-үөлэ диэн бэйэтэ туспа үөрүү. Ол саҕана кымыһы босхо түҥэтэллэрэ. Оҕолор түһүлгэҕэ олорон улахан дьон оһуохайдыырын истэрбит. Тылларын-өстөрүн бу диэн өйдөөбөппүн, ол эрээри син биир эккэр-сииҥҥэр иҥэринэр эбиккин. Соҕуруу үөрэнэ сылдьан оһуохайбын, ыһыахпын олус суохтаабытым.

Ыһыах – үөрүү-көтүү, ыраастаныы, арчыланыы. Ону сатаан тэрийиэххэ эрэ наада. Улахан болҕомтону аска-үөлгэ ууруохха. Оһуохайы сайыннарыахха. Кыһыны быһа дьиэҕэ хаайтарбыт дьон күҥҥэ сыламнаан, тото кэпсэтэн, кырдьаҕастар барахсаттар  сэлэһэн бараллара олус үчүгэй! Этэллэр дии, ыһыах кэннэ торуоска бөҕө хаалар диэн.

Бар дьоммун сахалыы таҥаскытын ыһыахха, бырааһынньыкка эрэ буолбакка, күннээҕи олоххутугар, үлэҕитигэр кэтэ үөрэниҥ диэн ыҥырабын. Мин атын куораттарга, омук сиригэр бардахпына, халадаайбынан сылдьабын. Профилакторийга эрэ кэппэппин. 

Сахалар түҥ былыргы итэҕэллээх омук буоларбыт быһыытынан, кимиэхэ да сэнэттэриэ суохтаахпыт. Төһө да нууччалыы ааттаннарбыт, бэйэбит итэҕэлбитин өйбүтүгэр-санаабытыгар баччааҥҥа диэри иҥэринэн илдьэ кэллэхпит.

Мин хас биирдии саха киһитэ сахалыы таҥныан, итэҕэлин тутуһуон, ийэ тылын илдьэ сылдьыан баҕарабын.

– Азияна Филипповна, кэпсээниҥ иһин махтанабын! Саха норуотун култууратын сөргүтэр үлэҕитигэр саҥа саҕахтар арыллан истиннэр! Санаабыккыт сатаннын, туппуккут тубустун, талбыккыт табылыннын!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ылланарга айыллыбыт олох
Дьон | 11.10.2024 | 12:00
Ылланарга айыллыбыт олох
Хаһааҥҥытааҕар даҕаны ардахтаах күһүн буолла. Уһун ардахтарга өйбөр куруутун “Тохтообокко ардах түһэр, Түннүкпэр таммаҕы ыһар...” ырыа тыллара ытыллар.   Биһиги көлүөнэ оҕолор үрдүкү кылаастартан саҕалаан “Ардахха санаа” ырыаны истэ улааппыппыт. Оччолорго, биллэн турар, ким тыла, ким матыыба буоларын улаханнык билэ да сатаабат этибит. Ырыа баар да баар. Киһи олоҕун кэрдиис кэмнэринэн...
Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
Дьон | 05.10.2024 | 14:00
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
2022 сыл кулун тутар 8 күнэ биһиэхэ ыар сүтүк күнэ этэ, ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии аймаабыта: ыарахан ыарыы дьүөгэбит Ирина Елизарова сырдык тыынын ылан барбыта.   Чугас киhиҥ, дьүөгэҥ, доҕоруҥ суох буоллаҕына, биллэн турар, бастакынан үйэтитии туhунан санаалар киирэллэр эбит. Кини биллэр, бэйэтэ ааттаах-суоллаах, историялаах, сүгүрүйээччилэрдээх, истээччилэрдээх буоллаҕына, атыннык толкуйдуу да...
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины”  нойосуус билиим»
Дьон | 10.10.2024 | 10:00
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины” нойосуус билиим»
Саха киһитэ тыйаатыры, артыыстары олус ытыгылаан  ылынар ураты көрөөччү. Ол оруоллары ураннык толорор артыыстартан сүдү тутулуктааҕын саарбахтаабаппын. Оннук биир үтүө киһи, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа, Щепкин аатынан Үрдүкү театральнай училище “көмүс выпускнига” Борис Иванович Борисовы кытта өрөгөйдөөх 75 сааһынан сэһэргэстибит.   – Артыыс буолар баҕа санаа оҕо эрдэххиттэн баара дуу? –...