05.07.2024 | 12:00

«Азия оҕолоро» Оонньуу уотун эстафетата

«Азия оҕолоро» Оонньуу уотун эстафетата
Ааптар: Маргарита АКИМОВА
Бөлөххө киир

Бастакы бэрэсидьиэммит М.Е. Николаев Сахабыт сирин аатын ааттатар аан дойдутааҕы таһымнаах «Азия оҕолоро» Норуоттар икки ардыларынааҕы спортивнай оонньуулары (НИСО) Саха сиригэр ыытар туһунан ыйааҕа 1995 сыллаахха балаҕан ыйын 19 күнүгэр тахсыбыта.

Онон бу оонньуу историята Саха сириттэн 1996 сылтан саҕаламмыта. 2004 сыллаахха, аан дойдуга ыытыллар үрдүк таһымнаах спорт бырааһынньыктара уоттан саҕыллалларынан, Оонньууларга анаан уот баар буолуохтааҕын туһунан санаа үөскүүр. Саха сирин аан дойду саамай тымныы муннугунан билинэллэрин быһыытынан, уоту Дьааҥы таас хайаларыттан ыларга сүбэ буолар. Сэттэ спорт маастара уолаттардаах аҕаҕа, Дьааҥы улууһун олохтооҕо Баһылай Ноговицыҥҥа уоту аан бастакынан саҕар чиэс тиксэр. Кини сахпыт кыымыттан Олимпийскай оонньуу чемпиона Роман Дмитриев «Азия оҕолоро» Оонньуулар уотун үрдүк мэҥэ халлааҥҥа аан бастаан өрө көтөҕөр. Ол сыл өрөспүүбүлүкэ 15 улууһугар дьон-сэргэ, оҕо аймах уоту көрсөр, көрөр  кыахтаналлар. Уот факела оччолорго билиҥҥи курдук тутарга чэпчэки, көрөргө-харайарга судургу буолбатах эбит.

Бу кэм туһунан элбэх Оонньуу уотун аан бастаан сахпыт, улуустарынан илдьэ сылдьыспыт, арыаллаабыт СӨ спордун уонна култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Дьааҥы улууһун бочуоттаах гражданина, физкултуурунай хамсааһын уонна спорт сайдыытыгар ситиһиилэрин иһин «Гражданскай килбиэн» анал бэлиэнэн наҕараадалаах спорт бэтэрээнэ Дмитрий Николаевич Гороховы кытта кэпсэттибит:

– Быйылгы VIII-c Оонньуу уота Дьокуускай куорат уулуссаларынан түмүктүүр эстафетатын кыттыылааҕа буолбуппуттан үөрдүм. Үйэ тупсан, олох сайдан, эстафета факела эмиэ тутарга-хабарга табыгастаах, уматыга аныгылыы оҥоһуулаах буолбутун үөрэ бэлиэтээтим. Аҕам саастаах киһи быһыытынан факелы арыаллыыр эдэр дьону астына көрдүм. Араас сылларга «Азия оҕолоро» Оонньуулары ыытыыга-тэрийиигэ кыра-улахан тус кылааттаах дьон, спортсменнар кыттыбыттара сонун көстүү буолла.

Уот диэн бэйэтэ ураты күүс. Маны уйар киһи уйар. Кини ытыктабыллаах, дьоһун, дирбиэнэ-дарбаана суох сыһыаны эрэйэр. Мин 2004, 2008, 2012, 2016 сылларга өрөспүүбүлүкэ улуустарынан эт атахпынан факелы арыаллаан сылдьыбыт киһибин. 2004 сыллаахха Хаҥаластан Дьокуускайга кэлэригэр арыалласпытым. Онтон атыттарыгар салайааччы быһыытынан сылдьыбытым. Оччолорго бииргэ айаннаспыт дьоннорбунан Уус Алдантан Владимир Тордуянов, Тааттаттан Владимир Находкин, Мииринэйтэн Василий Горбунов буолаллар. Ууну-хаары, буурҕаны-силлиэни ортотунан нэлэмэн туундаранан, суола суох араас күчүмэҕэй сирдэринэн айан баһаам этэ. Ол тухары уоппутун умулуннарбат сыал-сорук, үрдүк эппиэтинэс турара. Букатын оҕону бүөбэйдиир курдук буолара. Урукку факеллар кыраһыынынан умайаллара эбээт. Онтугун көрүүҥ-истииҥ ымпыга-чымпыга элбэҕэ. Ол айаннар кэмнэригэр мүччүргэннээх сырыы да баһаама. Ордук хоту улуустарга. Айаҥҥа олохтоохтор, булчуттар улахан көмө буолаллара. Ардыгар буранынан туундара устун айанныырбыт. Буран сыарҕатыгар факелбытын түөспүтүгэр хороччу тутан олорорбут. Биир кэмҥэ улахан «Урал» массыынабыт түҥнэстибиттээх. Бэйэбит эчэйбэккэ, уоппут умуллубакка, ол түгэни мүлчү көппүттээхпит.

Балааккаҕа хонуу, хайалаах сирдэргэ уу тахсыбыт буоллаҕына, ону ырааҕынан эргийии бириэмэни ылара. Түүнү-күнү аахсыбакка, иннибит диэки биир кэм дьүккүйүү. Тиийиэхтээх нэһилиэкпитигэр этиллибит кэмҥэ олохтоохтор күүтэллэр буоллаҕа дии. Үөрэ-көтө көрсөллөрүттэн айаныҥ сылаата ханна барбыта биллибэккэ хаалара.

Онон маннык үрдүк эппиэтинэһи эрэнэн сүктэрбит өрөспүүбүлүкэ спордун оччотооҕу салайааччыларыгар, чуолаан Михаил Дмитриевич Гуляевка, махталым улахан. Билигин "ол кэмнэр оннуктар этэ" диэн кэпсээммин оччотооҕу хаартыскалар кэрэһилииллэр.

Быйылгы VIII-c «Азия оҕолоро» Оонньуу уота Өлүөнэ очуостарыттан саҕыллан, сүүс күн устата өрөспүүбүлүкэ бары улуустарынан тилийэ көттө. Бу үлэни салайбыт «Үрдэл» паарка төрүттээччитэ, "Орион"   ХЭУо салайааччыта Алексей Васильев кэпсээнин истиэҕиҥ:

– Бэлэмнэнии үлэтэ олунньу ортотуттан саҕаламмыта. Сахабыт сирин кырыа кыһынын үгэнэ. Аар айылҕабыт иһийэн, чуумпуран турар кэмэ. Саха дьоно буоларбыт быһыытынан, бастатан туран, сиэр-туом толорон, көҥүл ылбыппыт. Аан дойдутааҕы спортивнай күрэхтэһии уотун ытык сиртэн уонна Оонньуулары төрүттээбит Бастакы Бэрэсидьиэммит М.Е. Николаев төрөөбүт улууһуттан саҕар хас да бүк эппиэтинэстээҕэ. Тэрээһин үлэтигэр миэстэтигэр уот-күөс, суол-иис суоҕа кэккэ уустуктары үөскэппитэ. Үлэлэригэр үрдүк эппиэтинэстээх, сатабыллаах дьон мустан, сүүрбэ хонугунан бары ирдэбил толоруллубута.

Массыына тохтууругар, муус оҥоһуктарга аналлаах сирдэр, суоллар оҥоһуллубуттара. Эстафета уотун ылар холумтан муустан оҥоһуллубута. Бу тула Сахабыт сирин маастардара көрбүт эрэ сөҕөр спорка сыһыаннаах муус оҥоһуктары чочуйбуттара. Ууну кытта таарыйсыбакка ылыллар муус ып-ыраас күп-күөх өҥнөөх, хайыта барбат буоларын көрө итэҕэйбитим. Оннук барыта 500 куб муус тахсыбыта.

Дьиҥнээх хоккейдыыр корд туруоруллубута. Бу тэрээһининэн сиэттэрэн дьон-сэргэ Өлүөнэ очуостарын кыһыҥҥы көстүүлэрин саҥалыы хараҕынан көрөр кыахтаммыта. Хараҥа кэмҥэ 500 м усталаах Очуостары сырдатар анал уот тардыллыбыта. 100-200 м үрдүктээх очуостар бу прожектордар көмөлөрүнэн саҥалыы көстүүлэммиттэрэ. Төһө даҕаны хаарынан бүрүллэн турдаллар, очуостар хас биирдии рельефтэрэ чуолкайдык ойууланан, көрөөччү, сүгүрүйээччи дьоҥҥо ураты туругу, күүһү биэрэллэрэ.

Оонньуу уотун Өлүөнэ очуостарын тэллэҕиттэн ылар күн сааскы ылааҥы күннэртэн биирдэстэригэр түбэспитэ. Бу күн Саха сиригэр Вячеслав Фетисов салайааччылаах 11 олимпийскай чемпион кэлбитэ историяҕа киирбитэ. Өлүөнэ эбэ күөнүгэр ыраас сааскы салгыҥҥа хоккей тэриллибитэ спорт кэрэ бырааһынньыгынан буолбута.

Ити кэнниттэн 100 хонугунан уот эстафетатын түмүктүүр тэрээһиҥҥэ 78 киһи иһигэр киирсэн, 150 м факеллаах сүүрүүм олохпор биир кэрэ өйдөбүнньүк буолла.

* «Азия оҕолоро» НИСО факела алюминий. Үс араас дьүһүнтэн турар. Хас биирдии өҥ туспа суолталаах. Халлаан күөх дьүһүнэ – халлааны, от күөх өҥө – тайҕаны, маҥан өҥө салгыны көрдөрөр суолталаах.

* Уот эстафетатын 100 хонук устата арыаллаан илдьэ сырыттылар:  Михаил Ким, Николай Диденко, Владислав Алексеев, Игорь Афанасьев.

* VIII-c «Азия оҕолоро» НИСО уота өрөспүүбүлүкэ улуустарынан барыта 450 факелоносец илиитин иһинэн сырытта.

* VIII-c «Азия оҕолоро» Оонньуулар уотун түмүктүүр эстафетатын бастакынан VII-c Оонньуу кыайыылааҕа Екатерина Алексеева тутта. Киниттэн VI-c Оонньуу кыайыылааҕа Артур Жирков ылар. Онтон V-с Оонньуу кыайыылааҕа Нюргуяна Никифорова ылан, Виктория Барашковаҕа туттарар. III-c Оонньуу кыайыылааҕа Николай Гуляев илиититтэн Иосиф Михайлов тутар.

* VIII-c «Азия оҕолоро» НИСО уотун Николай Тарскай аатынан «Туймаада» стадиоҥҥа уматар үрдүк чиэс I-кы «Азия оҕолорун» кыайыылааҕа, боксаҕа Арассыыйа спордун үтүөлээх маастара, олимпийскай оонньуу боруонса мэтээлин хаһаайына, боксаҕа Европа үс төгүллээх, Арассыыйа алта төгүллээх чемпиона Георгий Балакшиҥҥа тосхойдо.

 

Дьэ, ити курдук хас биирдии түгэн оччотооҕу кэм историятын страницата буолан, үйэлэргэ суруллар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ылланарга айыллыбыт олох
Дьон | 11.10.2024 | 12:00
Ылланарга айыллыбыт олох
Хаһааҥҥытааҕар даҕаны ардахтаах күһүн буолла. Уһун ардахтарга өйбөр куруутун “Тохтообокко ардах түһэр, Түннүкпэр таммаҕы ыһар...” ырыа тыллара ытыллар.   Биһиги көлүөнэ оҕолор үрдүкү кылаастартан саҕалаан “Ардахха санаа” ырыаны истэ улааппыппыт. Оччолорго, биллэн турар, ким тыла, ким матыыба буоларын улаханнык билэ да сатаабат этибит. Ырыа баар да баар. Киһи олоҕун кэрдиис кэмнэринэн...
Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
Дьон | 05.10.2024 | 14:00
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
2022 сыл кулун тутар 8 күнэ биһиэхэ ыар сүтүк күнэ этэ, ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии аймаабыта: ыарахан ыарыы дьүөгэбит Ирина Елизарова сырдык тыынын ылан барбыта.   Чугас киhиҥ, дьүөгэҥ, доҕоруҥ суох буоллаҕына, биллэн турар, бастакынан үйэтитии туhунан санаалар киирэллэр эбит. Кини биллэр, бэйэтэ ааттаах-суоллаах, историялаах, сүгүрүйээччилэрдээх, истээччилэрдээх буоллаҕына, атыннык толкуйдуу да...
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины”  нойосуус билиим»
Дьон | 10.10.2024 | 10:00
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины” нойосуус билиим»
Саха киһитэ тыйаатыры, артыыстары олус ытыгылаан  ылынар ураты көрөөччү. Ол оруоллары ураннык толорор артыыстартан сүдү тутулуктааҕын саарбахтаабаппын. Оннук биир үтүө киһи, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа, Щепкин аатынан Үрдүкү театральнай училище “көмүс выпускнига” Борис Иванович Борисовы кытта өрөгөйдөөх 75 сааһынан сэһэргэстибит.   – Артыыс буолар баҕа санаа оҕо эрдэххиттэн баара дуу? –...