Айылҕаттан бэриллибит идэбин баһылаатым, бигэргэттим
– Алексей Дмитриевич, «Киин куорат» хаһыаппыт ааҕааччыларыгар бэйэҥ тускунан билиһиннэр эрэ.
– Мин төрүт Тааттабын. Бээһэкээн диэн Дэбдиргэ кыстык пиэрмэтигэр бэс ыйын 5 күнүгэр 1962 сыллаахха күн сирин көрбүтүм. Ийэм Пелагея Ивановна, аҕам Дмитрий Митрофанович Харайдановтар тыа ыалын сиэринэн үлэҕэ сыһыаран улаатыннарбыттара. Мин алта бииргэ төрөөбүттэн кыраларабын уонна соҕотох уолбун. Урукку кэм оҕолоро үксэ пиэрмэнэн, сайылыгынан олорон улааппыппыт.
– Оҕо саас алааһыгар төннөн ылыах эрэ. Күннээҕи түбүк, бултааһын өйгө-санааҕа умнуллубаттык хаалар. Эргиллибэт оҕо саас хайдах этэй?
– Аҕам кадровай булчут этэ. Улахан эбэ кытыытыгар олорбуппут. Саас кустан саҕалаан андыга сылдьара, мин эмиэ дурдаҕа киирсэрим. Аҕам 24 калибрдаах биир уостаах саа биэрбитэ, хас ыттаҕым аайы иннэтэ түһэн, ону оҥосторбутун өйдүүбүн. Бары дьиэнэн алааспыт эбэтин тула моой оттуурбут, кып-кыра сиэрпэ курдук хотуур оҥорон, бэйэтин кэнниттэн батыһыннара сылдьан от охсорго үөрэтэ сатыыра. Үксүгэр охсубут отун ыстарара, түргэнник куурдун, салгын оҕустун диэн. Үлэбитин түргэн үлүгэрдик оҥоро охсон, киэһэ кус оҕолуу барарбыт. Ол сылдьан анды, уу куһа түстэҕинэ, бары аҕабытыгар күрэтэ киирэрбит.
Миискэни уонна туох түбэһэринэн тыаһатан, дурдаҕа аҕабытыгар таһааран ыттарарбыт. Оҕонньор ИЖ-12 саалааҕа. Олох бэккэ ытара, сыыһарын өйдөөбөппүн.
Күһүн алааспыт тыатыгар тахсан, быһыкка хандаа оҥорон куобахха туһахтыыр этибит. Онно эмиэ үөрэтэ илдьэ сылдьара, ханна эмит бардаҕына, биһиги кыра эдьиийдэрбинээн быһыкка тахсан, киэһэ аһыырбытын куобах эбэтэр куртуйах киллэрэрбит. Ийэбит барахсан асчыта, иистэнньэҥэ эриэккэс буолара. Оччолорго маҕаһыыҥҥа килиэп атыыламмата. Күн аайы килиэби бэйэтэ буһарара. Анал улахан баҕайы килиэп оҥорор лиис халыыптааҕа. Буспут килиэп сыта алаас иһин тунуйара. Аҕабыт Кулаадаҕа бородуукталаһа барбыт кэмигэр хатыҥ чараҥҥа куртуйах бөҕө мустара. Таһырдьа оонньуу сылдьан, омуннуран аҕай дьиэм ортотугар сүүрэн киирэн: “Ийээ, куртуйах бөҕө муһунна. Тахсан ыт”,- диэт, мас хоппону арыйа баттыыбын. Ийэбит ааттаах үчүгэйдик саанан ытарын билэбит, эдьиийдэрбинээн үнтү кучуйан таһааран ыттарарбыт. Ыксаабыт киһиэхэ ийэбит уһун баҕайытык оҥосторо, былаат баанан-хайаан, аны толору ботуруонун батарантааска уган, толорон биэрэбит. Ол быыһыгар күлсүү-салсыы. Мин олох ааны ас да сап, киир да таҕыс буолабын. Дьиэбититтэн 150 миэтэрэ буолуо. Ийэбит кэнниттэн кус оҕолорун курдук умса туттан үөмпүтэ буолан батыһабыт. Саа ылар сиригэр киирэн баран, дьэ, “ыт- ыт” диибит. Мин олох омунум- төлөнүм бөҕө, ыксаан тутааччылар эҥин баар буолаллара. Кэмниэ-кэнэҕэс саа тыаһа саайылла түһэрин кытта, хоп-хойуу, хап-хара буруо унаарыс гына түһэрэ. Оччотооҕуга дыымнай буорах этэ. Куртуйахтар өрө тирилии түһэллэр, биир эмэ сиргэ хаалбыт буолар. Оччоҕо ким хайа иннинэ элээрдэн аҕала охсобун. Үөрүү-көтүү бөҕө буолара, киэһэ мииннээн иһэбит. Оччолорго, дьэ, булт, кырдьык, баар этэ.
– Эн билигин төрүт музыкальнай үнүстүрүмүөнү оҥорор сэдэх уус буолаҕын. Кэпсэтиибитин өбүгэлэрбититтэн саҕалыахха. Удьуоргар уус дьон бааллара дуо? Уһанарга ким уһуйбутай?
– Аҕам бэртээхэй мас ууһа этэ. Дьоҥҥо кус мончуугун, анды төбөлөрүн саас эрдэттэн куулунан оҥорон, кыһан биэрэрэ. Быаны-туһаҕы, туттар тэриллэри бүтүннүү бэйэтэ оҥосторо. Нэһилиэк олохтоохторугар от кэмигэр атырдьахтары, кыраабыллары үтүмэни оҥорон биэрэрэ. Саас тыаҕа мас бэлэмнээһинигэр миигин, алталаах-сэттэлээх уолун, илдьэ сылдьара. Оҕо сылдьан сэриилээх оонньоору бэстилиэт, саа-саадах бөҕөнү бэйэбит оҥостор этибит. Аҕам чаачар саа оҥорон биэрбитэ. Онон күнү-күннүктээн сыал ытарым, чаччыгыныар буор уйатын тоҕо ытан астыныы бөҕө буоларым, туох утары көрбүппүн бүтүннүү ытыалаан, сороҕор дьарыллан, саабын ылан ууран кэбиһэр да түгэннэр бааллара. Аҕам өттүнэн уус ини-бии Марковтар бааллар. Никииппэр Уус диэн аатынан биллэр улахан дэгиттэр уус киһи. Былыргы уоһунан иитиллэр сааны көмүскэ кутара, чаппараах кытта тигэрэ. Уһанарга, арааһа, аҕабын кыра эрдэхпиттэн батыһа сылдьан көрбүт буоламмын буолуо, «ээ, маннык гынар этэ” диэн өйбөр көтөн түһээччи, ордук маһы иэҕэрэ, тириини таҥастыыра.
– Спорт ханнык көрүҥүнэн дьарыктаммыккыный?
– Тыа оҕото үлэҕэ эриллэ улаатан, бэйэтин кыанар буолар. Оччолорго тустуу, сүүрүү, волейбол, баскетбол, теннис сайдыбыт кэмэ. Аармыйаттан кэлэн баран сопхуос күрэхтэһиилэригэр, сайын ыһыахтарга тустар, хапсаҕайдаһар, мас тардыһар этим.
– Музыкальнай үнүстү-рүмүөнү хаһааҥҥыттан оҥороҕунуй? Оҥорорго уустук дуо?
– 1998 сыллаахха Игидэй орто оскуолатын иһинэн үлэлиир «Аартык» оҕо киинигэр үлэҕэ киирбитим. Дойдуга ыһыллыы-тоҕуллуу, хамнас да суох, маҕаһыын прилавоктара кураанах, ас-үөл, таҥас-сап кэмчи кэмнэрэ этэ. Нэһилиэккэ быраҕыллыбыт быткомбинат дьиэтин оскуолабыт дириэктэрэ И.И. Аргунов туруорсан, учууталлар уопсай дьиэлэрин оҥорорго кэпсэппитэ. Кииммит салайааччыта А.П. Лопатин салалтатынан дьиэ ис бараанын саха төрүт култууратыгар оҕолору үөрэтэргэ сөп түбэһэр гына оҥорбуппут, бастакы этээскэ уһанарга аналлаах станоктары туруоран, хас биирдии маастарга тус-туспа кэбиниэттэри оҥорон саҕалаабыппыт. Бу баара-суоҕа 800-кэ нэһилиэнньэлээх тыа бөһүөлэгэр уонча маастар баар буолбута. Бары үлэ үөһүгэр түспүппүт, сорох үлэһиттэр хоно сытан үлэлииллэрэ, кииммитигэр өрөспүүбүлүкэ таһымнаах семинардар, куурустар, маастар-кылаастар тиһигин быспакка ыытыллыбыттара. Дьон-сэргэ иис-уус эйгэтигэр кэлэн, таҥаһы-сабы тигиигэ, туойунан оҥорорго, хомуска, быһахха, симэххэ мас иһиттэри оҥорууга, кылынан өрүүгэ, өбүгэ үгэстэригэр – булка, төрүт аһылыкка, телестудияҕа, оннооҕор сайын биэ ыаһыныгар, кымыстааһыҥҥа оҕолорго лааҕыр арыйан үлэлэтиини сэргээн көрөллөрө, уопут атастаһаллара. Бэйэм бастаан атах таҥаһын улларыыга үөрэнэн, оҕолору үөрэппитим, ол эрээри быыла бэрдин иһин, оҕоҕо сөп түбэспэт көрүҥ диэн тохтоппутум. Төрүт музыкальнай үнүстүрүмүөннэри, өбүгэ тыаһын, дорҕоонун үөрэтээри, норуот маастара, мелодист, “Биһилэхтээх хомус» ааптара Александр Иванович Чаховы аҕалан, саха төрүт музыкальнай үнүстүрүмүөннэрин оҥоруунан дьарыктаммытынан барбытым. Икки ый устата тура тэбинэн хас даҕаны кырыымпаны, күпсүүрү оҥороммут, саас куоракка Таатта күннэригэр быыстапкаҕа туруорбуппут. Улахан маастартан алгыһын ылан, уус быһыытынан айар үлэм саҕаламмыта. Үнүстүрүмүөннэри оҥорор кыра, аны тыаһын-ууһун чочуйуохха, билиэххэ наада. Ол инниттэн “Кылыһах” дьиэ кэргэн фольклорнай ансаамбылын тэрийбиппит. Кэргэним Акулина Николаевна муусука учуутала буолан, оҕолор куоластарын туруорууга, кылыһахтарын сайыннарыыга үлэ бөҕөтүн көрсүбүтэ. Таҥастарын-саптарын бэйэбит оҥорорбут, кыргыттарым Саина уонна Сардаана сахалыы ырыаны, тойугу толороллоро. Күнүстэри-түүннэри сүпсүлгэн, куонкурустарга барыы-кэлии, элбэх кэнсиэрдэргэ, тэрээһиннэргэ кыттыы. Ол быыһыгар маастар-кылаастары, быыстапкалары тэрийэрбит. Кыра хамнастан иҥнибэккэ, төрүт үгэһи сөргүтээри, ыччакка тиэрдээри үлэлээбиппит. Бэйэм 20-н тахса сыл устата 300-тэн тахса бөлөххө, биирдиилээн да дьоҥҥо оҥордум. Бука барыта үс блокноппар ааттарыттан саҕалаан олорор сирдэригэр, төлөпүөннэригэр тиийэ сурулла сылдьар. Ситиһиилээхтик үлэлии олороммут, “Аартык” кииммит, кыаҕын ситэ туһаммакка, сарбыйыыга түбэһэн сабыллыбыта, ону кытта төрүт култуура чааһа эмиэ сарбыллыбыта. Дьиҥэр, оҕо төрүт култуура нөҥүө тыла-өһө, толкуйдуура сайдар, өбүгэ дьарыгын ылыныыта күүһүрэр. Үөрэппит оҕолорбут, көрүстэллэр эрэ, үтүө тылынан ахталлар, махтаналлар.
– Уһанар идэҕэр үрдүк ситиһииҥ?
– Күннээҕинэн уһаммакка, идэбин толору туһанан 2000 сыллаахха “Многообразие народов земель российских” диэн үйэ бүтэһик быыстапкатыгар лауреат үрдүк аатын ылан, “Көмүс мэтээлинэн” наҕараадаламмыппынан уонна “Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара” үрдүк ааты ылары ситиспиппинэн киэн туттабын. Төрүт музыкальнай үнүстүрүмүөннэри оҥорор маастар быһыытынан өрөспүүбүлүкэ нэһилиэктэрин кэрийэн маастар-кылаастары ыытабын. Ыччаты өбүгэ үгэһигэр сыһыаран, үөрэтэн, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕириитин туйгуна, үрдүк категориялаах маастар-педагог, Игидэй нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, нэһилиэгим социальнай экономическай, улууһум сайдыытыгар кылаатым иһин бэлиэлэрдээхпин.
Онон айылҕаттан бэриллибит идэбин баһылаан, кыаҕын туһанан бигэргэттим.
– Алексей Дмитриевич, төрүт үгэһи сөргүтүүгэ, тарҕатыыга үлэлииргин биһириибит, хайгыыбыт эрэ. Удьуоргар саха сэһэнньиттэрин Миинэ уола Дьөгүөсэ, аҕаҥ Дмитрий Митрофанович хааннара сүүрэр. Өбүгэҕиттэн бэриллибит сэһэнньит дьоҕуруҥ хоммут уоскун хоҥнорон, уран тыл сүмэтинэн дьоҥҥо-сэргэҕэ туһалыаҥ диэн баҕа санаалаах хаалабын.