06.03.2021 | 05:39

АЙТЫЫНА УРАН: “БУ СИРГЭ АНАНАН КЭЛБИППИН”

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Мин суруналыыс быһыытынан саҥа дьону кытта билсиһэн, арыйан истэҕим ахсын кинилэр талааннарыттан, биир киһиэхэ айылҕа маанылаан биэрбит бэлэҕиттэн астынарым, сөҕөрүм өссө күүһүрэн иһэр.

Бүгүн ааҕааччыларбар билиһиннэрэр киһим – Галина Ивановна Иванова-Айтыына Уран. Хаҥалас улууһун оҕону эбии үөрэхтээһин киинигэр уһуйааччы. СӨ маастар-педагога, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, Хаҥалас улууһун норуот маастара, СӨ суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ, Күөрдэм сэлиэнньэтин Бочуоттаах олохтооҕо.

- Айтыына, бастатан туран, сахалыы сиэринэн кииниҥ түспүт сириҥ, дойдуҥ, төрөппүттэриҥ туһунан ааҕааччыларга билиһиннэриэҥ дуо?

- Хаҥалас улууһун Күөрдэм нэһилиэгэр төрөөбүтүм. Ийэм Лидия Яковлевна, аҕам Иван Павлович Гермогеновтар диэн. Бииргэ төрөөбүт төрдүө этибит. Ийэм олоххо олус актыыбынай, көхтөөх киһи этэ. Талааннаах дьону түмэн драмкуруһуоктан саҕалаан, аан бастаан нэһилиэккэ норуот тыйаатырын тэрийбитэ. Бэйэтэ артыыс да, култуура да үөрэҕэ суох эрээри, тэрийэр дьоҕурдаах буолан бу эйгэҕэ олус ситимнээхтик, дьаныһан туран араас оонньуулары туруорар этэ. Нэһилиэк дьоно умсугуйан дьарыктаналлара, куруһуокка сылдьаллара.  Билигин норуот театра ийэм  аатын сүгэр. Аҕам өр сылларга сопхуоска тутууга, тырахтарыыһынан үлэлээбитэ, кэлин хаһаайыстыба тэринэн учаастакка олорбута. Бэйэлэрин икки ардыларыгар олус эрэллээх, истиҥ сыһыаннаахтара. Наар дьээбэлээх буолаллара.

Мин оҕо эрдэхпиттэн ордук аҕам өттүнэн эбэбэр, эдьиийбэр чугастык сыстан улааппытым. Эдьиийим Антонина Павловна үйэтин тухары олоҕун учуутал идэтигэр бэриниилээхтик  анаабыта. Кини туһунан үгүс үтүө, истиҥ тыллары үөрэппит оҕолоро, махталлаах төрөппүттэр, бииргэ үлэлээбит кэллиэгэлэрэ, чугас доҕотторо ахтан суруйбуттарын “Сүрэхтэн өрүүтүн сүппэккин” диэн дьоҕус өйдөбүнньүк кинигэ оҥорон “Дани-Алмаз” кыһатыгар былырыын таһаартаран чугас дьоно сүрэхтээбиппит. 

– Киһиэхэ оҕо саас саамай кэрэ, умнуллубат кэмнэрэ. Эн оҕо сылдьан баҕа санааҥ туох этэй, тугу ыраланар этигиний?

– Мин оҕо сааһым хоһооннорбор суруйарым курдук, олус сылаас, сырдык, чаҕылхай өйдөбүллээх.

Кулунчуктуу кулу ойбут,

Күөхтүүр окко күөлэһийбит

Оҕо сааспын ахтабын,

Сонньуйбахтаан ылабын.

(“Оҕо сааспын

ахтабын”)

Туох да улахан түбүгэ суох, чугас дьонум тапталларыгар, истиҥ сыһыаннарыгар бигэнэн улааппытым. Улахан эдьиийдэрим, убайдарым ортолоругар кыра оҕо мин эрэ буолан эбитэ дуу? Наар тэҥҥэ сыһа-соһо, кэпсэтэ-ипсэтэ сылдьаллара. Ол иһин буолуо, олус эрдэ тылламмыппын, билэрим-көрөрүм үгүс үһү. Кыра эрдэхпиттэн үҥкүүлүүрбүн сөбүлүүр этим. Уһуйааҥҥа сырыттахпына иитээччим “Татарочка” диэн үҥкүүнү үөрэппитин өр да өр үҥкүү оҥостон үҥкүүлээбитим. Улахан дьону кытта чугас нэһилиэккэ “улахан үҥкүүһүт киһини” гастролга, агитбиригээдэҕэ илдьэ баралларын өйдүүбүн.

Биһиги көлүөнэ оҕолор кыра кылаастан үлэҕэ сыстан улааппыппыт. Сайыҥҥы куйааска сүөһүгэ лабыкта хомуйан, оҕуруокка сыыс от үргээн, кэлин арыый улаатан баран окко, фермаҕа үлэлиир этибит. Онно олус эппиэтинэстэнэн, биир да күнү көтүппэккэ сылдьарбыт. Ол үлэ биһиги  кэмнээҕи оҕолорго олоххо тулууру, дьулууру ииппитэ дии саныыбын.

Мин оҕо эрдэхпиттэн иитээччи, учуутал буолар баҕалааҕым. Учуутал эдьиийим наар үлэтигэр-хамнаһыгар сыһыаран иитэр эбит. 5-6 саастаахпар үгүс элбэх хаһыаттан кырыйыы “наадалааҕын” миэхэ тус-туһунан тэтэрээккэ сыһыартарар этэ. Ону ааҕа иликпинэ хантан билиэм баарай, сороҕун баһын атаҕар гына таҥнары сыһыарар эбиппин. Ол тэтэрээттэри күн бүгүҥҥэ диэри бэйэм олус сөбүлээн туһанабын. 5 сааспар ааҕар буолбутум уонна уһуйааҥҥа наар оҕо кинигэтин илдьэн оҕолор иннилэригэр олорон ааҕарым. 8 кылааһы бүтэрэрбэр иитээччи буолуохпун баҕарарым туһунан өйтөн суруйуу оҥорбутум. Ол баҕа санаам туолан, үөрэҕирии салаатыгар отут сыл үлэлээтим.

– Аны оскуолатааҕы сылларгын санаан ылыахха. Учууталларгын, доҕотторгун. Төһө актыыбынай оҕо этигиний, ордук өйдөөн хаалбыт түгэҥҥин ахтан ааһыаҥ дуо?

– Оскуолаҕа сэттэ сааспар толору ааҕар киһи барбытым. Кылааспытыгар бэһиэ эрэ этибит. Икки кыыс, үс уол. Биир ыал оҕолорун курдук перемена кэмигэр ыал буола оонньооччубут. Аҕыйахпыт иһин эбитэ дуу, учуутал суоҕа эбитэ дуу, үһүс кылаас оҕолорун кытары биир кылаас иһигэр, биир учуутал үөрэппитэ. Кыра кылааска наар “туйгун” сыанаҕа үөрэммитим. Улахан кылааска тахсарбытыгар эбии оҕолор кэлэн, оскуолабытын 12 буолан бүтэрбиппит. Ол саҕана оскуолабыт 8 кылаастаах этэ. Мин этэрээт бэрэссэдээтэлэ, комсорг этим уонна наар хаһыат эрэдээктэрэ, худуоһунньук, сэкирэтээр буоларым. 9-10 кылааһы тутуспутунан 1 Дьөппөн орто оскуолатыгар интэринээккэ олорон үөрэнэн бүтэрбиппит. Туох баар оскуола, интэринээт тэрээһинигэр, спортивнай күрэхтэргэ барытыгар кыттарбыт. Биһиги кылаас наар инники кирбиигэ буоларбыт. Кэнсиэргэ үҥкүүлүүр этим. Сүүрэрбин, хайыһардыырбын олус сөбүлүүрүм. Биирдэ олунньу ыйга 60-70-ча км тэйиччи нэһилиэккэ хайыһарынан тиийэн күрэхтэһэн, кэнсиэртээн кэлбиппит. Сүрдээх тымныы этэ, аспыт-үөлбүт барыта хам тоҥон, билигин санаатахха, кытаанах соҕус айан эбит. Оскуола, нэһилиэк чиэһин көмүскээн араас күрэхтэһиилэргэ олус көхтөөхтүк, иллээхтик сылдьарбыт. Билигин улаатан, сааһыран да баран наар билсэбит, көрсөбүт, истиҥник санаһабыт.

Ыскааппын арыйаат, хараҕым хатанна

Кытархай, чиҥ тастаах быыллыйбыт альбомҥа,

Тобукпар уураммын оргууйдук аһабын,

Биирдиилээн бэрийэн көрөттөөн иһэбин.

Отучча сыл ааспыт хаартыска омооно

Ордуктук ол онно хараҕым хатанна,

Тураллар үп-үрүҥ фартуктаах кыргыттар,

Суһуохха иилиммит баанчыктаах эбиттэр.

Кэккэлии кэннигэр уолаттар көстөллөр,

Бары тэҥ күөхтүҥү көстүүмү кэппиттэр,

Туохтааҕар даҕаны боччумнук тутталлар

Дьоһуннаах түгэҥҥэ тэринэн кэлбиттэр...

                        (“Урукку хаартыска”)

– Оскуола кэнниттэн үөрэххэ киирдиҥ дуу?

– Биһиги кэммитигэр оскуола кэнниттэн “Школа-производство-ВУЗ” диэн эдэр ыччаты тыа хаһаайыстыбатыгар кытаанах ыҥырыы баара. Үс кыыс буоламмыт сопхуос чугастааҕы отделениетыгар “комсомольскай путевканан” ыанньыксыттыы барбыппыт.

Сып-сылаас, сып-сырдык

Ахтылҕан да курдук,

Эдэркээн саастарым

Долгутар дуу, ордук.

Ол ааспыт киэһэлэр

Кэрэкэ кэмнэрэ,

Иһирэх түмсүүлэр

Истиҥ да этилэр.

Ким кимниин кэлэрин

Эрдэттэн үлэһии,

Болдьоспут түөлбэҕэ

Тиэтэйэ мунньустуу.

Баттахха куудара

Арааһа сытара,

Сирэйгэ пуудара

Тунаарда сыстара...

                (“Эдэркээн саастарбыт”)

Дьокуускайдааҕы 2-с нүөмэрдээх педучилищеҕа иитээччи идэтигэр, “Институт государственного администрирования” Дьокуускайдааҕы филиалын педагогическай салаатыгар алын сүһүөх кылаас учууталын идэтигэр үөрэммитим.

Харахпар элэҥнээн ааһаллар

Оҕо саас ол дьоллоох күннэрэ,

Оскуола, устудьуон сыллара,

Тэбэнэт, улдьаа саас кэмнэрэ...

                  (“Ааспыты анааран”)

– Музыка, айар үлэ абылаҥар ылларыыҥ туохтан саҕаламмытай?

– Улахан ырыаһыт да буолбатарбын, ырыаны эмиэ оҕо эрдэхпиттэн сөбүлээн ыллыыбын. Элбэх ырыа тылын билэрбин доҕотторум сөҕөөччүлэр. Кэнсиэртэргэ дуэттаан, ансаамбылга ыллааччыбын. Хаһан даҕаны бэйэм ырыа айыам диэн түүлбэр да суоҕа. Онтон дьиктиргиэх иһин, “олох – оонньуу” диэбиккэ дылы, олох киһини хайа баҕарар оруолга туруоруон сөп курдук эбит диэн тус бэйэм холобурбар биллим. 2015 сыллаахха ыараханнык ыалдьан эпэрээссийэ ааспытым. Арай наркозтан тахсарбар күөх чээлэй элбиих-элбэх сэбирдэх быыһа курдук, сып-сырдык, сып-сылаас, ким эрэ саҥата: “Айтыыныа...” диирин тоҕо эрэ мин “Оо...” диэн баран бэйэм саҥабыттан уһуктан кэлбитим. Палаата иһигэр бииргэ сытар нуучча кыыспыттан “ким ыҥырда?” диэбиппин, “бэйэҥ саҥаран уһугуннуҥ дии” диэн күлэн кэбиспитэ. Оннук ааспыта, онтон дьэ балыыһаттан тахса да иликпинэ утуйан бардым да, төбөм иһигэр араас хоһоон быыстала суох киирэн барбыта. Ону мин бассаапка билэр дьоммор ыытар уонна бэйэм ааппын суруйбакка тута “Айтыына” диэн баран сибэккилээн аат суруйар буолбутум. Онтон аны соторунан ырыа матыыба кутуллар буолбута. Утуйан бардым да, кулгааҕым иһэ ырыа да ырыа, арыт тута тыла эмиэ иһиллэр курдук. Ону аныгы үйэ буолан төлөпүөммэр тута түһэрэбин, оччоҕо тута ылы-чып баран утуйабын. Арыт сүрэҕэлдьээн дуу, уһуктан биэрбэккэ түүнү быһа оннук дьалхаантан сылайан аҕай уһуктааччыбын. Дьэ, онтон хоһооннорум элбээн, дьонум-сэргэм биһирээн бастакы хомуурунньугум, ол түүлбэр көстүбүтүн курдук чээлэй күөх тастанан “Иэйиим истиҥ илдьиттэрэ” диэн ааттанан бэчээттэнэн дьоҕус кинигэ буолан күн сирин көрбүтэ. Билигин барыта 10-тан тахса хоһоон кинигэлээхпин. Хомоҕой хоһоон хонуутугар уһуйааччыларым – поэт Христофор Петрович Горохов-Элгэстэй, норуодунай поэт Иван Васильевич Мигалкин, суруйааччы Валерий Васильевич Васильев- Муттуххай Бороҥ буолаллар.  Быйыл олохтоох норуот театра тэрийэн “Истиҥ иэйиим илдьиттэрэ” диэн  I өрөспүүбүлүкэтээҕи аһаҕас уус-уран ааҕыы күрэҕин үрдүк таһымнаахтык тэрийэн олох кыра оҕотуттан эмэн саастаах дьон араас улуустан көхтөөхтүк кыттыбыттарыттан олус астынныбыт, үөрдүбүт.

Онтон ырыаларбын кыралаан муусукаларын оҥорторон киэҥ эйгэҕэ таһааран барбытым. Үгүс хоһоон бөлөхтөрүгэр киирбитим, онно хоһооннорбун, ырыаларбын ыыта олорорум. Ырыа эйгэтигэр аан бастаан сиэтэн киллэрбит дьоммунан бука бары билэр, ытыктабыллаах дьоммут Варвара Иннокентьевна уонна Алексей Кириллович Калининскай-Луҥха Өлөксөйүн ааттарын махтана ааттыахпын баҕарабын. 2017 сыллаахха Саха сирин норуоттарын муусукатын уонна фольклорун музейыгар “Дьүһүй” сахалыы ырыа кулууба “Сайаҕас ырыам алгыһынан” диэн ааттаах түһүлгэбин тэрийэн ыыппыта. Уонна бу аатынан ааттанан ырыаларбын Александр Дмитриев-Таммах нотаҕа түһэрэн бастакы ырыанньыгым бэчээттэнэн тахсыбыта.

Эдэр ырыаһыттар, түөлбэбэр салайар ансаамбылларым, уһуйаан, оскуола оҕолоро уонна бэйэм толоробун. Нэһилиэкпэр, улууспар хас да гимн буолбут ырыалардаахпын. Саха сирин ырыа айааччыларын ассосиациятын 25 сыллаах үбүлүөйдээх дьоһун тэрээһинигэр кыттыыны ылбыппынан киэн туттабын.

Ырыа өрүү ылланнын,

Ыраас, сырдык кынаттаннын,

Ыраахха көтө дайдын,

Ырай тыынын аҕаллын!

(“Ырыа өрүү ылланнын”)

Ырыа ыараханы чэпчэтэр, түбүгү төлөрүтэр, ыарыыны ыксалаһыннарбат, хомолтону хоннорбот алыптаах.

– Саамай улахан ситиһиигинэн тугу ааттыыгыный?

Улахан ситиһиим – Саха сирин суруйааччыларын Сойууһун кэккэтигэр киирбитим уонна ону таһынан былырыын саҥа тахсыбыт “Писатели Якутии” библиографическай ыйынньыкка аатым-суолум хаалан билигин да, хойут да оҕолорум, сиэннэрим, дьонум-сэргэм киэн тутта өйдүөхтэрэ, саныахтара.

Хоһооннорум – оҕолорум,

Чугас, истиҥ доҕотторум,

Сэргэх, сэмэй сэгэрдэрим,

Эйэргэһэр эҥээрдэрим.

Хоһооннорум – сыраларым,

Сыспай сиэллээх сындыыстарым,

Чоҕул уоттаах сулустарым,

Аартыктарбар аргыстарым.

(“Хоһооннорум –

иэйиилэрим”)

– Сорох кэмҥэ барытын быраҕан олох атынынан дьарыктаммыт, суолбун уларыппыт киһи диэн санаалар киирээччилэр дуо?

– Оҕо эрдэхпиттэн уруһуйдуурбун сөбүлүүр этим. Онон, баҕар, “иискэ-ууска сыһыаннаах буолсу” диэн эбитэ дуу, эбэм наар кыра сааспыттан иистэнэригэр илии-атах оҥостон көмөлөһүннэрэр этэ. Кэлин бэйэбиттэн өҥүн-дьүһүнүн сүбэлэтэр буолбута. Кини олус тупсаҕай, ыраас буочардаах иистэнньэҥ этэ. Сиэннэригэр, оҕолоругар, аймахтарыгар барыта 40-ча сахалыы оноолоох хаһыаччыктаах кэрэ бэйэлээх көстүүм арааһын тикпитэ. Ийэтин удьуордаан улахан уола, мин абаҕам мындыр уус, туос маастара, сиэлинэн-кылынан дьарыгыран “Дархан Уус” аатыгар тиийэ үүммүтэ. Утуму салҕаан дуу, мин иискэ-ууска ылсан, сахалыы таҥаһы-сабы тигэн, туоска холонон, кылынан дьарыктанан барбытым. Араас таһымнаах быыстапкаларга кыттыбытым. Иистэнэр, уһанар дьоҕурдаах дьоннуун үгүстүк алтыһарым, кинилэр эйгэлэригэр бэйэбин тэҥнээхтик санана сылдьарым. Онтон ити, эрдэ эппитим курдук, эмискэ өйүм-санаам, дьарыгым тосту-туора уларыйан хоһоон, ырыа айан бардаҕым. Ол эрээри ис кутум син биир илиим дьарыгын ахтар, санаабар, иитиллэ сылдьар курдукпун. Тугу эмэ син биир оҥоруохтаахпын диэн. Онон хал буоллум диэх санаа хаһан да киирбэт курдук, барытын саҥа саҕалыыр, холонор курдукпун.

Түөрэҕим төрүөхпүн төлкөлөөн,

Үс куттаан, күрүөлээн, көтөллөөн,

Бу сиргэ ыйаахтаах кэлбитим,

Бу сиргэ ананан түспүтүм.

Буор кутум ситэри силистээн

Удьуорбун утумнаан турбутум,

Үтүөнү, кэрэни кэрэхсээн,

Оһуордаан, ойуулаан тиспитим.

Ийэ кут испиттэн бэриллэн

Кыыс оҕо аналын билбитим,

Айылгым, айыллыым сиэринэн

“Ийэкээм” диэн тылы сүкпүтүм.

Салгын кут курдаттыы баһыйан,

Санаабын сааһылыыр буолбутум,

Алгыстаах тылларбын анааран,

Хоһоонноон холонон көрбүтүм.

Үс кутум ситимин быспакка,

Үс кутум силигин кэспэккэ,

Үс кутум сүрдэрин ыспакка,

Туругум чөлүгэр сылдьыахтын!

                  (“Бу сиргэ ананан кэлбитим”)

Бу туох баар бары дьарыкпын өйүүр, үөрэр-көтөр түгэннэрбэр, ыарахан да күннэрбэр бигэ тирэх буолбут дойдум дьонугар түгэнинэн туһанан, муҥура суох махталбын этэбин!

Бар дьоммор тапталбын этэбин,

Бараммат махталбын тиэрдэбин,

Үрүҥ күн сырдыгын уунабын,

Сүрэҕим сылааһын уурабын.

Күндүтүк бар дьоммун саныыбын,

Ыралаах ырыабын аныыбын,

Ымыылаах тылынан алгыыбын,

Ыллыктаах суоллары тэлгиибин.

– Билиҥҥи уонна урукку кэм ырыаһыттарыттан саамай чулуулара, бастыҥнара диэн кимнээҕи ааттыаххын сөбүй?

– Урукку да, билиҥҥи да кэмҥэ талааннаах, айылҕаттан айдарыылаах дьон үгүс. Мин санаабар, киһини киһиэхэ тэҥнээн ордорор дуу, сирэр дуу сыыһа. Хас биирдии айар, ыллыыр умсулҕаҥҥа сылдьар киһи тус-туһунан ураты суоллаах-иистээх, кинини сэргиир, биһириир көрөөччүлэрдээх, истээччилэрдээх. Саха ырыатын ураты истиҥ, иһирэх дорҕоонун сүтэрбэккэ, өрө тутан ыллыы сылдьар дьоммор-сэргэбэр, эдэр ырыаһыттарбытыгар махтанабын, астына истэбин.

– Эн өссө иистэнэҕин, үлэлиигин, дьиэ хаһаайкатаҕын. Барытын хайдах дьүөрэлиигин? Дьиэ кэргэниҥ, үлэҥ, сынньалаҥ туһунан сэгэтэ түс эрэ.

– Оскуолаҕа технология учууталынан өр сылларга үлэлээн оҕолору уһуйбутум. Билигин оҕону эбии үөрэхтээһин киинигэр, “Туллукчаан” уһуйааҥҥа дьарыктыыбын. Улуус, өрөспүүбүлүкэ, Арассыыйа таһымнаах күрэхтэргэ, быыстапкаларга, бэстибээллэргэ кыттан кыайыы-хотуу үктэллэнэбит. Регионнааҕы “Юниорскиллс” чемпионакка “Кылтан оҥоһук” компетенцияҕа оҕолор кыттан хас да сыл бастакы бириистээх миэстэҕэ тиксибиппит.

Маны таһынан нэһилиэкпитигэр “Холумтан” диэн эбэлэр түмсүүлэрин кытта үлэлэһэн өрөспүүбүлүкэҕэ ыытыллар “Олоҥхо ыһыаҕар” ат симэҕин толору тигэн “Кылаан бириискэ” тиксэн олус үөрбүппүт. Дэйбиир күрэҕэр ити сыл эмиэ “Кылаан бириис” ылбытым. Кылга, туоска маастар-кылаастары ыытабын. Туостан оҥорбут “Хаппахчым аана” Германияҕа Лейпциг куоракка саха балаҕаныгар экспонат быһыытынан турар.

Үлэлиир кэлэктииппэр “Туллукчаан” уһуйааҥҥа “Иэйии”, орто оскуола кэлэктиибигэр “Сыдьаайа” диэн вокальнай ансаамбыллары тэрийбитим.  Олус киэҥник да буолбатар, бэйэбит кыахпытынан нэһилиэккэ, улууска, өрөспүүбүлүкэҕэ да ыытыллар араас тэрээһиннэргэ, күрэхтэргэ көхтөөхтүк кыттыһабыт, сэмэй ситиһиилэрбитинэн кынаттанабыт.

Ол курдук, хаһан да тугу да гыммакка таах олорор бириэмэм суох курдук. Саамай улахан тирэҕим – дьиэ кэргэним. Мин наар айар, тугу эмэни оҥорор дьарыкпын өйүүллэр, өйдүүллэр, олус тулуурдаах дьон. Кэргэним Павел Алексеевич эмиэ уһанар дьоҕурдаах, тиэхиньикэҕэ сыһыаннаах, айылҕалыын алтыһарын сөбүлүүр. Оскуола эрдэхтэн доҕордоһон ыал буолбуппут. Үс кыыс оҕолоохпут, туһунан ыал ийэлэрэ. Кыргыттар барыга бары сыстаҕастар, асчыттар. Кыргыттарым – дьүөгэлэрим, олох араас түгэнигэр сүбэлэһэбит. Биэс сиэннээхпит, каникулга, сайынын кэлэллэр. Дьокуускайга, Мэҥэ Хаҥалас улууһугар олороллор,  аҕынныбыт да, бэйэбит сотору-сотору тиийэ турабыт. Бырааһынньыкка бары дьиэ кэргэнинэн түмсэр үгэстээхпит. Күтүөт уолаттар кэлбиттэрэ олус бэрт, толору уолаттардана түстэхпит. Урут-уруккуттан, биһиги эбэбит, эһэбит саҕаттан дьиэ кэргэн, аймах дьон икки ардыгар бэйэ-бэйэҕэ истиҥ сыһыан олохсуйбута. Ол үтүө үгэһи хайаан да тутуһабыт, эдэр, кэнчээри дьоммутугар эмиэ оннук салҕаннар диэн баҕарабын. Үөрэххэ, үлэҕэ эппиэтинэстээх, дьоҥҥо-сэргэҕэ үчүгэй сыһыаннаах буолалларын ирдиибин.

Иллэҥ кэммэр кырааска, киистэ тутуох санаам кэлэн уруһуйдуурбун ордоробун. Арыт хоһоон айар иэйиим киирдэҕинэ онно үлүһүйэбин, кэлин наар кырачаан оҕолорго аналлаах тэттик хоһооннору суруйан алта оҕо кинигэтин таһаартардым. Айар киһиэхэ билиҥҥи үйэҕэ туох барыта көҥүл курдук эрээри, ону бэчээттэтэри уйунуу харгыс буолар.

Туохтааҕар даҕаны, хайа да дьыл кэмигэр айылҕаҕа сылдьарбын, хаартыскаҕа түһэрэрбин уонна массыына ыытарбын астынабын (22 сыл ыстаастаах суоппарбын).

– Ааспыт сылы дьон үксэ ыараханнык ааста дииллэр, эн санааҕар?

–Кырдьык, кэтэспэтэх өттүбүтүттэн олус ыарахан. Бу барыта үлэҕэ, үөрэххэ, олохпутугар охсууну аҕалла дии саныыбын. Дьон санаатыгар-оноотугар, туругар да куһаҕан дьайыыны оҥордоҕо. Сороххо кутурҕанынан да аастаҕа, чугас дьоннорун, доҕотторун да илдьэ бардаҕа. Үүммүт дьыл үтүөнү эрэ аҕаллар, барыта орун- оннугар, чөлүгэр түстэр, үөрэх-үлэ салҕаннар, дьон олоҕо нус-бааччы буоллар диэн баҕарабын.

– Айтыына, сэһэргэһиибит бүтэһигэр “Киин куорат” ааҕааччыларыгар баҕа санааҕын тиэрдиэҥ дуо?

– Бастатан туран, чэгиэн туругу, тус олоххутугар, үлэҕитигэр ситиһиини, кыра кыһалҕаларга хотторумаҥ, өрүү инникигэ эрэллээх буолуҥ! 

Амарах санааҕыт сойботун,

Хаар, хаһыҥ мууһуттан тоҥмотун,

Сылааһы сыламныы сыдьаайдын,

Үтүөнэн угуттуу сылаайдын!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...