Айталина Васильева: «Идэбин таларбар өбүгэлэрим сирдээбиттэрэ»
— Айталина Егоровна, төрөөбүт дойдубут көмүс кырааска дуйунан киэргэнэр, күүһүн ылан эрэр кэминэн! Эн айылҕаттан кэрэни айар, тулабытын кырааска дьикти өҥүнэн киэргэтэр худуоһунньук, чөлүгэр түһэрэр реставратор диэн сэдэх дьарыктаах киһи буолаҕын. Бу идэҕэр хаһан, ханна үөрэммиккиний?
— Идэбин 2002 сыллаахха былыргы архитектуралаах, мас тутууларынан аатырар Суздаль куоракка биэс сыл үөрэнэн ылбытым. Суздаль куорат “Золотое кольцо России” диэн туристическай маршрукка киирбит аҕыс куораттан биирдэстэрэ.
— Бу идэни өрөспүүбүлүкэҕэ аҕыйах киһи баһылыыр. Хайдах талбыккыный?
— Идэбин таларбар худуоһунньуктан атын хайысханы көрбөтөҕүм. Араспаанньабар кытары уустар сыдьааннара буоларым этиллэр – дьонум Татьяна Куприяновна уонна Егор Егорович Усовтар. Усовтар күөх Ньурбаттан төрүттээхтэр. Оттон мин өбүгэм айар-тутар дьоҕурун салгыырга ананан айыллыбыппын оҕо эрдэхпиттэн билэрим. Инньэ гынан 1997 сыллаахха Саха сиригэр аан бастаан реставратор идэтигэр тута кэлбиттэригэр, онно холонорго санаммытым. Үөрэхпин кыһыл дьупулуомнаах бүтэрбитим. Онтон ыла биир да күн кэмсиммэккэ, бэйэм миэстэбэр сылдьабын.
— Айталина Егоровна, эн Саха Өрөспүүбүлүкэтин ойууга-дьүһүҥҥэ бас түмэлигэр худуоһунньук-реставраторынан үлэлиигин. Реставратор үлэтэ төһө уустугуй?
— Түмэлбитигэр өрөспүүбүлүкэҕэ ханна да суох кэрэ уонна күндү экспонаттардаахпыт. Идэм уустук эрээри, олус сөбүлүүбүн. Өҥү эрэ үтүктэн түһэрии буолбакка, худуоһунньук майгытын-сигилитин, кини тугунан тыынан олорбутун уруһуй нөҥүө билиэххин, ылыныаххын сөп. Айар киһи турукка иириитэ улахан оруолу ылар. Сыыһа-халты, ээл-дээл сыһыан сыаналаах, сэдэх үлэни кытта дьүөрэлэспэт. Онон оҥоруохтаах үлэҕин болҕомтолоохтук, сэрэнэн, ааспыты аргыый сэгэтэн, аһыллан толоруохтааххын. Айар үлэ дуоһуйуу аргыстаах. Ол дуоһуйууну сөбүлүүр үлэҕинэн дьарыктанар буоллаххына эрэ ылаҕын.
— Сүгүрүйэр худуоһунньуктарыҥ кимнээҕий?
— Элбэх худуоһунньугу сэҥээрэбин эрээри, аан дойду ылынар уонна билинэр худуоһунньуга Сальвадор Дали уонна сахалартан Тимофей Степанов үлэлэрэ ураты күүстээхтэр. Кинилэр иэйии, алып курдук туругу илдьэ сылдьыбыт улуу дьон.
— Дьыл ханнык кэмэ айар үлэҕэр сабыдыаллыырый?
— Биллэн турар, саас. Айылҕа тыллар, уһуктар кэмэ. Сырдык күн уотун сылама кимиэхэ айар иэйиини, күүһү бэлэхтээбэтэҕэ баарай?!
— Оттон өбүгэ идэтэ киһиэхэ сабыдыаллыыр дуо?
— Биһиги үс оҕолоохпут. Кэргэним Александр Викторович төрдүн-ууһун көрдөххө, эмиэ уус, тарбахтарыгар талааннаах дьон. Онон оҕолорбут, икки хаан аймах дьоҕурун илдьэ сылдьар буоланнар, үһүөн уруһуйдуулар. Өбүгэлэрбит бу сиргэ туох дьарыгы тутуhан олорбуттара эн олоххор эмиэ тус дьайыыны оҥорор эбит. Билиҥҥи балысханнык сайдыбыт үйэ ыччата кинини сөптөөх идэҕэ өбүгэ тыына, идэтийбит дьоҕура эрэ сирдиирин өйдүөхтээх. Сөптөөх идэ, сөбүлүүр үлэ киһини сылаппат, төттөрүтүн, саҥаны айарга-тутарга кынаттыыр, олоххор икки атаххар чиҥник турарга күүс биэрэр. Төһөлөөх талааннаах учуутал дуу, быраас дуу буолуохтаах ыччат, үөрэххэ туттарсар бааллара тиийбэккэ, эбэтэр идэлэрин сыыһа таланнар, олохторугар оҕустарбыттара буолуой?! Эбэтэр үлэ чааһын бүтэрин, нэдиэлэ түмүктэнэрин кэтэһэр үлэһиттэр бааллара – бу өбүгэ ситимин быстыыта, сыыһа тайаныы көстүүтэ.
— Эһиги дьиэ кэргэн иллэҥ кэмҥитин хайдах атаараҕыт?
— Киһи айылҕа сорҕото буоларынан, айылҕаҕа күүскэ тардыһабыт. Уруһуйдьут буоларбынан, тулалыыр кэрэ эйгэни хаартыскаҕа түһэрэрбин сөбүлүүбүн, иистэнэн да ылабын. Биһиги аймах “Дьыл түөрт кэмэ” диэн туристическай баазалаахпыт. Баазабыт куораттан чугас дьикти-кэрэ айылҕалаах сиргэ турар. Дьон дуоһуйа сынньанарыттан, сөбүлээн сылдьарыттан астынабыт.
— Айталина Егоровна, хаанынан бэриллэр өбүгэ дьарыгын таба тутуһан, идэҕин сөпкө талбыт киһи буолаҕын. Үчүгэй кэпсээниҥ иһин махтанабын. Бу кэпсэтии төрөппүттэргэ оҕолоругар идэни сөпкө талыыга көмөлөһүө, сэҥээриини ылыаҕа диэн эрэнэбин.