Айсен Елисеев: «Спортан олох сылайбаппын!»
Айсен Елисеев, Чурапчы улууһун Чыаппара нэһилиэгиттэн сылдьар. Билигин М.К. Аммосов аатынан ХИФУ физкультурнай салаатын үһүс кууруһун устудьуона. Эдэр-сэнэх ыччат диэтэххэ, өй-санаа өттүнэн быдан сиппит-хоппут киһи эбит.
- Улахан кылаастарга Дыгын оонньууларыгар кыттар баҕа санааламмытым, ол иһин олохпун спорду кытта ситимнииргэ санаммытым. Үөрэхпэр кыанар этим, маҥнай спорду таларбын элбэх дьонум утарбыттара. Ол да буоллар, киһи бу олоххо бэйэтэ сыаллаах-соруктаах, баҕалаах олоруохтаах. Итинтэн сиэттэрэн, улахан кылаастарга тахсан баран спорду кытта ситимнэһэр баҕа үөскээбитэ.
- Уйбаан Белолюбскайга хаһааҥҥыттан дьарыктанаҕын?
- “Боотур” кулуубка устудьуоннуу кэлэн бараммын, 2019 сыл күһүнүгэр киирбитим. Манна дьарыктанарым миэхэ эт-хаан, өй-санаа өттүнэн сайдарбар көмөлөһөр. Спорт уопсайынан, көдьүүһэ элбэх.
- Оҕо сылдьан спорт өттүгэр кэккэ ситиһиилэрдээҕиҥ буолуо, тугунан дьарыктаммыккыный?
- Оскуолаҕа кыра кылаастарга тустуунан дьарыктаммытым, тренерим Семен Андрианович Федоров, онтон улахан кылаастарга мас тардыһыытынан Денис Гаврильевич Третьяковка дьарыктаммытым.
- Быйылгы күрэххэ сүрдээх таһаарыылаахтык, өрө көтөҕүллүүлээхтик кытынныҥ, бэйэҥ туох санаалааххын?
- Икки күннээх кэтэһиилээх Дыгыммыт этэҥҥэ түмүктэннэ, бары кыттыбыт уолаттар бэйэлэрин кыахтарын барытын көрдөрдүлэр. Туох баарбынан, бэйэм кыахпынан кииристим, бэйэбин төһө кыалларынан көрдөрдүм. Тиийбэт элбэх, кыра сыыһалар да бааллар. Ол эрэн, бу күрэххэ кыайтарыыларым, сыыһаларым мин инники кыайыыларбар улахан көмө буолуохтара диэн бигэ эрэллээхпин. Салгыы элбэх үлэ, дьарык кэтэһэр.
- Иккис сылын көрөөччүтэ суох ыытылынна...
- Пандемия сабыдыаллыыра спорт ханнык баҕарар көрүҥүгэр охсуулаах. Спорт салгыы сайдарыгар, инники кэккэҕэ тахсарыгар да ыарахаттары үөскэтэр курдук. Инникини тымтыктаан көрбүт суох, эһиил хайдах буолара буолла.
- Саха ыччата, эр киһитэ хайдах буолуохтааҕый?
- Мин санаабар, дьиҥ саха эр киһитэ бар дьонун, тулалыыр эйгэтин харыстыыр, төрүт үгэстэри ытыктыыр, үлэһит, туруоруммут сыалын ситиһэр буолуохтаах. Дьонун, дьиэ-кэргэнин харыстыахтаах. Булааччы-талааччы, алаһа дьиэни хаххалааччы киппэ киһи буолуохтаах.
- Олоххо тутуһар санааҥ?
- Туруоруммут сыалбын хайаан да толоруохтаахпын диэн толкуйдуубун. Дьарыктанабын. Төһө кыалларынан хас күн аайы сыалым туоларын туһугар, хардыылары оҥоробун.
- Сынньалаҥҥар айылҕаҕа, тыаҕа булка төһө сылдьаҕыный?
- Саха киһитэ буоламмын бултка-алтка сыстыгаспын. Сааскы, күһүҥҥү булду сөбүлүүбүн. Дойдум салгына, тыына, көстүүтэ олус кэрэ. Киһи айылҕалыын алтыһан, сири-уоту иччилээн, бултаан-алтаан олоруохтаах. Спорт да, булт да ыкса ситимнээх буоланнар, киһини умсугуталлар.