30.04.2022 | 10:00

Айар үлэ умсугутуулаах аартыгынан

Айар үлэ умсугутуулаах аартыгынан
Ааптар: Вера КАНАЕВА
Бөлөххө киир

Худуоһунньуктар кырдьыбаттар. Саха биллиилээх скульптора Максим Максимович Павлов бүгүн даҕаны айар үлэ үөһүгэр сылдьар.

Дьоллоох Дьокуускай олохтоохторугар кини аата архитектор И. Андросовтыын, скульптор Э. Пахомовтыын Дежнев уонна Абакайаада уоллара Любимныын олорор пааматынньыктарын (2005 с.) уонна Кыайыы болуоссатыгар И.А. Слепцов, И.С. Андросов, В.Н. Игнатьев буолан оҥорбут монуменнарын (1995 с.) кытта ситимнээх.

Максим Максимович Максим Степанович уонна Елена Гаврильевна Павловтар дьиэ кэргэннэригэр кулун тутар 15 күнүгэр 1942 с. Таатта улууһун II Алдан нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Оскуолаҕа нулевой кылааска Охотскайга киирбитэ. Онтон бөдөҥсүтүү кэмигэр Максим 10 саастааҕар төрөппүттэрэ Чычымахха көһөн кэлбиттэр. Ынах Күөлүгэр Махсыым Посельскайдаахха олорбуттар. Ол дьиэҕэ Үүнэ, Бүөтүр Канаевтар ыал буолууларын көрбүт туоһу буолабын диэн оҕо саас күндү өйдөбүлүн туһунан үөрэ ахтар.

Максим Максимович киһи буола улааппыт Чычымаҕын кытта ситимин быспат. Былырыын сайын Көрдөрүүлээхтэн төрүттээх биир дойдулаахтарын көрдөһүүтүнэн сэргэттэн стела оҥорбута. Бу стела сэриигэ барбыт, сэрии толоонугар үйэлэргэ хаалбыт, Кыайыы көтөллөнөн сэрииттэн эргиллибит, тыыл ыарахан үлэтигэр умса түспүт үтүө дьоммут ааттарыгар сүгүрүйүү бэлиэтэ. Максим Максимович оччотооҕу кэм учууталларын, билиигэ-көрүүгэ сирдээбит, олох киэҥ суолугар үктэннэрбит Реас Алексеевич Кулаковскай, Владимир Куприянович Афанасьев, Георгий Романович Малышев уонна Андрей Павлович Егоров ааттарын күндүтүк саныыр, кинилэргэ сүгүрүйэр. Ону таһынан үөрэммит Чычымаҕын оскуолатыгар С.Р. Кулачиков-Эллэй бүүһүн оҥорбута уонна Леонид Николаевич Малышев дириэктэрдээбит кэмигэр анал истипиэндьийэ олохтообута. Егор Пантелеймонович Иванов сэлиэнньэни салайар кэмигэр нэһилиэк киинигэр тутуллубут сквергэ саллаат  бүүһүн оҥорбута. Оскуола үбүлүөйдээх тэрээһиннэригэр аат ааттаан, оҕо сааһын доҕотторун кытта көрсөн, олохтоохтору кытта кэпсэтэн, аймахтарын кытта алтыһан барар. Бу буоллаҕа, төрөөбүт төрүт сир күндүтэ, курдаттыы тартарыы.

Худуоһунньук буолбутун туһунан: “Үрдүк Айыылар сорох дьону анаан, маанылаан, идэлээх буолар ыйаахтаан орто дойдуга ыыталлар. Мин кинилэр истэригэр хапсан, айар аналлаах төрөөбүппүн”, — диэн ахтар. Ол курдук, оҕо эрдэҕиттэн тулалыыр эйгэни сэргии, үөрэтэ көрө улаатан, кумааҕыттан, туостан кыылы-сүөлү оҥорон, дьонун, ыалларын үөрдэр эбит. Оҥороро,  туппута барыта табыллан иһэрин көрөн, учууталлара А.П. Егоров, Г.Р. Малышев Дьокуускайдааҕы ойуулуур-дьүһүннүүр училищеҕа муостан оҥоруу салаатыгар туттарсарыгар сүбэлээбиттэр. Училищеҕа биллэр муосчут-маастарга  Семен Николаевич Пестеревка үөрэнэр. Онтон Сэбиэскэй Аармыйа кэккэтигэр сулууспалаан баран, Алма Ататааҕы Н.В. Гоголь аатынан художественнай училищеҕа скульптор В.Ю. Рахмановка үөрэнэн, 1968 сыллаахха бүтэрэр. Дипломнай үлэтэ –  бетонтан оҥорбут “Биллибэт саллаат” пааматынньыга (1967 с.) Ытык Күөл пааркатыгар билигин да турар. Оччолорго Сэбиэт бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбит Дмитрий Бравин эдэр киһиэхэ утары баран оҥотторбута эмиэ хайҕаллаах. Идэлээх киһи Дьокуускайдааҕы художественнай училищеҕа 1968-1982 сс. преподавателлээбитэ.  Онтон 1981-1985 сс. Худпуондаҕа, 1992-1994 сс. Мамонт музейыгар кылаабынай худуоһунньук быһыытынан үлэлээбитэ.

Эдэр муосчут

Максим Максимович скульптор быһыытынан маҥнайгы үлэтин 1963 с. оҥорсубут. Ол – Петропавловскайга Л-16 диэн уу аннынан сылдьар хараабыл экипаһыгар анаммыт пааматынньык. Ону скульптор А.А. Соловьев салайааччылаах оҥорбуттар. Онтон 1964 с. Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа, мотуруос А.П. Ильичев пааматынньыгын оҥорбута. Скульптор сүрүн уратытынан архитектордары кытта айыы-тутуу буолар. Биир улахан скульптурнай-архитектурнай үлэтинэн 1976 с. Өлүөхүмэҕэ оҥорбут Киин Сибиир олохтоохторугар анаммыт пааматынньыгын ааттыыр.

Максим Максимович Улуу Кыайыы тиэмэтигэр элбэх үлэлээх. Ол курдук, Кыайыы 50 сылыгар Дьокуускайга И.А. Слепцов, И.С. Андросов, В.Н. Игнатьев буолан монумент оҥорбуттар. Ону таһынан Ытык Күөлгэ Кыайыы болуоссатыгар сахалартан соҕотох Албан Аат уордьан толору кавалера Д.А. Петровка (1985 с.), Уус Тааттаҕа биэс бырааттыы Малгиннарга уонна Дьоруой Ийэ Феврония Малгинаҕа (1975 с.), Хатаска өлбүт буойуннарга (1990 с.), Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Клавдий Краснояровка (1995 с.) уо.д.а. пааматынньыктары оҥорбута. Гражданскай сэрии тиэмэтин эмиэ тумнубатаҕа. Харбалаахха 1967 с. саа-саадах тутуулаах саҥа былааһы олохтоспуттарга аналлаах монумены дьэндэппитэ.

Балары таһынан саха улуу дьонун үйэтитиигэ элбэх үлэлээх: архитектор Н.С. Алексеевтыын Ытык Күөлгэ үс реалист-суруйааччы А.Е. Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөйгө, А.И.Софронов-Алампаҕа, Н.Д.Неустроевка стела (1990 с.), Дьокуускай куоракка Н.Д. Неустроев, Н.Е. Мординов-Амма Аччыгыйа уҥуохтарыгар мемориальнай дуоскалар уонна пааматынньыктар, Г.П. Башариҥҥа пааматынньык (2016 с.), А.Е. Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй,  Д.Н. Коркин, (2001 с.), П.Н. Сокольников бүүстэрэ, архитектор И. Андросовтыын, скульптор Э. Пахомовтыын Дежнев уонна Абакайаада уоллара Любимныын олорор пааматынньык (2005 с.), Учууталга аналлаах пааматынньык (2016 с.) уо.д.а.

Олоҕун аргыһа Людмила Гаврильевналыын

Хас биирдии худуоһунньук  сайдарыгар ыытыллар быыстапкалар төһүү күүс буолаллар. Максим Максимович худуоһунньук быһыытынан элбэх быыстапкаҕа кыттыбыта. Олоҕун ойуулуур-дьүһүннүүр искусство курдук кэрэ, ол эрээри ымпыктаах, элбэх үлэни, бириэмэни, ирдэбили эрэйэр эйгэҕэ ситимнээх, сыралаах үлэтэ сыаналанан, 1990 с. САССР Үрдүкү Сэбиэтин Президиумун уурааҕынан “Саха сирин норуодунай худуоһунньуга”  аат иҥэриллибитэ. Бу үрдүк аакка тиксии кини орто дойдуга идэлээх буола айыллыбыт олоҕун бар дьоҥҥо анаабытын бэлиэтэ буолар.

Учуутал быһыытынан саха элбэх ыччатын уһуйда. Бэйэтин курдук идэлэригэр, дьоҕурдарыгар бэриниилээх Петр Андросовынан, Дорофей Яковлевынан, Федор Чяринынан, Вячеслав Яроевынан киэн туттар. Максим Максимович айар үлэтин аргыһынан, бастакы сыаналааччынан дьиэ кэргэнин ааттыыр. Олоҕор таптыыр дьахтарын көрсөн, икки уол, биир кыыс оҕолонон, удьуорун салҕааччылардаах. Айылҕаттан бэриллибит дьоҕура оҕолорунан, сиэннэринэн салҕаныаҕа,  кыым уота саҕылларын тэҥэ, кинилэр ааттарын өссө истиэхпит диэн саха сиэринэн сэмэйдик кэтэһэбит.

Умсулҕаннаах идэлээх биир дойдулаахпыт Максим Максимович, айар кутуҥ абылаҥа элбэх хаары уулларарга көмөлөстүн, киил мас курдук бөҕөх буол диэн тапталлаах Тааттаҕыттан алгыспытын ыытабыт.

Чычымах оскуолатын иннигэр Эллэй бүүһэ

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
Дьон | 24.10.2024 | 18:00
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
2022 сыл алтынньы 19 күнүгэр Ферум Аммосов анал байыаннай дьайыыга эн биһиги туспутугар, дойдутун туһугар сулууспалыы сылдьан олоҕун толук уурбута. Сырҕан бааһы таарыйан, бииргэ төрөөбүт балтын, ону тэҥэ бойобуой доҕорун ахтыыларын чугас дьонугар, ийэтигэр, аймахтарыгар таһаарабыт. Ол ыарахан кэмнэри санаппыппар, бука диэн, алы гыныҥ дуу...   – Саргылаана, бииргэ төрөөбүт хаһыа...
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Дьон | 25.10.2024 | 14:30
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Бүгүн мин ааҕааччыларбар билиһиннэриэм этэ Саха сирин уус-уран ойууга-дьүһүҥҥэ мусуойун научнай-сырдатар үлэҕэ методиһа, СӨ култууратын туйгуна Заровняева Варвара Ильинична-Күндүүлэни.   —  Варвара, иис абылаҥар ылларыыҥ, иннэни, сабы хас сааскыттан туппутуҥ туһунан кэпсиэҥ дуо? — Оҕо сааспыттан иис-уус эйгэтигэр улааппытым. Ийэм, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара Заровняева Варвара Гаврильевна өттүнэн эбээм, Бүлүү Баппаҕаайытыттан...
Дьиэ кыылларын көрүү-харайыы быраабылата булгуччу тутуһуллуохтаах
Сонуннар | 23.10.2024 | 17:38
Дьиэ кыылларын көрүү-харайыы быраабылата булгуччу тутуһуллуохтаах
Олохтоох дьаһалта Территориялары кытта үлэҕэ департамена иһитиннэрэринэн, Саха Өрөспүүбүлүкэтин ветеринарияҕа управлениетын кытта дьиэ кыыллара бэйдиэ сылдьалларын бэрэбиэркэлиир эриэйдэлэр тиһигин быспакка ыытыллаллар. Ол курдук, ааспыт нэдиэлэҕэ куорат Автодорожнай, Строительнай, Сайсары, Октябрьскай, Гагаринскай уокуруктарынан уонна Марха, Маҕан, Хатас, Тулагы нэһилиэктэринэн ыытыллыбыт эриэйдэ түмүгүнэн боротокуоллар толоруллубуттар, нэһилиэнньэни кытта өйдөтөр, быһаарар, сэрэтэр үлэ ыытыллыбыт....