14.10.2023 | 12:00

Айар куттаах, сахалыы мындыр толкуйдаах Парасковья Попова-Тускулаана

Айар куттаах, сахалыы мындыр толкуйдаах Парасковья Попова-Тускулаана
Ааптар: Саргылана Савватеева
Бөлөххө киир

Учуутал, иитээччи идэлэрин толору баһылаабыт киэҥ билиилээх-көрүүлээх, мындыр толкуйдаах, айылҕаттан бэриллибит талааннаах саха далбар хотуна Парасковья Ивановна Попова-Тускулаана оҕону ийэ тылынан сиэр-майгы, өй-санаа, эт-хаан өттүнэн таба иитиигэ норуот педагогикатын төрүт оҥостон, олус айымньылаахтык үлэлии-хамсыы сылдьар өрөспүүбүлүкэҕэ тарбахха баттанар биир биллэр уһуйааччы, сырдатааччы буолар.

Парасковья Ивановна – Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕириитин туйгуна, Арассыыйа уопсай үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ,  «Дьиэ кэргэн политикатын сайыннарыыга кылаатын иһин» бэлиэ хаһаайына, Арассыыйа Суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ.  Кини өр сылларга төрөөбүт дойдутугар Чурапчы улууһун оскуолаларыгар, «Улыбка» оҕо уһуйааныгар таһаарыылаахтык үлэлээн, хас да көлүөнэ ыччаты сырдыкка, кэрэҕэ уһуйан үөрэппитэ.  Норуот үгэс буолбут иитэр ньымаларын, туттар өйдөбүллэрин дьиэ кэргэҥҥэ тиэрдиигэ араас хайысхалаах үлэни ыытан кэллэ. Ол курдук, үөрэх үлэһиттэрин, төрөппүттэри, эбэлэри, эһэлэри түмэр ааҕыылары, конференциялары, төгүрүк остуоллары иилээн-саҕалаан элбэхтэ тэрийбитэ. Улуус телевидениетигэр ый аайы тахсар «Эбээ холбуката» диэн биэриини сүрүннээбитэ. Айар куттаах киһи буоларын быһыытынан, кэрчик бэлиэтээһиннэрин, сааһыламмыт санааларын, сүбэ-соргу утахтарын түмэн, алта кинигэни бэчээттэппитэ. «Санаабыт бараммат ситимэ», «Санаабыт утаҕын ханнаран», «Олох угуйар ыллыктарынан» диэн кэргэнэ Егор Ильич Попов-Тускуну, оҕолоро Лилия Егоровнаны уонна Егор Егоровиһы кытта бары бииргэ суруйбут кинигэлэрин элбэх төрөппүт сөбүлээн аахпыта, туһаммыта буолуо.

Билигин Парасковья Ивановна дьоллоох Дьокуускай куорат килбэйэр киинигэр баар «Туллукчаан» оҕо сайдар киинигэр олус таһаарыылаахтык үлэлии сылдьар, хас да кэскиллээх бырайыагы сүрүннүүр. Кини үөрэппит кырачааннара сахалыы кэпсэтэллэрин таһынан чабырҕахтыыллар, остуоруйалыыллар, оннооҕор олоҥхолууллар эбит.

«Мин саха оҕотобун» диэн бырайыак чэрчитинэн оҕолор  өбүгэлэрбит үтүө үгэстэрин, ый алгыстарын, норуот тылынан уус-уран айымньыларын, өс хоһооннорун, таабырыннары, оонньуулары билэ-көрө улааталлар.

Иккис бырайыак «Сибэкки сүрэхпин манньытар, тулабын тупсарар» диэн оҕону айылҕаны кытта ситимниир аналлаах. Кырачааннар араас үүнээйини, сибэккини бэйэлэрэ көрөн-истэн үүннэрэн, кэрэни кэрэхсииргэ, үтүөнү үксэтэргэ үөрэнэллэр.

Парасковья Ивановна  «Алыптаах азбука» диэн куруһуогар бэлэмнэнии бөлөх оҕолорун ааҕарга, суоттуурга, оннооҕор диктант кытта суруйарга уһуйар. Онуоха барытыгар сахалыы остуоруйалары, хоһооннору, таабырыннары туттар.

Өссө биир интэриэһинэй бырайыага – уһуйааҥҥа сылдьар оҕо сайдыытын кэтээн көрүү күннүгэ (дневнигэ). Бу тэтэрээккэ Парасковья Ивановна хас биирдии иитиллээччитин ситиһиитин, кыайыытын-хотуутун барытын бэлиэтээн иһэр, уруһуйдарын, хаартыскаларын түмэр уонна 4 сыл буолан баран уһуйааны бүтэрэригэр күндү бэлэх оҥорор. 

Дьэ ол курдук сахалыы тыыҥҥа иитиллибит оҕолор оскуолаҕа толору бэлэмнээх киирэллэр, үөрэхтэригэр ситиһиилээх буолаллар эбит.

Эбээ Парасковьяҕа үөрэммит дьоллоох оҕолор

Сардаана Александровна Созонова, төрөппүт:

– Биһиги улахан кыыспыт Аня «Туллукчаан» оҕо сайдар киинин быйыл ситиһиилээхтик бүтэрэн, Дьокуускай куораттааҕы национальнай гимназия үөрэнээччитэ буолла. Оҕобут ийэ тылынан холкутук саҥарарыгар, санаатын сайа этэригэр, саха буоларынан киэн тутта улаатарыгар күндү иитээччибит Парасковья Ивановна тугунан да кэмнэммэт улахан көмөлөөх дии саныыбын.

Парасковья Ивановна иилээн-саҕалаан, тэрийэн ыыппыт үс улахан бырайыактааҕын бэлиэтиэхпин баҕарабын. «Мин саха оҕотобун» диэн бырайыак чэрчитинэн өбүгэлэрбит төрүт дьарыктарын, үтүө үгэстэрин сырдатар, сахалыы өс хоһооннору, остуоруйалары, хоһооннору, чабырҕахтары үөрэтэр олус интэриэһинэй, араас хайысхалаах үлэни кыайа-хото тэрийэн кэллэ. Анябыт 60-тан тахса өс хоһоонун нойосуус билбитэ, суолтатын өйдөөбүтэ. Билигин күннээҕи олоҕор туттар, тыла-өһө сайдан иһэр.

«Алыптаах азбука» куруһуокка дьарыктанан, кыыспыт дорҕооннору үчүгэйдик араара, буукубалары суруйа, кинигэлэри ааҕа үөрэммитэ. Ол билиитэ-көрүүтэ, сатабыла сахалыы оскуолаҕа үөрэнэригэр улахан төһүү күүс буолбута чахчы.

Парасковья Ивановна оҕолорбут туһугар ис сүрэҕиттэн кыһаллан туран үлэлиир. Кинилэр эргиччи сайдыылаах дьон буоллуннар диэн элбэх араас сатабылы иҥэрэр. Холобур, «Мичээр» бөлөх иитиллээччилэрэ бука бары сибэкки арааһын үүннэрбиттэрэ, уһуйаан тиэргэнин киэргэппиттэрэ.

Парасковья Ивановнабыт сытыары сымнаҕас, киэҥ-холку майгылаах, оҕолору да, төрөппүттэри да бэйэтигэр тардар кэрэ далбар хотун буолар. Ол иһин кинини «Эбээ Парасковья» диэн таптаан ааттыыбыт, чугастык саныыбыт. Эдэр ийэлэр кинини  ийэ, кэргэн быһыытынан дьонугар эйэҕэс, үтүө сыһыанын көрөн, олохпутугар холобур оҥостобут. Киниттэн сүбэ-соргу, алгыс ылабыт. Күндү киһибит оҕолор, төрөппүттэр махталларынан кынаттанан, өссө да өр сылларга таһаарыылаахтык үлэлии-хамсыы сылдьарыгар, дьоллоох-соргулаах буоларыгар баҕарабыт!

 

Мария Степановна Семенова, төрөппүт:

– Биһиги уолбут Сандар быйыл «Туллукчаан» уһуйаанын сахалыы тыыннаах «Мичээр» бөлөҕүн бүтэрбитэ. Бөлөхпүтүгэр 33 оҕо иитиллэн таҕыста. Сахалыы эйгэни олохтообут, оҕолору ийэ тылга, төрүт култуураҕа уһуйбут «Мин саха оҕотобун» диэн бырайыак ааптарынан иитээччибит Попова Парасковья Ивановна буолар. Оҕолорбут бары кинини «Эбээ Парасковья» диэн ааттыыллар. Киниэхэ  сөбүлээн дьарыктанан, сахалыы тыыннара уһуктубута, билиилэрэ-көрүүлэрэ элбээбитэ.

Аан бастаан уһуйааҥҥа кэлбиппитигэр биһигини Парасковья Ивановна үөрэ-көтө уруккуттан билэр киһилии көрсүбүтэ. Уолум онтон ыла уһуйаан үчүгэйин, онно кинини күүтэллэрин билбитэ, куттаммакка үөрэ-көтө барар буолбута.

Үс сыл тухары оҕолор сахалыы эйгэҕэ иитиллэн кэллилэр: сэрэдэ аайы Сахалыы күннэрин олус да кэтэһэллэр этэ. Сарсыардаттан сахалыы таҥнан, алаадьы амсайан, Эбээ Парасковья алгыһын ылан, кэпсээнин-остуоруйатын истэн, ыллаан-туойан, оһуохайдаан, таабырын таайсан, өбүгэлэрбит оонньууларынан оонньоон саха кутун иҥэриммиттэрэ, төрөөбүт тылларынан саҥаралларынан киэн туттар буолбуттара.

Парасковья Ивановна  оҕолорго 60-тан тахса өс хоһоонун үөрэппитэ, суолтатын быһааран биэрбитэ. Оттон биһиэхэ, төрөппүттэргэ, оҕону хайдах иитии туһунан элбэх үлэтэ, кинигэлэрэ күүс-көмө буолбуттара. «Олох угуйар ыллыктарынан» кинигэтин үксүбүт ылан аахпыппыт, туһаммыппыт.

Парасковья Ивановна хас биирдии оҕоҕо кэлиэҕиттэн кэтээн көрүү күннүгүн оҥорбута, онно оҕо сайдыытын, күннээҕи олохтон үтүө түгэннэрин, ситиһиилэрин, саҥаларын, уруһуйдарын тиһэн испитэ, уһуйааны бүтэрэллэригэр төрөппүттэргэ соһуччу күндү бэлэх гынан ууммута. Оҕо саҥатын сурукка тиһэн, хаста да хаһыакка таһаартарбыта.

Кэргэнэ Егор Ильичтиин бөлөххө дуобат куруһуогун иилээн-саҕалаан ыыппыттара, элбэх оҕону бу умсугутуулаах спорт көрүҥэр уһуйбуттара. Ол түмүгэр оҕолор куорат таһымыгар кыайар-хотор, миэстэлэһэр буолбуттара.

Парасковья Ивановна уһуйааҥҥа үүнээйини, сибэккилэри олордууну иилээн-саҕалаан тэрийэр, биһиги бөлөх оҕолоро арассааданы олордууга сиэмэни хайдах буорга олордортон саҕалаан сибэкки тахсарыгар тиийэ үөрэттилэр, бэйэлэрэ олордон, уу кутан, сыыһын ыраастаан, көрөн-харайан элбэх билиини ыллылар.

Оҕолор 6 саастарыгар «Алыптаах азбука» куруһуогун салайан ыыппыта, оҕолорбут дорҕооннору үөрэтэн кылгас кэм иһигэр ааҕар буолбуттара.

Парасковья Ивановна курдук уһуйааччылар, ис дууһаларыттан үлэлиир, оҕолору таптыыр иитээччилэр хас уһуйаан, бөлөх аайы баар буоллуннар, эдэр иитээччилэри уһуйдуннар. Оттон биһиги, төрөппүттэр, түгэнинэн туһанан күндү киһибитин, оҕолорбут иитээччилэрин, эбээ Парасковьябытын Учуутал уонна уһуйааччы сылынан уонна Ийэ күнүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит. Өссө да өр сылларга ситиһиилээхтик үлэлииригэр, элбэх оҕо киһи киһитэ буолан улаатан тахсарыгар уһуйарыгар баҕарабыт. Махтал тылларын этэбит, чэгиэнник-чэбдиктик уонна куруутун маннык дьоллоохтук сырыттын диэн алгыыбыт!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ылланарга айыллыбыт олох
Дьон | 11.10.2024 | 12:00
Ылланарга айыллыбыт олох
Хаһааҥҥытааҕар даҕаны ардахтаах күһүн буолла. Уһун ардахтарга өйбөр куруутун “Тохтообокко ардах түһэр, Түннүкпэр таммаҕы ыһар...” ырыа тыллара ытыллар.   Биһиги көлүөнэ оҕолор үрдүкү кылаастартан саҕалаан “Ардахха санаа” ырыаны истэ улааппыппыт. Оччолорго, биллэн турар, ким тыла, ким матыыба буоларын улаханнык билэ да сатаабат этибит. Ырыа баар да баар. Киһи олоҕун кэрдиис кэмнэринэн...
Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
Дьон | 05.10.2024 | 14:00
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
2022 сыл кулун тутар 8 күнэ биһиэхэ ыар сүтүк күнэ этэ, ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии аймаабыта: ыарахан ыарыы дьүөгэбит Ирина Елизарова сырдык тыынын ылан барбыта.   Чугас киhиҥ, дьүөгэҥ, доҕоруҥ суох буоллаҕына, биллэн турар, бастакынан үйэтитии туhунан санаалар киирэллэр эбит. Кини биллэр, бэйэтэ ааттаах-суоллаах, историялаах, сүгүрүйээччилэрдээх, истээччилэрдээх буоллаҕына, атыннык толкуйдуу да...
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины”  нойосуус билиим»
Дьон | 10.10.2024 | 10:00
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины” нойосуус билиим»
Саха киһитэ тыйаатыры, артыыстары олус ытыгылаан  ылынар ураты көрөөччү. Ол оруоллары ураннык толорор артыыстартан сүдү тутулуктааҕын саарбахтаабаппын. Оннук биир үтүө киһи, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа, Щепкин аатынан Үрдүкү театральнай училище “көмүс выпускнига” Борис Иванович Борисовы кытта өрөгөйдөөх 75 сааһынан сэһэргэстибит.   – Артыыс буолар баҕа санаа оҕо эрдэххиттэн баара дуу? –...