09.03.2021 | 06:01

Айан каартатынан туһанаҕын дуо?

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Куорат үгүс олохтооҕо күн аайы оптуобуһунан айанныыр. Үлэҕэр, маҕаһыыҥҥа, ол-бу наадаҕар куорат тырааныспарынан кэлэҕин-бараҕын. Сыана күн-түүн үрдүү турар, айаммыт сыаната эмиэ үрдүүр. Хайыыр да кыаҕыҥ суох, ыраах дьиэлээх киһи үлэтигэр оптуобустанарыгар эрэ тиийэр. Онтон билигин араас төлөбүр баарын, пластиковай каартанан туһаныы, харчытын хайдах угуу туһунан уонна да атын айаҥҥа сыһыаннаах иһитиннэриилэри ааҕааччыларбытыгар анаан бэчээттиибит. Ол туһунан эһиэхэ анаан “Алмаасэргиэнбаан” сибээһи уонна уопсастыбаннаһы кытта  үлэлэһэр сулууспа салайааччыта Вячеслав Стручков кэпсиэҕэ.

Дьокуускайбыт уулуссаларын устун дьону таһар бастакы оптуобус 1936 сыллаахтан сылдьыбыт. Айан төлөбүрдээх эбит – 50 кэппиэйкэ. 50-с сылларга кыһынын оптуобустар истэрэ тоҥ хаһаа буолан, дьон этэрбэһин тилэҕэ муостатыгар тоҥон сыстан хаалара үһү. Дьон олбоххо олорбокко, бары тутуһан туран айанныыллар эбит. Бу сылларга айан төлөбүрүн хас тохтобул аайы ылаллар – 2 кэппиэйкэ, онон ким хас тохтобулу барарын ааҕан-суоттаан төлүүрэ.

1960-70-с сылларга айан төлөбүрэ 6 кэппиэйкэ буолар. 70-с сыллар саҥаларыгар саҥа “ЛиАЗ” оптуобустар кэлэллэр. Манна уопсастыбаннай көлөҕө харчы угар кассеталаах каассалар бааллара. Олорсооччулар бэйэлэрэ харчы уган билиэти эрийэн ылаллара. Оттон хонтуруоллааччы киирэн билиэтэ суох айаннаан иһэр киһини туттаҕына, ыстарааба ботуччу – 1 солкуобайга тэҥнэһэрэ.

Билиэтэ суох киһини бу сылларга тутан ыллахтарына хаартыскаҕа түһэрэллэрэ, оттон араспаанньалаах хаартыскатын маннык диэн суруктаан ыйыыллара: “Они ездили зайцами” диэн уонна оптуобустарга итиэннэ уопсастыбаннай миэстэлэргэ ыйыыллара. Дьэ, саат-суут диэбэккин да!

Мин өйдүүрбүнэн, 1995 сыллар эргин “сарай” диэн ааттанар улахан килэйбит оптуобустар бааллара. Манна дьэ, этэргэ дылы, аҕыйах кэмҥэ коммунизм кэлэ сылдьыбыта. Буор босхо айанныыр этибит. Күнү быһа да олорсо сырыт, биир да кэппиэйкэни төлөөбөккүн. Ол кэннэ айан төлөбүрдэнэн, чааһынайдар айанныыр буолбуттара. “Маршрутное такси” диэн микрооптуобустар бааллара. Манна дьэ симиллэн киирэҕин ээ. Миэстэ үксүн суох буолар, оччоҕо төҥкөйөн, бөхчөччү туттан баран айанныыгын. Хайыаххыный, тиийиэххин наада буоллаҕа.

Айаҥҥа хайдах экономиялыыбыт

Дьокуускайга билигин оптуобустарга айан төлөбүрэ уу харчынан 30 солкуобай буолар. Ол эрэн пассажир атыннык төлөһүөн сөп, бу олус табыгастааҕын таһынан, харчыгытын экономиялыыр. 2011 сылтан өрөспүүбүлүкэбитигэр “Автоматизированная система оплаты проезда” (АСОП) үлэлиир, манна төлөбүрү араас ньыманан ылар, ол иһигэр мобильнай төлөпүөн уонна баан каартатын көмөтүнэн.

«Спутник» транспортнай каарта

Айан төлөбүрэ – 23 солкуобай

Хантан атыылаһабытый

Алмаасэргиэнбаан офистара (АЭБ терминалларын нөҥүө),

«Горпечать» киоскалара, «ЯПАК» МУТ оптуобустарыгар.

Каарта сыаната– 100 солкуобай.

Харчытын угуу

«АЭБ Онлайн» сыһыарыыга хамыыһыйата суох, АЭБ терминалларыгар.

 «Транспортная карта Якутии» (АСОП) сыһыарыынан 3 %  хамыыһыйа тутар.

Ханна туттабыт

Дьокуускай, Нерюнгри, Ньурба куораттарга, куорат таһынааҕы нэһилиэктэргэ

Төһө харчы баарын бэрэбиэркэлээһин

Лайфхак: «Транспортная карта Якутии» (АСОП) “Спутник” диэн сыһыарыыны киллэриҥ уонна каартаҕыт төһө харчылааҕын, ону таһынан айаҥҥыт историятын көрөҕүт.

Кампуснай устудьуон каарталара, Оскуола оҕотун каарталара, Транспортнай каарталар

Айан төлөбүрэ – 25 солкуобай

Оскуола каартатынан куорат иһигэр үөрэх кэмигэр босхо айанныыллар.

Кыаммат ыал оҕолоро 5-11 кылаастарга лимит көрүллэр – ыйга 96 босхо айан.

2021 сыл муус устар 1 күнүттэн куорат таһынааҕы нэһилиэктэргэ олорор 5-11 кылаас оҕолоругар лимит олохтонор – ыйга 60 босхо айан.

Ханна туттабыт

Дьокуускайга, Кангалааска, Маҕаҥҥа, Мархаҕа, Табаҕаҕа, Тулагыга уонна Хатаска куорат уонна кытыы нэһилиэктэргэ айанныыр оптуобустарга.

Ханна оҥорторобут

Дьокуускай куорат уонна кытыы нэһилиэктэр оскуолаларыгар, ону тэҥэ Алмаасэргиэнбаан офистарыгар.

Төһө харчы баарын бэрэбиэркэлээһин

Төһө харчы, каартаҕа хаста айанныырыҥ хаалбытын «Транспортная карта Якутии» (АСОП) сыһыарыыга уонна АЭБ офистарыгар бэрэбиэркэлиэххитин сөп. Айаҥҥыт историятын эмиэ бу сыһыарыыга көрүҥ.

30 эбэтэр 60 күҥҥэ болдьохтоох 40 уонна 60 айан лимиттээх айан билиэтэ

Билиэт сыаната

60 күҥҥэ 40 айан лимиттээх – 850 солкуобай

30 күҥҥэ 60 айан лимиттээх – 1 050 солкуобай

60 күҥҥэ 60 айан лимиттээх – 1 150 солкуобай

Ханна туттабыт

Куорат сиригэр-уотугар уонна кытыы нэһилиэктэргэ айанныырга

Ханна оҥорторобут

АЭБ терминалларыгар, “Горпечать” киоскаларыгар атыыланар

Төһө айан хаалбытын бэрэбиэркэлээһин

АЭБ терминаллара, «Транспортная карта Якутии» (АСОП) сыһыарыыга уонна АЭБ офистарыгар бэрэбиэркэлиэххитин сөп. Айаҥҥыт историятын эмиэ бу сыһыарыыга көрүҥ.

Виртуальнай каарта

Айан төлөбүрэ  – 27 солкуобай

Төлөбүрү QR-коду эбэтэр NFC-интерфейсинэн смартфон көмөтүнэн оҥоруоххутун сөп.

Виртуальнай каарта «Транспортная карта Якутии» (АСОП) мобильнай сыһыарыыга босхо оҥоһуллар.

Ханна туттабыт

Дьокуускай, Нерюнгри, Ньурба куораттарга, куорат таһынааҕы нэһилиэктэргэ

Харчы угуута уонна бэрэбиэркэлээһин

АЭБ терминаллара, «Транспортная карта Якутии» (АСОП) сыһыарыыга уонна АЭБ офистарыгар бэрэбиэркэлиэххитин сөп. Айаҥҥыт историятын эмиэ бу сыһыарыыга көрүҥ.

Чэпчэтиинэн туһанар гражданнарга Социальнай каарта

Бэриллибит каартанан ыйга хааччаҕа суох төһө баҕарар айанныаххын сөп.

2021 сыл тохсунньу 1 күнүттэн – ыйга 494 солкуобай. 

Ханна туттабыт

Дьокуускай куорат уонна куорат кытыытынааҕы нэһилиэктэр оптуобустарыгар

Ханна оҥорторобут

Алмаасэргиэнбаан офистарыгар, Дьокуускай куорат нэһилиэнньэ социальнай көмүскэлин уонна үлэ Управлениетыгар

Көннөрү баан каартата

Айан төлөбүрэ – 30 солкуобай

Айан уонна төлөбүр историята

Лайфхак: Lk.informseti.ru сайтка айаҥҥын, төлөбүргүн уонна төһө иэстээххин көрүөххүн сөп.

«Пригородный» уонна «Пригородный Плюс» айан каарталара

Пригородный – ыйга 2 500 солкуобайга хааччаҕа суох төһөнү баҕарар айанныыгын (Жатайтан ураты), “ЯПАК” МУТ оптуобустарыгар эрэ.

Пригородный Плюс – ыйга 3 000 солкуобайга хааччаҕа суох айанныыгын (Жатайы киллэрэн туран), “ЯПАК” МУТ оптуобустарыгар эрэ.

Ханна туттабыт

«Пригородный» – Жатайтан ураты

«Пригородный+» – “ЯПАК” МУТ оптуобустарыгар куорат иһигэр уонна кытыы нэһилиэктэргэ эрэ айанныаххытын сөп, манна Жатай киирэр.

Хантан ылабыт

Автовокзалга баар АЭБ терминалларыгар, Тулагыга, Хатаска, Кангалааска, Жатайга, автовокзал каассаларыгар.

Төһө айан хаалбытын бэрэбиэркэлээһин

АЭБ терминаллара, «Транспортная карта Якутии» (АСОП) сыһыарыыга уонна АЭБ офистарыгар бэрэбиэркэлиэххитин сөп. Айаҥҥыт историятын эмиэ бу сыһыарыыга көрүҥ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...