18.03.2021 | 12:20

АЙААЛ ЕГИНОВ: “ҮЛЭМ СААМАЙ СҮРҮН ИРДЭБИЛЭ – ЭППИЭТИНЭС”

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Куорат ыалын араас кыһалҕата элбэх. Ол курдук, олорор кыбартыыраҕар уу баран хаалар, канализация үлэлээбэт, бөххүн кэмигэр тиэйбэттэр, аны туран, суол-иис туруга мөлтөх, бэйдиэ сылдьар ыттары дьаһайыы, остуолбалар уоттара умайбат, о.д.а. бэрт элбэх кыһалҕаны туоратар, быһаарар куораппытыгар сүрдээх эппиэтинэстээх тэрилтэ баар. Нэһилиэнньэ дьиэтигэр-уотугар, уулуссаҕа, таһырдьа, тэлгэһэтигэр буоллун – туох да харгыһы, мэһэйи көрсүбэтин туһугар үлэлии-хамсыы олорор “Куорат хаһаайыстыбатын үлэлэтэр сулууспа” МКТ салайааччыта Айаал Анатольевич Егинов – биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт.

– Айаал Анатольевич, кэпсэтиибитин төрөппүттэргиттэн, кииниҥ түспүт сириттэн саҕалыахха.

– Мин 1984 сыллаахха Аммаҕа күн сирин көрбүтүм. Ийэм Сардаана Дмитриевна Егинова – саха тылын учуонайа, наука кандидата, аҕам Анатолий Еремеевич Егинов эмиэ саха тылын учуутала. Бэйэм бастакы кылаастан куоракка үөрэммитим, 7-с оскуоланы бүтэрбитим. Оскуола кэнниттэн Ураллааҕы судаарыстыбаннай техническэй университекка туттарсан киирбитим. Онно үөрэнэ сылдьан икки идэни баһылаабытым: “Сылааһынан, гааһынан хааччыйыы” уонна “Вентиляция инженера уонна тэрилтэ экономиһа”. Үөрэхпин 2006 сыллаахха ситиһиилээхтик бүтэрбитим. Устудьуоннуур кэммэр куруусчутунан, поварынан, инженер-проектировщигынан үлэлээбитим. Дойдубар төннөн, кыра тэрилтэҕэ гаас ситимин тутуутугар маастарынан, прорабынан, инженеринэн үлэлээбитим. Ол кэнниттэн 2007-2018 сс. “Сахатранснефтегаз” тэрилтэҕэ олус үчүгэй үлэ уонна олох оскуолатын ааспытым. Махтаныахпын баҕарабын Романов Владимир Петровичка, Гоголев Александр Васильевичка, Макаров Иван Константиновичка. Онно 1 категориялаах специалистан салайааччыга диэри үүммүтүм. 2018 сыллаахха “Дирекция Стройсельгазификация” судаарыстыбаннай унитарнай тэрилтэ дириэктэринэн анаммытым. Онтон 2019 сылга Канадаҕа баран квалификациябын үрдэтэн, үөрэхпин бүтэрэн төннүбүтүм уонна куоракка муниципальнай казеннай тэрилтэҕэ салайааччынан анаммытым.

– Оҕо сааһыҥ саамай умнуллубат түгэннэриттэн санаан ааһыахха эрэ.

– Мин оҕо сааһым студгородокка ааспыта. Ийэм преподаватель буолан, биһиги 21-с куорпуска, уопсай дьиэҕэ олорбуппут. Преподавателлэр оҕолоро бары эйэ-дэмнээхтик улааппыппыт. Онно туох баар муннугун барытын билэбин диэххэ сөп. Чугастыы 14-с оскуолаҕа барбытым. Бу санаатахпына, ийэлээх аҕабын кытта бары бииргэ тэлэбиисэр көрөрбүтүн, кинигэ ааҕарбытын, оҕо-оҕо курдук мэниктиирбин сөбүлүүр этим.

Ойор күннээх кэрэ сааһым биир үтүө өйдөбүлүнэн, кэрчик кэминэн эһэм туһунан ахтан ааһыахпын баҕарабын. Эһэм Дмитрий Николаевич Гаврильев – краевед-суруйааччы. Кини үлэлиирин, үлэҕэ сыһыанын көрөн улааппытым. Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылаахтарын туһунан кинигэлэри суруйара, ким ханна өлбүтүн, көмүллэ сытарын архыыптарга хасыһан, быһаарсан уонтан тахса кинигэни таһаарбыта. Дьон-сэргэ кинини дириҥник ытыктыыр. Дьоҥҥо көмөтө  элбэх, эһэбин сүрдээх элбэх киһи билэр, мин онон киэн туттабын. Кини дьиэтигэр хара сарсыардаттан киэһээҥҥэ диэри үлэлиирэ өйбөр хатанан хаалбыт. Туһунан кабинеттаах, аны хайаан даҕаны рубашкалаах, жилеттээх буолара. Уонна дьэ олорон эрэ ыстатыйаларын суруйара. Эһэм 2012 сыллаахха суох буолбута. Эдэрчи көрүҥнээҕэ, сүрдээх ыраас, сырдык хааннаах, чэбэр киһи этэ. Эһэм библиотеката билигин да Аммаҕа баар. Туох баар эйгэҕэ сыһыаннаах, история, наука, култуура, классика, о.д.а. буоллун. Биһиги дьиэ кэргэн, уопсайынан, кинигэни наһаа убаастыыбыт, эһэм, ийэм, эдьиийим, мин, билигин кыыһым эмиэ умсугуйан туран ааҕабыт.

Аммаҕа куруук сайылыы тахсарым, дуоһуйа сөтүөлээн, сир астаан. Төһө да куорат уола буолларбын, кыра эрдэхпиттэн хас сайын аайы аймахтарбытыгар, Чурапчыга, Аммаҕа от оттуур этим. Биир сайын, ахсыһы бүтэрэн баран, Үлэ геройа, Гаврил Семенов звенотугар Абаҕаҕа сайыны быһа атынан оттообуппут. Күн аайы 20-тэн тахса улахан оту кэбиһэр этибит. Дьэ ол баар этэ, күүстээх үлэ диэн.

Эн билигин куорат хаһаайыстыбатын биир тутаах салайааччыта буолаҕын. Үлэҥ саамай ыарахана туохха сытарый?

–Саамай ыарахана диэн эппиэтинэс. Биһиги үлэбит туох баар эйгэҕэ барытыгар көстөр. Киһи дьиэтиттэн тахсыан инниттэн биһиги үлэбитин көрөр: сылаас, тымныы уу кэлэр, канализацията үлэлиир, дьиэтэ сылаас, уот баар – ити барыта куорат коммунальщиктарын үлэтин түмүгэ, подьеһыгар үктэннэ даҕаны – ырааһын, сырдыгын барытын бэлиэтиир. Салгыы уулуссаҕа таҕыста даҕаны, остуолба сырдыгын, хаарын, бөҕүн ыраастаабыттар дуу, кэмигэр хомуллубут дуу. Итиннэ барытыгар куорат сүрүн коммунальнай сулууспалара үлэлииллэр. Туох эрэ саахал таҕыстаҕына, ханна эрэ балаһыанньа мөлтөөтөҕүнэ, бастакы уочарат мин бэйэм кыһалҕам курдук ылынабын.Онон төһө кыалларынан туох баар күүспүн ууран туран, куорат бары тэрилтэлэрин түмэн биһиги ол кыһалҕалары быһаарарга кыһаллабыт.

Тэрилтэбит туһунан кэпсиир буоллахха, ОДьКХ өттүнэн, барытынан дьарыктанар. Биир сүрүн хайысхабытынан куорат 285 км уһуннаах суолларын ыраастааһын, көрүү-истии, тротуардары, тохтобуллары, светофордары дьаһайыы – ити барыта биһиги испитинэн ааһар. “Якутдорстрой” диэн тэрилтэни кытта сөбүлэҥ түһэрсэммит (манна куорат харчы тыырар), кинилэр үлэлэрин тутабыт, хонтуруоллуубут, кинилэргэ туһунан соруктары быһааран биэрэбит. Ону таһынан куорат уулуссаларын сырдатыыга эмиэ биһиги сулууспабыт үлэлиир. Бу куоракка баар 13 тыһыынчаттан тахса лаампа, уотун, харчытын төлөөһүн, барытын кэмигэр уларытыы, өрөмүөнү ыытыы барыта биһигинэн ааһар. Манна биһиги “Горсвет” диэн муниципальнай тэрилтэни кытта сөбүлэҥ түһэрсэн үлэлиибит. Эмиэ сорудах биэрэбит, үлэлэрин хонтуруоллуубут, сүрүн соруктарын быһаарабыт. Ону таһынан куоракка 850 км тахса хаһаайына суох инженернэй коммуникация баар. Атыннык эттэххэ, уу, уот, сылаас трассата, канализация, күөх төлөн ситимэ, ону биһиги бу эппиэтинэстээх сулууспа быһыытынан анал тэрилтэлэри кытта дуогабардаһан, өрөмүөннүүр бырагыраама, эксплуатация боппуруостарын быһаарабыт. Ол биһиги эмиэ сүрүн туспа хайысхабыт буолар. Ону таһынан куорат дьиэни салайар хампаанньаларын кытта ыкса үлэлэһэбит. Биһиэхэ, билэргит курдук, сокуон быһыытынан элбэх кыбартыыралаах дьиэлэргэ хапытаалынай өрөмүөн оҥоһуллуохтаах, онно “Фонд капитального ремонта” диэн региональнай оператор баар. Ол быһыытынан өрөмүөн таас уонна үчүгэй туруктаах эрэ дьиэлэргэ көрүллэр. Онтон биһиэхэ, куоракка, 1800 кэриҥэ дьиэ 70 бырыһыантан үөһэ туһатыттан тахсыбыт туруктаахтар, сотору көтүрүллэр, эргэ дьиэлэргэ сокуон быһыытынан бу пуонда өрөмүөн оҥорбот. Биллэн турар, бу дьиэлэр сылын аайы туруктара мөлтөөн иһэр. Ону өйүүргэ, куорат дьиэни салайар тэрилтэлэргэ көмө аныыр. Чуолаан, элбэх толору хааччыллыыта суох дьиэ баар Строительнай, Промышленнай уонна Сайсары уокуруктарыгар үлэлиибит. Аны бөх кутар балаһааккалары оҥоробут, былырыын биһиги 66-ны оҥорбуппут, быйыл 180 былаанныыбыт. Сылын аайы бөх кутар контейнердары туруорабыт. Онон үлэлиир хайысхабыт олус киэҥ.

Былырыыҥҥыттан Хатас сыбаалкатын рекультивациятын саҕалаатыбыт, туох баар бөҕүн барытын таһаарбыппыт, быйылгыттан биологическай түһүмэххэ көһүөхтээхпит. Ити түөрт сыллааҕы үлэ. Ону таһынан Бүлүү трагын полигонун рекультивациятыгар ОДьКХ министиэристибэтин кытта үлэлэһэбит. Кыһалҕалар бааллар, барыта кэмигэр быһаарыллаллар.

Биһиги тэрилтэбитинэн миллиартан тахса суума ааһар. Куруук счетнай палата, ревизионнай уорган бэрэбиэркэлиир. Биһиги, этэргэ дылы, харах далыгар сылдьабыт. Ол да буоллар, сүрүн бэрэбиэркэлээччилэрбитинэн куорат олохтоохторо буолаллар.

Холобур, суол өрөмүөннэннэ да, дьон тута көрөр, хаачыстыбатын быһаарар. Ол курдук уулуссаны сырдатыыга эмиэ. Барыта хаачыстыбалаах, ирдэбилгэ эппиэттиир буоллаҕына дьон астынар, үлэбитин хайҕыыр. Бөх кутар саҥа контейнердары туруорбуппут, элбэхтэн биир эмит астымматах киһи баар буолуон сөп. Ол да буоллар үгүстэр үөрэллэр, махтаналлар, тоҕо диэтэххэ түмүгэр, дьон олохторун чэпчэтэр буоллахпыт дии.

– Кэнники кэмҥэ ханнык улахан кыһалҕаны быһаарбыккытый? Салайааччы быһыытынан онуоха эн тугу оҥордуҥ?

–Биһиги үлэбит быһыытынан, күн аайы дьон кыһалҕатын быһаарабыт. Анаан биири этэргэ уустук курдук. Соҕотох киһи манна тугу да кыайбат, муниципальнай тэрилтэҕэ, бүддьүөтү кытта үлэлиир тэрилтэҕэ бүтүн хамаанда, элбэх киһи үлэлиир. Онон бэйэм соҕотоҕун ханнык эрэ кыһалҕаны быһаарбытым диирим табыгаһа суох.

Бүтэһик кыһалҕалар диир буоллахха, Хатаска уонна Мархаҕа элбэх оҕолоохтор учаастактарыгар күөх төлөн ситимин тардыбыппыт. Барыта 2000-тан тахса учаастак күөх төлөҥҥө холбонно. Ону таһынан бөх хомуйуутун хайысхатыгар улахан ситиһиилээхпит дии саныыбын. Ол курдук былырыын 607 бөх тоҕор контейнер туруорбуппут. Уонна аан бастакынан диэххэ сөп, сыана өттүнэн чэпчэкитик тахсар типовой бырайыак диэни оҥордубут. Ол бырайыакпыт суолтата диэн бетонтан кутуллубут 2 да 2 миэтэрэлээх билиитэ, маны конструктор курдук хомуйан ылан ханна баҕарар көһөрө сылдьыахха сөп. Холобур, биһиги мээнэ бетонунан кутуохпутун сөп этэ. Оччоҕо ол бетон онно таастыйан үйэ-саас тухары сытан хаалар. Ол иһин биһиги “инновационнайдык” быһааран билиитэ оҥоруохха диэн толкуйдаабыппыт. Онон ол билиитэбитин көһөрөн ылабыт уонна атын сиргэ илдьэн туруорабыт. Бу биһиги хамаандабыт, кэллиэгэлэрбит биир улахан ситиһиилэрэ дии саныыбын. Ити үлэбит түмүгэ икки-үс сылынан үчүгэйдик көстүөҕэ. Тоҕо диэтэххэ, ити билиитэлэр быраҕыллыбаттар, хаһан баҕарар туһаныллыахтара, олус бөҕөлөр, 30 см халыҥнаах, хапытаалынай оҥоһуулаахтар.

– Үлэҕэр ханнык ситиһиилэринэн киэн туттаҕын. Тоҕо? Онуоха туох көмөлөспүтэй?

– “Сахатранснефтегаз” тэрилтэтигэр үлэлии сылдьан биир саамай киэн туттуум диэн хамаандабын кытта “Биир кэлим түннүк” (“Единое окно”) диэни тэрийбиппит буолар. Түгэнинэн туһанан, бииргэ үлэлээбит дьоммор Сорокин Егор Викторовичка, Боярова Вера Васильевнаҕа, Прохорова Туйаара Мироновнаҕа, Луковцев Станислав Иннокентьевичка, Штоль Алена Сергеевнаҕа уо.д.а. махтаныахпын баҕарабын. Ити саамай сүрүннээн үлэни ыыппыт дьоннор. Кинилэр буоламмыт биһиги “Биир кэлим түннүгү” тэрийбиппит. Урут гааска холбонорго эн хас да кабинеты атаҕыҥ элэйиэр, күүһүҥ эстиэр диэри сүүрүөххүн-көтүөххүн наада этэ. Билигин биир сиргэ докумуоҥҥун туттараҕын уонна онтон кэлэн ылаҕын. Кими да эккирэппэккин, кабинеттары, тэрилтэлэри кэрийбэккин. Биир сиргэ көмө ыллыҥ, бардыҥ. Олохпор бүгүҥҥү туругунан, бу биһиги биир улахан ситиһиибитинэн ааттыыбын. Онтон билигин бэйэм астынабын, дуоһуйабын. Онон бу элбэх киһиэхэ туһалаабыт, туһалыы да сылдьар буолуохтаах.

-–Мас дьиэлэргэ туруоруллубут баһаарынай сигнализациялар төһө эппиэттэһэллэрий?

– Олус туһалаан бөҕө буоллаҕа. 2018 сылтан ылыллыбыт бырагырааманан мас дьиэлэргэ баһаарынай сигнализация күүстээхтик туруоруллубута. Ол курдук, 2019 сылга – 193, 2020 сылга – 199 уонна быйыл 200 туруорар былааннаахпыт, бүддьүөккэ бу сыалга диэн сылын аайы харчы көрүллэр. Бүгүҥҥү туругунан 621 дьиэҕэ сигнализация наада. Мин тус бэйэм манна үлэлии сырыттахпына, кырата 4 баһаары туораппыппыт. Биһиги билэрбитинэн 60-ча умайыы тахсыахтааҕа, баһаарынай сигнализация көмөтүнэн туоратыллыбыта. Онон үс сылынан туох баар мас дьиэлэри хааччыйыахтаахпыт диэн бигэ эрэнэбит.

– Бары билэрбит курдук, быйыл олус уһун тымныылар турдулар. Онуоха куорат хаһаайыстыбата сүрдээх бэлэмин көрдөрдө, улахан саахал тахсыбата. Манна эмиэ эһиги тэрилтэҕит өҥөтө кырата суох буолуохтаах.

– Үлэ билигин да бара турар, олох бүтэ иликпит, этэҥҥэ туораатыбыт диэн бигэтик эппэппит. Олус уустук балаһыанньа буолбута, хаһан да буолбатах тымныы кыһын ааста. Сорох ардыгар тымныылары тулуйбутуҥ, халлаан сылыйбытын кэннэ саахал тахсан хаалар түбэлтэтэ эмиэ баар буолар, ол иһин этэҥҥэ кыстаатыбыт диэн улаханнык саҥарбаппын. Нууччалыы эттэххэ, “задвижкабытын” муус устарга биирдэ сабабыт, онно дьэ “һуу” диэхпит. Билигин үлэ син биир бара турар, аварийнай быһыы-майгы ханна эмит үөскүүр, ону биһиги тутатына быһааран иһэбит.

– Хаһан эмит, урут да буоллун, сыыһа быһаарыныы ылбытыҥ дуо? Билиҥҥи уопуккунан салайтардаххына, оччолорго хайдах гыныаҥ этэй?

– Сыыһа быһаарыныыны ылан бөҕө буоллаҕа, сыыспат киһи диэн, мин санаабар, суоҕа буолуо. Атын өттүттэн көрдөххө, ол быһаарыылар баар буоланнар билигин манна кэлэн олордоҕум. Мин санаабар, кылаабынайа онтон сөптөөх түмүгү таһаарыахха наада. Сыыһа баара үчүгэй, ону оҥорон сайдыыбын түстүүбүн, олохпун, үлэбин атыннык тыырабын, сыыһалартан хатарыллан тахсабын.

– Барытын ситиһэргэр эйиэхэ салайааччы быһыытынан туох көмөлөһөрүй, тугу туһанаҕын, тутуһаҕын?

– Бастатан туран, эрэллээх хамаандам, бииргэ үлэлиир кэллиэгэлэрим, олус үрдүк таһымнаах профессионаллар ыксалаһа сылдьаллар, ону таһынан миэхэ көмөлөһөрүм диэн күн аайы былаан оҥостуута. Үлэбэр эрдэ кэлэбин, күммүн барытын былааннанан бараммын, киэһэ тугу ситиспиппин уонна ситиспэтэхпин анаалыстыыбын. Уопсайынан, барытын ымпыгар-чымпыгар тиийэ былаанныырбын сөбүлүүбүн. Толордум, оҥордум да астынабын, дуоһуйабын, онтон дьоллонобун.

– Кэллиэгэлэргэр ханнык кинигэни ааҕалларыгар сүбэлиэҥ этэй, тоҕо?

– Кэнники аахпыппыттан Дейл Карнеги “Как завоевать друзей” диэн кинигэни сүбэлиэм этэ. Бу кинигэ дьону кытта сыһыаны хайдах олохтуурга ыйар-кэрдэр, элбэх ньыманы ырытар. Ону таһынан Доктор Джо Диспенза “Сила подсознания” диэн кинигэ сыалгын хайдах ситиһэргин быһаарар. Саха суруйааччыларыттан В.С. Яковлев-Далан  “Тыгын Дархан”, “Бүтэй Бүлүү” романнарын ааҕалларыгар сүбэлиибин. Биһиги норуоппут култууратын, олоҕун сырдатар кинигэлэр.

– Үлэттэн арыый туораан, аны дьиэ кэргэниҥ туһунан ааҕааччыларга билиһиннэриэҥ дуо?

– Биһиги үс оҕолоохпут. Улахан кыыһым Сардаана Өрөспүүбүлүкэтээҕи лицейгэ 9-с кылааска туйгуннук үөрэнэр. Уолум Айтал 31-с оскуолаҕа 6-с, кырабыт Күннэй эмиэ бу оскуолаҕа  2-с кылаас үөрэнээччилэрэ. Биһиги куораттан тэйиччи олоробут, онон кэргэним Татьяна билигин оҕолорун көрөн олорор, куруһуоктарга сырытыннартыыр, дьиэтин-уотун бэрийэр.

– Саха эр киһитэ уһанар, бултуур диэн булгуччулаах курдук. Эн иллэҥ кэмҥэр тугунан дьарыктанаҕын?

– Мин булчут буолбатахпын, балыксыппын диэххэ сөп. Чугас дьоммун, доҕотторбун кытта чугастыы Хатас таһыгар Өлүөнэ өрүскэ балыктыыбыт. Кыһынын, саас муус аннынан балыктыыбыт, сайын – күөгү уонна спиннинг. Ону таһынан үлэм кэнниттэн чааһынай дьиэҕэ олорор киһи быһыытынан түбүгүм элбэх, дьиэбин куруук оҥостобун, уһанабын. Былырыын уоппускам кэмигэр аҕа кынныбын кытары тамбур уонна веранда туппуппут, сотору халлаан сылыйдаҕына онно тахсан чэйдиэхпит. Быйылгы былааҥҥа хоспох тутуута баар.

– Ийэҥ Сардаана Дмитриевна элбэх устудьуону саха тылын сүөгэйигэр, сүмэтигэр үөрэппитэ, ол быыһыгар миигин эмиэ. Кини лекциялара олус үчүгэйдик ааһаллара, наһаа көтөҕүллэн ис-иһиттэн кыһаллан билиини биэрэрэ, иннибитигэр кэпсии турара билигин да харахпар көстөр. Бу сааскы күннэргэ ийэҕин хайаан да санаан ааһарбыт тоҕоостоох.

– Ийэм барахсан 2014 сыллаахха олунньу 12 күнүгэр баара-суоҕа 50 сааһыгар суох буолбута. Мин ийэбэр соҕотох оҕобун, онон да буолуо, олус дириҥник ылыммытым. Дьонум кыра эрдэхпинэ арахсыбыт буоланнар, миигин ийэм соҕотоҕун иитэн таһаарбыта. Кини куруук тыыннаах холобур буола сылдьар. Монографиятын суруйан бүтэрбитэ, докторскайын түмүктээн, көмүскүүрэ сыл аҥаара эрэ хаалбыта...

Саха тылын декадатыгар, Төрөөбүт тыл, сурук-бичик күнүгэр алтыс сылын ийэм дьүөгэлэрэ, кэллиэгэлэрэ, Людмила Степановна Ефимова, Варвара Борисовна Окорокова, Гаврил Гаврильевич Филиппов, эдьиийим Мария Дмитриевна Гаврильева, биһиги дьиэ кэргэн конференция ыытабыт, саха тылын кафедратын туйгун үөрэнээччилэрин бэлиэтиибит, мин бэйэм ааппыттан анал истипиэндьийэ олохтуубун. Ол курдук үстүү устудьуоҥҥа уоннуу тыһыынча солкуобай харчыны ийэм аатынан аныыбын. Быйылгы конференция эмиэ үрдүк тэрээһиннээхтик ааста. Национальнай библиотекаҕа онлайн форманан ыыппыппыт. Онон ийэм сырдык кэриэһин салгыырга бу кыра кылаатым буолар. Оҕолорбор эбэлэрин туһунан кэпсии сылдьабын, кини үтүө холобуругар иитэбин, сырдык өйдөбүл хаалларарга кыһаллабын. 

– Дьиэ кэргэн түмсүүлээх, эйэлээх буоларыгар ким ордук улахан оруоллааҕый?

– Мин санаабар, бары тэҥ оруоллаахтар. Оҕо сылдьан бэйэбэр бигэтик эппитим, оҕолорум толору дьиэ кэргэҥҥэ улаатыахтаахтар, иитиллиэхтээхтэр диэн.

– Бэйэҕин атыттарга холобур оҥостор киһибин дии сананаҕын дуо?

- Оҕолорбор холобур буола сатыыбын, ордук уолбар. Төрөппүт буолар диэн улахан эппиэтинэс, онон бэйэм үлэҕэ, дьиэ хаһаайыстыбатыгар сыһыаммынан оҕолорбор холобур буолабын. Кинигэни сөбүлүүрүм улахан кыыспар бэриллэн, билигин миигиттэн элбэҕи ааҕар.

– Дьиэ кэргэниҥ, оҕолоруҥ үлэҕэр хайдах сыһыаннаһалларый?

– Чугас дьонум, оҕолорум, кэргэним өйүүр эрэ буолан маннык сырыттаҕым. Биһиги сороҕор өрөбүлэ суох үлэлиибит, саахал таҕыстаҕына түүннэри да барабыт. Ол иһин кэргэммэр махтанабын, өйүүрүттэн, өйдүүрүттэн, онон кинилэр кылааттара улахан дии саныыбын.

– 20 сылынан бэйэҕин хайдах көрөҕүн?

– Оччолорго 56 саастаах, биэнсийэҕэ тахсаары сылдьар киһи буолабын. Этэҥҥэ сырыттахха, эһээ буолан, сиэннэрбин бүөбэйдэһиэм, көрүөм-истиэм. Оччолорго да үлэ үөһүгэр баар буолуом дии саныыбын. Ханнык эйгэҕэ үлэлии сылдьарбын билигин этэр кыах суох, биир баҕа санаам туоллаҕына аан дойдуну кэрийэ сылдьар буолуохпун сөп.

– Куорат олохтоохторугар баҕа санааҥ.

–Баҕарыам этэ туохха барытыгар хаһаайынныы сыһыаннаһалларыгар. Ким эрэ атын сиргэ бөҕү тоҕо турар буоллаҕына сэмэлээн дуу, тустаах сулууспаларга эрийэн дуу туораталларыгар. Хас биирдии киһи олорор сиригэр хаһаайыммын дии сананнаҕына эрэ куораппыт уларыйар кыахтаах. Ыраас сиргэ олорор санааҕар да үчүгэй буоллаҕа, оччоҕо эрэ куораппыт уларыйыа, сайдыа этэ.

– Айаал Анатольевич, түбүктээх үлэҕиттэн быыс булан кэпсэппиккэр махтанабын. Өссө үрдүк ситиһиилэри, кыайыылары,  былааннаргыт олоххо киирэн иһэллэригэр баҕарабын.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...