Атырдьах ыйыгар сокуоҥҥа уларыйыылар
Пенсиялаах үлэһиттэргэ
Атырдьах ыйын 1 күнэ — үлэлиир пенсиялаахтарга харчыларын үгэс буолбут уларытан ааҕыы. Ханнык да сайабылыанньа суруйар наадата суох, икки усулуобуйаны тутуһуохтааххын — үлэлиэхтээххин уонна пенсионнай фондаҕа усунуос төлүөхтээххин (маны үлэ биэрээччи толоруохтаах).
Өскөтүн пенсия 2021 сыл тохсунньу 1 күнүн кэнниттэн оҥоһуллубут буоллаҕына, үлэлиир пенсионардар быйыл атырдьах ыйыгар эбии харчыны ылыахтара суоҕа — ааспыт сыллаахха пенсия коэффициена ааҕыллыбыт. Маннык түгэҥҥэ эбии харчыны 2022 сыллаахха ылаҕыт.
Ол эбилик хас биирдиигитигэр араас, саамай үрдээбитэ — 296 солкуобай.
Төрөппүттэргэ – 10 тыһыынча
Атырдьах ыйын 2 күнүттэн үөрэнээччилэр төрөппүттэрэ биир кэмнээх 10 тыһыынча кээмэйдээх босуобуйа ылыахтара. Ити туһунан муус устарга президент эппитэ, оттон Арассыыйа цифровой сайдыыга, сибээскэ уонна маассабай коммуникацияларга Министиэристибэтэ от ыйыгар төрөппүттэргэ ити үбү ыларга сайабылыанньалары ыыппыта. 6-тан 18-гар диэри саастаах оҕолордоох (сорох түгэннэргэ —23-гэр диэри) төрөппүттэр ыыппатах буоллахтарына «Госуслугаҕа» тиийиэхтэрин сөп.
Чөл олоҕу талбыттарга туспа ааҕыылар
Атырдьах ыйыттан спордунан дьарыктанааччыларга нолуоктан көҕүрэтии сокуона киириэхтээх. Депутаттар ылыммыт, президент илии баттаабыт докумуоннарыттан өйдөнөрө ити. Сурукка ханнык өҥөҕө, хаһан төлөнөрүн туһунан туох да чопчу быһаарыы суох. Биллэринэн, ити 2022 сыллааҕы дохуоккуттан көрүллүөхтээх. Фитнес-кулууп абонемена сөп буолара — өйдөммөт. Спорт министиэристибэтэ ханнык тэрилтэ итинник ыспараапканы биэрэр испииһэгин өссө оҥорбокко сылдьар.
Спордунан дьарыктаныы социальнай нолуоктан көҕүрэтии иһигэр киирсэр, онно эмтэниигэ, үөрэҕи ыларга уо.д.а. буолуон сөп. Муҥутаан улааппыта — 120 тыһ.солкуобай, туттубут харчыгыттан 13%-нын туталлар. Төһө ороскуоттаммыккын барытын төннөрбөттөр, ити эрдэ төлөөбүт нолуогуҥ суумматыгар сөп түбэһиэхтээх. Ол аата, өскөтүн нолуогу аҕыйаҕы төлөөтөххө, харчыҥ сороҕун төннөрүөхтэрэ. Оттон нолуоккун төлөөбөтөххүнэ, ааҕыллыбат.
Биирдэ спортан кэлэр харчыны ааҕа сатаабыппыт да, чуолкайдаабатахпыт. Онон саҥа инструкция туһунан ити боппуруостар дьэҥкэрдэхтэринэ хайаан да суруйуохпут.
Сынньаныы быраабылата кытаатта
Краснодарскай кыраай курортарыгар вакцина ылбыт сертификаккын илдьэ барар ордук.
Кубань сынньана кэлэр дьоҥҥо быраабыланы эмиэ кытаатыннаран биэрдэ. Билигин санаторийга, гостиницаҕа, кемпиҥҥэ быһыы ылбыт эрэ дьону киллэриэхтэрэ. Быһыыҥ суох буоллаҕына — кэлбитиҥ кэнниттэн үс суукка иһигэр туруортарыахтааххын.
Атырдьах ыйын 9 күнүттэн Арассыыйа Египет курортарыгар — Хургада уонна Шарм-эш-Шейх сөмөлүөт сырыытын сөргүттэ. Бастаан Москваттан нэдиэлэҕэ биэстэ рейстэр көтүөхтэрэ. Көтүүлэр ахсааннарын элбэтии быһаарыыта кэлин биллиэ. Биллэринэн, Арассыыйа тоҕус авиахампаанньалара көҥүлгэ хабыстылар, олор истэригэр «Уральские авиалинии», S7, «Аэрофлот», «Победа», Nordwind бааллар.
ОСАГО техническэй көрүүтэ суох
Атырдьах ыйын 22 күнүттэн массыыналаах дьон ОСАГО полиһын ыларга техосмотр барартан босхолонуохтара.
Уулуссаҕа тыастаах-уустаах реклама тохтотуллар
Итинник сокуону ылыныы тыаһы-ууһу элбэхтик истэр дьоннор олохторо ыарахан диэн билинэллэр.
Атырдьах ыйын 25 күнүттэн тас эркиннэргэ, дьиэ үрдүнээҕи тутууларга тыаһы улаатыннарар колонкаларынан арыалланар рекламаны тарҕатыы бобуллар.
Тыастаах реклама наһаа киһини сылатар уонна дьон үлэлииригэр, сынньанарыгар куһаҕаннык дьайар диэн быһаардылар. Ити нэһилиэнньэ ортотугар тыҥааһыны үөскэтэр, киһи күнү быһа биир хос-хос хатыланар рекламаны тохтоло суох истэргэ күһэллэр.
Тас дойду олохтоохторугар виза чэпчиэҕэ
Атырдьах ыйын бүтэһик күннэригэр тас дойду олохтоохторугар туристыыр виза биэриитэ чэпчиэҕэ. Урут биир ыйга тиийэр кэмҥэ ылар буоллахтарына, дойдулар икки ардыларыгар сөбүлэһии түһэрсибиттэр сыл аҥарынааҕы визаны ылыахтара. РФ иһигэр олорууга бигэргэммит бронь ирдэниллэр.
Лааҕырдарга кешбэк программата түмүктэннэ
Атырдьах ыйын бүтүүтэ Ростуризм сайыҥҥы лааҕырдарга сынньаныы харчытын төннөрүүнү тохтотор.
Программа ыам ыйын бүтүүтүттэн саҕаламмыта, ол быһыытынан путевка 50%-нын төннөрүөххэ сөбө, ол эрээри 20 тыһыынчаттан ордубат. Өскөтүн путевка чэпчэтиилээх буоллаҕына, төрөппүт бэйэтэ төлөөбүт харчытын аҥара төннөр.
Ити программа атырдьах ыйын бүтүүтүгэр диэри салҕанар. Алтынньы 1 күнүттэн ахсынньы 24 күнүгэр диэри ханнык баҕарар региоҥҥа барыахха сөп. Ол иһигэр балаҕан ыйын биириттэн навигация бүтүөр диэри уунан айанныахха син. Программаҕа айан уонна икки хонукка диэри хонуу киирэллэр. Айан төлөбүрүн 20% -ын төннөрөргө (20 тыһыынчаттан ордуга суох) «Мир» карта уонна программаҕа регистрация наада.