07.05.2022 | 10:00

Атаах майгыта мэһэйдээбитэ

Атаах майгыта мэһэйдээбитэ
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Олус маанытык иитиллибит дьон олохторугар эрэйдэнэллэр дииллэрэ оруннаах.

Дария Ивановна (аата уларыйда):

– Бииргэ төрөөбүттэр сэттиэ этибит. Билигин бары сааһырдыбыт. Кыра балтыбыт мэлдьи биһиги бэлэммитигэр сылдьар. Оҕо эрдэҕиттэн атаахтык иитиллибитэ.  Төрөппүттэрбит оһоҕос түгэҕинээҕи оҕолорун, мурун бүөтэ кыыстарын сиэри таһынан маанылаабыттара. Дьыссаакка бары уочаратынан таһарбыт. Дьиэ иһигэр даҕаны кыра хотуммут тула илин-кэлин түһэрбит. Ас амтаннааҕа, минньигэһэ, таҥас-сап сиэдэрэйэ – барыта киниэхэ тиксэрэ.

Үлэ буолла да, Машабытын кыттыһыннарбат этибит. Дьиэ иһигэр-таһыгар улахаттар бэйэбит хачыгырыйарбыт. “Оҕону көлүйүмэҥ” диэн буолара, өрүү кини кырата, хачаайыта уонна доруобуйата мөлтөҕө ахтыллара. Оннук улааппыппыт.

Ити курдук Маша куруук далбарга сылдьарга үөрэнэн хаалбыта. Онто тус олоҕор мэһэйдиир курдуга. Дьону кытта дэбигис сатаспата, хаппырыыһынан аатырбыта, атаах майгытын сөбүлээбэттэрэ.

Мааны балтыбыт эдьиийдэр, убайдар көмөлөрүнэн орто үөрэҕи бүтэрбитэ. Уопсайга киириэн баҕарбатаҕа, онон улахан эдьиийбит бэлэмигэр олорбута. Устудьуоннуур сылларыгар оҕобут дьонтон итэҕэс таҥныбатын диэн бары уочаратынан харчы ыытарбыт. Үс сыл иһигэр колледжын хаста да быраҕа сатаан, ол айдаана этэ. Син муҥнаан-сордоон бүтэрбитэ.

Аны туран, үлэҕэ ананан тиийбит сиригэр уһаабатаҕа, биир кэллиэгэтин кытта тапсыбакка, төттөрү кэлбитэ. Онтон орто убайбыт кэпсэтэн киллэрбит тэрилтэтин сөбүлээбэтэх аатырбыта. Аҕабыт ырааҕынан аймаҕын чааһынай маҕаһыыныгар сыл курдук үлэлээт, уурайбыта. Итинник сааһын тухары чугас дьонун көрүүтүгэр-харайыытыгар сырытта. Дьэ, накаас.

Ыал буолбутун да кэннэ балтыбыт куруук биһиги көмөбүтүгэр наадыйара. Оҕолоро кыра эрдэхтэринэ көрсө тиийэрбит, элбэх оҕолоох ийэни анаан-минээн сынньатарбыт. Ийэбит хара өлүөр диэри сиэннэрин харайсыбыта, аҕабыт эмиэ кинилэри кытта олорсубута. Элбэх оҕолоох ыалга куруук көмөлөһөрбүт. Билигин даҕаны балтыбытын баарбытынан-суохпутунан өйүүбүт. Куоракка көспүттэрэ ыраатта, онон билиҥҥэ диэри этинэн, арыынан, отонунан хааччыйа олоробут.

Ол эрээри балтыбыт биирдэ да махтаммытын бу диэн өйдөөбөппүн. Арааһа, буолуохтааҕын курдук саныыр. Хара төрүөҕүттэн куруук оннук сырыттаҕа. Испитигэр хомойбуппут иһин, хайыахпытый, кыра балтыбыт буоллаҕа.  

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...