25.12.2020 | 17:21

Астролог Мария АЯНИТОВА: “ОҔУС СЫЛА ҮЛЭҺИТ ДЬОҤҤО ҮТҮӨНҮ АҔАЛЫА”

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Саҥа дьыл буолар алыптаах кэмигэр биһиги чараас эйгэҕэ, астрологияҕа, эзотерикаҕа итэҕэлбит күүһүрэр. Кэлэр сыл гороскобун, оҕус сыла хайдах буолуоҕун билэргэ, ааҕарга дьулуһабыт.

Биһиги хаһыаппытыгар дьоҥҥо киэҥник биһирэнэр астролог Мария АЯНИТОВА (@mariia_aianitova999) ыалдьыттыыр. Фэн-шуй туохха көмөлөһөр кыахтааҕый? Оҕус сылыттан тугу кэтэһэбит? Кэлэр сылга туохха бэлэмнэнэбит?

СУРУНАЛЫЫСТЫКАТТАН АСТРОЛОГИЯҔА

– Мария, эн бэйэҥ суруналыыстыка салаатын бүтэрбит эбиккин дии. Онтон хайдах астрологияҕа, фэн-шуйга кэлэн хаалбыккыный?

Дьиҥэ, мин кыра эрдэхпиттэн чараас эйгэни интэриэһиргиир этим. Инникини таайыы, астрология туһунан элбэҕи ааҕар этим. Оскуолаҕа бииргэ үөрэммит оҕолорум астрологическай бэлиэлэрин билиҥҥээҥҥэ диэри өйдүүбүн. Кинилэргэ ис дууһабыттан бэлиэлэрин туһунан тугу билбиппин уубар-хаарбар киирэн туран кэпсиир этим.”Эн балыккын, маннык майгылааххын, итинник майгылааххын” диэн кэпсээтэхпинэ, кырдьык, элбэх сөп түбэһии тахсааччы.

Астрология кинигэлэрин тута сылдьан, нойосуус билиэхпэр диэри ааҕар этим. 12 бэлиэ туһунан информацияны барытын иҥэриммитим. Онтон улаатарбар астрологияттан арыый да тэйэн, суруналыыстыка салаатыгар туттарсан киирбитим. Телевидениеҕэ үлэлээбитим. Устудьуоннуу сылдьан “Новый день” биэриигэ, онтон “Сэргэлээххэ” ыччат устуудьуйатыгар оҕо биэриитигэр редактордаабытым, “Биһикчээҥҥэ” режиссердаабытым.

Ол үлэлии сылдьан, бу идэм миэнэ буолбатах эбитин дьэ өйдөөбүтүм. Биллэн турар, суруналыыстыка наһаа интэриэһинэй үлэ. Киһи чуҥкуйбат, айар аартыгыҥ арыллан иһэр. Ол эрэн бу барыта миэнэ буолбатаҕын, мин миссиям олох атын буоларын сэрэйэр этим.

Мин миссиям арыый дириҥ соҕус буолуохтаах диэн өйдүүр этим. Астрология дуу, фэн-шуй дуу буолуоҕун сэрэйбэт да этим. Оччолорго үп-харчы да өттүгэр ыктарыы баара, дьиэ кэргэммэр сыһыаммыт мөлтөөн барбыта. Ол барыта миигин бэйэм духуобунай сайдыыбын саҕалыырбар тирэх буолбута.

Фэн-шуйунан үлүһүйэн барбытым. Ол саҕана наһаа элбэх киһи фэн-шуйу туһанан олоҕун уларытар буолбута. Үксүлэрэ баай-байылыат олохтоох, олох бары эйгэтигэр ситиһиилээх дьон этилэр. Ол иннинэ мин фэн-шуйга соччо итэҕэйбэт этим.

Бэйэбин булаары, уйулҕабын уоскутунаары араас суолу була сатаабытым. Көрдөхпүнэ, Фэн-шуй дьоно наар үөрэ-көтө, өрө көтөҕүллэ сылдьаллар этэ. Мин эмиэ бэйэм испэр итэҕэли, духуобунай дуоһуйууну үөскэтиэхпин баҕарбытым. Элбэҕи аахпытым.

Бастакы сылдьыбыт семинарым бацзы туһунан этэ, тугу түбэһэ көрбүппэр суруйтарбытым. Ол семинар кэннэ өйүм-санаам, олоҕум тосту уларыйбыта. Киһи бэйэтин олоҕун бэйэтэ оҥосторун, төрөөбүт даатабар куһаҕан сыыппара баар да буоллаҕына, ону уларытыахха сөбүн, тупсарар кыахтаахпын өйдөөбүтүм. Бэйэм картабар үчүгэй комбинациялары, бэлиэлэри булбутум.

“Дьылҕам оннук эбит” диэн баран сүүрүк хоту устан иһэр сыыһа эбит. Киһи бэйэтэ дьылҕатын суолун салайыныахтаах, олоҕун тупсарыахтаах.

Ону өйдөөбүтүм кэннэ хараактырым уларыйан барбыта, дьиэ кэргэммэр сыһыан тупсубута, сайдан барбыппыт.

Астролог быһыытынан дьоҥҥо сүбэлиирим эмиэ соһуччу соҕустук саҕаламмыта. Хара маҥнайгыттан хамнастанар дуу, дьону бэйэбэр тардар дуу санаам суох этэ. Бэйэм туспар, бэйэбин арыйаары саҕалаабытым. Биир биллэр блогер “Миэхэ удамыр сыанаҕа саҕалааччы астролог бацзыга консультацията наада” диэн биллэрии суруйбут этэ. Онно эппиэттээбитим. Ол күн бастакы хамнаспын өлөрбүтүм, бастакы килийиэннэрим кэлбиттэрэ.

Онтон кэлэр дьон элбээн-элбээн, бэйэм туспа инстаграм страница арынан үлэлэппитим. Дьарыкпын наһаа сөбүлүүбүн. Дьоҥҥо дириҥ информацияны тиэрдэрбин, дьону арыйарбын, санааларын көтөҕөрбүн, духуобунай сайдыыга салайарбын астынабын.

– Дьиэ кэргэниҥ туһунан кылгастык кэпсээ...

Мин кэргэннээхпин, икки оҕолоохпун – улаханым уол, кырам кыыс. Кэргэним бэйэтэ дьарыктаах предприниматель.

АСТРОЛОГ САЛАЙАН ЭРЭ БИЭРЭР

– Эн бэйэҕин билигин киммин диигиний? Психологкын, астрологкын, мотивациялыыр коучкун, нумерологкын...

Бэйэм фэн-шуй специалиһабын, дьону консультациялыыбын, семинардары ыытабын, үөрэтэр куурустары онлайн ыытабын.

Психолог үөрэҕим суох, ол иһин психологпын диэбэппин. Хас биирдии астролог информационнай сүүрээҥҥэ киирэр, ол сүүрээннэртэн кэлэр информацияны килийиэҥҥэ тиэрдэр. Астролог төһө баай уопуттаах да, соччонон информацияны ааҕара күүстээх буолар. Киһи төрөөбүт күнүнэн-дьылынан астрологическай картатыгар туох суруллубуту кэпсиир.

Нумерологияны эмиэ үөрэппитим. Сүрүн дьарыгым буолбатах эрээри, базцы, фэн-шуй консультациятыгар туһанабын. Мин “сүбэлиибин” диэбэппин, “салайан биэрэбин” диибин.

Астролог сүбэлиэ суохтаах дии саныыбын. Салайан эрэ биэриэхтээх. Киһиэхэ маршрутнай лиис курдук картатын көрдөрөн биэрэр.

– Билигин астролог, нумеролог сүбэтигэр наадыйар киһи элбээбит курдук көрөбүн. Туохтан маннык буолла дии саныыгын? Дьиҥэ, метафизикаҕа, эзотерикаҕа, көстүбэт эйгэҕэ интэриэс уруккуттан баар буоллаҕа дии...

2014 сылтан фэн-шуй сайдан барбыта. Киһи барыта туох эрэ аптаахха итэҕэйэр буолан барбыта, оптимизм үөскээбитэ. Дьон туохха эрэ итэҕэйиэн баҕарбыта. Бэл, үп-харчы эйгэтигэр ол көстүбүтэ – биткоин үөскээбитэ, дьон итэҕэйэн харчытын онно укпута.

Билигин тоҕо элбээтилэр диэтиҥ дии. Дьон эрдэ духуобунай сайдыы туһунан саныыр буолла. Урут киһи олоҕу кырдьан баран өйдүүр эбит буоллаҕына, билигин эдэр көлүөнэ олох суолтатын көрдүүр. Астрология, эзотерика, фэн-шуй – киһи бэйэтин өйдүүр суоллара.

ФЭН-ШУЙ САХА ИТЭҔЭЛИГЭР ЧУГАС

– Фэн-шуй, базцы, астрология, нумерология туох уратылаахтарый? Билбэт дьон буккуллуох курдукпут... Бэйэ-бэйэлэрин ситэрсэн биэрэллэр дуу, утарылаһар түгэннэрэ бааллар дуу?

Фэн-шуй диэн улахан үөрэх. Киһи барыта фэн-шуйу боростуой курдук өйдүүр – миэбэли сыҕарытан биэриэхтээхпит, обуойум өҥө маннык буолуохтаах дии саныыр. Фэн-шуй, дьиҥэ, оннук боростуой буолбатах. Биһиги эрабыт иннинэ үөскээбит үөрэх. Хас даҕаны салаалаах, оскуолалаах.

Олортон биирдэстэрэ – базцы астрология. Фэн-шуйу дьон олохторун тупсараары айбыттара, онуоха тулалыыр эйгэ энергиятын туһанарга үөрэммиттэрэ.

Фэн-шуй бэйэтэ туспа итэҕэл буолбатах. Итэҕэли барытын өйүүр үөрэх. Онно тирэҕирэн киһи олоҕор 3 күүс дьайар диэн баар: 1) Халлаантан түһэр ситиһии (Небесная удача). Маны базцы астрологиянан суоттаан таһаараҕын. 2) Эйгэ (Пространство). Ландшафт, дьиэ ханан турара, миэбэл ханна турара, хайа диэки төбөлөнөн сыталлара, о.д.а. – Фэн-шуй бэйэтэ. 3) Киһи бэйэтин майгыта, дьайыыта (Человеческий фактор). Фэн-шуй манна духуобунай сайдыыга болҕомтону уурар.

Фэн-шуй, илиҥҥи үөрэх буолан, духуобунай эйгэни буддискай, ведическэй, даосскай өйдөбүллэринэн биэрэр. Итэҕэли барытын өйүүр. Фэн-шуйга итэҕэллээх эрэ киһи кэлэр. Бацзы диэн кытайдар астрологиялара.

– Саха итэҕэлигэр төһө майгынныырый?

Киһи бөҕө маны ыйытар. Сорохтор “Тоҕо атын омук үөрэҕин таһаараҕын?” дииллэр. Итинник араарыы сыыһа дии саныыбын. Биһиги бары сир оҕолоробут. Кытай үөрэҕэ биһиэхэ куһаҕаннык дьайар диэн буолбатах.

Фэн-шуй үөрэҕэ – илиҥҥи үөрэх. Саха сиригэр илиҥҥи үөрэххэ олус чугаспыт. Тоҕо диэтэххэ, толкуйдаатахха, саха итэҕэлин кытта фэн-шуй маарыннаһар өрүттэрэ наһаа элбэх.

Холобур, саха балаҕанын тутуутун туһунан элбэҕи аахпытым, үөрэппитим. Барыта фэн-шуйга сөп түбэһэр – биир да уһуктаах мал-сал суох. Олоппосторо талаҕынан таҥыллар. Көмүлүөк эмиэ төгүрүйэр быһыылаах-таһаалаах, остуоллара төгүрүк. Балаҕан ис бараана кытта сытыы уһуга суох. Аана илин диэки көрөр, остуол турар сириттэн саҕалаан, утуйар оронноро ханан турара барыта фэн-шуйга сөп түбэһэр. Чороон формата уонна кытайдар вазаларын формата – дэлэй олох, уйгу-быйаҥ бэлиэлэрэ.

Сахалар хобо чуорааны тутталлар этэ. Кытайга тыал музыкатын тутталлар. Дьиэҕэ киирэр ааҥҥа ыйыыллар, киирбит киһи ыраастанан киирэр.

КИҺИ БАСТААН БЭЙЭТИН БУЛУОХТААХ

– Киһи олоҕор бу хайысхаларынан хайдах сирдэтиниэн сөбүй? Холобур, эйиэхэ сүбэлэппит дьон олохторун суолун тобулаллар, ситиһиилээх буолаллар, бэйэ дьыалатын арыналлар эбит... Туох кыһалҕалаах дьон кэлэрий?

Бэйэлэрин булунаары кэлэллэр. Бэйэтин сүтэрбит киһи наһаа элбэх. Биһиги олохпутугар уопсастыба, дьоммут, социум бары дьайыылаахтар. Онно бэринэн, бэйэбитин сүтэрэн кэбиһиэхпитин сөп.

Миэхэ кэлбит дьон номнуо “мин атын киһи олоҕун олоробун”, “атын суолунан баран эрэбин”, “бэйэм сыыһа олорорбун сэрэйэбин” диэн кэлэллэр. Астрология киһини салайан биэрэр кыахтаах.

Киһи бэйэтин биллэҕинэ эрэ арыллан барар. Биһиги бэйэбит туспутунан олус аҕыйаҕы билэбит ээ. Астролог ону ыйан-кэрдэн биэрэр. “Ээ, кырдьык даҕаны” дииллэр...

Сорох дьон бэйэлэрин дьарыктарын булбут, сөбүлүүр үлэлэригэр үлэлиир эрээри, кыахтарын толору туһаныахтарын баҕараллар. Манна чараас эйгэ күүһүттэн эмиэ элбэх тутулуктаах. Инники былааннарын астролог ыйыытынан оҥостоллор. Applе, Сбербанк курдук бөдөҥ тэрилтэлэр бары духуобунай настаабынньыктаах буолаллар.

Ол иһин киһи бэйэтин тулалыыр эйгэтин билиэхтээх. Фэн-шуйга кэлэр киһи олоҕо тосту уларыйар, онно бэлэм буолуохтаах.

– Киһи аналын билэригэр, ыйдарарыгар специалист көмөтө төһө наада дии саныыгын? Төттөрүтүн буккуллан хаалыахха сөп буолбатах дуо? Эбэтэр санааны сааһыланарга маннык сүбэ-ама олус туһалаах дуу?

Киһи бэйэтин буларыгар астрология наһаа көмөлөһөр. Фэн-шуйунан дьиэ иһин оҥостуу олох бары эйгэтигэр ситиһиилэнэргэ тирэх буолар.

Информацияны сыыһа өйдөөбүт дьон буккуллуохтарын сөп. Астрологка ис-искиттэн баҕаран туран кэлиэххэ наада. Ыйытыылардаах кэлэр ордук. Көннөрү билэр-көрөр эрэ туһуттан кэлэр соччото суох.

Тугу эрэ ыйарбар-кэрдэрбэр, киһи потенциалын арыйабын, уоннааҕыта барыта бэйэҕититтэн тутулуктаах диэн сэрэтэбин. Эппиэтинэһи бэйэҕэ ылыныы эмиэ улахан оруоллаах. Мин эппитим сокуон буолбатах диибин, киһи бэйэтин бириинсиптэринэн сирдэтиниэхтээх. Килийиэннэрбэр чуолкай информацияны биэрэбин, буккуллубаттарын курдук быһаарабын.

КЭЛЭР СЫЛ ХАЙДАХ БУОЛУОЙ?

– Кэлэр сыл хайдах буолуой? Туох сиэри-туому толоруохпутун сөбүй?

Киһи барыта 2021 сыл хайдах буолуоҕун ыйытар. Сыл аайы астропрогноз семинардарын ыытабын. Бу сылтан тугу кэтэһэрбитин, хайдах бэлэмнэнэрбитин кэпсиибин. Сыллааҕы активациялары билиһиннэрэбин. Фэн-шуйу билэр дьон маны көтүппэттэр.

2021 сыл 2020 сылы салҕыаҕа. Пандемия тиэмэтэ салҕаныаҕа, ол эрэн биһиги син үөрэнэ быһыытыйдыбыт. Кыраныыссалар сорохторо арыллыахтара эрээри, кэлии-барыы улаханнык тахсыа суоҕа. Вирус салгыы тарҕаныаҕа – күөмэй, тыынар уорганнар ыарыылара бааллара көстөр.

Баһаардар салҕаныахтарын сөп. 2019 сыл сэтинньититтэн пандемияттан ураты, баһаардар, айылҕа саахаллара тахсыбыттара, олор салҕаныахтара. Ол иһин экологическай хамсааһыннар күүһүрүөхтэрэ.

2021 сылга инники күөҥҥэ араас таһымнаах салайааччылар, судаарыстыба бас-көс дьоно тураллар. Ол аата былааска уларыйыы тахсыаҕа. Былаас иһин киирсиилэр сытыырхайыахтара. Күүстээх личностар өсөһүүлэрэ көстөр. Кэлэр сыл энергията ааһан иһэр сыл бүтэһик ыйдарынан биллэр.

Оҕус – олус эппиэтинэстээх, өһөс, үлэһит кыыл. 2021 сылга бары сүрэҕэлдьиэ суохпутун наада. Дьиссипилиинэлээх буолуохтаахпыт, оҕус сүрэҕэ суох буолууну сөбүлээбэт. Тайм-менеджмент, былааннааһын диэни олохпутугар киллэриэхпитин наада.

2021 сылга бэлэмнэнэргэ эргэ малы-салы, туттуллубакка харалла сытары барытын быраҕыҥ. Сууйуунан-сотуунан эрэ муҥурдаммакка, эргэттэн барытыттан аккаастаныҥ. 3 сыл туттуллубакка сытар малы быраҕан иһиэххэ наада. Ол эһиги энергияҕытын сии сытар, баттыыр – бу эһиги туолбатах ыраларгыт, олоххо киирбэтэх баҕа санааҕыт.

2020 сылга саҕалаан баран тиһэҕэр тиэрдибэтэх дьыалаҕытын санааҥ. Холобур, бу сылга оҕоҕутугар таҥас тигэн саҕалаан баран сытыарар эбит буоллаххытына бүтэриэххитин наада. Оҕоҕут куруһуокка, эбии үөрэххэ үөрэнэн бүттэ, эһиги бириэмэ булан учууталыгар махтана иликкит; дьүөгэҕитин кытта кыраттан мөккүһэн баран эйэлэһэ иликкит – бу барыта ситэриллибэтэх дьыала. “Махтанабын” диэн тылы этэ үөрэниэххэ наада.

2021 сыл лидер буолар хаачыстыбалаах, эппиэтинэһи сүгэр кыахтаах дьоҥҥо ситиһиилээх буолуоҕа.

Оҕус – дьиэ кэргэн туһугар үлэлиир, олорор кыыл. Ол иһин бу кэлэр сылга дьиэ кэргэн үрдүк үктэлгэ ууруллуохтаах. Саҥа дьылы дьиэ кэргэҥҥитин кытта көрсүҥ. Сыл устата дьиэ кэргэн сыаннастарын өрө тутуҥ. Арахсыы, этиһии суох буолуон наада. Дьиэ кэргэн үгэстэрин олохтооһунунан, дьиэ-уот тупсарыынан дьарыктанар дьоҥҥо үчүгэй сыл кэлэр.

Оҕус – олус сэмэй кыыл. Сэмэйдик уонна олохторун суолунан сөпкө баран иһэр, дьиэ кэргэннээх, өбүгэлэрин ытыктыыр дьоҥҥо үтүө сыл үүнэр.

2021 сыл саҥа научнай арыйыылары, медицина ситиһиилэрин истиэхпит. Саҥа быраабылаларынан, сокуоннарынан олорорго үөрэниэхпит. Сааһыланыы, бэрээдэктэнии күүтэр.

Оҕус сымыйаны, албыны-көлдьүнү ылыммат. Ол иһин 2021 сылга чиэһинэй буолуохха наада, бастатан туран, бэйэбит иннигэр. Ханнык эрэ уобараһы оонньуур, дьүһүн кубулунар сыыһа. Холобур, социальнай ситимнэргэ дьоллоох олоҕу көрүнньүк оҥостор, ис-иһигэр киирдэххэ соччо дьоло суох дьон баар буолаллар... Чиэһинэй дьоҥҥо кэлэр сыл ситиһиилээх буолуоҕа.

2021 сылга дьон кистэлэҥнэрин арыйыы тахсыаҕа. Ол иһин билиҥҥиттэн чиэһинэйдик олорон саҕалаабыт ордук.

2020 сыл содула – дьон олус сэрэх буолла. Ону дьыаланы-куолуну быһаарарга өйдүөхтээхпит. Кими эрэ итэҕэтиэххитин баҕарар буоллаххытына, сэрэнэн туттуохха-хаптыахха уонна чиэһинэй буолуохха наада.

2021 сылга эр дьон үп-харчы өттүгэр сэрэхтээх буолуохтарын наада. Кинилэри кэтиэххэ, сыыһалартан сэрэтиэххэ.

Дьахталлар доруобуйаларын көрүнүөхтэрин наада буолар.

Биир “108 апельсин” диэн ааттаах үчүгэй сиэр-туом баар. 108 устуука апельсин атыылаһан баран, ахсынньы 31 күнүгэр киирэр аантан саҕалаан, дьиэ иэнин бүтүннүү (ванна, туалет хоһуттан ураты хоско барытыгар) төгүрүтэн тарҕатаҕыт. Дьиэ кэргэнинэн үөрэ-көтө, баҕа санааларгытын этэ-этэ апельсиннары төкүнүтэҕит. Бу апельсиннарбыт биир суукка сыталлар. Хомуйан ылан чугас дьоҥҥутугар, аймахтаргытыгар, доҕотторгутугар тарҕатаҕыт. Бөххө бырахпаккыт. Апельсиннар үчүгэй энергиянан туолаллар, онон бэрсибит киһигит эмиэ туһанар.

САҤА ДЬЫЛЫ КӨРСҮҮ СИЭРЭ-ТУОМА

– Саҥа дьылга ханнык өҥнөрү туттабыт, дьиэбитин хайдах киэргэтэбит, туох символиканы туһанабыт, о.д.а тэттик сүбэлэргин биэр.

Маны эмиэ бары ыйыталлар. Мин санаабар, саҥа дьыл киэһэтигэр кыһыл өҥ хайаан да баар буолуохтаах. Кыһыл өҥ саатар помада дуу, маникюр дуу быһыытынан баар буолара табыгастаах. Бүтүннүү кып-кыһыл буолбакка, бытархай малга-салга кыһыл өҥ баар буолара үчүгэй.

Оҕус кыһыл өҥү сөбүлээбэт диэн өйдөбүл астрологияҕа суох.

Маҥан, кыһыл көмүс, үрүҥ көмүс өҥнөөх оҕус сыла кэлэр диибит. Бу өҥнөр таҥаспытыгар баар буолуохтарын сөп.

Өссө биир саҥа дьыл өҥө – от күөҕэ. От күөҕэ, кыһыл, кыһыл көмүс – бу өҥнөрү саҥа дьылга туһаннаххытына, кэлэр сылгыт үтүө буолуо.

Маны барытын үөрэ-көтө, оҕо сылдьан саҥа дьыл алыптаах абыгар итэҕэйэргитин саныы-саныы, толоруҥ. Биһиги итэҕэйэр буоллахпытына, туох баҕарар дьикти буолуон, дьол тосхойуон сөп. Олох хайа да түгэннэригэр киһи сырдыкка тардыһыахтаах, үчүгэйгэ эрэниэхтээх.

Саҥа дьыл иннинэ дьиэбитин хайаан да сууйабыт-сотобут. Ол сылдьан 23 малы миэстэтиттэн сыҕарытыахтаахпыт. Сылы быһа хамсаабакка турбут дьыбааны, орону сыҕарытан сууйуохха наада. Оччоҕо сылы быһа хамсаабатах энергиялар уһукталлар.

Саҥа дьыл түүн чахчы энергия күүһүрэр кэмэ. Эргэ мал-сал, кир-хох быыһынан энергия дьиэҕэ тарҕаммат. Оттон ып-ыраас дьиэ иһигэр ол күүстээх энергия дьиэни толорон кэбиһэр.

Саҥа дьыллааҕы сандалыга элбэх күөх от, оҕуруот аһа баар буолуохтаах. Аска ынах этин буһара сатаамаҥ, сибиинньэ, сылгы, убаһа, көтөр этэ барсыаҕа. Остуолга үүт аһылыктары ууруҥ – сүөгэй, үүт, арыы.

2021 сылга ситиһиилээх буоларга дьиэ ортотун диэки, көстөр соҕус сиргэ оҕус фигуратын кытта кутуйах, крыса фигуратын ууруҥ – бу ситиһиини аҕалар сакральнай символлар. Саҥа кутуйах фигурата буолара ордук.

2021 сыл устата кутуйах бэлиэтин иилинэ сылдьыҥ – браслет, кулон, о.д.а.

Ахсынньы 31 күнэ быйыл астрологиянан олус үчүгэй – байыы-тайыы күнэ. Оннук сөп түбэспит. Онон бу түүн кумааһынньыккытын харчынан толоруҥ. Эрдэттэн банкоматтан харчы устан бэлэмнээҥ. Саҥа дьыл түүн кумааҕы харчылары ылан кумааһынньыккытыгар сааһылыы угуҥ. Харчы аффирмацияларын этиэххэ сөп: “Харчы миэхэ чэпчэкитик кэлэр”, “Счеппар харчым элбээн иһэр”, о.д.а..

Өссө биир активация – Кремль кураннара тыаһыыр кэмигэр баҕа санааҕытын номнуо туолбут курдук суруйуҥ. Уматан баран, күлүн бокалга кутан, иһэн кэбиһэбит.

Саҥа дьылга хайаан да баҕа санааҕытын чугас дьоҥҥутугар истиҥник тиэрдиҥ. Бу түүн баҕарбыт баҕа санааҕыт дьоҥҥо күүһүрэн тиийэр.

Саҥа дьылы туох эмэ саҥа таҥастаах көрсүөхтээхпит. Ол аата саҥа уларыйыыларга бэлэммитин көрдөрөбүт.

– Баҕа санааны толорор карта оҥосторго үөрэтэҕин. Кырдьык, оҥорбут дьон барыта туолан иһэр дииллэрин киһи сөҕө истэр. Чахчы оннук дуо? Ким баҕарар, хайдах сатыырынан “Баҕа санаа картатын” оҥостуон сөп дуо?

Баҕа санаа картата үлэлиир. Ол иһин үһүс сылын маастар-кылаастары ыытабын. Элбэх киһи биир сиргэ түмсэн оҥорбут картата ордук күүстээх буолар. Маны таһынан, эбии активациялыыбыт, анал бэлиэлэри ыйыыбыт.

Киһи бэйэтэ эмиэ оҥостуон сөп. Баҕа санаа картата фэн-шуйга 9 салааҕа арахсар, туох ханна сытара ыйыллар. Карта оҥоруу – дьиҥнээх айар үлэ. Онон санааҕытын ууран олорон, ис дууһаҕытыттан оҥостуҥ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...